Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьукаахтаахпытын билбэтэхпит

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьукаахтаахпытын билбэтэхпит

K
31.05.2024 15:08
«Күлүк» балаһаҕа дьиэҕэ көстөр абааһылар, саҥа көспүт кыбартыыраҕа сүгүннээбэт сибиэннэр тустарынан син балай да тахсааччы. Олору ааҕа-ааҕа, аҕыйах сыллааҕыта буолбут түбэлтэбитин мэлдьи саныыбын. Мин даҕаны ону суруйарга, туох тү­мүл­лү­бү­түн ыһарга-тоҕорго сананным. Баҕар, тута сылдьар кутталым сайҕа­наа­рай, «аһаҕас буолуохха наада» диэн үөрэтэллэр дии. Ийэм эдьиийэ икки хостоох дьиэлээх. Бэйэтэ хаһан даҕаны ыал буолба­таҕа, оҕо төрөппөтөҕө, соҕотох олорбута, биир күн «өлбүт» эрэ диэн истэн, саҥа аллайбыппыт. Соһуйуох иһин, дьиэтин биһиги ааппытыгар суруйан хаалларбыт этэ. Соҕотох аймахтарым диэн буоллаҕа дуу... Мурун бүөтэ биир кыыстаахпыт, онтубут үөрэҕин бү­тэр­битин кэннэ, кэргэммин кытары куоракка көһөн киирдибит. Дьиэбитин тоҥорон хааллардыбыт, сүөһүбүтүн барытын эстибит. Биир күн иһигэр «куорат дьоно» буолан хааллыбыт. Хата, биэнсийэлээх дьоҥҥо остуорас, муоста сууйааччы, харабыл үлэтэ син көс­төр эбит. Били, эдьиийбит дьиэтэ соҕотох ки­һи киэнэ диэх курдук. Киһи сүрүн баттыыр хараҥа, чахчы даҕаны, оҕо кута тохтооботоҕо, күлэн тыҥкынаа­батаҕа биллэрэ, соҕотохсуйуу эйгэтэ-тыына баара... Ол иһин сууйан-сотон, аҕыйах ыйынан сырдык гына кырааскалаан килбэчитэн кэбиспиппит. Куоракка киирбиччэ, саҥа дьиэлэнэ охсубучча, маҥнайгы кэмнэргэ быр бааччы, нус курдук олорон испиппит. Кыыс­пыт үөрэнэр сирэ чугас буолан, үөрэ­ҕит­тэн кэлиитэ итии астаах көрсөн, сонунун толору истэбит. Оҕобутун күн аайы көрөр буолан, онтон ордук дьол биһиэхэ наадата суоҕун курдуга. Билигин кэлэн санаатахха, бэртээхэйдик да олорбуппут. Арай бу түгэн буолбатаҕа буоллар... Күн-дьыл ааһан истэ. Кыыспыт ыарытыйар буолан барда. Сүгүн аһаабат, уруогун аахпат, сыта мээрик буолан хаалла. Нэһиилэ сүөдэҥнээн кэлэн хоһугар ааһара. Ыйыттахпытына, хоруйдаабат, эбиитин кыыһырар, «үөрэҕим ыарахан» диирэ, көмөлөһүннэрээри гыннахха, туох да иһин буолбат. Ааны сапта – бүттэ. Сарсыарда хомунан тахсарын эрэ көрөрбүт. Киэһэ эмиэ аһаабакка хоһугар ааһара. Кэлин дьү­дьэйэн, улам-улам кубарыйан иһэрин бэлиэтээн, оҕобутун дэлби мөхтүбүт. Кэпсэппэтиттэн олус да кыйыттарбыт. Көрбүт эрэ дьоно биһиги буоллаҕа, кэр­гэмминиин даҕаны тыынар тыыммыт – кини. Алтыспат буолан хаалбытыгар барыта кураанахсыйбыта. Ыксаан, быраас ыҥырдыбыт. Быраас тугу да быһаарбатаҕа, «истириэс» эрэ диэн диагнозтаат, баран хаалбыта. Кэпсэтиэхтээх үһүбүт, сынньатыахтаах үһүбүт, сөбүлүүр аһын астыахтаах үһүбүт... Хата, бэйэбитин балыйан киирэн барбыта. Бу кэннэ үөрэҕэр тиийэн ыйыталастым, «үчүгэйдик үөрэнэр этэ ээ, кэлин хайдах эрэ буолбут» дии-дии, ыгдах эрэ гыналлар. Сүгүн эппиэттээн испэттэриттэн кыйыттан, аны үөрэх дьонун кытары этистим, «тугу да билбэккит, тугу эрэ гыммыккыт» дии-дии. Аан таһыгар уйадыйа турдахпына, дьүөгэ кыыһа кэлэн эттэ: «Наар сүнньэ, төбөтө ыалдьарын туһунан кэпсиирэ, аһыан баҕарбат, онтон сылтаан сэниэм эстэр диирэ. Кэлин кыыһырар-тымтар буолбута, миигинниин кэпсэтэн бүппүтэ. Дьиэтигэр туох эрэ буолбут дии саныырбыт», – диэн соһутта. Дьиэбэр тиийэн, аанын саптан, суор­ҕанын бүрүнэн токуруйан сытар кыыспын көрөн, сүрэҕим хаанынан ытаата. Ааны саптан, чуумпуга олорон туох буолбутун ыйытан тэйэргэ сананным. Хоруй суох – ньимиликээн. Сарсын психологтаныам дии санаан, эрдэ утуйарга сананным.
Арай түүн ким эрэ ытыыр дуу, ыйылыыр дуу са­ҥа­тыттан уһукта биэрдим. Кыыһым ытыыр диэн аа-дьуо хоһугар тиийдим. Ааны арыйдым, доҕоор! Киһи сатаан кэпсээбэт хартыыната... Оронун кытыытыгар ып-ырыган, маҥан, арбайбыт баттахтаах, хара та­ҥастаах, били, эдьиийбитигэр майгынныыр дьахтар уоттаах хараҕынан утуйа сытар кыыспын тобулу көрөн олорор! Кыыһым утуйа сытар, ол тобулу көрөрүттэн баттатан ыйылыыр быһыылаах. Айаҕым муҥунан часкыйбыппар, били күтүр муннук диэки сылыпыс гынан хаалла. Кэргэним кэлэн айманна, кыыспыт куһаҕан буолбут дии санаан, миигин сахсыйа турар эбит. Өйө көппүт. Кыыспытын уһугуннардыбыт, кыра оҕолуу марылаччы ытаата. Ол ынырык түүн кэннэ, биир билэр ыалбытын көр­дөһөн, кинилэргэ тиийдибит. Алгысчыт ыҥыран алҕатан баран, аҕыйах кэмҥэ ол дьоммут даачаларыгар олорбуппут. Соһуйуох иһин, кыыспыт улам-улам эттэнэн, сүргэтэ көтөҕүллэн, аһыыр, күлэр буолан барбыта. Үөрэҕэр даҕаны ситиһиилэммитэ. Ол абааһы дьиэтигэр харыс да үктэниэхпин баҕарбат буолбутум. Малбытын хомунан баран, атын дьиэ куортамнаһан, хатаан баран, ол сиргэ үктэммэтэхпит. Атын да дьоҥҥо атыылыахпытын санаабыт барбат. Ол эдьиийбит дууһата сылдьар буоллаҕа. Тоҕо кыыспытын буулаабытын билигин да таайа иликпит. Сурукка тистэ Сардаҥа БОРИСОВА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан