Кэпсээ
Войти Регистрация

Тиэргэһиттэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Тиэргэһиттэр

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
31.05.2024 14:51
   Мин 4-с кылааска тиийиэхпэр диэри аҕам уонна убайдарым оттуу баралларын сайыһан муҥнанарым. 4-с кылааһы бүтэрбит сайыммар эрэ оту, бугул түгэҕин харбааччынан илдьэ бардылар.      Биирдэ аҕам утуйаары сытан: «Коля, сарсын миэхэ доҕор буолан, сүгэһэрдьитинэн куска барсаҕын. Бүгүн Хомустаахха таарыйан элбэх тиргэ ииттим. Кус элбэх быһыылаах, барыта көҕөн, моонньоҕон. Тустуукпун дэнэҕин дии, 5-6 куһу баҕас кыайан сүгэр инигин?» – диэтэ. Ол саҕана, чахчы, мин бэйэм саастыылаахтарбар оройуоҥҥа, Бүлүү сүнньүгэр син биллэр тустуукпун. Бэйэбин да лаппа күүстээҕинэн ааҕынабын. Бэйэм да, атын да кылаас уолаттарын тустан да, охсуһан да киһилээбэппин. Улахан да кылаас уолаттара «кыра кылаас уолугар кыайтарбыт диэн сурах тарҕаныа» диэн куттанан охсуһа сатаабаттар.    Сарсыныгар эрдэ 5 чаас саҕана үлэлээн бүтэн баран, дьиэбититтэн 5-6 биэрэстэлээх Хомустаахпытыгар бардыбыт. Хомустаахха барарга бастаан ыллык суолунан, онтон просеканан бараҕын. Аҕам улахан үрүсээгин ылла, миэхэ үрүсээк биэрбэтэ. Онтон хомойо санаатым. Ордугу-хоһу ыйытан кыыһырдыахпын баҕарбатым, аны букатын да илдьэ барыа суоҕа.    Хомустаахпытыгар тиийэн кэллибит. Аҕам: «Чэ, эн манна күөл кытыытыгар мин кэлиэхпэр диэри сырыт, оонньоо. Сэрэн, ууга киирбэккин, тыаҕа тахсыбаккын», – диэн баран, хомус быыһыгар кистэммит мас тыытыгар олорон хомус быыһынан устан эрдиитин тыаһа чалымныы турда.    Оонньуох санаа киирбэтэ. Эчи, ырааҕа да бэрт, эһэ-бөрө дойдута. Онон барар-кэлэр баҕа суох. Күөлүм улахана сүрдээх. Аҕабын көрө сатыыбын да – көстүбэт. Охто сытар мас үрдүгэр олоро сатаан баран нухарыйыахча буолан эрдэхпинэ... Арай, мин кытылбар баар хойуу хомус от улахан тыал түспүтүн курдук барыта хамсаан, өрө суугунаан, тыаһаан-ууһаан, бүтүннүү күөгэҥнээн киирэн барда. Уу тыаһа биир кэм ытыллан олорор. Бу барыта туох да тыала суоҕар. Отуорум хамсыар, кутум ыстаныар диэри куттанным. Тыас-уус чугаһаан иһэр. Аттыбынааҕы хомус куп-куугунас, өрө үллэҥнээн, эйэҥэлээн олорор. Өйдөөн көрбүтүм: хомус үллэҥниир бэрт элбэх хап-хара, туохтара биллибэт харамайдара хомуһу-кутаны үлтү барчалаан мин диэки анньан иһэллэр эбит. Куттанан сүрэҕим тохтуу сыста. «Бу аат кыыллара, абааһылар, сииллэрэ буолла!» – дии санаат, хаһыыра-хаһыыра сыыр үрдүн диэки күүһүм баарынан ыстанным. Тыа саҕатыгар, сыыр быарыгар тиийэн иһэн мутуктан иҥнэн умса баран түстүм уонна кирийиэхпинэн кирийэн, саһан сыттым. Тыас-уус уҕараабыт, туох да сырсан иһэрэ биллибэт.    Арыый уоскуйдум, холкутуйдум эрээри, күөлбэр төннөр былааным суох. Күөлүм кэтит иэнэ тыа быыһынан бу күлүмнүү мэндээрэн көстөр. Балай эмэ олорбохтоон баран сыралытар куйаастан, хамсаабат чуумпуттан этим-сииним ууллан, маска өйөммүтүнэн олорон утуйан хаалбыппын.    Төһө уһуннук олорбуппун билбэппин, аҕам ыҥырар саҥатыттан эрэ уһугуннум. Кустатан абырыах буолан илдьэ кэлэн баран соҕотоҕун быраҕан барбытын, дэлби куттаммыппын иэстэһэн, хаста да хаһыытатан эрэ баран баарбын биллэрдим. Аҕам улаханнык куттаммыт этэ, сүүрэн тиийбиппэр үөрүү бөҕөтүн үөрдэ. Тоҕо сүтэ сылдьыбыппын ыйыппытыгар, аата-ахсаана биллибэт кыыллар күөлтэн түллэҥнээн тахсан сии сыспыттарыгар куоппуппун бэрт омуннаахтык кэпсээн биэрдим. Аҕам күлэн тоҕо барда.    – Тоҕойуом, күөлгэ аһыы сылдьар кустары тиргэҕэ киллэрээри күрэппитим. Олор кэлэн хомуһу аймаатахтара буолуо. кустан куттанар булчут баар үһү дуо?    – Оттон куотан эрдэхпинэ кэннибэр уу тыаһа бөҕө төттөрү өрө барылыы түспүтэ дии...    – Кустарыҥ кытыыга кэлэн баран аны эйигин көрөн төттөрү ууга дайан киирбиттэр, – диэн буолла.    Күөлбүт кытыытыгар олорон ыһыкпытын сиэтибит. Аҕам тыытыттан кус бөҕөтүн сүөкээтэ. Аҕам куһун бэрийэрин быыһыгар: «Бүгүн кус бөҕө иҥнибит. Сороҕун ити күрэтэн киллэрдим. Сороҕун эн төттөрү үүрэн иҥиннэрдиҥ. Эн кэлсэҥҥин кус бөҕөтүн туттубут, байанайдаах булчут буолууһугун», – диэмэхтиир. Барыта отучча куһу ылбыппыт. Барыта улахан кус. Аҕам бэйэтин үрүсээгэр толору куһу симтэ, ордон хаалбыт аҕыс көҕөнү түөртүү гына арааран тирбэҕэнэн төргүүлэнэрбэр сөп гына баайда. «Оҕом, тустуук буоллаҕыҥ, аҕыс куһу баҕас дьиэҕэр тиэрдэр инигин?» – диэн буолла. Бастаан ону өссө мыына санаабытым. Аҕам үрүсээгэр баппатах кустарын илиитигэр тутан барар буолла. Дьиэлии турдубут.    Күн киэһэрэн, сөрүүн түһэн барда. Аҕыйах килэмиэтири бараат, кустарым ыараан бардылар. Синньигэс тирбэҕэ быа чараас бириһиэн сон нөҥүө санныбын кыайда. Санныбын уларыта сатыыбын да, киһи тулуйбат балаһыанньата үөскээн барда. Ийэ-хара көлөһүнүм барыта таҕыста. Аҕам мин эрэйдэнэ иһэрбэр адьас кыһаллыбат, дөрүн-дөрүн эргиллэн көрө-көрө күлэр эрэ. Сыыйа, хааллар хаалан бардым. Бу истэхпинэ быам сөллөн дуу, хайдах дуу, кустарым суолга ыһылла түстүлэр. Барыларын холбуу баайыах курдук гынан иһэн, өй булуннум. Түөрт куһу арааран ылан, эр-биир суол кытыытын диэки тамнаан кэбистим. Түөрт кус быдан чэпчэки этэ да, дьиэбэр чугаһаан баран ол да кыайтарар туругуттан ааста. Аны икки куспун тыаҕа кыыраттым. Тыа хараҥаран барда. Аҕабын ситээри харса суох хаамабын. Дьолго, аҕам ырааппатах. Кини да лаппа илистибит дьүһүннээх. Куһум аҕыйаабытын, хата, көрбөтө. Дьиҥинэн, кустарбын хаалларбыт сирдэрбин олус бэркэ билэбин. Сынньанан баран, сарсын ыппын Тарзаны кытта кэлэн хомуйан ылыахпыт дии саныыбын. Кини обургу куһу баҕас тэһиппэккэ булааччы.   Ол курдук айаннаан им ырдьаччы киирбитин, боруҥуй буолбутун эрэ кэннэ дьиэбитин буллубут. Аҕам урут кэлэн хараҥа ампаар омуһаҕар кустарын түһэрдэ, мин тугу аҕалбыппын көрдөрбөккө буола сатыы-сатыы эмиэ тамнаатым. Аҕам, хата, тугу да уорбалаабата.    Киэһэ дьиэҕэ киирэн аһыы олорон аҕам мин диэки бэркэ астыммыт, дуоһуйбут хараҕынан көрө-көрө: «Уолбут Куола улааттаҕына чахчы кыайыылаах-хотуулаах, байанайдаах, эр бэрдэ киһи буолан тахсыыһы. Көр, ити уонча көҕөнү букатын киһилээбэккэ илдьэ кэллэ ээ... Онтуҥ ыарахана сүрдээх буоллаҕа. Ол да иһин оройуоҥҥа биллэр тустуук буолан эрдэҕэ...» – диэмэхтээтэ. Мин кыбыстан-саатан барар-кэлэр сирбин булбакка умса түһэн олордум. Дьонум ону таба көрөн, «чахчы да сылайаахтаабыт, бачча ыраах сиргэ уонча куһу сүгэн аҕалыы кыра оҕоҕо...» дэһэн кэпсэтэ хааллылар.    Сарсыныгар тыын эрдэ туран ыппын илдьэ кустарбын барыларын, биирин да ордорбокко, булан аҕалан, ким да көрбөтүнэн омуһахха быраҕаттаабытым.    Тиргэ туһунан кэпсэтии буолла да, ол бастакы тиргэҕэ сылдьыһыыбын мэлдьи саныыбын. Уонна, «туох да диэбит иһин, уончалаах эрэ оҕоҕо 8 көҕөн – чахчы ыарахан таһаҕас» дии саныыбын.   Соччо Кутукаай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан