Кэпсээ
Войти Регистрация

Уот

Главная / Кэпсээн арааһа / Уот

K
31.05.2024 15:09
   Көмүс күһүн чугаһаан, халлаан сөрүүдүйэн, бурдук саһарчы буһан эрэр кэмэ. Өлүөхүмэ техникумугар мэхээнньиккэ үөрэнэ сылдьар убайым Уйбаан быраактыкатыгар кэлэн бурдук быһыытыгар үлэлээри хамбаайын көрүнэ, оҥосто сылдьар.          Миигиттэн 4-5 сыл аҕа. Биир күн өрүс уҥуор кустуу бардыбыт. Улахан алаас, Саһыл Сыһыы тураҥнарын кэрийэн син балачча бултуйдубут. Күнү быһа сылдьан, киэһэ борук-сорук буолуута, төннүү буолла. Күһүҥҥү ый быыһа буолан, сотору хараҥарда. Былыргы айан суолун устун Мас Саҕатыгар чугаһаан истэхпитинэ, үүнэн турар мастар быыстарынан уот кыламныыра көһүннэ. Оччолорго Мас Саҕатыгар син хас да өтөх дьиэтэ уонна биир улахан бурдук симии сарайа баара. Уус Сээрбиһин дьиэтин отчуттар отуу оҥостоллоро. Уоппут ол дьиэ диэки кыламныыр. Күнү быһа хааман, эстэн-быстан, сылайан иһэр дьон, киирэн сынньанан ааһыахха диэн сэргэхсийэ түстүбүт. Хаамыыбытын эбэн тыалбыт саҕатыгар чугаһаан истэхпит аайы, уоппут көстөрө улаатан истэ. Мин этим аһыллан, иэним кэдэҥнээн ылла. Убайбар сөрүөһүннүм. Киһим да соһуйда быһыылаах, миигин илиибиттэн харбаан ылла. Хаамыыбыт бытаарда, онтон олох да тохтоон, уоппутун сирийэн көрүү буолла. Биһигиттэн сүүрбэччэ миэтэрэ тэйиччи суолтан 3-4 хаамыылаах туора сиргэ, чөҥөчөк үрдүгэр, чүмэчи уотун саҕа, кыһыҥҥы толору ый курдук, тымныы дьүһүннээх уот дьиримнии олорор. Убайым миигин сиэтэн, суол кытыытынан аргыый аҕай хаамсан, уоппутугар чугаһаатыбыт. Уот син сырдык, чөҥөчөк барыта кэриэтэ көстөр. Чөҥөчөктөн харыс курдук, үөһэ тахсан «олорор». Куттана-куттана кэлэн аастыбыт – кыһаммата, аҕыйах хаамыыны аһара түстүбүт, дьэ, үөһэ тыыныах курдук буолан истэхпитинэ, доҕоор!!! Уоппут өрө дьиримнии түстэ даҕаны, суолга ыстанан таҕыста! Илибирии-илибирии дьирим оонньоон, биһиги диэки иһэр. Хаһыытаһа түһээт, иннибит диэки түһүнэн кэбистибит. Бурдук сарайын таһыгар кэлэн кэннибитин хайыһан көрбүппүт – уоппут суох. Ити син сүүсчэкэ хаамыы баар сирэ. Сүрэх тэбэрэ сүрдээх... Тэппит атахпытын кубулуппакка, өрүспүт биэрэгэр биирдэ баар буола түстүбүт. Түҥ-таҥ түһэн, оҥочобутугар киирэн өрүспүтүн туораатыбыт. Бэтэрээ биэрэккэ кэлэн эрэ баран, дьэ, тыын ыллыбыт... Туох уота эбитэ буолла? Аҕабыттан ыйыталаспыппар: «Эмэх уота буолуо», – диэтэ. «Дьон кэпсииринэн, көмүллэ сытар көмүстэн эмиэ уот тахсар үһү. Сарсын бараҥҥыт, чөҥөчөккүтүн түөрэн көрүҥ, баҕар, көмүс кистээбиттэрэ буолуо, ол уота эккирэтэр ини», – диэтэ күлэ-күлэ. Итинник хаалбыта. Кэлин Мас Саҕатыгар хас сүүстэ сырыттым буолла да, уоту көрө иликпин. Убайым Уйбаан бааһынай хаһаайыстыба тэрийэн ити эҥээр база туттубута да, уоту көрдүм диэн кэпсээбэт этэ. Итинник дьиибэ уоту көрөн турардаахпын...   Прокопий КАРМАНОВ. Амма, Абаҕа. Тарҕат:
kyym.ru сайтан