Кэпсээ
Войти Регистрация

Биир күҥҥэ тоҕус бөрөнү

Главная / Кэпсээн арааһа / Биир күҥҥэ тоҕус бөрөнү

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
31.05.2024 14:53
Эдьигээҥҥэ үлэлии сылдьабын. 1988 с. кулун тутар ыйа. Начаалынньыгым Анатолий Иванович биир күн райком мунньаҕар баран кэллэ уонна өтөр миигин кэбиниэтигэр ыҥыртаран ылла. Мин испэр «бу нэдиэлэҕэ улахан ыксаллаах да, кыра да дьыала суоҕа, оччотугар, буоларын курдук, үҥсүү киирдэҕэ дуу?» диэн саныы-саныы, сэрэнэ соҕус туттан, хоһугар киирдим. Кырдьык, оччолорго отделга араас улуустан мустубут эдэр уолаттар үлэбит быыһыгар сыыһа-халты туттарбыт, туора-маары сылдьарбыт кэмнээх буолуо дуо? Дьэ, ол иһин уочараттаах «нагоняйга» бэлэм соҕустук туттан, киирэн киһим сирэйин-хараҕын кэтээтим. Суох, бу сырыыга эһэ тириитин кэппит сибикитэ биллибэт. Төттөрүтүн, хата, туохтан эрэ үөрбүт, настарыанньалаах курдук. Киирэн олорбутум кэннэ, киһим райком мунньаҕар сылдьан кэлбитин, «Кыстатыам» сопхуос аатырбыт табаһыта Көстөкүүн Ылдьыынап ыстаадатын үөр бөрө буулаан, хоромньу бөҕөнү таһаарбытын, онон Пиэрибэй (райком I сэкирэтээрэ П.В. Такыров) «эһиги, үчүгэй саалаах-саадахтаах дьон, улуус охотоведтарын кытта бөрөнү ытыыга кыттыһыҥ» диэн сорудахтаабытын, түгэни туһанан, биһиги сүүрэн иһэр сыалы ытыыга эрчиллиэхтээхпитин эттэ. Онуоха мин, буруйдамматахпыттан эр ылан, «ол бөрөлөр эрэйдээхтэр эмиэ аһыыр айахтаах кыыллар буоллахтара, онно милииссийэлэр биһиги туохпут кыһалҕатай?» диэн «чап» гыннарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Инньэ диэппин кытта киһим сирэйэ-хараҕа тута уларыйа оҕуста: «Ол-бу буолан куолулуу олорума, баартыйаны утары бараары гынаҕын дуо?! Охотовед Таманныырабы кытта куодарыһаргыт эрэ бэрт дии. «Эриэйдэлиибит» дии-дии, бэйэҕит наадаҕытыгар өрө-таҥнары көтүтэн аҕай биэрэҕит. Ону билбэт үһүбүн дуо?» – диэн, олох тыла суох ыытта. Онтон уоскуйбут быһыытынан эйэ дэмнээхтик: «Хата, биһиэхэ бөрө тэриитэ наада буолара буолуо. Били, үөһээҥҥи «адьарайдар» (ИДьМ тойотторун этэр быһыыта) туохха да топпот буолан иһэллэр. Балыгы сирэллэр-талаллар. Биһиги бөрөлөрбүтүнээҕэр ордуох курдуктар. Биир тириитэ ылаар эрэ. Аны, онон айахтарын бүөлээн көрүө этибит», – диэтэ. Мин тойоммуттан, бэл, баартыйаттан дьиҥнээх көҥүлү ылан уонна алҕас тылласпыппын уҕарытаары «ээ, ол биир тириини баҕас» диэт, сибилигин бултуу ыстаныахтыы ойон турдум уонна тахсан истэхпинэ, тойонум «ыстаадаларга таарыйа лиэксийэтэ...» эҥин диэбитин кулгааҕым таһынан аһардым. Болдьохтоох күн Тойоммуттан тахсаат, Таманныыраппар эрийбитим, киһим өтөр тиийэн кэллэ. Тута пуорка тахсан көтүү былаанын, бөртөлүөт састаабын быһаарыстыбыт, түмүгэр өйүүн Ылдьыынаппыт ыстаадатыгар көтөр буоллубут. Ол гынан баран, болдьохтоох күм­мүтүгэр биһиги көтүөхтээх хайалаах сирбитигэр намыһах былыттаах буолан хаалан, «нелётная погода» диэтилэр, эбиитин экипажпыт хамандыыра хайалаах, кутталлаах сиринэн көтөр көҥүлэ суох буолан биэрдэ. Хата, Таманныырабым, үөрүйэх буолан, ол күн сүүрэн-көтөн айан суолун уларыттаран, сарсыныгар Мууна, Моторчуна үрэхтэринэн эргийэ барар буоллубут. Сарсыныгар былаан быһыытынан сарсыарда 8 чааска көттүбүт уонна Мууна төрдүгэр диэри өр гыммакка тиийдибит. Ол бириэмэҕэ халлаан былыта дьайҕаран, чаҕылхай күн тыкта. Биһиги, бөрө суолун көрдүүр дьон быһыытынан, үрэҕи бэрт намыһаҕынан, пилоттар этэллэринэн, «допустимай высотанан» сыыйдыбыт. Онон аллара хаарга тайах, таба, бөрө суола-ииһэ бу баардыы көстөр. Ол быыһыгар сотору-сотору
ынах ханнын сааҕын курдук төгүрүктэр хаарга чөм түһэн сыталлара көстүтэлээн ааһар. Ол – тайах төбөтүн хонноҕун анныгар кыбыта анньан баран, сааскы күн уотугар сыламнаан утуйа сытар быһыыта. Хаһан эмэ хара улардар көтөн тэлээрэллэр. Адьырҕа суолунан Таманныырабым сирдьит буолан, пилоттары кытта – кэбиинэҕэ, мин борт-мэхээнньик, саха киһитэ Бүөтүр Баһылайабы кытта солуон түннүктэригэр сыстан олоробут. Өтөр биир кыра үрүйэҕэ суоллаан испит бөрөбүтүн сүтэрэн баран, улахан күөл үрдүгэр кэлэн эргийиэх курдук гынан эрдэхпитинэ, уҥуоргу баска хара туочукалар көһүннүлэр. Пилоттар бөртөлүөтү тута ол диэки туһаайдылар. Чугаһаан көрбүппүт – бөрөлөр эбит! Буолаары буолан, бүтүн үөр! Бөрөлөрбүт, бөртөлүөтү көрөөт, булумахтана түстүлэр. Онтон биэстии гына хайдыһан, икки аҥыы ыстаннылар. Аҥаардара – тыа диэки, аҥаардара – күөл устун төттөрү. Ити икки ардыгар пилоттар бөртө­лүөтү эргитэ баттаан өссө намтаатылар уонна куотан иһэр бөрөлөргө ойоҕолуу кэллилэр. Ол бириэмэҕэ борт-мэхээнньик биһигини сидиэнньэ курдарынан хам баайталаата, тыраап кирилиэһин тахсар ааҥҥа туора бырахта уонна «чэ, уолаттар, кытаатыҥ» диэн баран, бөртөлүөт аанын тэлэччи арыйан, хамсаабат гына хатаан кэбистэ. Биһиги, эрдэттэн бэлэм олорор дьон, биирбит – СКС харабыынынан, мин АКМ бойобуой аптамаатынан сүүрэн иһэр кыыллары харса суох ытыалаан куһуй­дубут. Биир бөрө туора ойбутун аһара көттүбүт. Түөрт иннилэрин хоту сүүрэн иһэллэрин харса суох ытыалаан, биир-биир хаптаттыбыт. Онтон эрийэ баттаан хаалбыт бөрөбүтүгэр саба көтөн кэлбиппитигэр, бөрөбүт тохтоон эргийэ биэрдэ да, бөртөлүөккэ тиийиэхтии, аһыытын ырдьатан, өрүтэ ыстаҥалаата. Туран биэрбит кыылы аҕыйахта ытан кэбистибит. Ити кэннэ, кыайбыт-хоппут дьон быһыытынан, аны тыаҕа түспүт кыылларбытыгар көттүбүт. Өр гымматыбыт. Кыра үрүйэ устун хойуу, сымнаҕас хаарга батылла-батылла субуруһан иһэллэригэр саба көтөн кэлэн, түөрт кыылы хаптаччы ытан кэбистибит. Пилоттарбыт «ай да, молодцы, и здесь порядок!» диэн үөрүү-көтүү буоллулар. Арай, бастаан испит улахан бөрө бөртөлүөт анныгар киирэн хаалан куотта. Онтубутун көрдөөн көрдүбүт даҕаны, төрүт көстүбэтэ. Саатар, тыабыт үрдүк баҕайы хойуу лабаалаах харыйа ойуур уонна хаарбыт сымнаҕас буолан, бөртөлүөт сиргэ чугаһаатар эрэ, биир кэм хаары өрө ытыйа олорор. Бөрө буолуохтааҕар тайах да көстүө суох. Инньэ гынан, күөлбүтүгэр төннөн бөрөлөрбүтүн хомуйдубут. Хата, күөл хаара чараас уонна тыал хастаан чигдитиппит буолан, бөртөлүөт салгыҥҥа ыйанан турар кэмигэр ойон түһэн, кыылларбытын биир-биир Бүөтүргэ уунан биэрдибит. Онтон үрүйэбитигэр тиийэн эмиэ инньэ гынаары бөртөлүөппүтүттэн ыстаммыппыт, доҕоор, түөспүт тылыгар диэри хаарга батары түһэн хааллыбыт эбээт. Дьэ, эрэй бөҕөнү көрдүбүт. Хаарбытыттан нэһиилэ оронон, араас албаһынан бөрөлөрбүтүн тиэйэн, сэниэбит букатын эстэн, бөртөлүөппүтүгэр бэйэбит соһуллан кэриэтэ таҕыстыбыт. Чахчы да, аарыма бөрөлөр эбит. Онно холуйдахха, биһиги ыттарбыт куоска саҕалар. Эбиитин, сүүллэрэ киирэ сылдьар кыыллар сыттара-сымардара, ыылара-дьаардара амырыын, киһи тулуйбат үлүгэрэ. Бөрө албаһа Ити курдук сыралаһан, тиэнэн бүтэн баран, эмиэ били куоппут кыылбытын эргийэ сылдьан көрдөөн көрдүбүт даҕаны,
көстүбэтэ. Суоллуун сүппүт. Ону бөртөлүөтүнэн ытыыга элбэхтик сылдьыбыт Таманныырап: «Бөрө анаан састаҕына, олох булларбат буолар. Кини хойуу лабаалаах тиит анныгар киирэн, тиити кууһан баран, киһи курдук хамсаабакка турунан кэбиһиэн сөп. Инньэ гыннаҕына, үөһэттэн букатын көстүбэт буолар. Оттон чугаһынан мас суох буоллаҕына, халыҥ хаарга умсан хаалар түбэлтэтэ эмиэ баар буолааччы. Онон бөрө өйүн киһи сөҕөр», – диэн кэпсээбитэ. Дьэ, ити курдук биир көтүүгэ биир сиртэн тоҕус ардай аһыылааҕы бултаан турабыт. Сиэгэн бөҕө Бүтэн, базабытыгар төннөн иһэн мин хаһан даҕаны харахтаабатах, эриэккэс, айылҕа суруллубатах биир дьикти сокуонун көрөн турабын. Ол курдук, Хороҥку үрэҕин таһыгар биир кыра үрүйэҕэ тайах сибиэһэй суола дьикти баҕайытык туора-маара сүүрэкэлээн, охто-охто, хаары оймообут. Биһиги бөрөлөр моһуоктаатахтара диэн, намтаан, төттөрү эргийэн кэллибит. Арай, үрүйэ халыҥ хаарыгар батылла сытар обургу тайах таһыттан сиэгэн обургу ойон туран тыа быыһыгар түстэ. Иккистээн эргийэн кэлэн үөһэттэн көрбүппүт, доҕоор, иэдээннээх хартыына – хаар үрдэ үрүйэ иһигэр харах ыларын тухары кыа хаан. Тайах сэниэтэ эстэн, бэйэтэ бүтүннүү хаан буолан, күрүлгэн анныгар өлөөрү сытар. Уу чоккурас буола тириппитэ паар буолан буруолуур. Аны, сиэгэн арҕаһын көмүллээбитэ уонна сүрэҕин туһаайыытынан тоҕута тыыппыта хаана тыыннаҕын аайы фонтан курдук тыгыалыыр. Биһиги тайаҕы аһынан уонна айылҕа, булт суруллубатах сокуонунан, ааммытын арыйан тайах эрэйдээх тыынын салҕаан кэбистибит уонна салгыы көтө турдубут. Дьэ, бу ынырыктаах түбэлтэҕэ «сиэгэн тайаҕы хайдах ат гынан мииннэ?» диэн боппуруос үөскүүр. Мин санаабар, тайах сааскы ылааҥы күн күн уотугар сыламнаан утуйа сыттаҕына, үөмэн кэлэн үрдүгэр хатааста түһүөн эбэтэр хаама сырыттаҕына, манаан сытан, мас үрдүттэн ыстаныан сөп. Хайдаҕын да иһин, ынырык түбэлтэ. Ити курдук миинэ сылдьан төһөлөөх өр сордообута буолуой, бүтүн тайаҕы. Суолларыттан көрдөххө, тайах сэниэтэ эстэн дуу, сиэгэнтэн босхолоноору дуу, сотору-сотору хаарга охтон сытан ылыталаабыт, мөхсүбүт курдук уонна кэлин хаана баран, сэниэтэ эстэн, сытынан кэбиспит быһыылаах. Оттон ол тухары сиэгэн кинини миинэ олорон арҕаһын кэбийэрин тохтоппотох. Эбиитин, өлөрөр сыаллаах чопчу сүрэҕэр тиийэ сатаабыт. Дьиҥэр, мин, оччолорго оперативнай үлэҕэ сылдьар киһи, икки атахтаах бэйэ-бэйэтин араастаан сэймэктээн өлөрсүбүтүн, күүһүлэспитин, уокка умайбытын, өлөн сытыйбытын-ымыйбытын көрдүм ини, көрбөтүм ини эрээри, сиэгэн обургу тайаҕы тыыннаахтыы миинэ сылдьан кэбилээбититтэн олус долгуйбутум. Дэлэҕэ, киһим «хайа, бу эн, эр бэрдэ, туох буоллуҥ, ити – айылҕа сокуона, ким күүстээх ол – тойон» диэн санныбын таптайыа дуо?! Сиэгэн күүстээҕин туһунан истэр этим эрээри, тыыннаах тайаҕы итинник тутарын көрө илигим. Чахчы, киһи сөҕөр, итэҕэйэр эбит. Охотовед, Ньурба уола, Эдьигээн күтүөтэ, норуот маастара, тимир ууһа, доҕорум Вадим Иванович Таманныров билигин куоракка олорор. Кини кэлин мууһунан дьарыктанан, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, бэл, кыраныысса таһыгар улахан ситиһиилэрдээх. Захар Федоров, Бэрдьигэстээх. 2018 с.
Тарҕат:
kyym.ru сайтан