Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьукаах

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьукаах

K
30.09.2021 19:37
Куоракка көһөн киириэхпититтэн, аҕыйах сыллааҕыта бэйэбит дьиэлэниэхпитигэр диэри, балай эмэ дьиэҕэ олоро сылдьыбыппыт. Бэйэбит төрүт тыа дьонобут. Аймах-уруу куоракка син баар эрээри, ыал аата ыал буоллаҕа дии. Кыараҕаска тоҕо симиллэ олоруохпутуй. Онон дьиэ куортамнаһарбыт.          2005 сыл күһүнүгэр 17-c кыбартаалга Пионерскай уулуссаҕа олордохпутуна, биир күн соһуччу баҕайы хаһаайын кэлэн “дьиэттэн тахсаҕыт” диэн кэбистэ. Биһиги оннубутугар эмиэ тыаттан кини аймахтара кэлэн олорор буолан хааллылар. Биһиэхэ көһөн тахсарбытыгар, малбытын-салбытын барытын көһөрөрбүтүгэр үс күнү биэрдэ. Чэ, быһаччытын эттэххэ, Сайсарыга дьиэ булан, син этэҥҥэ көспүппүт.    Төрдүөбүт. Оҕолорбут иккиэн оскуолаҕа үөрэнэллэр. Биһиги – үлэ дьонобут.    Көһөн кэлбит күммүтүгэр (мас дьиэ бастакы этээһигэр олоробут), үгэс быһыытынан, алаадьылаан сыт таһаардыбыт, дьиэ иччитин аһатан дьиэбит муннуктарын арыынан бистибит, талах миинньигинэн сиппийдибит, сууйдубут-тараатыбыт. Уопсайынан, бары үгэһи тутустубут.    Киэһэ буолан, оннубутун оҥостон сыттыбыт. Оҕолор – хоско, биһиги – саалаҕа баар дьыбааҥҥа. Хата, дьонум түргэн баҕайытык дьиэтийэн хаалан, сып курдук утуйдулар. Мин тоҕо эрэ уум кэлэн биэрбэккэ эргичиҥнии сыттым. Арай ол сыттахпына, куукунаҕа ким эрэ хаамар тыаһа иһиллэр. Кэлэр-барар, ардыгар сүүрэн лаппырдыыр. Арааһа, кыра оҕо атаҕын тыаһа. Сыгынньах. “Бэйи, хайдах-хайдах баҕайыный?” диэн, хаста да туран көрүөхпүн баҕара-баҕара, устунан утуйан бардым.    Сарсыарда буолла. Туох да буолбатаҕын курдук (түүҥҥү түбэлтэни умнубуппун) чэйдээн баран, бары тарҕаһыахтаах сирбитигэр тарҕастыбыт.    Эмиэ киэһэ буолан утуйдубут. Мин, кэм буолуо, утуйбакка сыттым. Арай ол сытан (бу сырыыга уубар аҥаарыйбакка сытан), оҕо күлэрин уонна муннун анныгар тугу эрэ букунайан саҥарарын иһиттим. Бастаан утаа “үөһээҥҥи этээстэр оҕолоро ини” диэх курдук толкуйдаан иһэн, тоҕо эрэ мин куукунабар баарын илэ итэҕэйдим. Адьас бу баардыы иһиллэр. Ойохпун уһугуннаран көрдүм да, анарааҥҥым миэхэ эрэ кыһаллыбат. Оттон оҕом саҥарар да саҥарар, хаамар да хаамар. Куттаннарбын да, турдум.    Тыаһа суох сыбдыйан куукунаны өҥөйбүтүм доҕоор, балтараалаах, иккилээх-хастаах уол оҕо сэрбэллэн турар эбит. Мин, урут манныкка үйэлээх сааспар түбэспэтэх киһи, кутталбыттан кэннибинэн чинэрийэн иһэн, хайдах эрэ, оҕом ытаары мэрбэҥнээбит курдук сирэйдээҕин көрөн, аһынан, туох баар кутталбын барытын умнан, тохтоон хааллым. Оҕо-оҕо курдук. Туох да атына суох. Өссө, көһөн кэллэхпит күн, ийэбит дьиэ муннугар тэриэлкэҕэ ууран хаалларбыт үс алаадьытыттан биирин, кып-кырачаан илиитинэн бобо туппут. Чочумча саҥата суох турдубут. Онтон киһим ылла да эргиллэн баран сүүрэн эрэрэ да, сүтэн хаалла. Мин адьас холкутуйдум. Онтон ороммор тиийэн сыттым да, ол түүн утуйбатым.    Сарсыныгар, оҕолор тура иликтэринэ, эрдэ туран ойохпун уһугуннардым  уонна бөлүүн түүн тугу көрбүппүн сибигинэйэ былаан кэпсээтим. Кэргэним, хата, итэҕэйдэ. Оҕо хайдах дьүһүннээҕин-бодолооҕун, кыыһырбытын-кыыһырбатаҕын, миигин куттаабытын дуу, суоҕун дуу сураста. Онтон уопсай сүбэнэн ол оҕо тугу да дьээбэлээбэтэх буоллаҕына, дьиэ
иччитэ буолуо диэн быһаардыбыт. Оҕолор турбуттарын кэннэ ону-маны сураһан эҥин көрдүбүт даҕаны, оҕолорбут, хата, тугу даҕаны көрбөтөхтөр да, истибэтэхтэр да.    Ити курдук ый ааспыта. Мин ойохпунуун түүн куукунаҕа били оҕо хаамарын, тугу эрэ кытта бодьуустаһарын дөрүн-дөрүн истэр буолбуппут. Дьиктитэ диэн, киһибит куукунаттан тахсыбат уонна улаханнык айдаарбат этэ. Кэргэним киэһэ аайы аһылыктан өлүүлээн кыра тэриэлкэҕэ ас уурара. Оҕолор сурастахтарына “дьиэ иччитигэр” диирэ. Онон оҕолор эмиэ ону-маны өлүүлүүр буолбуттара. Араас кыра минньигэһи.    Саас ааһан, сайын саҕаламмыта. Биһиги дьукаахпытыгар үөрэнэн хаалан, барытын буолуохтааҕын курдук ылынар буолбуппут. Омуннаабакка эттэххэ, дьиэ кэргэммит сорҕотун курдук ылынарбыт. Тоҕо диэтэххэ, киниэхэ эмиэ аспытыттан өлүүлүүрбүт уонна өр биллибэтэҕинэ, ойохпунуун суохтуурбут.    Сайын саҕаламмыта. Дьиэлээх хаһаайын эрийэн “тыаттан абитуриеннар кэлэллэр, онон кыбартыыраны босхолооҥ” диэбитэ. Оҕолор – каникуллара, ойоҕум уоппуската саҕаланан тыалаабыттара. Онон малбын-салбын массыына наймылаһан бэйэм көһөрбүтүм.    Күн киэһэрбитэ. Мин улахан малбын-салбын барытын массыынаҕа (малбыт да диэхтээн, өрүү көһө сылдьар дьон киэнэ барыта “компактнай” буолара) таһаарбытым. Онтон кыра суумканы ылаары уонна дьиэни хатаары эргиллэн киирбитим. Арай ылан баран ааммын арыйан тахсаары турдахпына, кэннибэр билэр атаҕым тыаһа иһиллибитэ. Эргиллэн көрбүтүм, кэннибэр куукунаҕа, били кырачааным кэлэн сайыспыттыы сэрбэллэн турара. Хараҕа ууламмыт. Мин эмиэ сүрэҕим хайдах эрэ дьикти баҕайытык мөҕүл гыммыта. Онтон сиэппэр кэмпиэттээхпин өйдөөн, хостоон таһааран ууммутум да, ылбатаҕа. Мин аан таһыгар баар олоппоско кэмпиэппин хаалларан баран, эргиллибэккэ тахсан барбытым.    Ити курдук биир кыһын устата дьукаахтаһан турардаахпын. Кэлин, ойоҕум ол оҕоҕо дэлби убанан хаалан, мин да үөрэнэн уонна тоҕо эрэ аһынан, дьиэни күһүнүгэр иккистээн ыйыта сатаабыппыт даҕаны номнуо атын дьоҥҥо биэрбиттэр этэ.    Онон, олоххо ити курдук эмиэ буолааччы. Иччи, абааһы барыта киһини куттуур буолбатах.
kyym.ru сайтан