Кэпсээ
Войти
Регистрация
Михаил Гоголев-Долгун көрдөөх кэпсээннэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Михаил Гоголев-Долгун көрдөөх кэпсээннэрэ
K
kyym.ru сайтан
Көр-күлүү
19.02.2018 17:55
Тайах уонна партыбыайын Булт барахсан, дьыл ханнык кэмиттэн тутулуга суох, саас-кы буоллун, күһүҥҥү буоллун, кыһыҥҥы да буоллун, барыта хатыламмат дьикти кэрэ уратылаах буолар. Ол гынан баран, биир бэйэм, сааскы кус булдун уонна анды кэмин сүрдээҕин сөбүлүүбүн. Дьэ, оччоҕуна бултуур сиргэр өссө хаардаахха тиийэҕин. Көтөр-сүүрэр эгэлгэтэ кэлэрин, айылҕа барахсан тымныы кыһынтан босхолонон, түлүк уутуттан уһуктан чэлгийэ тылларын, сылын аайы салгыбакка, саҥаттан көрөр курдук астына-дуоһуйа кэтиигин-маныыгын. Айылҕалыын алтыһан, бултаан-алтаан, үөрэн-көтөн дьиэҕэр кэлэҕин. Дьэ, биир оннук үтүө саас үс арахсыспат атастыылар, аттанан-атыырданан, ыҥыыр-төргүү бөҕөлөнөн, бултуур сирдэрин син этэҥҥэ буллулар. Дойдуларын булбут дьон дьиэтээҕи, эрэһээҥкитэ суох «хаайыыттан», сарапааннаах «борокуруортан» этэҥҥэ мүччү харбаппыттарыттан үөрэн-көтөн, дьэ, бэйэлэрэ эрэ билэллэринэн, үүнэ-тэһиинэ суох омоллоон олоҕун, дьэргэстэй ыһыаҕын тардан кэбиһэллэр. Аттарын бэрэмэдэйин улахан аҥаара уһун моойдооҕунан кылыгырыы оонньообутун аҕыйатар сорук туруорунан, бастаан буоккачаантан саҕалаан, партыбыайынынан абырахтанан, ордубут кыһылларын, отууга кус маныырга илдьэ киирэн, ким хайдах иһэрэ бэйэтин көрүүтүгэр бэриллиэхтээҕин быһаарсан баран, дьэ, дэлэччи соҕус сокуускалаах, уһун кыһыны быһа кэтэспит чалбараҥнарын саҕалаатылар. Төһө өр хайдах-туох аһаабыттарын Эбэлэрэ бэйэтэ билэн турдаҕа, биһиги кэпсээммит ол туһунан буолбатах. Туох барыта кэмнэнэр кэрдиистээх, бүтэр уһуктаах — ол сиэринэн биһи да дьоммут, туох баар сииктэринэн көтүрүтэ барыах айылаах түүлээх холбукаларын биллэр ньыманан абырахтаан бараннар, ыраата барар кыахтара суох буоланнар, чугас эргиннээҕи тас ууларга, кэккэлэччи отууларын туттан, мончууктарын анньыталаан бэлэмнээн кэбистилэр. От үрэх төрдүгэр, таабырдарыттан чугас, арыый дьаһал-лаахтара, бэйэтэ этэринэн, «кылаабынай хамаандуйуссай» Ньукулай дурдата турар. Эбэлэригэр киирбит кус суманан тахсар. Буоккачаан дьайыыта аастаҕына, ол тахсааччыттан аҕыйах ааһыахтаах эрээри, ол дьыала билигин кыаллара саарбах. Ол иһин Ньукулай маннааҕы хос аата Бүтэһик Эрэл диэн. Онтон Сэмэн олорор. Кини айылҕаттан айдарыылаах худуоһунньук, онон ханнык даҕаны булт төһө ыраах-чугас турарын, олорорун миэтэрэтигэр тиийэ чуолкайдык этээччи. Ол эмиэ бүгүн-сарсын кыаллыбат дьыала. Кини маннааҕы аата Дальномер диэн. Онтон, дьэ, түгэххэ Өлүөсэ отуута турар. Кини саамай бытаан, мөдөөн, кыра аайы кыһаллыбат эрээри, олорор олоҕуттан турда даҕаны олорон ылбат үлэһит, биэс кус түстэҕинэ, үс кус холбоһо илигинэ ыппат, холбоспот буоллахтарына: «Ол кэриэтэ көттүннэр!» — диэн дэбиистээх. Кини да дьыала бу бүгүн кыаллыбата буолуо ээ. Ити гынан баран, бүтэр уһукка, куруутун саамай элбэх кустах кини буолааччы. Өлүөсэ — биир итэҕэһэ диэн, утуйдаҕына уһуктубатынан тэҥнээҕэ суох киһи. Ол иһин маннааҕы аата, бырастыы гыныҥ, Түүнүгүрбэ диэн. Кини утуйан турдаҕына, харахтара дьолточчу иһэн, баттаҕа арбайан, таба тириитэ утуйар мөһөөччүгүттэн барыта бар түүгэ буккуллан, ол түүтэ айаҕар, муннугар кытта киирэн, силлээн-хаахтаан, ытырдан-сөтөллөн, бурҕаҥнаан аҕай туран кэлээхтиир эбээт. Кини олоччу уһуктуор, ханна баарын быһаарыныар диэри туох да омуна суох уонча мүнүүтэ ааһыаҕа. Булчуттар киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан, сааларын-саадахтарын иилинэн, бука бары
тайахтанан-талҕаланан, сарсыарда биирдэ отууттан тахсардыы ыһыктанан, биирдии «наркуомабыскайдарын» уктан кус маныыр отууларыгар киирдилэр. Тула өттүлэригэр саа тыаһа сэдэх. Биирдэ эмэ үөһэнэн айан куһа ааһар. Сыыйа-баайа халлаан хараҥаран барда. Сэмэн аһылыктаах үрүксээгиттэн, бэйэлээх бэйэтин өлүүтүн, биир бытыылка партыбыайынын хостоон таһааран, уҥа өттүгэр көстөр соҕус сиргэ кылбаччы анньан кэбистэ. Сарсыарданан, тоҥноххо, «кэпсэтиллиэ» диэн буолла. Биһиги дьоммут хайалара да тыаһыы иликтэр. Байанай, тоҕо эрэ, биир да куһу күөйэ көтөн көрдөрө, саба үүрэн аҕалан салайа илик. Сэмэнньэй көстөрүүлэтигэр киириэхтээх муҥнаахтар тохсус халлаан улаҕатынан, тоҥ былыты эрэ аннынан, көтөн-мөҥөн күлүбүрэтэн аҕай истэхтэрэ. «Оо, дьэ, эккэйимээттэри, хайдах эрэ курдук сабыта саайталыыр этэ?!» диэн саныы-саныы астына-манньыйа олордо. Арай, үрүксээгэр тобус-толору кустаах-хаастаах, дуоспуруннаах соҕустук туттан, үөһээ өттүнэн үөрэн, аллараа өттүнэн кыыһыран, даххаһыйа соҕус тыастаахтык үктэтэлээн дьиэтигэр киирдэҕинэ, тойонун ол туругун тута өйдөөбүт, ытам-аллайбыт Матайар Маасата алаадьы буһаран сырылатар тыаһа кулгааҕар иһиллэргэ, минньигэс сыта муннугар биллэргэ дылы буолла. Матайар Маасата ааһан иһэн «алҕас» таарыйар, кэлэн иһэн эмиэ «кэтиллэр», ыйаастыгас хараҕа ыҥырардыы көрөр, сымнаҕас орон диэки сылаанньыйбыттыы, элбэҕи эрэннэрэн эйэргиирдии көрөр. Дьэ, оччоҕоо… Икки мороду сирэйин быһа көтө сыһан ааһаннар, эккэйэмээттэр бааллара, сылаанньыйбыт санаатын быһан кэбистилэр. Арай, ол олорон иһиттэҕинэ, уҥа өттүгэр үрэх төрдүгэр олорор хамаандуйуссай Ньукулай улаханнык диэҕи кыратык, кыратык диэҕи эмиэ да улаханнык тугу эрэ ньааҕыргыыр. Сэмэн, саатар, уҥа кулгааҕа дөйүҥү буолан, хаҥаһынан истэ сатаан, хоолдьугун уҥуоҕа хачыгырыар диэри киһитин диэки кыҥнайа-кыҥнайа иһиллии сатаата. Онтон эмискэ, өйдөөх санаа кыым саҕаттан кылам гынарыныы, сап саҕаттан салҕанарыныы, сэрэйэ оҕуста. Били киһи, эккэйимээт баара, били аһын «хаалдьыгын эрийэн» баран, хоруоҥкатын «Хайгыыр хара харахтааҕын» ыллаан ньааҕыныыр диэн сэрэйдэ. «Дурдаларыгар киирбиттэрэ да сотору буолла, дьэ, оборордоох оҕо эбит!» — диэн сөҕө санаан баран, бэйэтин киэнин диэки турулус-ирилис көрүөлээтэ. Онуоха, сэрэх Сэмэн «тулуй!» диир, ньоҕой Сэмэн «дабаай!» диир. Ол икки ардыгар Сэмэн иһиттэҕинэ, аны туран, Ньукулайа «зубуугун» улаатыннаран аныгылыы «эриэп» этэн киирэн барда. «Дьэ, хайаа даҕаны, бэйэҥ манастыыргар бэйэҥ хаһаайыҥҥын. Мин устаабым жуоскай, бэйэм киэммин тыҥ хатыыта биирдэ моонньун эрийиэҕим!» диэн биһиги киһибит биир бигэ санааны ылынна. Ити кэмҥэ Ньукулай ырыата ньим барда. Сотору соҕус буолан баран, хамаандуйуссай ууну кэһэн чалымнатан, Сэмэн диэки кэлэн иһэрэ иһилиннэ. Сэмэн, дьэ ыксаата, Ньукулайа, бэйэтин киэнин кыаппастан баран, аны киниэниттэн өлүүлэһээри иһэр бадахтаах!.. — Ньэ туут то быыла, баҕадьыы-бостуой! Атаҕын тыаһа арыый да ыраах, успиэйдыахха наада! — диэн ботугураат, өттүгүттэн быһаҕын ньылбы таһыйан ылаат, бытыылкатын хоппуруон бүөтүн эрийэ тутаат, кыһылын айаҕар таҥнары сүөкээтэ. Былдьаһыктаах кэмҥэ кыһалҕатын оҥорон, били дойду, кыл күөмэй буолан, бүөлэнэ сытыйан хаалбыт. Ыксалыгар үөһэ-аллара бөтүөхтээн, урукку өттүгэр истигэн соҕус куолай, салгыннаан быһа сытыйан, хас уоп
аайы биир оччо салгыны төттөрү таһааран, быһыы-майгы лаппа уустугурда. Уулуу турар оҕус хараҕын саҕа бүлтэспит харахтартан өтөр тахсыбатах харах уута халыйда. Аны туран, хабарҕалаах куолай тустаах үлэлэрин сатаан дьүөрэлээбэккэ, барыахтаах убаҕас атын сиргэ киирэн, идэмэрдээх иэдээн дьэ буолла. Арыгыга чачайбыт хара сордоох, устунан иэрийэн, өбүгэлэрин дойдутугар чуут-чаат быһа тиийэ сыста. Ол да буол-лар, биһиги киһибит кэлии да соҕох, уган баран адьас хостоо-бот, уобан баран төрүт орообот уола хаан буолан биэрдэ. Ити гынан, сордоон-муҥнаан, били иһити, түөрэ тутан, тү-гэҕин син көрдөрдө. Итиэннэ астыммыт быһыынан астаах соҕус-тук кэҕэрдэн кирдьигинэтээт, дьэ уоскуйан истибитэ, доҕоттоор, хамаандуйуссай хаһыыта халлааны хастаабыт. Онно өйдөөн-дьүүллээн истибитэ, киһитэ: — Йаах-таа, йаах-таа!.. — диэх курдук хаһыытыыр эбит. — Тыый даа, киһибит, быһыыта, моһуогурбут... Бээ-бээ, хайа үөдэн баҕайыный?.. Киһилии да сатаан саҥарбат буолбут дуу... — диэн ботугуруу олордоҕуна, отуутун кэннигэр адьас чугас уу чалымнаабытыгар ойон туран өҥөс гыммыта, доҕоттоор, биир аарыма улахан тайах, муоһа-туйаҕа адаарыйбытынан, кини диэки көрөн, кулгаахтара бу даллайан турар ахан эбит. Биһиги киһибит сүүскэ бэриллибит курдук аллайан турбахтыы түһэн баран, отуутун иһигэр төттөрү тимис гынна. Батарантаас, сор быатыгар, үрүксээк иһигэр буолан биэрдэ, ону булкуйа олорон: — Саа... Сүнньүөх... Сыа... Быар... Быар...— диэн баллыгырыы-баллыгырыы, батарантааһыттан кытыыга анньылла сылдьар суос-соҕотох сүнньүөхтээҕин ылан иһэн төлө тутан, эккэ-йимээт баара, отуутун анныгар адарай маска түһэрбитэ, төкүнүйэн, ууга «чолк!» гынан хаалла. Сатахха, үрүйэ төрдүгэр Ньукулай аттана сытар бороос-куттан итэҕэһэ суох орулуура иһиллэр. Ойуур маанылаах кыыла ол үлүгэрдээх араллааҥҥа туруо баара дуо? Күөлү кыйа, уҥуоргу тыатын диэки киирэн, барбах тамайа турда. Саа, сүнньүөх уонна кыһыл арыгы. Бүттэҕэ ол! Баҕар, оннук буолбута үчүгэй да эбитэ буолуо. Көҥүлэ суох булт туохха-туохха тиэрдэ биллибэт. Сатамматах сибидээнньэ Саллыы Сааса бэҕэһээ сарсыарда үлэтигэр барарыгар сүргэтэ көтөҕүллэн, сүрэхчээнэ сүр минньигэстик нүөлүйтэлээн, сүһүөхтэрэ оонньоон, наара найаатыран сылдьара. Тоҕо диэтэххэ, бүгүн — хара дьиэтин хараҥаччытын, үрүҥ дьиэтин үрү-мэччитин, сэргээн көрөр сэгэртэйин, көмүс түөстээх күөрэгэйин, алтан түөстээх далбарайын Далбаарыйар Даайатын кытта көс-сүүлэһэн көрсөр күннэрэ. Саллыы Саасаны, дьоно-сэргэтэ Һаллыы Һаасаттан атыннык ааттаабаттар. Тоҕо диэтэргит, Һааса оҕо эрдэҕиттэн «с» дорҕоону «һ» дорҕоонунан һаҥарарын иһин. Һааска һэбиэтинэн бигэргэтиилээх, хоойугар һытыарар холоонноох ойоҕо Долгуйар Дуунньата Туймаада туонатын дьогдьойор һаалыгар турар Дьокуускай куоракка үс хонукка һэминээргэ диэн ааттаан барбыта лоп курдук үс чаас буолла. Утуйан умса һытыйан таксиитын куоттаран, былааннаммыт һибидээнньэ бырабааллыа диэн Һааса һобус-һоруйан, аныгы бу-дуулунньугун биэс аҥаар чааска, итии ууга буспут дуу, үөдэн буолбут дуу дьахтар һарылыыр һаҥатыгар туруоран баран, му-ҥутуур улаханыгар туруорбута. Утуйа һытан, онтун бэйэтэ умнан быһа һытыйан, били һа-раһын һарылаабытыгар һоһуйан кута ойо һыста. Хата, Долгуйар Дуунньата ол аайы долгуйан бэрт. Һаллыы Һааса, бу
үйэҕэ ойоҕор һоччо кыһаллыбат бэйэтэ, ойон туран, чэй өрө охсон, остуол тардан, Долгуйарын остуолугар ыҥырда. Аһара кыһаллан, һаахардаах иһитин чугаһата аста. Онуоха, доҕоттоор, Долгуйарын ньуоскалаах илиитэ өрө күөрэйэн иһэн аара тохтообутугар көрө түспүтэ, биирдэстэрэ һаарбаҕалаабыт баҕайытык көрөн аҕай олорор эбит. — Бэйэ эрэ, эн бу бүгүн туох ааттаах буолан элэ-һала көттүҥ, ээ-э? — диэннээх. — Чэ-чэ, мээнэ кынчыатаама, хата, бара иликкиттэн һайыһыах, һуохтуох, ахтыах курдук буоллум, — диэн тыҥаан эрэр түгэни арыый мүлүрүттэ. Һалгыы быһаарсыыны, хата, төлөпүөн тыаһаан быыһаата. Һааска «таксиита дьэ кэллэ!» дии һанаабыта ханна баарый, диспиэтчэр дьахтар такси алдьанан, үс чаас хойутаан айанныыр буолбуттарын һэрэттэ. — Чэ, үс чааһы быһа хороһон баран олоруохпут дуо? Хата, ороммутугар баран, кучу-мачы гыныахха, эр буолбут эбээһинэскин толорон, «ахтылҕаҥҥын» таһаар, — диэн Дуун-ньата Һаасканы кэтэспэтэх өттүттэн кэбэн турда. «Алҕас айахтатан алдьаннахпын, абатыан...» диэн һаныы-һаныы, оронугар барда, аккаастаннаҕына аҕыс араллааны тардыыһы. Хаһан да хайыай, кыһаллан көрөрүгэр тиийээхтиир. Дуунньалаах Һааска, букатын эдэрдэригэр ыал буолбуттара эрээри, һүүрбэччэ һыл тухары оҕоломмотулар. Дуунньа, туга эрэ, бэрт кыра араахымалаах буолан, һин эмтэнэ һатаабыта эрээри, туһа баара көстүбэт. Оҕолонор эрэлин өссө да һүтэрэ илик Долгуйара, дьэ, һобуоттанан аҕай турбата дуо. Ууллубут быласталыын курдук ыбылы һыстан баран, арахсар аата диэн мэлигир, икки чаастаах ылахтаһыы кэнниттэн Һаллыы Һаасатын ыгыллыбыт күлбүһэх курдук буолуор диэри «ыан» кэбистэ уонна, дьэ, һанаата бөҕө көтөҕүллэн, тоҕус һаҕана ырыанан кынаттанан тахсан, таксиитыгар олорон, куоратын диэки куугуната турда. «Эккэйимээт баара, дьэ, эстии-быстыы буолла! Ол эрээри, Даайабын кытта уҥа-хаҥас бырахсар инибин...» диэн һаныы-һаныы, Һаллыы үлэтигэр һаллаҥнаата. Һааска һыбаарсыгынан үлэлиир, онон улахан былдьаһыкка һылдьар. Ордук һайын, күһүн холтууранан харчыны һин өлөрбөхтүүр. Ол бэйэтэ бүгүн үлэтэ-хамнаһа отой тахсыбата. Һирэйигэр мааскатын һаба түһэрдэ даҕаны, Далбаарыйар Даа-йатын ыйаастыгас хараҕа ыҥырардыы көрөн турара бу көстөн кэлэр. Ол туран төрүт даҕаны атын һиринэн һиэтэн һирилэтэ турар буолар. Онтон устунан Далбаарыйарын хайдах далбаардарын һанаан, астынан-манньыйан, үлэлии олорорун да умна быһыытыйан, һыбааркалыыр тэрилин төлө тутан, букатын даҕаны үөһэттэн һуулла һыста. Дьэ, онон, бүгүн баҕас һудаарыстыбаны байыппатын өйдөөн, үлэлээн бүтэн дьиэлээтэ. Дьиэтигэр кэлэн, һуунан-тараанан, таҥаһын уларыттан, маҕаһыыҥҥа тиийдэ. Бэйэтигэр ханньаак, дьахтарыгар һухуой, хайалара да ити астары һоччо ас бааргын ээ диэн үлүһүйбэтэллэр даҕаны, остуол киэргэлэ гынан ылла. Өссө һа-калаат хас да көрүҥүн, күүстээх үлэ кэнниттэн һүрэҕи һөрүү-кэтэргэ диэн ааттаан, балай эмэ улахан иһиттээх пломбир атыыласта. Далбаарыйар Даайата һороҕор атаахтаан, кыра оҕотугар түһэн: «Пинэгыраат уонна каабылыка хачуу», — диирин өйдөөн, һин балай эмэ бинэгирээт уонна дьаабылыка атыы-ласта. Дьиэтигэр тиийэн, бэйэтигэр тоҕус чаастаах тоҥ буору хаспыкка тэҥнээх үлэ кэмигэр һүрэҕи һөрүүргэтэргэ диэн аат-таан, тоҥ балык хаһаастааҕын кырбаан тоҥоро уурда. Кэтэһиилээх тоҕус
чааһа үүнэн, Һаллыы Һааса бүтүннүү кулгаах да харах буолан түннүгүн манаста. Төһө даҕаны улуус киинэ буолбутун иһин, маннык дьыалаҕа, таҥара һэрэҕи таптыыр дииллэринии, биһиги дьоммут кэниспирээссийэ бөҕө. Даа-йа таксиинан далбаарытан кэлэн, үс дьиэни тиийбэккэ аара тохтуохтаах уонна хараҥанан һаптан һатыы кэлиэхтээх. Һааса утары тахсан, чугаһаабакка эрэ, күлүк курдук арыаллаан аҕалыахтаах. Чэ, биһиги кэпсээммитин арыый кылгатан, туһааннаах түгэннэрбитигэр быһалыы тиийиэҕиҥ. Аһаан-һиэн, ону-маны баллыгыраһан, кэрэчээн аҥаарын атаахтата түһэн баран, бириэмэ кэмчитинэн, ороннорун һотору буллулар. Һаллыы Һааса этэринэн, таптал оонньуута, һин биир һүүрүү курдук. Ыстаарт, онтон кылгас эбэтэр уһун дистаансийаҕа түһүнүү. Дистаансийа уһунун-кылгаһын патриархаат быһаарар уонна, биллэн турар, пиинис диэн баар буолааччы диэччи. Патриархаат дистаансийатын үчүгэйдик туораатаҕына, пиинис матриархаат дьыалата буолар. Дьэ, манна аны бэйэҥ һултаан да буолан турдаххына көҥүлүҥ. Һултаан туох баар баҕата мөлтөх аҥаарыгар һокуон. Дьэ, ити түгэҥҥэ Һааска күнэ тахсыахтаах. Һаллыы «таптал оонньуутугар кэрэ аҥаары бэлэмнээһин — кыайыы аҥаара» диэн пириинсибинэн һалайтарар. Араас «араҕас пириэссэттэн» билбит арааһынай миэтэттэрин барытын туттан ыстаартааччы. Ону баҕас баһылаабыт дьыалата. Ол һиэринэн Далбаарыйар Даайатын, тымныы ууну испит һылгы курдук биир кэм өрө дьигиһийэ һытар буолуор диэри бэлэмнээн, элэ-была тылын этитэн, аамсыгыран-айгыстан, кылаабынанай дьыалатын һаҕалаары гыммыта ханна баарый?! Били тэрилбит, анекдуокка кэпсэнэрин курдук, алта чаастан атын һир диэки хайыһар аата диэн мэлигир. Балачча өр бадьыыстастылар даҕаны, Һааса һатаммата, баллаччы бырабааллаата. Айаҕалыы һатаан, Даайата, баҕар, өрө көтөҕүллээрэй диэн эмиэ кыттыһан, көмөлөөн, эҥин араастаан һоруйсан көрдүлэр даҕаны — һуох аата биир. Һатаан бардахха, Һааса: — Һынньана түһэн, һүрэҕи һөрүүкэтиэххэ, — диэччи буолан, кур һэтиэнэххэ уоту аста. Даайата: — Тугу тоҕо көтөҥҥүн сөрүүргээри гынаҕын?.. Киһини күлүү гынаары, кураанах тэрилгэр оонньуур оҥостооругун ыҥырбытыҥ дуо! Аны эн ааныҥ боруогун атыллаабатах атыллаатын, импэтиэн! — диэн ытам аллайа түһэн баран, куукунаттан утуйар хос оронугар диэри муостаҕа, олоппос үрдүгэр, аара дьыбааҥҥа ыһыллыбыт таҥаһын хомуйан, харса суох таҥнан киирэн барда. Һааска муҥнаах, тутуһан, мэһэйдэһэн туһа һуоҕун билэр бөҕө буоллаҕа. Ороостоҕуна Далбаарыйара, кыыһырбыт омунугар, хараҕын икки ардыгар уот отуннаҕына да көҥүлэ. Онон оронуттан тура да һоруммата. Даайата куукунаҕа киирэн, иһити-хомуоһу тыаһатарын иһиллии һытта. Һотору һоҕус кэминэн тахсар аан «лип!» гына һабыллар тыаһа иһилиннэ. Бу һытан, Һааска, хата, дэлби аччыктаабыт аҕай эбит. Ойон туран, ыспартиибынай көстүүмүн кэтэн, холодиильнигыттан тоҥ балыгын таһаарда. Остуолугар кэлбитэ, били ыксалга һиэммэтэх икки буспут һымыыттара, хап-хара буолан баран, биир кыра тэриэлкэҕэ кэккэлэһэ һыталлар. Олор икки ардыларыгар аҥаара ибили тутуллубут эмиэ хап-хара һосииска һытар. Һаллыы Һааса бастаан тугу да өйдөөмүнэ чочумча көрөн турда. Онтон, дьэ, өйдөөн күлэн тоҕо барда: «Бу һатана дьахтара һаталын, ууһун көрүөҥ этэ!..» Тэриэлкэҕэ били аккаастаабыт тэрилгэ маарынныыр оҥоһук адьас үүт-үкчү
токуйан һытар, аттыгар биэрэс иһиттэрэ тураллар. Бу һараһыныҥ баара, һымыыттарын хара биэрэһинэн хараардыбыт, кыһыл биэрэһинэн кыбытыылаабыт эбит. Һосиискатын ибили тутуллубут аҥаарын кыһыл биэрэһинэн кытардыбыта бэркэ табыллыбыт. Бу олорон, Сааса, эдэр сылдьан, кэргэнин Долгуйар Дуунньатын хайдах сырсыбытын өйдөөн кэллэ. Оо, оччолорго, кырдьык, үчүгэй да этэ. Оччотооҕу сылаас сыһыаннара хаһан, хайдах сойо быһыытыйда?.. Сааса бу өйдөөтөҕүнэ, дьиэтэ куруук сылаас, ыраас. Хаһан даҕаны кирдээх таҥаһынан сылдьыбытын өйдөөбөт, остуолугар сүрэҕэ сөбүлүүр минньигэс аһылыга мэлдьи баар. Дуунньата да кинини наар үөҕэ-үтүрүйэ сылдьыбат. Бу өйдөөтөҕүнэ, хата, Сааса эрэ була сатаан хахаамырдаһар эбит. Бүгүн сарсыарда хайдах курдук үөрэн-көтөн, эдэр эрдэҕинээҕитин курдук, үчүгэй баҕайытык Сааса диэки көрөн ылбытын өйдөөн, үөһэ тыынан ылла. Бу өйдөөтөҕүнэ, арай кырдьык, бу дьиэттэн букатын тахсан бардаҕына, арааһа, улаханнык суохтууһу. Аҕыйах ыйынан Долгуйар Дуунньа чугас ыаллара, бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ Дуунньалара адьас эдэр эрдэҕинээҕитин курдук имэ кэйэн, хаамардыын-сиимэрдиин чэпчээн сылдьарын бэлиэтии көрбүттэр. Онтон Дуунньа оҕолоноору сылдьарын туһунан сурах иһиллибит. Аны туран, Дьахтар күнүгэр Саллыы Сааса тыыннаах сибэкки бөҕөтүн көтөҕөн дьиэлээн иһэрин көрөн, бэркиһээн эрэ кэбиспиттэр. Киһи уларыйар да буолар эбит, тоҕо эбитэ буолла? Дьээбэлээх атастыылар Мин баһаарынай чааска уон тоҕус сыл үлэлиирбэр араас дьону-сэргэни кытта алтыстаҕым дии. Дьэ, бу үлэни толоро сылдьар дьону билигин ыксаллаах быһыы-майгы үлэһиттэрэ диэн олус сөпкө ааттаабыттар. Улахан уокка тиийдэххэ, кырдьык даҕаны, киһи уйана-хатана биллэр түгэннэрэ үгүс бөҕө буоллаҕа. Манна буоллаҕа дии, омос көрүүгэ киэҥ-холку диэбит киһиҥ, иннин-кэннин быһаарбат буола ыксыыра, сыыһа-халты туттара үксүүрэ, эбэтэр биир сиргэ таба олорбот диир киһиҥ, дьэ, дьиппиэнэ киирэн, туох даҕаны чуолкай бөҕөтүк дьаһанар киһи эбитин билэн үгүстүк соһуйарбыт. Биир оннук киһинэн баһаарынай чааспытыгар сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит, биир бастыҥ, бастакы кылаастаах суоппарбыт, үлэ бэтэрээнэ, Сэбиэскэй Сойуус баһаарынай сулууспатын туйгуна Дьөгүөрэп Охонооһой Мэхээйилэбис буолар. Оппуонньа сүрдээх киэҥ, холку майгылаах, сүрдээх биһээл, ыраас туттунуулаах, тугу барытын сатыыр көмүс тарбахтаах, сүрдээх диэн дьээбэлээх киһи этэ. Массыына, матасыыкыл алдьаннаҕына эбэтэр өкүмүлээтэр иитиитэ, арадьыйаатар паайкалааһына курдук мындыр уонна быыччык үлэлэри сатаабакка, дьон-сэргэ наар кэлэн көрдөһөр буолаллара. Аны туран, унтуу улларара. Оччолорго унтуу улларарга туттуллар холуокка сүгүн көстүбэккэ сордуура, ону даҕаны биһиги киһибит туох да ааттаахтык оҥороро. Онно Охонооһой, кимҥэ да аккаас-таабакка, биир-биэс харчыта суох, буор-босхо оҥорон биэрэрэ. Оппуонньа элбэх саҥата суоҕун иһин, дьон сэргэ үксэ кинини Саҥарбат Оппуонньа диэнинэн билэллэрэ. Дьэ, ити гынан баран саҥардаҕына, киһи эрэ «кырдьык даҕаны!» диэн курдук, адьас уот харахха этэн чуо бааччы уонна кылгастык быһаарааччы. Оппуонньа, бэйэтин курдук, түөрт уонча сыл массыына уруулугар олорбут ааттаах атаһа, эмиэ биир дьээбэ-бааба хаата Баһылай Боппуок диэн, дьон-сэргэ Чаһыы Бааска диэнинэн билэр киһилэрэ, дьиэтэ баһаарынайтан чугас буолан, Оппуонньа үлэтин
күнүгэр табаарыһыныын ону-маны балкыһа мэлдьи сылдьан ааһара. Ол кэллэ даҕаны си-дьүгээр киирбэт. — Саҥарбат, хайа, тугу иҥиэттэн баран олороҕун? Кэпсэтэн абырыыгын дуу, суох дуу? — диэн суустаабытынан киирэр. Онуоха биирдэһэ даҕаны иэстээх хаалбат: — Бу Чаһыы өссө даҕаны, алдьаммакка, чыллыргыы сылдьар эбит дуу? — диэн буолар. Иккиэн даҕаны ааттаах сааһыт, балыксыт бөҕө дьоннор, кыттыһан элбэхтик бииргэ бултаабыт түгэннэрэ да үгүс. Ол сылдьан, Чаһыыта Оппуонньата ытарын сөҕөн хайҕаатаҕына, биирдэрэ: — Саанан ытыллан баран, хайдах өлүө суоҕай? — диэн хоруйа бэлэм. Чаһыы Бааската: — Оттон миэнэ өлбөтө бэрт дии, — диир. Ону Саҥарбата: — Сыыһа ыппытыҥ кэннэ хайаан өлүөҕэй? — диэн букатын даҕаны саҥарбатах оҥорор. Биир үтүө күн Баһылай, куолутунан, табаарыһыгар кэлэн, ситэ киирбэккэ, таска олорор уолаттары кытта ону-маны кэпсэтэ турдахтарына, УАЗ масыынанан Бүлүүттэн кэлэн иһэр айанньыттар, арадьыйаатардара тэстэн, ону оҥортороору, дьонтон истэн тиийэн кэлбиттэр. Оппуонньаны ыйыталаспыттар. Онуоха Баһылай: — Ити дьиэҕэ киирдэххитинэ, кыра соҕус уҥуохтаах, улахан муруннаах, күөх харахтаах киһи баара буолуо, ол киһи билэр, онтон Саҥарбат Оппуонньа диэн киһини ыйдарыҥ. Саҥарбат диэнин улаханнык саҥараарыҥ, киһигит аанньа истибэт. Манна Оппуонньалар элбэхтэр, — диэн обургу соҕустук саҥарбыт. Аан аһаҕас турбут буолан, биллэн турар, кэпсэтиини Оппуонньа истэн олордоҕо дии. Били дьоннор дьиэҕэ киирэн, дорҕоонноох соҕустук: — Саҥарбат... — диэн эрдэхтэринэ Оппуонньа кинилэри быһа түспүт. — Ол киһилэрэ бу олоробун. Ити таһырдьа турар киһигит кыра бырыһыаннаах тойон. Тахсаргытыгар сэрэнээриҥ, — диир уонна арадьыйаатардарын ылан көрөр-истэр, онтон этэр. — Үс чааһынан кэлээриҥ, биһиги манна оҥорон көрүөхпүт. Били киһигититтэн тахсан иһэн, чааскытын булгуччу ыйытаарыҥ. Аны, кэллэххитинэ киллэрбэккэ моһуоктуо. Үс чааһынан кэлэбит диэн булгуччу сэрэтээриҥ, — диир. Били дьон тахсан, Баһылайтан: — Доҕоор, чаһыҥ хас буолла? — диэн ыйытыылаах буолбуттар. Онуоха Баһылай табаарыһа иэстэһэ олорорун сэрэйэр бөҕө буоллаҕа, ол да буоллар: — Этиллибэт! — диэн өһүргэнээччи буолбут. Кыһалҕалаах дьон хас да төгүл ыйытааччы буолан, киҥин-наарын эбии алдьаппыттар. — Этиллибэт диибин дии! — диэн өрө хабыллыбыт. Онуоха эрэ дьон эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да сэрэммиттии көрө-көрө тэйэ хаампыттар. Ол аайы иһирдьэ-таһырдьа дьон күлсэн уҥа сыппыттар. Биирдэ Оппуонньа үлэтин күнүгэр таһыттан биир итирик, ааттаах хадаар, арыгы истэ да наар төттөрүтүн этэ сылдьар киһи киирэн баран тахсыбакка сордообут. Уолаттар араастаан ааттаһан да, кыыһыран да кыайан иннин ылбатахтар, тугу диил-лэр да, киһилэрэ харыйаны таҥнары соспут курдук, адьас төт-төрүтүн эрэ этэ сылдьыбыт. Онуоха Оппуонньа: — Ыл эрэ, Махсыым, бу ороҥҥо сыта түһэн сынньанан баран бараар, — диэччи буолбут. — Үчүгэйэ бэрт дии, манна сыппатах баҕайым ини! — диэт, Махсыыма үтүлүктээх-бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, таһырдьа тилир гынан хаалбыт. Уолаттар бэркиһээн, төбөлөрүн эрэ илгистэн кэбиспиттэр.
Оппуонньалара: — Төттөрү киһини кытта төттөрүтүк кэпсэтэр баҕайыта, — диэн эрэ кэбиспит. Уолаттар киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн, иллэҥсийбиччэ, тылга тииһэллэр. Эр дьон хайдах дьахталлары сөбүлүүллэрин туһунан мөккүһэллэр. Уолаттар үксүлэрэ уһун синньигэс, мадьыал курдук кыргыттары сөбүлүүллэрин этэллэр. Сорохтор буолумматтар, кута-мата курдуктар ордуктар дэһэллэр, онтон Охонооһойтон туоһулаһан тураллар. Киһилэрэ: — Долгун устун уста сылдьыбыт ордук ини, тааска охсулла сытыахтааҕар, — диэн буолбут. Онуоха уолаттар: — Киһи өйдүүр гына быһаарыый, — диэн олуйсаллар. Киһилэрин хоруйа, хата, бэлэм: — Ити аата, уҥуохха атыллыахтааҕар, сыаҕа батыллыбыт ордук диэтим, — диир.Аны туран, «тоҕо синньигэс кэргэннээх уолаттар сонос соҕустары, оттон эмис ойохтоох дьон синньигэс дьахталлары көрөллөрүй?» диэн ыаһыйалаан тураллар. Онуоха Охонооһойдоро: — «Таҥара атын дьахталлары мүөтүнэн биспит» диэн ити эһиэхэ аналлаах этии баар эбээт, — диэччи буолан, барыларын эһэн таһаарбыт. Михаил ГОГОЛЕВ-ДОЛГУН. Горнай, Бэрдьигэстээх. Михаил Павлович Гоголев-Долгун 1950 с. бэс ыйын 25 к. Чурапчы оройуонун Хатылы нэһилиэгэр төрөөбүт. 1969 с. Мындаҕаайы орто оскуолатын бүтэрбит. 1969-1971 сс. Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр сулууспалаан баран, Горнай улууһугар кэлэн, суолу тутар-өрөмүөннүүр учаастакка оробуочайдаабыт. Ол кэннэ Уһук Илиннээҕи суолу тутар үөрэх комбинатыгар үөрэнэн кэлэн, икки сыл суол маастарынан үлэлии сылдьан, “Атамай” сопхуоска хомсомуол тэрилтэтин босхоломмут сэкирэтээринэн икки сыл талыллан үлэлээбит. Онтон баһаарынай чааска караул начальнигынан үлэҕэ көспүт. Кэлин бу чааска начальнигынан үлэлээн, 1996 с. пенсияҕа тахсыбыт. Ол кэнниттэн Бэрдьигэстээхтээҕи алмааһы кырыылыыр собуокка сэттэ сыл үлэлээбит. Үлэ бэтэрээнэ. СӨ баһаарынай сулууспатын бэтэрээнэ. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан