Кэпсээ
Войти Регистрация

Суолга көстүбүт кыыс

Главная / Кэпсээн арааһа / Суолга көстүбүт кыыс

K
17.05.2024 14:31
   Хаандыгалыыр буоллум. Куоракка үлэм наадатынан кэлэ сылдьан, таһынааҕы ыалым эрийэн «кэргэниҥ инсуллаабыт» диэн куһаҕан сонуну иһиттим. Төттөрү айанныырбар атын кэллиэгэлэрбин кытары аргыстаһыах­таах этибит. Эрдэ барар буолан, мин – соҕотох, дьонум тэрилтэ массыынатынан айанныыр буоллулар.        Куһаҕан сонуну истэн, сүрүм-кутум алдьанан иһэбин. Тиийэ охсуохпун эмиэ да толлобун. Ыалдьыбыт кэргэммин көрүөхпүн дьиксинэбин, ол-бу буоллаҕына, тулуйуо суох санаам кэлэн, арааһы барытын саныы истим. Киһи дьылҕата диэн кытаанах эбит.    Борук-сорук буолуута, суол кытыытынан ким эрэ сылдьар курдугун хараҕым кырыытынан көрөн ыллым. Айаннаан иһэр буолан, «аара үүнэн турар мастары көрдүм ини» дии санаатым. Онтон эмиэ иккистээн көһүннэ. «Сылайан, хараҕым иирэр дуу?» диэн санаатым. Ойоҕум туһунан санаан, санааргыы испитим аны сыыйа-баайа кутталга кубулуйда. Чабырҕайым тымыра тэбэрэ кулгаахпар иһиллэргэ дылы, уу чоккурас буолан хааллым. Түргэнник айанныырбын син бытаартым. Испэр саныы иһэбин: «Аны ол-бу куһаҕан тыын көстөн, иннибэр субу баар буола түһүөҕэ». Эбэтэр киһи хараҕын иирдэн, онно-манна кубулунан дьону, массыынаны түҥнэри көтүтүө диэн, киһи өйүгэр кыайан баппат ынырык санаалар киирдилэр. Ол истэхпинэ, чахчы даҕаны, абааһы диэхпин дуу, иччи диэхпин дуу билбэппин... Уһун баттахтаах, кирдээх таҥастаах кыыс турар. «Тохтуубун дуу, суох дуу?» диэн санааҕа ыллардым. Куттаммыт санаабар, толкуйдуохпар диэри ааһан бара турдум. Суох! Хас да миэтэрэ буолан баран эмиэ турар!    «Илэ абааһы сүгүннүө суох, туох куһаҕаны биттэнэн барса сатыырый?» диэн куттанным. Хайыахпыный... Тохтоотум...    Сүрдээх ыарахан сыт билиннэ, өс­сө киһилии дорооболосто... «Миигин аарааҥҥа диэри илт» диэтэ. Мин, ба­ҕар, киһи буолаарай дии санаан, «хайа диэки?» диэн ыйыттым. Төрүт хайыспаппын. Куттанан, ардыгар массыынабын тохтотон таһырдьа ыстаныах санаам кэлэр. Эр санаабын ылынан, кэргэммэр эрэ тиийбит киһи диэн санаанан салайтаран айаннаатым. Онтон атын туох буолуон билбэппин.    Оннук ыйыппытым кэннэ туох да хоруй суох. Сыт да симэлийдэ, бэйэтэ да суох. Өйбүн сүтэрэ сыһа-сыһа, Хаандыганы хайдах булбуппун кэпсиир кыах суох. Тута балыыһаҕа тиийбитим. Кэргэммэр киллэрбэтилэр. Балыыһа дьонугар ол түбэлтэни кэпсээбиппэр биир дьахтар «ээ, ол көстөөччү. Тохтооботох дьону сордуур дииллэрин истээччибин» диэбиттээх.    Ол кэннэ хаһан даҕаны соҕотох сылдьыбат буолбутум. Хата, кэргэним ыарахан ыарыыттан өрүттүбүтэ. «Бэйэбин дуу, ойохпун дуу илдьэ бараары сылдьар илэ абааһы» дии санаабытым. Хата, барыта этэҥҥэ курдук. Туох кыыһа эрэйдээх, кута-сүрэ уоскуйбакка, туох хомолтолоох быһылааныгар түбэһэн аара суолга муна сылдьара буоллаҕай...   В.Васильев. Тарҕат:
kyym.ru сайтан