Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыппыт Суокал

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыппыт Суокал

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
24.05.2024 14:34
Биир үтүө күн (төрдүс кылааска үөрэнэр эрдэхпинэ этэ) учууталбыт: «Оҕолоор, ким ыт оҕото иитиэн баҕарарый?» – диэн ыйыппыта. Кырачаан ыттаныахпын баҕарарым да, дьиэбитигэр биэс ыттаахпыт. Уонна тыһы ыты дьиэбэр аҕаллахпына, ийэм да, аҕам да сөбүлээбэттэрэ биллэр. Тыһы ыкка ыттар мусталларын, кэбиһиилээх оту дьаабылыылларын билэбин. Аҕам табаарыһа Нусхан Сэмэн ытын көрдөрө хаалларбытыгар күн аайы ыт бөҕө мустан, оппутугар ииктээн-саахтаан эрэйдээбиттээхтэр. Ол иһин бииргэ оонньуур аллар атаспар: «Бочуок, эһиги ыккыт суох дии, ылыый, моҕотойдуурбутугар илдьэ сылдьыахпыт», – диэбитим. Киһим бэрт улгумнук сөбүлэспитэ. Бочуок ытын хоруопкаҕа уган дьиэлээбитэ. Мин саппай уопсубутум. Хата, ким да мөхпөтөҕө, тыһытын-атыырын токкоолоспотоҕо. Дьиэлээхтэр бары күлбүттэрэ-үөрбүттэрэ, имэрийбиттэрэ. Ийэлэрэ Марыына бүлүүһэҕэ үүт кутан биэрбитин ыппыт иһэ үллүөр диэри испитэ. Бочуок убайа Балыарый ыппытын Табаарыс диэн ааттыы охсубута. Онон Бочуоктуун ыттаммыппыт. Ыты ыларга кыттыгастаах буолан, бэйэм ытым курдук санаммытым. Табаарыс улаатан, моҕотойдуурга туох да ааттаах ыт буолбута. Ол саҕана бэрт чэпчэки сыанаҕа да буоллар моҕотой, куобах тириитин маҕаһыыҥҥа туталлара. Онон күһүн тирии туттаран, ылбыт харчыбыт хары чаһытын атыылаһарга кытта тиийбитэ. Бочуоктаах син тэйиччи сиргэ оттууллар. Кинилэр: «Табаарыс кус оҕолуурга эмиэ үчүгэй», – диэн кэлбиттэрэ. Биһиги ыттарбытын кыһынын булка илдьэ барааччылар. Бочуок аҕата Ньукуус бултаабат, ол иһин биһиги Табаарыһы куобахха туһахтыырбытыгар илдьэ сылдьааччыбыт. Итини таһынан киискэ, саһылга хапкаан туруорарбыт. Ол саҕана биир оҕо кииһи, саһылы бултаабытын истэн, тууһугурбут кэммит этэ. Киис суола биир эмэ баар буолааччы. Оттон саһыл суола хара баһаам, бөһүөлэктэн тахсыаҥ эрэ кэрэх. Систэри быһан, мас көтөрүгэр кыл туһах туруорарбыт. Киис да, саһыл да хапкааннарбытыгар иҥнибэтэхтэрэ. Биирдэ эмэ улар түбэһэн, дьиэбитигэр атахпыт сири билбэт буолан киирэрбит. Туһахпытыгар куобах син иҥнэр, онон мэлдьи илии тутуурдаах, өттүк харалаах төннөрбүт. Тииҥҥэ да тэптиргэлиирбит табыллааччы. Ол саҕана тииҥ элбэҕэ. Күһүн-саас күөлгэ андаатарга хапкаанныырбыт. Итиннэ эмиэ ирээппитин ыларбыт. Бултаатахпытына, төрөппүттэрбит (андаатар тириитин ботуччу сыанаҕа туталларын иһин) олус үөрэллэрэ. Андаатар уйатын хаар анныттан ыппыт булара. Табаарыс биирин ааһан баран сэттэ оҕоломмута. Икки ыас хара атыыр оҕолооҕуттан биирин – Ньукуустаах, биирин биһиги ылбыппыт. Атын оҕолоро бары тыһылар этэ уонна ийэлэрин курдук маҥан дьүһүннээхтэрэ. Кинилэри дьиэ эргиннээҕи оҕолор ылбыттара. Табаарыс булчутун билэр буоллахтара. Дьиктитэ диэн, ыппыт сотору-сотору төрүүрэ, онон доҕотторбут бары кини оҕолорун иитэ ылбыттара. Биһиги ол ыас хара ыппыт оҕотун Суокал диэн ааттаабыппыт. Оттон Ньукуустаах ыттарын Чолбон диэбиттэрэ. Арааһа мохсоҕол курдук сытыы-хотуу, түргэн туттунуулаах диэн санааттан буоллаҕа буолуо. Суокал көбүс-көнө, тура сылдьар чөрөгөр кулгаахтааҕа, уһун систээҕэ, кэтит түөстээҕэ, суон эрээри уһун атахтааҕа. Оттон кутуруга эриллибэккэ, бөрө киэнин курдук сундулуччу түһэрэ. Уҥуоҕунан-арҕаһынан дэриэбинэ ыттарынааҕар бөдөҥө. Кэлэр-барар ыалдьыттары биирдэ-иккитэ лоҥкуначчы үрээт тохтуура, атын дьоҥҥо олох чугаһаабата. Билбэт дьонугар ырдьыгынаабат
да буоллар, улаханыттан, дьүһүнүттэн-бодотуттан, дьоһуннук туттарыттан-хаптарыттан саллаллара. Ол биирдэ-иккитэ лоҥкуначчы үрэрэ – иччилэригэр дьон кэлбитин биллэрэр быһыыта буолуо. Кыһынын кэбиһиилээх окко хоноро да, атын ыал ыттарын чугаһаппата. Дьиэҕэ киириэн баҕардаҕына, ааны тарбыыра, оччоҕо киллэрэн кыратык ириэрэрбит. Хамаанданы ким да анаан үөрэппэтэҕин үрдүнэн сыыйа-баайа өйдүүр буолан барбыта. «Кэл, бар, сыт, тур, аҕал, илт, чугаһаама», – диэн хамаандалары толороро. Ыттары кытта охсуһа, суоһурҕана, ырдьыгыныы эҥин сатаабата. Ол да буоллар ыттар киниттэн толлоллоро. Суокал күүһэ-кыаҕа ыт иссиһиитин саҕана дьэ биллэрэ. Ханнык баҕарар тыһы ыты кытта сылдьара, бөһүөлэк ыттара ырааҕынан чуҥнаан, сырса сылдьар буолаллара. Оҕолор ыттары охсуһуннарар дьаллыктаах этибит. Ньукуустаах ыттара Чолбон биир да ыты киһилээбэтэ. Оттон Суокал олох охсуспата. Охсуһуннараары гыннахха, мүччү туттаран, куотан хаалара. Кыаҕа-күүһэ да бэрдэ. Салааскаҕа көлүйэн баран, дэриэбинэни биир гына хатааһылыырбыт. Ардыгар хас да буолан олордохпутуна да, киһилээбэккэ соһоро. Эриэккэһэ диэн, Суокал имэрийэри-томоруйары олох сөбүлээбэтэ. Биһиги, оҕолор, син таптаан имэрийэрбит-томоруйарбыт, ону атын ыттар курдук эйэргэспэт, кутуругун эйэҥэлэппэт этэ. Биһиэхэ улаханнык бэһирбэт тойон быһыылааҕа. Суокал наар бэйэтэ булан-талан аһыыра, мэлдьи ойуурга сылдьара. Ол иһин куобах, кус оҕото кыраларыгар аҕам кинини баайыыга тута сатыыра. Ону наһаа «ытаатаҕына», хоргуттаҕына, оттуур сирбититтэн бөһүөлэккэ аҕалара. Ол гынан баран Суокал син биир төннөрө, бастаан утаа балааккаттан тэйиччи, ырааҕынан сылдьан баран, дьэ, чугаһыыра. Күһүн, саас, бэл, кыһыҥҥы аам-даам тымныыга күүлэҕэ, дьиэ аанын кэннигэр муус маҥан куобаҕы аҕалан уурбут буолара. Биирдэ улахан баҕайы хара улары аҕалбытын өйдүүбүн. Хаар анныгар утуйа сыттаҕына туппута буолуо. Ол бултары ийэлээх аҕам сарсыарда эрдэ туран хотоҥҥо тахсалларыгар көрөллөрө. Суокал кэһиилээх кэлбит буоллаҕына, иччилэрин үөрэн-көтөн, бэркэ эккэлээн көрсөрө. Дьэ, онно хадаҕаланара, дьонум дьиэттэн сылаас ас таһааран биэрэллэрэ. Кыһынын куобаҕы элбэхтик таһара. Биирдэ тыраахтарынан от тиэйсэ барыстым. Кырабын. Кэбиинэ иһиттэн көрдөхпүнэ, ытым тугу эрэ соһор. Тырахтарыыска эппиппэр кыһаллыбата, сапсыйан кэбистэ. Суокал тыраахтар иннигэр кэлэн үр да үр буолбута. Ычыкын быыһыгар куобаҕы туппут, онтун соһо сатаан баран, кыайбакка, тыраахтары сырсыбыт. Туох да аһара улахан куобах этэ. Итинник улахан куобаҕы билиҥҥэ диэри көрө иликпин. Аҕам, улахан булчут да буолбатар, син ирээтин бултуура. Күһүнүн тайахтаһара, эһэни да бултуурга элбэхтик сылдьыбыта. От үлэтэ бүттэҕинэ, ытын батыһыннаран, кустаан-куобахтаан кэлэрэ. Суокал куобах үүрэн биэрэрэ, куһу ууттан таһаарара, от быыһыттан булара. Саас даҕаны, күһүн даҕаны, төһө да тымныы буолбутун иһин, куһу ууттан таһаарара. Аҕам кустарга үөмпүтүнэн бардаҕына, ыта кэнниттэн сыыллар. Иччитэ сапсыйдаҕына, сытан хаалар эбит. Уонна саа тыаһын кытта тэҥҥэ ыстанан, ууга харбаан ньолотон киирэн, куһу ытыран таһаарар. Куобах туһаҕын көрөрбүтүгэр: «Кэннибиттэн», – диэн хамаандалыырбыт. Туһахха иҥниэ диэн куттанар буоллахпыт. Ону истэрэ, олох батыһа сылдьара. Күөлгэ хас да кус хаалбыт буоллаҕына,
соруттарыыта суох барыларын биир-биир таһаарара. Хойобуун куһу өр гыммата, чуо от-мас быыһыттан булан ылара. Биһиэхэ куобаҕы биирдэ эмэ ыттарара. Үксүн саба баттаан, кэтэҕин аһыттан үлтү хадьырыйан кэбиһэрэ. Аҕам аах биирдэ икки оҕолоох эһэни бултаан кэлбиттэрэ. Ботуруоннара бүтэн хаалбытыгар ыттара эһэ такымыгар ыйана сылдьар буолан, чугаһаппатах. Онон аттарын ындыытыттан ботуруон ылар бириэмэлэммиттэр. Аҕам сололонноҕуна, ытынан киискэ-тииҥҥэ сылдьааччы. Дьэ, онно ытын сүрдээҕин хайгыыра: «Субу ааспыт киис суолун буллум да, аппыттан түһэн ыппын кэтэһэбин, сороҕор хочулуокпар чэй өрүнэн аһыыбын, – диэн кэпсиирэ. – Ытым тииккэ таһааран баран үрдэҕинэ, чопчу тиийэн, ытан ылабын. Кииһи үлүбүөй ыт бултаабат. Киис эрийэ-буруйа баран, ыты муннаран кэбиһээччи». Биирдэ, саас хаар саҥа ууллубутун кэннэ, хотон кэннигэр соҕотоҕун оонньуу сылдьыбытым. Хотоммут, далбыт кэннигэр баар уулусса нөҥүө Халыстар диэн ыаллар олороллоро. Кыһыл саадьаҕай дьүһүннээх сүрдээх кэйиик ынахтаахтар. Оонньуу сылдьан ону өйдөөн көрбөккө хаалбыппын. Ынахтар быыстарыттан, мөҥүрүү түһээт, атырдьах курдук ардьайбыт сытыы муостарын туһаайбытынан, мин диэки сүүрэн иһэр эбит ээ. Өлөрдүү сарылаабытынан далым диэки ыстанным. Ол ыккардыгар ыт уордаахтык баргыйда. Суокалым барахсан, арҕаһын түүтүн адаарыппытынан, ынах иннигэр биирдэ баар буола түспүтэ. Ону истибэккэ, ынах, төбөтүн эрийэ-эрийэ, миэхэ кэлэ сатаабытыгар, ытым кэнники атаҕар түстэ да, тиэрэ анньан түһэрдэ. Суокал кэлбэтэҕэ буоллар, далбар сүүрэн тиийэрим биллибэт этэ. Ытым котоку кур от үрдүгэр сытар кэмэ буолан быыһаабыта. Бу маанылаах, үтүө ыппытын бөһүөлэкпит биир ааттаах булчута ытан өлөрбүтэ. Суокал тыһы ытыгар тиийбитигэр билэ-билэ, саанан ыппыт этэ. Ыппыт барахсан, хаан-билик буолан, күүлэбит ааныгар кэлэн охтоохтообут этэ. Аҕам суоллаан бара сылдьыбытыгар ол киһи: «Билбэккэ ыппытым», – диэбит этэ. Хаста да ыппытын уларсан бултатан баран, билбэтэҕэ буолбут. Онон ханна баҕарар үчүгэй ыкка күнүүлэһии, бэрт былдьаһыы баар. Суокал ол киһи тиэргэнигэр «сылдьыбыт сирим, иччитин билэбин» диэн тиийбитэ буолаахтыа. Уонна ол саалаах тахсыбытыгар куоппатаҕа чуолкай, хата, эккэлээбит буоллаҕына көҥүлэ. Ыппын аһыйан ытаабыппар аҕам мөхпүтэ: «Ыт өллөҕүнэ ытыыр киһи баар үһү дуо?!» – диэн. Билигин өйдөөтөхпүнэ, ыппыт Суокал эрэйдээх саамай дьэтигэр (3-4 эрэ сааһыгар) суорума суолламмыт эбит. Соччо КУ-ТУ-КААЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан