Кэпсээ
Войти Регистрация

Эргэ хотоҥҥо

Главная / Кэпсээн арааһа / Эргэ хотоҥҥо

K
31.05.2024 14:50
   Ира онус кылааһы бүтэрэн, хомсомуол путевкатынан диэн, икки сыл сопхуоһугар ыанньыксыттыы хаалла. Дьүөгэ кыыһын кытары отделение биир саамай эргэ хотонугар үлэлиир буоллулар. Хотоннорун аттыгар эбии аһылык буһарар, көөнньөрөр оһох турар хочуолунайа баар. Көөнньөрбөнү сарсыарда сойорун курдук, сороҕор түүннэри буһараллар. Онтон хачыгаар хойутуу соҕус кэлэн, онно үргүлдьү хоно хаалар.      Ира дьүөгэтин кытары Өктөөп бы­рааһынньыгар сылдьан, үҥкүүлээн баран, сарсыарда эрдэ хотонугар кэлбит. Уотун уматан, таҥаһын уларытта туран көрдөҕүнэ, ынахтарын быыһынан быа соһуулаах хайа эрэ дьахтар элэс гынан хаалар. «Ынаҕа босхо барбытын баайаары сылдьар быһыылаах» дии санаан, ыҥыра-ыҥыра кэнниттэн батыһар. Тиийэн көрө сатыыр даҕаны, ким да суох буолан биэрэр. Онтон чочумча буолаат, «атын күтүр» буоларын дьэ өйдүүр. Этин сааһа аһыллан «дьар» гына түһэр. Хотонуттан хочуолунайга сүүрэн тахсыбыта, таһыттан хатаан барбыттар эбит. Соно суох чараас таҥастаах тымныыга, таһырдьа төһө өр тураахтыай? Куттаннар даҕаны, төттөрү хотонугар киирэр.    Бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэппитэ буола олорор. Сотору, хата, дьүөгэтэ кыыс кэлэр. Куттаныа диэн, кыыһыгар тугу даҕаны кэпсээбэт. Онтон ыла сарсыарда дьон кэлбитин кэннэ биирдэ үлэтигэр тиийэр буолбут.   БАСХААЙ.   Эмэҕирэ өтөхсүйбүт түөлбэ      Мин төрөөбүт дойдум билигин нэһилиэнньэтэ кэҥээн, суола-ииһэ тупсан, саҥа тутууланан, улуус биир тарбахха баттанар нэһилиэгэ буолан турар. Өрүс кытыытынан олохсуйбут буолан, айылҕа маанылаах көстүүтэ, от-мас сиэдэрэйэ, булт-алт эгэлгэтэ – онно.    Сайын ахсын биэрэги кыйа сынньанааччылар, балыктааччылар кэлэннэр, бэйэтэ ыһыах курдук сэргэх буолааччы. Бөһүөлэк урут-уруккуттан хас да түөлбэнэн олорор. Аҕыйах бэйэбитигэр оҕолор кырдьык-хордьук түөлбэнэн арахсарбыт. Биһиги түөлбэбит биэрэгэр үктэммит атын түөлбэ уолаттарын тааһынан тамнаан ыытарбыт. Алҕас кэлэн хаалбыт киһи кимин-тугун ыйыталаһан тэйэрбит. Атын түөлбэҕэ көмүскээччилээх эрэ буоллахха, үктэнэр буолуллара. Тоҕо диэтэххэ, ол кэмтэн нэһилиэккэ күрэхтэһиилэр, уус-уран самодеятельность көрүүлэрэ түөлбэлэр икки ардыларыгар ыытыллара. Онон оччоттон түөлбэлэһэ үөрэнэн хаалбыппыт. Билигин куораттан дойдубар тиийдэхпинэ, мин олорбут түөлбэм дьоно кэлбиппин иһиттилэр да, баардарын-суохтарын туппутунан кэлбиттэрэ эрэ баар. Биһиги дьиэ кэргэн олорбут дьиэбит күүлэтигэр кыра урууга тэҥнээх сүрдээх үчүгэй бырааһынньык тэриллэр. Ыал дьонум кыргыттара, билигин бэйэлэрэ ытык-мааны эбэлэр, киирэн, дьиэбин-уоппун көрүөх бэтэрээ өттүгэр сууйан-тараан кэбиһэллэр. Нэдиэлэ курдук буолаат, куораппар төннөбүн.    Түөлбэм ити курдук ньиргийэн-ньаргыйан олорор буоллаҕына, биһигиттэн хоту диэки турар Амтаннаах түөлбэтэ билигин киһи хараастар гына өтөхсүйэн турар. Түөлбэ итинник ааттаммыта бэйэтэ туһунан силистээх-мутуктаах. Ол эргин аан бастаан ыал буолан олорбут Ньукулаайаптар эбэлэрэ Настаа олус минньигэс, дэлэй-холой астааҕа. Оннук үллэр-баллар баайдара суоҕа да, Настаа булан-талан астаабыта эрэ баар буолара. Дьыл хайа да кэмигэр оччолорго мээнэ киһи астаабат бэрэскитэ, чебурекита өрүү баар буолара. Кинилэргэ тиийдэххэ, Настаа хайаан даҕаны тугунан эмэ күндүлүүрүн билэр буоламмыт, оскуола оҕолоро уруоктар икки ардыларынааҕы уһун сынньа­лаҥ­ҥа Ньукулаайаптарга сылтах булан, баран кэлэрбит. Настаа кырааскалаах тастаах сыыҥкабай тааһыттан минньигэс бэйэлээх аһыттан биир-биир оҕолорго уунара. Ол аһа бүтэн хааллаҕына, күөх лууктаах арыылаах килиэп таһааран биэрэрэ. Ньукулаайаптар тастарыгар биир-биир саҥа дьиэлэр тутуллубуттара. Дьон сүөһү-ас ииттэн, оҕо-уруу тэнитэн, барыга бары кыттан, Амтаннаах түөлбэ аата чулуулар ортолоругар олохтоохтук киирбитэ.    Билигин ити түөлбэ өтөхсүйэн туруута Настаа бэрт кыахтаахтык, үчүгэйдик олорбут улахан уола Бүөтүр бэйэтигэр тиийиммититтэн саҕаламмыта. Онтон икки сылынан дьиэтин анныгар балыктыы киирбит кыра уола Сэмэнчик чуумпу күн ууга былдьаммыта. Настаа барахсан тута кырдьаахтаабыта. Ити курдук тарбахха баттанар аҕыйах сыл иһигэр Настаа дьиэ кэргэниттэн элбэх киһи олохтон туораабыта. Кэлин санаатахха, сотуун ыарыы курдук иэдээн дьиэттэн дьиэҕэ көһөн испит эбит. Ити түөлбэ дьонуттан элбэх киһи бэйэ ыарыытынан, кэминэн-кэрдиитинэн буолбакка, дэҥтэн-оһолтон, бэйэҕэ тиийинэн, кэмин иннинэ быстах дьылҕаламмыттара. Үөрүүнэн туолбут, «һай-һат» дэспит түөлбэ чуумпуран хаалбыта. Дьон сыыйа көһүтэлээн барбыттара. Билигин түөлбэ икки эҥээринэн эрэ ыал быстах-остох баар.    Бу саас дэриэбинэҕэ ичээн киһи кэлэн ааспыт. Кинини Амтаннаахха илдьэ сылдьыбыттар. Онуоха ол киһи дьон өлүүтэ хас да сыллааҕыта икки кыталык кэлбититтэн биирдэстэрин ытан өлөрүү содула буоларын эппит. Дьэ, ол кэннэ бэйэ икки ардыгар уруккуну-хойуккуну ырытыһыы буолбут. Түмүгэр 2000 сыллар саҕаланыылара Амтаннаах эҥээр икки кыталык түспүтүн улуус кииниттэн кэлэ сылдьар булчуттар көрөн, биирдэрин ытан ылбыттар. Ол дьон Настаа улахан уола Бүөтүр бииргэ тустубут, күрэхтэспит уолаттара эбиттэр. Онон кини сирдээн, салайан илдьэ сылдьыбыт. Бүөтүр, тахсыбыт быһыыттан бэйэтэ даҕаны улаханнык хараастан, кэлэн ыал уолаттарыгар кэпсээбит эбит. Ким кэпсээбитэ биллибэт эрээри, соҕотох хаалбыт кыталык айманыыта сүр үһү.    Ол ичээн киһи эбэни айах тутан, сиэр-туом толорбут. Дьон-сэргэ мантан антах олох тупсарыгар, этэҥҥэ буоларыгар эрэллээх. Хайа саха айыы көтөрүн өлөрөр сатамматын, аньыыта-харата улаханын билбэт буолуой? Булт кэмигэр иһэ-аһыы сылдьан сыыһа быһыыланнылар ини. Онтон сылтаан бүтүн түөлбэ олоҕо айгыраабыта абаккалаах.   Тараас МАХСЫЫМАП, Дьокуускай.   Тарҕат:
kyym.ru сайтан