Кэпсээ
Войти
Регистрация
Айыыһыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Айыыһыт
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
09.09.2021 15:30
Бу түбэлтэ ааспыт үйэ бүтүүтүгэр чугастааҕы улуус кытыы нэһилиэгэр буолбута. Оччолорго быыбар хампаанньата үгэннээн турар кэмэ этэ. Куорат эдэр ыалын аҕа баһылыга быыбарга үлэлэһэр соруктанан, хат дьахтарын илдьэ дойдутугар тахсыбыт. Ойоҕо субу төрөөрү сылдьар буолан, улахан истээх эбит. Төһө эмэ кэргэнигэр туһаайан: “Киин сиргэ, куоракка хаалан төрөө”, – диэн этэ сатаабытын үрдүнэн, хаппырыыс ойоҕо ончу буолумматах. Аны туран, дэриэбинэҕэ бэрэпиискэлээх буолан, дьахтар быыбарга куоластыахтаах эбит. Бу дэриэбинэ өрүс кытылынан тайаан сытар, уһун баҕайы соҕотох уулуссалаах. Быыбар күнэ тигинээн кэлбит. Эр киһи сарсыарда эрдэ туран, кулуупка быыбар хайдах барарын көрө-истэ барбыт. Ойоҕо эрин балтын кытары эбиэккэ тиийэн куоластыах буолан, дьиэҕэ иккиэйэҕин хаалбыттар. Онтон дьиэтээҕи үлэлэрин үмүрүтэн баран, сыарҕалаах атынан кулууп диэки барардыы оҥостубуттар. Дьахтар муоста сууйбутуттан эбитэ дуу, айаннаан иһэн эмискэ уута тоҕо барбыт, талыыта киирбит. Аты муоһалаан испит балта төрөөн эрэр дьахтар сирэйин көрөн баран улаханнык ыксаабыт уонна олохтоох балыыһа диэки салайбыт. Субу төрөөрү ыксаан сытар дьахтар кэннин хайыһан көрбүтэ, олунньу ыйга сөбө суох чараас, сырдык таҥастаах, бытыктаах оҕонньор эккирэтэн иһэр эбит. Оҕонньор мичээрдээтэҕин ахсын дьахтар талыыта ааһан, чэпчээбиккэ дылы буолар. Онтон хараҕын далыттан сүтэрэн кэбистэҕинэ, талыыта туох да ынырыктык киирэн, бирээмэ тэһитэ кэйиэлиир үһү. Ыксаатахха, айан уһун буолааччы. Дьахтар санаатыгар, чааһы быһа сыыллан тиийбит курдук буолбуттар. Ол тухары сүтэ-сүтэ көстөр оҕонньор араҕан биэрбэтэх. Балыыһаҕа кыл мүччү тиийбиттэр. Суһаллык киллэрбиттэригэр баабыскаһыт киинигэр эриллибит уол оҕону төрөппүт. Дьахтар ол кэмҥэ өйүн сүтэрэн ылбыт. Дьоллоох ийэ «сыарҕа кэнниттэн хайа оҕонньор сырыстаҕай?» диэн, толкуй бөҕөтүгэр түспүт. Аны туран, балтылара ол этэр оҕонньорун көрбөтөх эбит. Онуоха хотуна “сиэним, төрөөбүт дойдутугар кэлэн төрүүр дьолугар, Айыыһыта үөрэ көрүстэҕэ” диэн тойоннообут. Билигин бу уол улаатан, үөрэхтэнэн, төһө даҕаны киин сиргэ үчүгэй үлэҕэ ыҥырдаллар, аккаастанан, төрөөбүт дойдутугар тахсан ньир бааччы ыал буолан олорор. Үүтээҥҥэ Бу түбэлтэ 1972 с. күhүөрү кыhын үрэххэ буолбут. Сопхуос икки чулуу сылгыhыта ыраах сытар үрэххэ икки үөр баарын таҥнары үүрэн киллэрээри, ас-уол бэринэн, хомунан барбыттар. Тиийиэхтээх сирдэрэ өссө да тэйиччи сытар буолан, айаннарын ортотугар үүтээн баарыгар хонордуу быhаарыммыттар. Бу үүтээни бэркэ билэр буолан, сып-сап тэринэн, бэлэм кураанах мас баарынан оhохторун оттон, киэһээҥҥи астарын буhарынан аhаары тэриммиттэр. Арыый саастааҕа ындыытыттан «сылаабытын таhаарыахха» диэн, биир бытыылканы остуолга уурбут. Дьэ уонна аhаан-сиэн кимиритэн барбыттар, ортолуу аhаан иhэн, били астара төбөлөрүгэр тахсан, айахтара аhыллан, уруккуну-хойуккуну санаhан кэпсэтэ олорбуттар. Дьэ, эдэрчитэ кэпсии олорон аргыhа сэҥээрбэтин өйдөөн утары көрбүтэ, киhитэ субу ыстыы олорбут айаҕын аппытынан куттаммыт, соhуйбут хараҕынан кини туһаайыытын супту одуулаан аҕай олорор! Ону көрөн, эмискэ эргиллэ биэрбит. Арай көрдөҕүнэ, аттыгар барыта түү таҥастаах, үүтээн өhүөтүгэр чуут тиийэр-тиийбэт, көрүөхтэн дьулаан сирэйдээх, хааннаах соҕотох хараҕынан туох эрэ кинилэри супту көрөн олорор эбит. Кырдьаҕаhа өйдөнөн “сирбитин-уоппутун аhаппатахпыт, бэргэhэҕин, соҥҥун ыл” диэн баран, буута быстарынан таhырдьа ыстаммыт. Доҕоро ол киhини эргийэ көтөөт, бэргэhэтин, сонун хабан ылаат, киhитин кэнниттэн түһүммүт. Хата, аттарын ыыта илик буоланнар, сүөрүтэ тардаат, дэриэбинэ диэки ыстаннара турбуттар. Бу дьон биирдэстэрин кыыhа оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан харандааска хараҕын оһоллоон, аҥаар хараҕа көрбөт буолбут. Оттон биирдэрин уола оонньуу сылдьан маска хараҕын өлөрөн, эмиэ улаханнык эмсэҕэлээбит. Мин санаабар, кинилэр төhө да билэр сирдэрэ буолбутун иhин, саха киһитин сиэринэн сиэри-туому тутуспуттара буоллар, баҕар, итинник буолуо суоҕа этэ дии саныыбын. Дьикти булумньу Эбэм оҕо эрдэхпинэ биирдэ манныгы кэпсээбитэ. Эһэбит сэрииттэн кэлэригэр “За взятие Берлина" диэн мэтээллээх эбит. Ону 50-с сылларга, эһэм өлбүтүн кэннэ, чугастык билэр (ырааҕынан аймахпыт буолуохтаах), эмиэ сэрии бэтэрээнэ оҕонньор уларсан, онно-манна барарыгар түөһүгэр иилинэн кэтэр буолбут. Кэлин эбэм “мэтээли биэриэҥ этэ” диэтэҕинэ, “кэлин да биэриэм буоллаҕа дии” диэн куотунан иһэр идэлээх эбит. Эбэм ол кэннэ да улаханнык ирдэһэ сатаабатах, ол оҕонньор 1990 сыллаахха соннук төнүннэрбэккэ эрэ олохтон барбыт. Ол мэтээл соннук хаалбыта. Кэлин биһиги туох диэн ирдэһэ барыахпытый? Оҕонньору атааралларыгар мэтээлин барытын уган ыыппыт буолуохтаахтар. Онтон эбэм 2001 с. өлбүтэ. Эбэбитин көмөрбүтүгэр мин куораттан үлэбиттэн быыс булан кыайан тахсыбатаҕым, аны саатар, өрүс хаайар ыксаллаах кэмэ этэ. Эбэм түөрт уон хонугар санаам буолбакка, дойдубар тахсыбытым. Ол кэлбит күммэр эбэм сыппыт хоһугар кини кэппит соно ыйанан турара. Мин тоҕо эрэ сиэбин хаһан көрбүтүм. Иһинээҕи сиэбигэр туох эрэ төгүрүк манньыаты тутан ороон таһаарбытым. Көрбүтүм "За взятие Берлина" диэн мэтээл буолан хаалла. Булумньубуттан соһуйан, тута ийэбэр көрдөрдүм. Эбэбит үс сыл наар олорон, сытан, ханна да барбакка сүүһүгэр лаппа чугаһаан баран өлбүтэ. Аны туран, дьонум мэтээли хаһан да харахтаан көрбөтөхтөр. Арай ийэм биир дьиктини кэпсээбитэ. Эбэбитин таһаарбыт түүнүгэр дьонум уоттарын сабан сыттахтарына, эбэм хоһугар киһи хаамар тыаһа иһиллибит. Үүт-үкчү эбэбит хаамар тыаһа үһү. Ол кэннэ биллибэтэх. Онон, мин сабаҕалааһыммынан, эбэм дууһата ол уларсыбыт бэтэрээнтэн эһэм мэтээлин ылан аҕалан, сонун сиэбигэр укпут буолуон сөп. Дьиктитэ диэн баар, ол мэтээлтэн төгүрүк тимирэ эрэ хаалбыт этэ. Мэтээл хантан кэлэн хаалыан сөбүн сыта-тура толкуйдаабыппыт да, кыайан быһаарбатахпыт. Эбэбит өлүөн иннинэ ол сону ийэм сууйан, иһинээҕи бириһиэнин уларытан биэрбит этэ. Онон уруккуттан сиэпкэ угулла сылдьыбыт диэҕи хайдах да табыллыбат. Дьэ, олоххо оннук дьикти эмиэ буолар эбит. Сэрэтэр түүл Ол эрээри ити урукку санаам барыта туора сотулунна. Түүл тугу эрэ түүйэр, сэрэтэр эбит диэн итэҕэйэр буоллум. Биирдэ тумуу саҕана ыалдьаары мөлтөөн сырыттым. Күнүс үлэбиттэн дьиэбэр эбиэккэ кэлэн баран, нуктаан, утуйан хаалбыппын. Ол сытан ынырыктык баттаттым. Суолу туораан истэхпинэ, биир эдэркээн кыыс сүүрэн кэлэн чалбахха аста уонна тугу эрэ хаһыытыы-хаһыытыы, үрдүбэр ыстанна да суолу туораан хаалла. Мин, үлэбэр төттөрү айанныахтаах киһи, нэһиилэ тыын былдьаһан уһукта биэрдим. Хаһан да тириппэтэхпин тириппиппин. Ол курдук баттаппыппын улахаҥҥа уурбакка, ыксаан аҕай үлэбэр ыстанным. Оптуобус тохтобулугар кэллим. Киһи наадыйдаҕына, кыһайбыт курдук, оптуобуһум кэлэн биэрбэтэ, ыксааммын, атын оптуобуска олордум. Киирээппин кытары били түөртээх оптуобуһум күрэстэһэр курдук, түргэн үлүгэрдик биһиги иннибитинэн ойута турда. Кытай ырыынагын диэки чугаһаан истэхпитинэ массыына харгыһа сүрдээх. Хойутаан иһэр киһиэхэ оптуобуһум биир сиргэ турар курдук. Түннүгүнэн көрдөхпүнэ, киһи бөҕө тоҕуоруспут. Оптуобус иһигэр баар дьон аймана түспүттэригэр өйдөөн көрбүтүм, доҕоор, оруобуна түннүгүм анныгар биир эдэркээн кыыһы улахан уйуктаах массыына түҥнэри көппүт, бирээмэ ынырык хартыына! Кыыс таҥаһыттан көрдөхпүнэ, урут ханна эрэ көрбүт киһим курдук. Онтон кэлин өйдөөбүтүм, били, түүлбэр көстүбүт кыыс эбит. Түөртээх оптуобустан тахсан истэҕинэ күөх уот бүтүүтэ түҥнэри көппүттэр. Ол киһи өлүүлээх быһылаан туһунан хаһыакка элбэхтэ суруйбуттара. Дьиксинэ санаабытым. Соторутааҕыта таҥас сууйар массыынаҕа кууркабын сууйтара уктум уонна сылайбытым бэрдиттэн, идэбинэн дьыбааҥҥа кэлэн сытынан кэбистим. Ол сытан, эмиэ утуйан хаалбыппын. Дьэ уонна түүл түһээтим. Били, урут түүлбэр көрбүт кыыһым ыксаабыттыы киирэн кэллэ уонна баанна диэки ыйар. Мин уһуктан кэллим уонна бааннаҕа тиийбитим – туох да суох, арай сууйтарар массыынам уутун кыайан хачайдаабакка арахсан хаалбыт. Мин мөҕүттэ-мөҕүттэ иккиһин холбоору таҥаспын хостообутум, сиэбигэр пааспарым, оҕом төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэм, наадалаах чиэктэрим уонна балай эмэ харчы баара. Икки чаастаах сууйтарыыга уурбутум буоллар, онтубуттан мэлийиэм хаалбыт. Ол кыыс тугу эрэ сэрэтээри түүлбэр кэлэр быһыылаах. Сорох ардыгар куттанар да буоллум.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан