Кэпсээ
Войти Регистрация

Таптал сулуһа

Главная / Кэпсээн арааһа / Таптал сулуһа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
06.05.2021 15:18
— Хай-ыа?! Бу кыыс букатын да кэлбэттии оҥостон олорор эбит буолбат дуо? Чэйиий, күүтэбин. — Мин... хайдах эрэ ыарытыйдым ээ... — сэттэ уончалаах “кыыс” төлөпүөн туруупкатын тутан туран оргууй хардарда. – Биирдэ эмэ... кэлин... бара сылдьыллыа. Сөп дуо? — Чэ, кэлин эҥин диэмэ. Хаһан эрэ хоҥнубукка дылы. Бүгүн кэлбэтэххинэ олох сатаммат, — дьүөгэтэ дьарымталаахтык саҥарда. – Эбэтэр, сибилигин бэйэбит хомунан тиийэбит. — Кимниин ол? – Пелагея Павловна соһуйда. — ... кинилиин. – соһуччу көрүһүннэрэргэ соруммут кистэлэҥин кэлбэттии оҥостон олорооччуга баҕарбатар да, кэмин иннинэ арыйарга күһэлиннэ. ... – анарааттан чочумча саҥата суох туруу кэнниттэн долгуйбут куолас ыйытта – Усуйаанаттан? — Оннук. Сэрэйдиҥ, арааһа, кимин. Хомустаан Иванович кэлэн олорор. Атынын кэллэххинэ истиэҥ. Сарсын төннөр. Ити кэмҥэ сибээс быстан Пелагея Павловна тохтоло суох ыҥыахтыыр туруупканы түөһүгэр сыһыары тутан турда. “Кини кэлбит... Хомустаан Иванович, — бачча сааһыгар диэри соҕотох ити ааты сүрэҕэр-дууһатыгар сөҥөрдүбүт сааһырбыт дьахтар оргууй сипсийэн саҥарда. Соһуччу ыҥырыыттан өмүттэн тута туох быһаарыыны ылыныан булбакка, хоһун иһигэр тула эргичийэн хаалла. — Ок-сиэ, бу хайдах буоллум? Аата эдэр кыыска дылы долгуйдаҕым сүрүн...— Пелагея Павловна бу туругун бэйэтэ да бэркиһэннэ. Ол икки ардыгар төлөпүөн эмиэ өрө тырылаата. Сыпыньыартан устубут билиэчигэр үрүт үөһэ кэтэрдиллибит таҥастарын намылыппытынан төлөпүөҥҥэ тэбиннэ. Холбонон испит сибээс эмиэ мэлийдэ. Кэтэспэхтии түһэн баран Пелагея эркиҥҥэ турар сиэркилэҕэ бэйэтин сэбэрэтин бүдүүлээн көрүннэ. Кини болҕомтото тута кырааскалаабатаҕа ырааппыт баттаҕар тохтоото. Кэтэҕэр хомуйа туппут убаҕас суһуоҕун икки аҥы хайытыыта, хаар түспүт суолунуу биир тэҥник туртайа тыргыллар. Омурдун этэ уолбут иэдэстэригэр ойууланар сурааһыннар, эмээхсин дэнэр сааһы мэлдьэһиннэрбэттии бэлиэтээбиттэр. Ити турдаҕына эмискэ эмиэ сибээс холбонон кэллэ, төлөпүөн өрө эккирээтэ. Дьүөгэтэ Марфа Петровна ыга-түүрэ, туох эрэ куотар, мүччү тутуллар кыахха киирбитин күөйтэрэрдии бокуойа суох тиэтэттэ. Долгуйууттан уоскуйа да илик Пелагея Павловна ууга-уокка түһэриэх итинник сыһыаны сөбүлээбэтэ. Мөҕө-этэ, үөс батааскы биэрбэккэ ынньаҕалатыыны ылыммата. Туруупкаҕа хардары: — Суох чэ... Күн да киэһэрдэ, — диэтэ, хайдах эрэ өһөспүттүү. — Кэм буоллахпыт, — дьүөгэтэ хомойон дириҥник өрө тыынна, салгыы саҥатыттан матта. Пелагея Павловна турбут сириттэн халбарыйбакка, аттынааҕы олоппоско олорунна. Итиэннэ билиэчиктээх таҥастарыгар бүк түһэн олорон көхсө дьигиҥнээн саҥа таһаарбакка ытаан барда. * * * Кинилэр үһүөн, ити салгымтыата суох эрийэр Марфа Павловна уонна Хомустаан Иванович хотугу улуус биир уһук нэһилиэгин оскуолатыгар бииргэ үлэлээбиттэрэ. Оччолорго кыргыттар оҕотук саастарыттан эрэ өндөйөн эрэр иинэҕэс, эдэркээн бэйэлээхтэрэ. Ол сиргэ тимир оһох, ыстаансыйа алдьаннаҕына кыраһыын лаампа, саахартан атын минньигэс ас суоҕа кими да соһуппат этэ. Ол эрээри олохтон күннэтэ үтүөнү эрэйэр эдэр саас ыарахаттары уйбаттан ыгыллар харах уутун атыттарга көрдөрбөккө туора илгэрэ, күүрээннээх комсмол саастара буолартан-буолбаттан төбөнү ыйыыры
ылыммата. Пелагеялаах Марфа үлэлээтэхтэрин үһүс сылыгар директорынан эдэр киһи ананан кэлбитэ. Ол, Хомустаан Иванович этэ. Кини кэлиэҕиттэн оскуола, ону ааһан өссө нэһилиэк олоҕо сэргэхсийэ түспүтэ. Учууталлар олорор усулуобуйалара да тупсубута. Үлэлэриттэн быыс эрэ буллаллар агитатордыыллара, кулууп үлэтигэр кытталлара. Сырдыгы ыһар үөрэхтээх дьоҥҥо олохтоох ыччат да тардыһара. Аһаҕас, күүстээх куоластаах Марфа хорга ырыа таһааран дуораһыйара, үҥкүүлэри да туруортуура. Муҥкук-тэҥкик табаһыт уолаттары кыргыттарга ханыылаталаан эмдэй-сэмдэй үктэтэрэ. Молдавскай үҥкүүгэ көнтөрүктүк лиһиргэйдиир, хамсаннар эрэ Пелагея атаҕын быһа үктүүр табаһыт Ньуркучаан уол баара. Этиллибит болдьоххо туундара хайа да түгэҕиттэн уучаҕынан көтүтэн кэлэрэ. Субуоталарга буолар оонньууну экчи көтүппэтэ. Харааччы иһэлиппит сирэйиттэн кыбыстан муннукка кирийэрэ, нарын-намчы Пелагея хас хамсаныытын ааҕа кэтиирэ. Кыыс аттыгар атын уол элэҥнээтэр эрэ, түөһүн иһигэр күнүү уота кутааланара. Кэрэ Пелагея кини тордоҕун киэргэлэ, тапталын ымыыта буолуон саныыра. Кини ити кистэлэҥин киһи барыта таайара. Ньуркучаан ол санаата туоларыгар абытай айахтаах эдьийэ Айбарча эмиэ “ыалдьара”. Таба тылынан, чоҥкутунан арахпакка маанылыыра. Табаһыт уол көннөрү доҕордуу сыһыаны өйдөөбөккө туохха эрэ эрэҥкэдийэрин таайан учуутал кыыс эрдэтинэ тэйитэ охсор толкуйу талбыта. Кулууп оонньуутугар аны вальска үөрэтэ сатаабат, хараҥаҕа суол арахсыытыгар диэри аргыстаспат буолбута Ньуркучаан улаханнык санааргыырын, тугу эрэ сүтэрбиттии сүөм түспүтүн Пелагея бэлиэтии көрөрө, оттон Ньуркучаан кыыс тэйэ туттуутугар атын киһини буруйдуура. Кини көрдөҕүнэ, өрүкүйбүт куударалаах, уоттаах сытыы харахтаах директор уол Пелагеяттан эрэ хараҕа арахпат. Ньуркучаан соторунан бэйэтэ да учуутал кыыска бостуой муҥнанарын өйдөөбүтэ. Үөрэхтээх дьон икки ардыларыгар сылаас иэйии иитиэхтэнэн эрэрин Ньуркучаан сэрэйбитэ. Өктөөп бырааһынньыгар хаста да төхтүрүйэн үҥкүүгэ эргичийбиттэрин, киинэ кэнниттэн кулууп аттыгар тоҥолохтоһон туран дьүкээбил суһумнуу оонньуурун сөҕө, өрүкүйэ кыҥастаһалларын саһаан кэтэҕиттэн саһан көрбүттээҕэ. Дойду киһитиниин аргыстаһан иһэн Пелагея үрүйэ сүүрүгүн санатыах ыраас, лыһыгырас күлүүтүн түбэһэ истиитэ Ньуркучаан дууһатын аба-сата уотунан салыыра. Онтон сылтаан быһыыта-майгыта алдьаммыта, аһыы ууну истэр эрэ туохха да ис буолбакка ииримтийэр идэлэммитэ. Сурдьун ити туругуттан кулуупка остуорастыыр эдьийэ Айбарча да эрэйдэнэрэ. Мааныга, ырааска дьэ сыстан испит уол сир-буор сирэйдэниитигэр кимнээх буруйдаахтарын билэрэ, ол ону өс туттан учууталлар кулуупка ыытар үлэлэригэр мэһэй, харгыс буолара. Хайа сатанарынан атахтыы сатыыр адьынаттаммыта. Кийиит оҥосторго саантаабыта сатаммакка сүрэхтэринэн сөбүлэһэн эрэр эдэрдэр ситимнэрин соруйан быһа үктүүр толкуйдаммыта. Суолга охтон үлүйүө диэн итирэрэ элбээбит Ньуркучааны ирдии сылдьан Айбарча ыкса киэһэ сыыр быарыгар турар халыҥ сыбахтаах дьиэ айаҕар дьиктини көрбүтэ. Тыаһы иһиттэҕинэ чөрөс гынар мурукулуу сонно тура таалбыта. “Һуой! Итинник эбиккин дуу?! — өмүрбүтэ иһигэр. Кини санаатыгар Ньуркучааны быһа түспүт оскуола тойонугар түүн үөһэ хайа эрэ дьахтар дьиэ кэтэҕинэн саһа-саһа иһирдьэ сылыпыс гыммыта. Баҕана уотун сырдыгар көрдөҕүнэ Пелагея буолбатах. Нээрэйбит уҥуохтаах, лыхаҕар, мөкүнүк. Бэргэһэтэ да атын. Айбарча ити түүн эргичийэ
хоммута. Хайа бэйэлээх хотууска саатар диэни умнан туран соҕотох олорор эр киһиэхэ сыҥаланан киирбитин санаатыгар батарбакка сордоммута. Түлүк уутун көтүппүт эрэйин толугар бу дьонун аны иккиһин көрсө биэрэр түгэн тосхойбута. Сарсыарда олох эрдэ, эмиэ сурдьун суоллуу сылдьан дьиэттэн тахсан иһэллэригэр түбэспитэ. Төбөнү сыспыт таабырынын илэ көрөн астынаары синньигэс ыллыгынан киирэн күөйэ көтөргө санаммыта. Ынтакаатын кырыатын ыт үтүлүгүн көхсүнэн хаһыйан утары иһээччилэри туман быыһынан кыҥастаспыта. Дьахтар уһун сыҥаахтаах бэргэһэлээҕэ, хара өҥнөөх соно куочук буолуон сөптөөҕө. “Ол иһин даа... Сэрэйбитим курдук”, — дии санаабыта тута сөрөөн, буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы киһи аайы күтүрэнэн биэрээхтиир биэкэр Баалаҕа балыйан. Ону эбии итэҕэйээри кэннилэриттэн өссө бүдүүлээн көрөрдүү оҥостубут көнтөрүк дьахтар эргиллэбин диэн “иэдэйбитэ”. Чигдитийбит ыллык тас өттүгэр үктээн үҥкүрүйбүтэ. Имиитэ кыаллыбатах тор курдук саҕынньаҕа хаарга булкуйан буораппыта. Ньуркучаан муҥа-таҥа бу кэннэ иэстэбилгэ киирэрэ бигэ буолбута. Төрүкү да түктэри сиэрдээх, ыыс-бурут тыллаах Айбарча бу көрбүтүн туох да харыыта, харгыһа суох кулгаах аайы хобугунайбыта. Уулусса абына-табына уоттардаах баҕаналарыгар эрэ кэпсээбэтэҕэ. Хоп-сип сиэлэ-кутуруга уһаан, ис хоһооно тэнийэн таптал кэрэ иэйиитигэр куустарбыт учуутал кыыс кулгааҕар тиийбитэ. Хайдах да итэҕэйиэн баҕарбатаҕын иһин, биэкэр Баалалыын кистээн “ыал буолбута ырааппыт” Хомустаан ырааһын таһаарына сатыырын истэ да барбатаҕа. “Таҥнарыыны” уйбакка, сыл аҥарыттан атын оскуолаҕа анаппыта. Ону бэл дьүөгэтэ Марфа Петровна ааттаһан тохтоппотоҕо. Оттон ис дьиҥэ, Айбарча, хараҕын далыгар киирэн “алдьаппыт” уһун сыҥаахтаах бэргэһэлээх хоноһо, оройуон кииниттэн тахса сылдьыбыт Хомустаан эдьиийин кыыһа этэ. Аймах кыыс соҕуруу көтөрүгэр харчы салҕаттарар кыһалҕалаах биир хонон ааһыыта, итинник содулланан тахсыбыта. Тыл диэн дьэ ити курдук эриллэҥниир эриэн үөн тэҥэ баhа-атаҕа биллибэт. Күүдэпчилэнэр өрт тэҥэ алдьатыылаах буоларын билэн кэбиһэр тоҕоостоох. Пелагея маҥнай утаа атын сири атыҥыраан, чугас дьүөгэтин, Марфатын суохтаан, ол эрээри туохтан да ордук эрэлэ суох тапталыттан хомойон эрэйдэнэрэ. Учуутал кыыс мунчаарыытын, сүрэҕин кистэлин кимнээҕэр да ымпыктаан араарбакка илдьэ сылдьар күннүк тэтэрээтэ билэн эрдэҕэ. Оройуон киинигэр мунньахха, атын да наадаларга барар буоллаҕына Хомустааны көрсө түһүөм диэн эрдэттэн долгуйара. Муҥ саатар ыраахтан көрөн аһарыан баҕарара. Ол эрээри биир семинарга түбэсиһэн уол таҥас ыйыыр сир аттыгар тутан кэпсэтэ сатаабытыгар: “Тоһуйа, кэпсэтэ сатаама. Суоххун аны эн миэхэ... суоххун”, — диэт түҥнэри хайыспыта, итиэннэ РайОНО эргэ дьиэтиттэн сулбу ыстанан тахсан хараҥа уулуссанан сүүрэ турбута. Ол түүн түспүт ыалыгар саҥа таһаарбакка хараҕын уутунан суунан хоммута. Онно баара: ааспат-арахпат хоргутуу, ахтылҕан дьаралҕана, ити эрээри туохтааҕар да кэбирэппитэ кэпсэппэккэ ыыппыт кэмсилгэнэ. Пелагея Павловна үчүгэй диэн бэйэлээх оҕонньордоох эмээхсинтэн халбарыйбакка икки сыл олорбута. Үлэҕэ умса түһэн күнү-дьылы билбэккэ аһарара. Оҕо, төрөппүт да кутун туппута. Ол түбүккэ сылдьан оройуон киинигэр ыҥырыллан үлэлээн эрэр Хомустаан Иванович ыал
буолбут сураҕын олус соһуйа, хомойо истибитэ. Өтөрдөөҕүтэ Марфатыттан сурук туппута ээ. Хомустаанныын чугастыы, ветеринар уол киниэхэ “Сүрэҕим аҥарын олоччу Пелагея илдьэ барда”, — диэн кэпсиирэ эбитин. Хас суругун аайы Марфа Хомустаан тапталын итэҕэтэ, ылыннара саҥарара. Уол муҥатыйарын, санааҕа баттатан хайа охсор быһаҕаһа эрэ хаалбытын, эрэйдэнэрин салгыбакка лэбийэрэ. Ити кэннэ ол баар! Оройуон киинигэр анаммыта үһүс ыйыгар кэргэннэнэ охсубут! Баҕар, уруккуттан билсэ сылдьар кыыһа буолуо ээ... Итинник сураҕы истээтин Пелагеяҕа сир сиҥнибиккэ дылыта. Кыыс устунан ыалдьан учаастак балыыһатыгар киирэн эмтэнэн тахсыбыта. Биирдэ оскуолатыттан кэлбитэ, кырдьаҕастар сонуннаах олороллоро. Эн эт диэбиттии оҕонньор оһоҕун айаҕар кураанах хамсатын соппойо-соппойо эмээхсинин диэки кылап-халап көрөрө. Үс муннуктуу тутуллубут суругу уунан туран эмээхсин аан айаҕар үллэн олорор киэҥ айахтаах матаҕаны ыйбыта. “Күнтү Плакея! Мин иигин таптыбын урукутан. Көрүөхпүн баҕарабын. Эн соҕун куахан. Кулубка хаттыскан баар, арамаҕа. Кутрук кыстыын түпсүкүт. Ону көрөн крук иигин саныбын. Мин Туомускай Хабынчалын ыстадаҕа үлэлибин. Хабынча иэхэ таба тыла уона эт уона тон балык тиэрдиэгэ. Эн сурукта суруй, баалыста. Ньуркучан сурук күтэр”, — диэн баран илии баттаан адаарыппытын аахпыта. Бу кэннэ мэктиэтигэр олус намтаабыкка дылы буолан туран хас да хос бүк тутууга имиллибит суругу ытыһыгар кум-хам туппута. Итини көрөн эмээхсин матаҕаны итирик аҥардаах билбэт киһитэ соһон тарылыннаран киллэрэн дьиэ ортотугар олорпутун эбэн эппитэ. Пелагея Ньуркучаан суоллаан булбутун улаханнык сөбүлээбэтэҕэ. Хомустаан кэргэннэммитин истэн өссө да туохха эрэ эрэх-турах сананар табаһыт уолтан кыһыйбыта. Халҕайбыт матаҕа кини санныгар эбии ыйааһын буолбутунуу туттубута. Туркунан тыал тэҥэ көтүппүт кэһиини тиэрдээччи киһини хантан да булан төттөрү төннөрөр кыаҕа суоҕуттан абатыйбыта. Үөрэх дьыла бүттэр эрэ бу оройуонтан быа быстыбытыныы барарга сананыыта дьэ эбии күүһүрбүтэ. Итинтэн ыла хас биирдии күн ааһарын тиэтэтэрэ, онон да сааскы өрөбүлгэ эрдэлээн алта сыл үлэлээбит Усуйаанатыттан барар докумуонун хомуһууну саҕалаабыта. Пелагея Павловна үлэтин туһунан ыаллыы улуустар эмиэ истэн, ааҕан билэллэрэ. Биир кэмҥэ үөрэммит кыыһын аҕата түбэһэ көрсөн бэйэтэ салайар оскуолатыгар ол сайын көһөрөн ылбыта. Ис-иһиттэн үлэҕэ бэриниилээх учуутал бу сиргэ олус табыллан үлэлээбитэ. Ол, өйүттэн-сүрэҕиттэн ааһан биэрбэт мунчаарыытын мүлүрүппүтэ, үтэйбитэ. Үлэттэн көрсөр үөрүүлэрин, сыраттан кэлэр ситиһиилэрин бүтүн олоҕун ис хоһоонун курдук ылыммыта. Дьэ ити курдук сибэкки дэтэр эдэркээн сааһыгар хоту сиргэ кэлэн, атахтаһа сытар икки улууска холбоон отучча сыл үлэлээбитэ. Сөбүгэр үлэтэ да сыаналаммыта. Киһи хомойоро баар арай, Пелагея Павловна биирдэ өйдөөбүтэ биэнсийэҕэ тахсар сааһа бу ыган кэлбитэ. Кэргэн, оҕо-уруу тэриммэтэҕэ. Кини ону сайыҥҥы уһун ардахтарга хаайтаран сытар кыйма курдук дьонноох портка олорон ордук ыарыылаахтык ылыммыта. Элбэҕи ырыта санааһыннарыгар биир киһини туох да уунан тиийбэт идеала оҥостуу, сааһырдах аайы өйгө-сүрэххэ кими да чугаһаппат көҥөс санааны иитиэхтиирин
билиммитэ. Дьокуускайга көһөн кэлбит Пелагея Павловна сааһын тухары чорботуммут үбүгэр онтон-мантан эптэрэн “Туймаада” маҕаһыын кэтэҕэр хрущевка диэн эбилик ааттаах биир хостоох дьиэни атыыласпыта. Куорат дьоҕус оскуолатыгар салгыы өссө уон биэс сыл бэркэ үлэлээбитэ. Өссө да үлэлиэх эбитэ буолуо, өскө физик идэлээх директор саҥа ананан кэлэн үтүрүйбэтэҕэ буоллар. Саҥа салалта атыннаах, сиппийэрэ уратылаах дииллэринии, хара ааныттан сыҥааҕа биэнсийэ саастаахтартан иҥнибитэ. Хараҕын далыгар ыллар эрэ хатыы киирбитинии аалларара. “Коллективка саҥа күүс, эдэр сүүрээн, чэбдик тыал...” — диэн тыллары педсовет аайы туттара. Кэлин олох аһаҕастык, кэлэр сылга тохтотолуурдуу этэр-тыынар буолбута. Ол ону утаран урукку кэмҥэ оҕону да, учууталы да өрө көрдөрбөтөх географ үҥсүү суруйан куугунаппыта. Уһугар кыайыылаах тахсан бэчээттээх кумааҕытын куоппуйатын былаах тэҥэ тэлимнэппитэ. Илии баттыыртан аккаас биэрбит физик Пелагеяны сэтэрээбитэ. Пелагея Павловна үтүргэҥҥэ сылдьыах кэриэтин кэлэр үөрэх дьылыттан уурайара ордугун талбыта. Дьэ,0 онон, бочуоттаах диэн ааттанар сынньалаҥнарыгар олорбута сыл буолла. Чороҥ соҕотох киһи чахчыта, маҥнай олус чуҥкуйбута. Кинини ким да күүппэтэ, сарсыҥҥыга эбээһинэс суоҕа тыынын-быарын хаайара. Онуоха эбии дьиэтин түөрт эркинэ: “Олохтон дьэ аны тугу күүтэҕин?” – диэбиттии иһийэр чуумпунан ыгаллара. *** Били төлөпүөнүнэн салгымтыата суох ыҥыра олорбут дьүөгэ Марфа Петровна дьиэ иһинээҕи түбүгүн үмүрүтэн, эт баһаарынан эргийэн Пелагеятыгар тиийэн кэллэ. Кини хоҥнубут сүрүн соруга – оҕонньорун доҕоро Хомустаан Иванович хонон ааһыытын кытта ситимнээх. Иһигэр илдьэ сылдьар кичэм санаата — бэйэ-бэйэлэригэр тардыстар эрээри, икки аҥы соҕотох кырдьан эрэр сүрэхтэри тиксиһиннэрии. Тастан киирээччи даачатын быйаҥыттан кэһиилэммит тэскэҕэр суумканы дьүөгэтигэр уунна. Халлаан халлан, күн-дьыл дьэ көнөргө барбытын, оҕуруотун аһын өссө да ситэ хомуйа илигин аҥар кырыы кэпсээн-ипсээн баһаарыйда. Тугу эрэ сүтэрбит, куоттарбыт тэҥэ туттан сылдьар Пелагея Павловна маҥнай утаа улахан көҕө-нэмэ суох сэһэргэһэргэ дылыта. Таас хаппахтаах хобордооххо гаас уотугар эт буһаран сырдьыгынатан, оҕурсу салаата быһан дьүөгэлиилэр үүттээх чэй иһэ олордулар. Марфа Ивановна Хомустаан Иванович хотуттан кэлэн аймахтарыгар Аммаҕа ааспытын, бэрт тиэтэлинэн күн сарсын төннүөхтээҕин эттэ. Араадьыйа саҥатын аччатаары оннуттан туран испит Пелагея ону мээнэ истибэтэ, ачыкытын үрдүнэн тэрбэччи көрдө. Марфа Петровна да итини бэлиэтээн хаалла. Эдэр саастара ааспыт хоту сиргэ олох-дьаһах бу күҥҥэ хайдаҕын, дьон-сэргэ олоҕун, үөрэппит оҕолорун, бииргэ үлэлээбит дьоннорун тустарынан Хомустаан Ивановичтан истибитин ыалдьыт саас-сааһынан сэһэргии олордо. — Кини... төһө уларыйбытый? – Пелагея Павловна быһа түстэ. — Бэйэҥ билэҕин дии, олоҕун сыыһа оҥостон биэс эрэ сыл ыал буолан олорбутун. Ол кэннэ сылдьыбыт... Соҕотох. Оҕо да суох. Тас көрүҥэ улаханнык уларыйбатах. Арай баттаҕа хаар маҥан. Марфа Петровна сэкиэтин сиэбиттэн кумааҕыга суулуу сылдьар хаартыскатын таһааран утары уунна. – Аҕа көлүөнэ үбүлүөйгэ түбэсиһэн түспүттэр. Билэр дьонуҥ бааллар дуо, көр эрэ хата... Дьахталлар ити курдук бэрт
өр элбэҕи сэһэргэстилэр. — Хомустаан барахсан эйигин көрсүбэтэҕиттэн дэлби хомойон бараахтаата. Бэҕэһээ кэлбэккин истээт, кэри-куру буола түһээхтээбитэ. Болкуоҥҥа тахсан хоҥкуйан олороро. — Чэ, чэ эмиэ... – Пелагея дьүөгэтин диэри тиэхэлээхтик көрөн ылла. – Хомойоохтообута, хоҥкуйаахтаабыта диэриий өссө эбэн. — Оттон уонна тугуй? Хоргус, өһөс майгыгыт туорай түһэн хайа-хайаҕыт сырыттаххыт дии бу! – Марфа Петровна дьүөгэтин диэки мөҕүттүбүттүү көрдө, итиэннэ дириҥник үөһэ тыынна. *** Сарсыныгар Хомустаан Иванович айан массыынатыгар сөрүөстэн түөртүүр чэй саҕана куораты булла. Ахсыс автобуһунан иһэн көрдөҕүнэ, үгэскэ кубулуйан эрэр Куорат күнэ ньиргиэр музыка доҕуһуоллаах Ленин болуоссатыгар дьон бөҕөнү тоҕуоруппут. Дойду сиргэ сылдьыбатаҕа быданнаабыт киһи көрүүтүгэр куорат киһи билбэт буола уларыйбыт, улааппыт, тупсаҕай тутууларынан киэркэйбит. Болдьоммут кэмигэр Пелагея Павловна Марфатыгар барардыы библиотека иннинээҕи тохтобулга тиийдэ. Сайсаарга чугаһаан истэҕин аайы долгуйара улам улаатан иһэрин биллэ. “Хомустаан Иванович миигин кырдьык көрсүөн баҕарара буолуо дуо? Эбэтэр кэм да Марфа тупсаран этэрэ дуу...— автобустан түһээт, Пелагея иэрэҥ-саараҥ санааҕа куустаран ылаттаата. Лонгинов уулусса уһугар турар саҥатык таас дьиэ кирилиэһин дабайан иһэн тохтоон турда... Бэриилэттэн тутуһан соннук чочумча турда... Сыл-хонук аһыныыта суох кини кэрэтин кэҕиннэрбититтэн көстүөн баҕарбатыттан буолбакка, олоҕун тухары өйүн-сүрэҕин ахтылҕанынан аймаабыт таптала кырдьар сааһыгар көрдүгэннээн сайыһа хаалыыттан дьэ эмиэ кэрбээн сиир санаа муҥар кубулуйуоҕуттан куттанан, бэйэтин харыстаан кирилиэс биир үктэлин төттөрү түстэ. Тиҥиргэччи тэбэр сүрэҕэр саарабыл санаа тайанна. Бу кэмҥэ дьиэттэн эрбэкэччийэн тахсыбыт Марфа сиэн кыыһа көрөөт, саҥа аллайда: “Эбээ күүтэр, эйигин”,— диэт, иһирдьэ сиэтэн киллэрдэ. Дьиэҕэ киирээт, саалаттан утары тахсан иһэр үрүҥ баттахтаах, сонос, ол эрээри номоҕон дьүһүннээх оҕонньор киһини көрө биэрдэ. Илии тутустулар. Хомустаан Иванович дьахтар плаһын ылан көхөҕө ыйаата. Пелагея саалаҕа ааһан иһэн саҥа оҥорторбут бүрүчүөскэтин көрүннэ. Үлэһит буолан хотугу сир оскуолатыгар биир кэмҥэ олук үктээбит үөлээннээхтиилэр ити киэһэ бэрт элбэҕи санастылар. Хомустаан Иванович көрүүтүгэр Пелагея олус тоҕу түһэ кырдьыбатахха дылы. Улаханнык суохтуу, сүтүктүү санаабыта арай, хойуу көп суһуоҕун оройугар аҕалан хороччу бүрүчүөскэлиирин. Оччоҕо туналыйбыт моонньо эбии күөкэйэн кыталык тэҥэ кынталдьыйара. Дьиэлээх хаһаайка ахтыыта өрүү көрүдьүөстээх өттүттэн буолан истэ. Лааппыга кыра хаатыҥка киирэрин кэтэһэ сатаан баран кыс ортото кыһалҕаттан эр киһи хаатыҥкатын атыыласпыттарын, ону кыччатаары хос-хос баалынайдаах ууга баттаан сытыарбыттарын, кэмпиэт сиэхтэрин баҕаран хобордооххо саахар уулларан ыыс-быдааҥҥа муналларын, онтон да атыны хааһахтан хостуурдуу биир-биир ахтан күллэртээтэ. Ол аайы Пелагея кыыс эрдэҕинээҕитинии нарын ытыһынан айаҕын саба туттарын Хомустаан Иванович бэлиэтээтэ. Пелагея кылгас, убаҕас баттаҕа үөһэттэн тыгар лаампа сырдыгар кытарымтыйа толбоннурарын, ити сааһырбыт дьахтар сэбэрэтин эмиэ да киэркэтэн ылар туспалааҕын, көрөн истэх аайы эдэр эрдэҕинээҕи ис киирбэх туттуута-хаптыыта көстүтэлээн ааһарын эр киһи одууласта. Оттон Пелагея ордук бэлиэтии көрбүтэ, сааһын тухары Усуйаанаҕа олоруу
– Хомустаан хас быһыытыгар-таһаатыгар, эҥээриччи саҥарарыгар тиийэ сууллан сүппэт хотугулуу туспаны иҥэрбит этэ. Уҥуоҕа-арҕаһа кэтирээн, бэйэтэ халыҥаан хайдах эрэ өссө бөдөҥөөбүккэ дылы көрүҥнээҕэ. Оччотооҕу курбалдьыйбыт эдэр киһиттэн олох атын, киппэ-хаппа көрүҥнээх оҕонньор остуол нөҥүөттэн Пелагеяны ис киирбэхтик одуулаһара. Ыкса киэһэ Пелагея Павловнаны Хомустаан Иванович атаарар буолла. Хаһаайка сөлүүт ытылларын чугастан көрөр санаалаах дьабдьынан иһэн тоҕо эрэ тохтоото, болуоссакка диэри илтэрэргэ дьонугар такси көлө ыҥырда. Эдэр кэмнэрин ахтыһыыттан эрчим эбинэн сааһырбыт дьон бу тосхойбут үтүө киэһэттэн толору дуоһуйдулар. Болуоссат чугаһыгар түһээттэрин кытта сир анныттан иһиллэрдии сөлүүтү ытар бүтэҥи тыас ньиргийдэ. Дьиримниир сулустардаах күһүҥҥү хараҥа халлаан түгэҕэ биллибэт үрдүгүттэн көмүс садарах кыымнар киэҥник тайыы күлүмнээтилэр. Ол уостуута дьэ эбии бүтүн халлаан күөх, кыһыл, араҕас өҥнөөх мөһүүрэ кыымнарынан сандаарда. Хомустаан Иванович бу кэмҥэ тоҥолохтоһон турар илиитин Пелагея санныгар илдьэн уурда. Атынынан дьахтар ытыһын сэрэнэ сылаастык бигии тутта. Бу сөҕүмэр көстүү кэтэҕэр кинилэр иккиэн биир түгэни өйдөөтүлэр. Эмиэ маннык даҕаһан турбуттара ээ кинилэр олох өрдөөҕүтэ, хотугу бөһүөлэк эдэркээн учууталлара. Дьүкээбил суһума хотугу халлааҥҥа үллэҥэ долгун тэҥэ түллэҥнии хамсыырын, киэҥ-нэлэмэн туундара тунал хаара кытта ол өҥҥө силбэһэн барыта кытыаста сандаара турбут хатыламмат көстүүтүн санаатылар. Саҥа үйэ сандаар уота күлүм-дьирим сулустардыын хатыһа оонньооһуна уурайаатын, оччолорго умсугуйа одуулаһар чоҕул, тырым сулустарын тэҥҥэ көрө түстүлэр. Иһийэн турууга иккиэн да олус уһуннук күүттэрбит тиксиһиилэрэ үрэллимиэн, сүрэхтэригэр өссө да тыыннаах сылдьар тапталлара умуллумуон баҕардылар. Үөмэх сулустартан ордук сытыытык, чаҕыл уотунан мичиҥнии оол-ол ортоку сулус дьиримниир... умуллубат сулус... кинилэр тапталларын сулуһа. Айысхаана. 2005, сэтинньи.
kyym.ru сайтан