Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҕа суох таптал

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҕа суох таптал

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
24.05.2024 14:36
   Сергей уонна Галина Леликовтар ыал буолбуттара хайыы үйэ 15 сыл буолбут. Ол гынан баран кинилэр күн баччатыгар диэри бэйэ-бэйэлэрин туораттан көрөн билэр, таптыы, умсугуйа көрөр дьолу, хомойуох иһин, билбэттэр. Билэр да кыахтара суох... Ол эрээри кинилэр эрэллээхтэр... Маннык киһи эрэ ааҕа олорон долгуйар, толкуйга тиэрдэр ураты дьылҕаларын туһунан «Такие дела» сурунаалга Александр Кокшарев билиһиннэрбит.      Сергей:    – Галя төрүөҕүттэн мөлтөхтүк көрөр, биридимиэт омоонун эрэ борутар. Оскуоланы бүтэрэр сылыгар хараҕар эпэрээссийэ оҥорбуттара табыллыбакка, букатын көрбөт буолбут.    Галина:    – Оттон Сережа 35 сааһыгар эмискэ көрбөт буолбут. Утуйарыгар аан дойдуну холкутук анаарар киһи, сарсыарда уһуктаат хараҕын аспыта ... тулата им балай. Ону быраастар хараҕын дабылыанньата олус үрдээн, сетчатката быһа барбытынан быһаарбыттар. Көрөр дьоҕурун итинник соһуччу сүтэрдэр да, кыһалҕаттан сыыйа үөрэнэн, төрүөх­тэриттэн көрбөт дьон курдук, син сатаан дьаһана үөрэммит. Кырдьыгынан эттэххэ, хараҕа суох буолбутугар алтыһар дьоно эр-биир тэйэн, соҕотоҕун хаалбыт курдук буолбут. Эрдэ кэргэннэнэ сылдьыбыт да, ити түгэн иннинэ, эрдэ арахсыбыттар эбит.    Сергей:    – Биир табаарыһым көрбөт, истибэт дьону үлэҕэ ылар тэрилтэҕэ сылдьан биир кыыһы билсэн, кэргэннэммитэ. Миигин эмиэ кими эрэ кытта билиһиннэр, табылыннаҕына, баҕар, ыал да буолан хаалыам диэн, бээ, балачча өр көрдөспүтүм.    Галина:    – Ол тэрилтэҕэ мин үлэлиирим. Уопсай билэр киһибит билиһиннэрбитэ. Сережа тоҕо эрэ тута бэйэтэ кэлбэккэ биир дьикти соҕус дьахтары ыыппыта. Ол дьахтар «Сережалыын билсиэххин баҕараҕын дуо?» диэн ыйыппыта. Дьиктитэ, бэйэтэ да ити сыыттыыр Сережатын си­һилии билбэт этэ: тө­һө үр­дүк­тээ­ҕин, туох дьарык­тааҕын. Арыгыны иһэр дуу, испэт дуу.    Сергей:    – Дьэ, ити арыгы уопсастыба иэдээнэ.    Галина:    – Сережа төлөпүөнүн кини эппитэ, оттон мин тоҕо эрэ эрийээччи буолбутум.    Сергей:    – Биһиги аан бастаан бүтүн 4,5 ч кэпсэппиппит. Бэйэ бэйэбит туһунан билиэхтээх буоллахпыт. Оччолорго иккиэн 36 сааспытыгар сылдьарбыт. Галяҕа бастакы дьиэ кэргэним туһунан тута кэпсээбитим: хайдах баарынан, тугу да кистээбэккэ. Кырдьыгынан сылдьыбыт көнө. Тугу эрэ ситэ эппэккэ хаалан, ыарахан таһаҕас оҥостор наадата суох.    Галина:    – Бириэмэ ыраатан барбыта, мин сарсыарда үлэбэр барар, эрдэ туруохтаах буолан, утуйуохпун баҕарарым. Оттон кини тохтообокко кэпсиирэ.    Сергей:    – Доҕордоһон барбыппын. Бэрт сотору дьиэбэр ыҥырыахпын баҕарбытым да, дьахталлар «мин оннук буолбатахпын» дииллэрин иһин, туттуммутум. Ол эрээри Галя миэхэ кэлиэҕэ диэн билэр этим.    Галина:    – Бастакынан тылы мин көтөхпүтүм. Биир үтүө күн эрийэн: «Тоҕо кэпсэтиинэн эрэ муҥурданабытый, бэйэ-бэйэбитин «көрүөххэ», көрсүөххэ буоллаҕа», – диэтим. Ол гынан баран соҕотох буолбакка, эдьиийдээх күтүөбүн уонна арыалдьыт ыппын илдьэ кэлэрбин сэрэттим.    Сергей:    – «Бүтүн хамаанда буолан тиийиэхпит», – диир. «Эгэ эрэ, баһаалыста» диибин. Дьиҥинэн, кини хамаандатын буолбакка, Галяны билиэхпин баҕарарым. Оччолорго төрөппүттэрбиниин олорорум. Ийэбэр кэпсээбиппэр, саҥатыттан маппыта.    Галина:    – Троллейбуһунан тиийбиппит. Биллэн турар, бастакы көрсүһүүттэн олус долгуйарым.    Сергей:    – Ийэбиниин тохтобулга көрсө тахсыбыппыт. Ийэм – тутаах адмирал, «ханнык эрэ дьахтардыын» билсиэхпин ончу баҕарбат этэ. Ол да буоллар Галяны көрүөн наада быһыылааҕа. Этэрэ: «Кимниин да билсэ сатыырыҥ наадата суох. Эн... бүттүҥ». Төрөппүт оҕотун дьылҕатыгар итинник кириэс туруорара олус хомолтолоох. Тиийэн, кэтэһэн турдубут. Онтон ийэм чочумча буолаат, бэрт бытааннык сыыйан саҥарда: «Ол, кэллилэр! Ыт. Эр киһи уонна икки... бытааһах». Да, итинник диэбитэ! Мин буоллаҕына Галя хайдах дьүһүннээҕин ыйыталаһа сатыыбын. Оттон кини сиһилии ойуулаан да бэрт. «Биирэ уһун баттахтаах, биирэ шаровардаах». Ол шаровардаах Галя этэ.    Мин ол көрсүһүүгэ анаан, хараҕа суох буолуохпуттан аан бастакыбын оливье салаат оҥорбутум. Ыалдьыттар кыбартыыраларбыт олус маарыннаһалларын сөхпүттэрин өйдүүбүн. Атын дьиэҕэ-уокка илии-атах хамсаан быстааччыта суох. Оннук кыһалҕа онон үөскээбэтэҕэ.    Галина:    – Онно Сергей диабеттааҕын билиммитэ. Көрсүһүү кэнниттэн иккиэн тэҥ ырааҕы барар гына, куорат киинигэр көрсөр буолбуппут. Бастаан утаа төрөппүттэрбит сирдииллэрэ, кэлин бэйэбит сылдьа үөрэммиппит.    Сергей:    – Уохтаах тапталга билинии диэн биһиэхэ суоҕа. Бииргэ олорон барбыппыт. Майгыбыт-сигилибит тус-туһунан. Биир бэйэм тапталы тылынан буолбакка дьыаланан дакаастыыры ордоробун. Киниэхэ сарсыардааҥҥы аһын бэлэмниэхпин, хомунуохпун, таҥаһы сууйуохпун сөп. Ол миэхэ – тапталы биллэрии.    Галина:    – Миэхэ Сережа чуолаан баар уустуктары хайдах быһаарара астыннарар. Чэ, мин буолуум да, эрдэттэн көрбөт этим буоллаҕа. Оттон кини үөрүйэхтэнэрэ быдан уустук буолуохтааҕа. Сергей олоххо тардыһыыта күүс­тээх. Сорохтор дуона да суохтан ыһык­тынан кэбиһэллэр. Кинини Волоко­лам­­скайдааҕы киин оскуолаҕа ыытан, хайдах торуоскалаах хаамарга, хайысханы быһаарарга үөрэттэрээри путевка биэрбиттэрин аккаастаммыта. «Миигин ордук эн үөрэтиэҥ», – диирэ. Өс хоту үөрэтэн барбытым. Бэйэҥ көрбөт аата киһини үөрэтэриҥ туһунан уустук. Хайдах сатыырбынан, кыаҕым иһинэн быһаарарым. Киһим бэйэбинээҕэр түргэнник ылынымтыа буолан, устунан ордук быһаарсар буолан барбыта. Инньэ гынан бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэр буолбуппут.    Сергей:    – Галя миэхэ сибэкки тэҥэ. Мин эбээһинэһим – кини сириэдийэрин туһугар киниэхэ «өҥ буору» бэлэм­нээһин. Биһиги иккиэн бииргэбит, кини иннигэр эппиэтинэһи сүгэбин.    Галина:    – Биллэн турар, ардыгар хом санаа мустан хааллаҕына, кыыһырсарбыт ханна барыай. Бастаан утаа ордук Сережа хомойон, ууну омурдубут курдук олорор түгэнэ элбэҕэ. Кини санаатыгар, бастакынан эйэлэһэри көрдөһүү мөлтөҕү көрдөрүү этэ. Оттон мин ону, төттөрүтүн, күүстээх буолуу туоһута диэн быһааран биэрэрим.    Сергей:    – Билигин бастакынан мин бырастыы гынарыгар көрдөһөбүн. Ыгымым бэрт, ардыгар наадата да суоҕу этэн-тыынан кэбиһэбин.    Галина:    – Дьэ, ол баар. Ол иһин «иирбит оҕурсу» диэччибин.    Сергей:    – Тэмпэрээмэммит атын. Кини – уу нуурал холку. Мин омунум дэлэ: амбразура, муора, баһаар диэбэккэ, бастакынан ыстаныахпын сөп. Лезгинкалаан да турдахпына көҥүл. Ити ордук эдэр-сэнэх, көрөр кэммэр. Билигин ыарыым да кыахпын ылар. Ыга кыыһыран олорон: «Кыахтаах буоллаххына, бырастыы гын» диири ыган таһаарар күүһү булуоххун наада. Холобур, үрдүк кирилиэстээх оптуобустан түһэрбэр көмө наадатын билэбин эрээри, «көмөлөһүҥ дуу» диэн этэрим ардыгар олус ыараханнык ситиһиллэр. Ардыгар онон охтооччубун даҕаны. Итинтим дьону кытта сыһыаннаһыыга эмиэ көстөр.    Галина:    – «Кыаҕым суох, күүһүм тиийбэт» диирэ киниэхэ олус уустуктук ситиһиллэр. Онон Сережа сылайдаҕына биһиэхэ ыарахан күннэр бүрүүкүүллэр. Аттыгар буола, көмөлөһө сатыыр буоллаҕым. Ону сөбүлээбэт. Онтун туттуна сатыыр да, эбии кыыһыран-тымтан барар. Көмөлөһө сатаатахха: «Мин бэйэм» диэтэ да, бүттэ. Туругун биллэрбэт. Ону хайдах туруктааҕын билэр уустук. Тугу эрэ оҥороругар кыаҕын суоттаммакка хаалан, быстарар.    Сергей:    – Галя, оннук түгэҥҥэ мөҥүттэ-мөҥүттэ көмөлөһөр. Биири өйдөөбөт: кини туһугар кыһалла сатыыбын эбээт! Билсэ сылдьан «Прага» туорду олус сөбүлүүрүн этэн аһарбыттаах. Мин ол туорду астыы үөрэммитим. Салгыы атыны эмиэ астыыр буолбутум.    Галина:    – Биһиги ханна да айаннаабаппыт. Ол эрээри аан дойду бүлүүдэлэрин амсайабыт. О.э. Сережа Франция, Грузия, Германия, Австрия ырысыаптарынан арааһы астыыр. Кулинардар хайдах астыыры кэпсиир биидьийэлэрин истэн, ону үтүгүннэрэн бэлэмниир. Соторутааҕыта доҕотторбут кэлэн барбыттара, биһиги кинилэри Захер туордунан күндүлээбиппит. «Зальцбурга сылдьан бу туорду сиэбиппит да, маннык минньигэс буолбатаҕа», – диэн хайҕаабыттара.    Сергей:    – Ыарыым ыган, кэлин астыырбын аҕыйаттым. Галяҕа ырысыаппын биэрэн, ыраахтааҕы курдук олорон эрэ, тугу гыныллыахтааҕын ыйан-кэрдэн биэрэбин. Ол быыһыгар ардыгар онтубутуттан кыыһырсан турабыт.    Галина:    – Кини санаатыгар, барытын олус бытааннык оҥоробун.    Сергей:    – Оннук түгэҥҥэ Галяҕа Британия 3 Мишлен сулустаах шеф-пуобара Гордон Рамзины санатабын, оччоҕо истэр. Галя да сылайар, робот буолбатах. Быыһыгар оҥосторун сөбүлүүр, бэйэтин көрүнэр. Сарсыарда сэрээккэлиир, соторутааҕыта баттаҕын кырааскалаппыта. Бэйэтэ хараҥа баттахтаах, билигин ити сырдык. Мин санаабар, киниэхэ манныга барсар. Мин киһим муодунай уонна көстүүлээх.    Галина:    – Оттон Сережа ис киирбэх блондин. Ону миэхэ билэр дьоно эппиттэрэ. Эр киһилии, күүстээх санааны кэрэһилиир сыҥаахтаах. Окураатынай баҕайы муруннаах. Үрдүк уҥуохтаах, спортивнай көрүҥнээх.    Сергей:    – Биһиги ардыгар 20-чэ саастаахпытыгар хайдах курдук тэтиэнэх, мэник-тэник эбиппитин ахтыһабыт. Ол билигин тохтоотоҕо. Кэнэҕэһин хайдах буоларбытын эмиэ толкуйдуубут. Хайа-хайабыт да ыарыым ыга ыллаҕына, судургута суох балаһыанньа буолуоҕун билэбит. Онон мантан салгыы илии илиибититтэн ылсан, бииргэ иннибит диэки барыахпытын, биитэр эрдэ-сылла арахсыахпытын наада. Ол эрээри бигэ быһаарыныыны ылынан турабыт – тиһэҕэр диэри өрүү бииргэ буолуохпут. Тарҕат:
kyym.ru сайтан