Кэпсээ
Войти
Регистрация
БАРЛААМ ХАЙДАХ ОЙОХТОММУТА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БАРЛААМ ХАЙДАХ ОЙОХТОММУТА
K
kyym.ru сайтан
Көр-күлүү
16.02.2018 16:47
Тоҕо эбитэ буолла, Барлаам оскуолаҕа сылдьан кыргыттар диэки адьас көрбөт этэ. Ымыччы. Бүтэрэн да баран билсэ-көрсө сатаабатаҕа. Син кини диэки сылаастык көрөр кыргыттар баалларын баар курдуктара эрээри. Ол, баҕар, бастакы кылаастан биир паартаҕа сэргэстэһэ олорбут Наадьата эмискэ баҕайы кыс ортото төрөппүттэрин кытта атын сиргэ көһөн хаалбытыттан буолуо. Оо, онно тулаайахсыйан санаарҕаан ахан биэрбитэ... Ньаадьа ураты кэрэ харахтааҕа уонна ураты мап-маҥан баанчыктааҕа... Барлаам, онто да суох аҕыйах саҥалаах бэйэтэ, ол кэмтэн ыла букатын да саҥарбат тэҥэ буолбута. Учууталлар саҥарда сатаан эрэй бөҕөтүн көрөллөрө. Барлаам кинилэр диэки бэрт эйэҕэстик, сымнаҕастык көрө-көрө ырбайан ыттайара. Учууталларга эрэ буолуо дуо, ыйыта, кэпсэтэ сатаабыт дьоҥҥо барыларыгар ырбайара — ол да иһин буолуо, түөлбэтин дьоно Ырбай Барлаам диэн ааттаабыттара. Барыларын кытта оннук эриэ-дэхси сыһыаннаах уонна туох да иҥэ-дьаҥа суох буолан кылаастан кылааһын тахсан оскуоланы этэҥҥэ бүтэрбитэ. Кини төрүү бөдөҥ-садаҥ уонна тура күүстээх этэ. Онон да буолуо, СПТУга физкультураны үөрэппит Убаарабыс кинини туһуннара сатаан эмиэ эрэйи көрбүтэ. Онон-манан угуйбута-ымсыырдыбыта, холобурдаабыта, эмиэ да тылынан өрө күүрдэ-көҕүлүү сатаабыта. Суох, Барлаам тустубатаҕа, барытыгар көннөрү мичээрдээн кэбиһэрэ — баҕар, ол сөп да буолуо, кини олус мөдөөт уонна көнтөрүк этэ. Сатахха, биирдэ училищеҕа куурустар икки ардыларыгар күрэхтэһиигэ киирэн бэйэтиттэн быдан кыра Тустуук Бааскаҕа кыбыстыылаах баҕайытык хотторон кэбиспитэ. Бааска, судьуйа иһиирээтин кытта, даллайан турар Барлаамы атахтаан түһэрбитэ. Оннук сыр-мыр үөрэнэн тырахтарыыс идэтин ылан, сайыннары-кыһыннары от-мас үлэтигэр миккиллэн нэһилиэк биир туруу үлэһитэ буолбута. Кини холкута, мөдөөтө, мас көнөтө кэпсэлгэ сылдьара. Арай, биирдэ нэһилиэк отчуттара ыраах үрэххэ оттуу тахсыбыттар. Тиийбит күннэригэр сирдэрин-уоттарын аһаппыттар, бэйэлэрин даҕаны умнубатахтар. Сарсыарда били бэҕэһээ күлэн-салан чаҕаарыспыт, көрөн-истэн чаҕылыспыт, саҥаран-иҥэрэн бөтүгүрэспит бэйэлэрэ сирэй-харах саппаҕыран, дьүһүн-бодо өлбөөрөн-кумаланан турбуттар — өлөттөрбүт дьон туох аанньа буолуохтарай? “Барлаам, испэтэх-аһаабатах киһи, ити Сараханы кытта киирэн бэҕэһээ үппүт илиммитин көрбөккүн ээ”, — диэн соруспуттар. “Собо миинин истэрбит эрэ тиллиэ этибит”, — дэспиттэр. Инньэ гынан, Сарахалыын иккиэн күөллэригэр киирбиттэр. Барлаам илими көрөөрү төҥкөйбүт кэмигэр Сараха, туохха эрэ омуннуран, бэйэтэ да олус халбаххай тыыны түөрэҥнэтэн, киһитэ ууга “бар!” гына түспүт да илимҥэ иилистэн таастыы барбыт. Сараха, сонно тута далбаахы эрдиитин харбаан ылаат, харса суох эрдэн чалымааттанан кытыл диэки талаһан иһэн ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбит: “Киһи ууга түстээ!!! Илимҥэ, илимҥэ сөрүөһүннээ!!! Быыһааҥ!!! Абырааҥ!!!” Онтон хайа эрэ түгэҥҥэ бэркэ билэр уу холку саҥатын истэн хайыһа биэрбитэ, Барлаамын сирэйэ мичээрэ мэлтэйэн, ырбайа ыттайан, адьас хааман иһэр тэҥэ түөһүн тылыттан үөһэ өттө уу кырсыттан быган бу харбаан даллаҥнатан иһэр үһү. Эбиитин киһитин уоскута сатаан: “Дугаар, Сараха, ык-каама. Айас ык-каама. Суу-маннык хооп-холкутук харбыыр куолута. Ык-каама, дугаар. Ык-каабат куолу”, — диэн нап-наҕыллык көөҕүнүүр эбит. Барлаам били сөрүөстүбүт
илимин быһа тыытан кэбиспит, төһө да ол илимнэрэ сабы хатан бэйэ оҥоруута дуу, уоттуйбут дуу буоллар, син биир кыахтаах киһи туттуута буоллаҕа. Ити түбэлтэ кэннэ Ырбайыгар аны Ыккаабат диэн эбиллибитэ. Дьэ, ол бэйэтэ Ыккаабат Барлаам биэс уонун туолаары сылдьан син ыксаата, хайдах эрэ ойохтонор туһунан санаталыыр буолла. Ол туһунан эдьиийигэр быктарбытын кэннэ улуу сүбэ кэнниттэн тэрийии бөҕөтүн тэрийэн дьоллоох Дьокуускайга балтытыгар Кээтиигэ атаардылар. Чугас эргин, сыымайдаан-сыымайдаан, сөптөөх дьахтар суох диэн буолла. Сатахха, эдьиийэ Муоча талымаһынан, сириксэнинэн аатырбыт хотун. Оттон ийэлээх аҕата муннулаах айахтарынан да тыымматтар — аны сыыһа саҥаран кэбиһэн уолбут санаата ханнан хаалыа диэн сэрэнэн эрдэхтэрэ. Куоракка “Олоҥхо” диэн элбэҕи эрэннэрэр ааттаах эрэстэрээҥҥэ улуу суорумньу киэһэтин тэрийэллэр үһү. Онно сулумах сылдьааччы, эр-ойох туһунан санааччы улуус-улуустан кыһыҥҥы суолу баттаһа тоҕу анньан тиийэллэрэ эрэбил. Онон, эдьиийин кыыһа Туйаара этэригэр дылы, “тараҕай да киһи син шанстаһар кыахтаах”. Оттон Барлаам аны даҕаны баттаҕа хойуута бэйэтин киэнэ буоллаҕа. Онон-манан кырымахтаммыта туох буолуой — ол эр киһи дьоһуннаммытын бэлиэтэ диэччилэр. Болдьоммут күн ыга киэргэнэн барбах ыкык-икик гына хамнанар Барлаамы балтылаах күтүөтэ массыынанан тиэйэн илдьэннэр аатырар-сураҕырар “Олоҥхо” эрэстэрээҥҥэ киллэрэн биэрдилэр. Оо, килэйэн-халайан мааны! Балта Барлаам сонун уһултаран гардеробка туттара оҕуста, тула көтө сылдьан, убайын бинсээгиттэн бэйэтин эрэ хараҕар көстөр сыыһы-буору тэбээтэ, ылҕаата. Ол ыккардыгар суорумньуһут хотун наскылдьыйан кэлэн, тус болҕомто ууруллар буоллаҕына төлөбүр үс тыһыынча солкуобай буоларын билиһиннэрдэ. Барлаам, ону кэрэйиэ дуо, тыһыынчалаах үс кумааҕыны туттаран кэбистэ. Суорумньуһут сүбэтинэн балта аах “күтүөт уолу” кыбыһыннарымаары баран хааллылар. Дьэ, “кыбыкылар” — “кырдьа барбыт кыргыттар” — кырыы-кырыыларынан мустубут сирдэрэ диэн манна эбит: мэтэйбит диэтэххэ мэтэйбит, быакайбыт диэтэххэ быакайбыт, ласпайбыт диэтэххэ ласпайбыт, ханайбыт диэтэххэ ханайбыт... Тута олоппос “харабыла” буолбут Барлаам ону көрөн олорон олус долгуйда, мэктиэтигэр, сүрэҕэ өрүкүйдэ, туох эрэ мири-минньигэс өрө көбөн тахсарга дылы гынна. Уоскуйаары, чэбдик салгынынан тыынан ылаары, таһырдьа таҕыста. Кини курдук долгуйбут “күтүөт уол” баара соччо биллибэт, бэйэлэрэ да аҕыйахтар. Арай, холуочук көрүҥнээх икки “күтүөт” — биирдэрэ эмис собо курдук молойо лыкыйбыт, иккиһэ туруйа курдук дыраҥнаабыт-тыраҥнаабыт — хайалара хайаларын тутуһуохтааҕын быһаарса сатыыллар эбит. Иккиэн самыытынан оонньообут, тунал маҥан санныгар кэрэмэс саһылы быраҕыммыт, ыйаастыгас харахтаах, кута-мата таһаалаах маа бэйэлээххэ харахтара хатаммыт — ымсыырбыт омуннарыгар “тустан көрөбүт дуо?!” эҥин дэһэллэр. Барлаам сааскы киэһэ чэбдик салгынын түөһүн муҥунан эҕирийтэлээн уонна быһаарсыылаах “күтүөттэр” моргуордарын истэн арыый аралдьыйа быһыытыйда. Иһирдьэ киирдэ. Байаан доҕуһуолунан үҥкүүлээн өрө тэйэ сылдьаллар эбит. Үҥкүүһүттэр быыстарынан “харабыллыыр” олоппоһун диэки көөдөҥнөөн истэҕинэ, били кэрэмэс саһыллаах көрүөн да толлор хотуна күөйэ хааман долгулдьуйан кэллэ уонна: — До-ор, эн биһи тустепка киирсэн көрүөххэ, — диэн ханнык да эгили-бугулу тылы истибэттии,
билиммэттии эттэ. Барлаам ыксаабат бэйэтэ, дьэ, улаханнык ыгылыйда: кэнники кэмҥэ дьахталлар тустуулара тарҕанан, дэлэйэн иһэрин телевизорынан көрөн-истэн сылдьар, ол эрээри, суорумньу киэһэтигэр тустар диэн сүрүкэтэ бэрт буолаарай, буолаары буолан, дьахтар эр киһилиин тустара диэн... уонна таас муостаҕа... Кини “тустиэп” диэн аныгы суорумньуһуттар дьону бэйэ-бэйэлэригэр чугаһатаары, алтыһыннараары айбыт тустуулара буоллаҕа дии санаата. Үбүлүөйгэ, урууга дьону саататаары-аралдьытаары эҥин-эҥини оонньотоллор дии... Эбиитин дьон кинилэргэ анаан түһүлгэ оҥорон силэллэн биэрдилэр, сорохтор үҥкүүлэрин даҕаны тохтоттулар. Хотун киэмсийэ туттан икки илиитин эҕэрдэлиирдии уунна, элбэхтэ тустубут, улахан үөрүйэхтээх эбит, быһыыта. Бачча тэринэн киирэн баран, итинник анаан-минээн киирсэн көрөргө ыҥыралларын ылыннаҕына эрэ сатанар курдук. Барлаам эмиэ икки илиитин утары уунан, кута-мата хотун сып-сылаас ытыстарын бобо тутан эрчимнээхтик илигирэттэ. “Оо, аны дьахтарга хотторон ол кыбыстыыта, саата буолуо...” диэн санаа охсуллан ааста. Ону кытта кулгааҕар Убаарабыс сэмэлиир саҥата дуораһыйарга дылы гынна: “Бааска уол, илии тутуһаат да, тута өмүтүннэрэн түһэн эйигин адьас киһилээбэтэ дии...” Ити кэмҥэ, бука, судьуйалааччы буоллаҕа, туох эрэ диэн бөөҕүнүү-бөөҕүнүү иһиирэн чускутта. Ээ, Барлаам, дьахтар илиитин өрө охсоот, дабдыкыс гынна да биилиттэн бобо кууһан ылаат суулларан түһэрэн хам баттаан кэбистэ. Суулларан түһэрэн да диэн, тааска быраҕан дьахтары эчэтиэ дуо, сэрэниин-сэрэнэн дэгдэччи көтөҕөн ылан уурда. Уонна судьуйа иһиирэрин кэтэһэн хам баттаан сытта. Дьахтара барбах ыҥыргыыр эрэ уонна ип-итиинэн өрүтэ тыынан ил гыннарар. Уу чуумпу буолла, бэл, байаан ах барда. Онтон: — Оо, баҕайы, ама да атыырҕаатар сүрэ бэрт дии! Итирэ-итирэ оннук-маннык буоланнар! — диэн саҥа иһиллээтин кытта дьон өрө ньамалаһа түстүлэр. Барлаам туох эрэ сатамньыта суох быһыы буолбутун өйдөөтө, ойон туран, аан диэки дьулуруйда, муҥар, дохсун хамсаныытыгар бинсээгин сиэҕэ агдатынан көтүрү баран хаалбыт. Дьахтара эмиэ ойон туран, туора эһиллибит саҕатын харбаан ылаат: — Тохтоо! Тохтоо диибин дии! — дии-дии, кэнниттэн эккирэттэ... Ити түбэлтэ кэннэ Ыккаабат Барлаам аата эмиэ уларыйан, тупсан дьоҥҥо-сэргэҕэ Тустиэп Барлаам диэнинэн биллибитэ. Били көрүөн толлор хотуна кини хоойго сытар холоонноох доҕоро буолбута. Ол Балбаарата билигин: — Барлаам, дьэ чахчы, уратытык тустептаан, эр киһи күүстээх илиитин биллэрэн мин курдук кытыытынан тыкаарай сүрэҕин уулларан ойох ылан турар. Куотан бадаҥхайданан истэҕинэ сырсан тахсан тараччы тутан ылбытым. Билигин дьиҥнээхтик тустептыырга үөрэнэн, кырдьык, бэркэ үҥкүүлүүр буоллубут ээ, — дии-дии күлэн лыҥкынатар. Оттон Барлаам, ону истэн мичээрдии-мичээрдии, кыракый тустиэптэр тустан мочоохтоһоллорун буойсубута буолар. АРЧЫЛАН.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан