Кэпсээ
Войти Регистрация

Буруул (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Буруул (кэпсээн)

K
kyym.ru сайтан Айымньы
04.04.2022 13:33
«Миэнэ» диэхпин атыҥҥын,Дьонтон бары астыккын...Түөспэр кистиэм Эн ааккынУонна килбик тапталгын».Харыйалаах Уола  Ааптар: Ираида Коркина-Чугдаара ***** -        Бэргэн Борисович, бу дьыалаҕын бүгүн хайаан даҕаны бүтэр! Дьоһун көрүҥнээх, биэс уончалаах эр киһи көмпүүтэргэ үлэлии олорор киһи остуолугар кумааҕы илиистэрин уурда. -        Вячеслав Михайлович, сөп, толоруом. -        Нуу, кытаат, мин бардым... сарсыҥҥа диэри! – салайааччы киһи дьаһайыытын этэн баран, ыксаан-тиэтэйэн офис хоһун иһиттэн тахсан барда. -        Сарсыҥҥа диэри!.. Оодьэ... – Бэргэн тойоно хаалларбыт кумааҕы илиистэрин ылан көрүтэлээтэ, үөһэ тыынна. Кини – тас дьүһүнүнэн дьоҥҥо сирдэрбэт, уһун, көнө дьылыгыр уҥуохтаах, номоҕон сирэйдээх-харахтаах, сүүрбэ алта саастаах эдэр уолан. Бу улахан чааһынай тэрилтэҕэ үлэлии киирбитэ сыл аҥарыттан ордунна. Күн бүгүҥҥэ диэри олоҕун оҥосто илик буолан, соччо ханна да ыксаабат, онон, ситиһиэхтээх дьыалатын, соругун биир чаас иһигэр төһө кыалларынан толорон баран, дьиэлиир үгэстээх. Ол эрээри, кэнники ити хаачыстыбатын туһанан, салайааччыта бэйэтин үлэтин киниэхэ соҥноон хаалларар идэлэннэ. Биһиги киһибит хайыай, нэһиилэ көрдөөн булбут үлэтин сүтэримээри, барытын бары оҥоро сатыыр. Чаһы киэһэ алта аҥаары көрдөрөр. Бэҕэһээ Бэргэн доҕотторун кытта сылаа таһааран, түүҥҥү кулуупка сылдьыбыта. Ол иһин бүгүн кини соччото суохтук үлэлээтэ, күнү быһа утуктаан эрэ таҕыста. Ол да буоллар хайыай, салгыы көмпүүтэргэ үлэлии олордо. Онтон, чуумпуран хаалбыт хос иһэ өссө эбии иһийбиккэ дылы буолла, ону кытта клавиатура сыыгынас тыаһа биир кэм нуурал тэтими үөдүтэн дуу, хайдах дуу, киһибит утуктаабытын биллэ, иннигэр көстөр буукубалара көтүмэхтэнэн бардылар, өйгө туох да киирбэт үлүгэрэ буолла... ...Эмискэ кыраантан уу сүүрэр тыаһыттан Бэргэн уһукта биэрдэ уонна ойон турда. -        Бай, отучча мүнүүтэ утуйбуппун! – диэт, чаһытын көрөн саҥа аллайда. Бу кэмҥэ санузел хоһун иһиттэн намчы быһыылаах-таһаалаах, уһун субуруйбут суһуохтаах, саарба кэккэлэспитин курдук хойуу хаастардаах, арылхай, хап-хара харахтаах эдэркээн кыыс биэдэрэ тутуурдаах тахсан кэллэ. Илиитигэр эрэһиинэ бэрчээккэни кэппититтэн уонна сыбаабыраны тута сылдьарыттан сылыктаатахха, муоста сууйааччы быһыылаах. -        Здравствуйте... – кыыс симиктик дорооболоһоот, муостаны сотон саҕалаата. Бэргэн бастаан тылыттан матан саҥата суох турда, онтон долгуйбутун биллэримээри, тииһин быыһынан нэһиилэ: «Дорообо...» - диэтэ. Кини үлэлиир хоһун ким эрэ сууйарын-соторун улахаҥҥа уурбат курдуга. Мэлдьи ыраас хоско кэлэн, хайалара бу курдук чэнчистик туттан бөҕү-саҕы хомуйарын, ыраастыырын билэ да сатаабат этэ. Буолуохтааҕын курдук ылынара. Сурах хоту, кинилэр үлэлээн бүппүттэрин кэннэ, биир чааһынан наймыласпыт үлэһиттэр кэлэн сууйалларын туһунан истибиттээҕэ. Ол эрээри, кырдьан бохоорон эрэр ыаллар эбээлэрин, сааһыра барбыт нуучча дьахталларын хараҕар ойуулаан көрөрө. Оттон бүгүҥҥү хартыына адьас атын – кини иннигэр олус намчы, кэрэчээн кыыс... Бэргэн ыксаабыттыы туттан-хаптан, малын-салын хомуммута буолла, көмпүүтэрин араарда... ол быыһыгар уоран хараҕын кырыытынан муоста сууйа сылдьар кыыһы көрөн ылла. Оо, кэрэ да бэйэлээх эбит, кыталык кыыл курдук таһаалаах, куба курдук нуоҕайбыт моойдоох, имигэс туттунуулаах, ханан да кырааска сыстыбатах, ып-ыраас сирэйдээх-харахтаах... хайалара буоллаҕай? Уол үлэтин ситэ бүтэрбэтэр даҕаны, хайыай, кыыс үлэлииригэр мэһэй-таһай буолумаары, таҥна охсон, таһырдьаны былдьаста. Сабыс-саҥа, дьоно атыылаһан биэрбит массыыналарыгар олордо. Айанныырын тухары хараҕыттан ити эдэркээн кыыс сүппэтэ. Сарсыныгар Бэргэн тойонуттан мөҕүлүннэ. Били ситэри оҥоруохтааҕын бүтэрбэтэх буолан, саҥарылынна. Оттон киһибит буоллаҕына кини мөҕүүтүн-этиитин кулгааҕын таһынан иһиттэ. «Оодьэ, хайыах баарай, кинини өссө биирдэ көрбүт киһи»... – диэн, күнү быһа кыыс кини хараҕын иннигэр элэҥнээн көһүннэ. Уолбут үлэ күнэ бүтэрин эрэ кэтэстэ... Бэргэн устудьуоннуу сылдьан бастакы тапталын көрсүбүтэ. Эмиэ биир саха кэрэ кыыһын көрсөн таптал уотугар ылларбыта. Кини олоҥхоттон көтөн түспүт Туйаарыма Куо курдук этэ... ол эрээри, биһиги киһибит инники олоҕун кинини кытта оҥорон көрбүтэ туолбатаҕа – кыыс атын киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Уолбут барахсан онтон сылтаан үгүстүк күүлэйдээн, ардыгар аһыы утаҕы амсайан, үөрэҕиттэн уһулла сыһан баран, дьонун көмөтүнэн көннөрүнэн, оттон-мастан тардыһан үрдүк үөрэх кыһатын дипломун ылбыта. Дьэ, бу билигин ол табыллыбатах таптал уоста быһыытыйбыт кэмигэр, эмиэ дууһаны үөрдэр истиҥ иэйии уолбут сүрэҕин ортотунан киирэн эрэр, бадаҕа. Бу быһыылаах, маҥнайгы көрсүһүүттэн таптал диэннэрэ. Чаһы сэттэни уон мүнүүтэ ааһыыта кэтэспит киһитэ оргууй аҕай киирэн кэллэ. Уол өссө да үлэлии олорорун көрөн эмиэ симиктик: «Здравствуйте!» - диэтэ уонна кинини муодарҕаабыт чох хара харахтарынан көрөн кэбистэ. - Дорообо! – Бэргэн бүгүн баҕас арыый сэргэхсийбит куолаһынан чобуотук саҥарда уонна тас таҥаһын көхөҕө ыйыы турар кыыһы одуулаата. Салгыы туох диэн этиэҕин билбэтэ. Кыыспыт бэйэтигэр барсар сырдык өҥнөөх куопталаах, суһуоҕун кистээн бу сырыыга оройугар туттарбыт, ол эрээри уһун моонньутун таарыйан, биир уһун сүүмэх сорҕото намылыйбыт. Бэргэн ити кыыстыын туох диэн кэпсэтэн билсиһиини саҕалыаҕын тобула сатаан, арааһы санаата, тугу суруйа олорорун даҕаны таһыччы умнан кээһэн, биир буукубаны өрө мыҥаан олордо. Буолуохтааҕын курдук биэдэрэҕэ кыраантан уу сүүрэр тыаһа иһилиннэ. Сотору буолаат, кыыс санузел хоһуттан таҕыста уонна хайдах эрэ кыбыстыбыттыы умса туттан, үлэтин оҥордо. Арааһа, уол кинини тобулу одуулуурун сэрэйдэ быһыылаах. Бу кэмҥэ эмискэ суотабай төлөпүөн тыаһаан, үөдүйбүт долгутуулаах түгэни уйгуурта... Кыыс төлөпүөнүн ылла уонна... уонна саха билбэт омук тылынан кимниин эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ көрүдүөргэ таҕыста. «Бай, саха буолбатах эбит дии… оодьэ, хайыах баҕайыбыный? Мусульманка буоллаҕына билсиһэргэ табыгаһа суох буоллаҕа. Ол эрээри, оттон таҥаһыттан-сабыттан көрдөххө, итэҕэлин сиэрин соччо тутуспат курдук. Хата онтуката эмиэ да үчүгэй. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ итэҕэл бары көстүүтүн тутуспакка сырыттахха, ким даҕаны сэмэлээбэт да ини. Оттон биһиги сахалар даҕаны итэҕэлбитин тутуһан былыргылыы таҥныбаппыт дии. Баҕар, оттон кини өйө-санаата атына буолуо...» - диэн үгүс санаа Бэргэни үүйэ-хаайа тутта. Бу кэмҥэ кыыс кэпсэтэн бүтэн, төттөрү киирдэ уонна сыбаабыратын туппутунан уол турар сирин одуулаата. -        Ээ, туоруубун-туоруубун... – дии-дии нууччалыы саҥаран, Бэргэн муоста сууйаары гынар киһиэхэ мэһэй буолбутун өйдөөтө. Уол көрүдүөргэ таҕыста. Ити омук кыыһын кытта хайдах билсиһиэн сөбүн толкуйдаата. Онтон өй ылбыттыы, үлэлиир хоһугар төттөрү көтөн түстэ уонна: «Кыыс, хантан сылдьаҕыный?» - диэн нууччалыы ыйыппытын билбэккэ да хаалла. - Кыргызтантан... – диэтэ кыыс нууччалыы олуттаҕас соҕустук. - Аатын ким диэний? - Буруул… - Ким диигин? Дурул дуо? - Буруул… - Наһаа интириэһинэй ааттаах эбиккин... Мин Бэргэн диэммин. Бу курдук нууччалыы тылынан кэпсэтии син тахсан иһиэ эбит даҕаны, кыыска эмиэ ким эрэ төлөпүөннээтэ. Бу сырыыга Буруул наушник кэтэн баран муостатын сото-сото, күлэн ыла-ыла эмиэ кимниин эрэ кэпсэттэ. Өйдөөн иһиттэххэ сорох тыллара саха киэнигэр майгынныыр курдуктар. Ол эрээри, кыыс Бэргэнтэн олус ыраах – өйдүүн-санаалыын, иитиилиин, тыллыын-өстүүн, итэҕэллиин... Уол үлэтин түмүктээн хомунан таҕыста. Оттон кыыс салҕыы көрүдүөрү сууйа-сото, эмиэ наушнигынан кимниин эрэ күлэн чаҕаара-чаҕаара кэпсэтэ хаалла. Ээчи кини мичээрэ үчүгэйиэн, уолу кытта кэпсэтэригэр итинник да күлэн-үөрэн сирэйдиин сырдаабат ээ! **** Сарсыныгар уол Буруулга анаан “Ферреро” диэн сакалаат атыылаһан аҕалла. Буоларыныы, соруйан хойукка диэри тардылынна уонна кыыһы кытта хайаан да кэпсэтиитин салҕыах буолла. - Хаһан Саха Сиригэр кэлбиккиний? - Биир сыл буолан эрэр… - Саха Сирин сөбүлээтиҥ дуо? - Син… - Буруул диэн аат тугу кэпсиирий? - Ону быһаарарга бириэмэ наада... - Оттон бу бириэмэ көһүннэ курдук дии. - Ол эрээри мин бириэмэм суох. - …Мин эйиэхэ анаан сакалаат аҕаллым, мэ... – Бэргэн кыыска кэһиитин ууммутун билбэккэ да хаалла. Буруул хайдах эрэ дьүһүн кубулуйа түстэ, түргэтээтэ. Үрдүнэн-аннынан сотон баран, тахсар ааны былдьаста. Уол чочумча буолаат, тас таҥаһын кэтэн көрүдүөргэ таҕыста уонна хараҕынан кыыһы көрдөөтө. Ханна эрэ ибир-сибир сипсиһэр саҥалары иһиттэ. Онтон лифт диэки хааман иһэн, Буруул ханнык эрэ саастаах омук дьахтарын кытта кэпсэтэ туралларыгар түбэстэ. Кинини көрөөт, чуумпуран хааллылар. Кыыс дьахтарга туох эрэ диэн сибигинэйээт, аттыгар баар хоско дьылыс гынна... Бэргэн ити муоста сууйа сылдьар дьахтар аттынан ааһан истэҕинэ, анарааҥҥыта эргиллэ биэрдэ уонна: «Эдэр киһи, Бурууллуун билсимэ!» - диэтэ. - Тоҕо? Киһини кытта кэпсэтэр, билсэр тоҕо табыллыа суохтааҕый? – Бэргэн мунаахсыйарын биллэрдэ. - Эн кинилиин булсарын сатаммат! – дьахтар тыйыстык хардарда. ...Оо, ама Буруул кэргэннээх үһү дуо? Эрдээх кыыска майгыннаабакка дылы, биһилэҕэ да суох курдук... эбэтэр, көннөрү бииргэ олорор киһитэ баара буолуо дуу? Оҕолоох да буоллун ээ... Бу курдук көтөн киирэр санаалартан босхолоно сатаан, Бэргэн түүнү быһа кыайан утуйбакка моһуогурда. «Буруул, Буруул…» - диэн ботугураабытынан, сарсыарданан биирдэ утуйда быһыылааҕа... Уолбут күн кылайа ойуута нэһиилэ уһуктан, үлэтигэр хойутаан аҕай тиийдэ. Вячеслав Михайлович мөҕө тоһуйда. Улгум, сэмэй майгылаах Бэргэн барытын кулгааҕын таһынан истибитэ буола олордо. Ол эрээри, тойоммут саҥаран бүтүө суох курдук. - Мин хас күн хойукка диэри эһиги үлэҕитин оҥорбутум буолуой!? Ама умуннугут дуо?! – Бэргэн тулуйа сатаан баран быһыта биэрбитин билбэккэ хаалла. - Дьэ, ол бэйэҥ дьыалаҥ! Бэйэҥ бытааҥҥын, ол иһин кэмигэр бүтэрбэккин!!! – дии-дии Вячеслав Михайлович ойон туран остуолу сутуруктаабытыгар, ол доргуйуутуттан муостаҕа аҕыйах кумааҕы ыһыллан түстэ. Бэргэн олору хомуйтаан, уурталаан иһэн көрбүтэ - биир илиискэ Буруул резюмета баар эбит. Барахсан, кинилэр тэрилтэлэригэр үлэ көрдөнөөхтөөбүт быһыылаах. Ити докумуонугар суруллубутунан, кыыс ррто ситэтэ суох менеджер үөрэхтээх, биир оҕолоох уонна кэргэнэ суох эбит!.. Уол илиистэри саҥата-иҥэтэ суох ууран баран, тойонун мөҕөрүн истибитэ буола олордо. Ол эрээри кини тыллара диэхтээн... сүрүнэ – Буруул соҕотох эбит! **** Буруул били Бэргэн киниэхэ сакалаат ууммут күнүгэр бэйэтин миэстэтин булбакка моһуогурда, туой хараҕар уол эйэҕэс мичээрэ, хаастарын түрдэһиннэрэн баран утары көрбүт харахтара көстөн кэлэн кини өйүн-санаатын аралдьыттылар. Үлэлиир дьиэтиттэн тахсан дьэ «һуу» диэбиттии, элэстэнэн түргэнник дьиэтин диэки хаамта. Кини – 22 саастаах кыргыз омук кыыһа. Тыйыс айылҕалаах Саха Сиригэр былырыын саас дойдутуттан кэлэн баран, дьүөгэтин аймах дьахтарыгар түспүтэ. Анарааҥҥыта куорат кытыытын диэки икки этээстээх мас дьиэҕэ икки хостоох кыбартыыраны куортамнаан олорор. Бастаан үлэ көстүө суоҕун курдук этэ даҕаны, халыҥ хармааннаах биир дойдулаахтарыгар маҕаһыыҥҥа үлэлии киирбитэ, кэлин ол дьыалатыттан көһөн, бу муоста сууйар буолла. Сыралҕан күннээх ыраах Кыргызстанын маҥнайгы күннэргэ олус да ахтар этэ. Ол эрээри, кини онно билигин тиийэрэ табыгаһа суох этэ. Ол туспа остуоруйалаах. Кыыс кыра дэриэбинэҕэ дьадаҥы ыалга бэһис кыыһынан күн сирин көрбүтэ. Аҕата туйах хатарыах уол оҕону кэтэспитэ даҕаны, бэһис оҕо кыысчаан буолан хаалтын иһин абарбыт, кыһыйбыт санаатыгар киниэхэ Буруул диэн ааты иҥэрбитэ. Ол аата – «уол оҕону түргэнник төрөт» диэн өйдөбүллээх эбит. Аҕата буоллаҕына сүрдээх бардам майгылаах киһи буолан, дьиэ ис-тас өттүгэр барыта кини дьаһайыытынан буолуохтаах этэ. Ол иһин кыргыттар бары үлэҕэ сыстаҕас, түргэн-тарҕан туттунуулаах буола улааппыттара, ас амтаннааҕа улахан үлэттэн тахсарын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Ол эрээри Буруул эдьиийдэрэ утуу-субуу улаата охсон, бары кэргэн тахсан дьиэлэриттэн тэйбиттэрэ. Кыыс буоллаҕына ойох барыан иннинэ үөрэнэр санаалаах этэ. Ити баҕа санаатын дьоно тоҕо эбитэ буолла, баҕар, оттон кыра кыыстарын атын дьылҕалаары, сайдыылаах оҥороору буолуо, Бишкек куоракка үөрэх туттарсарыгар диэн тэрийэн ыыппыттара. Онно тиийэн аҕатын балтытыгар олорбута. Хата бэркэ табыллан, биир орто үөрэххэ менеджер идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Эдэркээн Буруул кыра эрдэҕиттэн Ислам сүрүн быраабылаларыгар иитиллэн улааппыт буолан, аныгылыы таҥаһы соччо таҥна сатаабат этэ, куруутун уһун ырбаахылаах, былааттаах сылдьар этэ. Ол эрээри, Кыргызстан киин куоратын сайдыылаах олоҕо кинини бэйэтин хапкааныгар тардан испитэ... Буруул үөрэммитэ иккис сылын иккис аҥарыгар кини сытыы-хотуу дьүөгэ кыргыттарын сабыдыалларыгар баһыйтаран, чыаппаччы ыла сылдьар бүрүүкэ кэтэр идэлэммитэ уонна баттаҕа бүрүөһүнэ суох буолбута. Гынан баран, син-биир сүрэҕин дуомугар илдьэ сылдьар итэҕэлэ баар буолан, хаһан даҕаны күүлэй диэни батыспатаҕа. Эгэ, арыгылыа, табахтыа дуо? Ити – кинилэргэ хаһан да бырастыы гыныллыбат улахан аньыы! Биир үтүө күн Буруул кыргыттарын кытта Бишкек куорат кытыы оройуонугар, дьүөгэтин дьиэтигэр төрөөбүт күҥҥэ тиийбитэ. Онно кинилэри кытта үөрэнэр кыргыттар уонна уолаттар эмиэ ыҥырыллыбыттара. Хата, бэрт сэргэх бырааһынньык буолбута, дэлби күлэн-үөрэн, оонньоон-көрүлээн ахан биэрбиттэрэ... Ол күнү Буруул хаһан да умнубат. Бырааһынньык бүппүтүн кэннэ, кыыс икки дьүөгэтин кытта чугас эргин дьаарбайа тахсыбыттара. Суотабай төлөпүөннэригэр араастаан тутта-тутта, хаартыска түспүттэрэ. Буруул эмиэ кэрэ хаартыскаланыан баҕарар санаата баһыйан, төлөпүөнүн дьүөгэтигэр туттаран баран, сүүнэ мас анныгар өттүк баттанан турбута... Эмискэ бу кэмҥэ кини аттыгар нүөмэрэ суох, «тонировка” түннүктээх массыына кэлэн тохтоотун кытта, үс хара таҥастаах эр киһи сүүрэн тахсан кыыһы хара күүстэринэн соһон, массыынаҕа киллэрэ охсон баран, уулусса устун куйаарда турбуттара! Дьүөгэлэрэ көмө көрдөөн часкыйа, хаһыытыы сатаан көрбүттэрэ даҕаны, күн арыый киэһэрбит буолан дуу, хайдах дуу, дьон-сэргэ чугаһынан көстүбэт этэ, эбэтэр сибидиэтэл буолумаары дьиэлэригэр, олбуордарыгар саспыттар... Ол курдук Буруулу биллибэт дьон уоран илдьэ барбыттара... ...Кыыһы массыынаҕа киллэрээт даҕаны, таҥас мөһөөччүк кэтэрдибиттэрэ... иһирдьэ ким даҕаны улаханнык туох да диэн саҥарбата, арай кыргызскайдыы таптал туһунан ырыа тыаһыыра... Син чаас аҥарын кэриҥэ айаннаан баран ханна эрэ кэлэн тохтуу биэрбиттэрэ. Оттон кытаанах илии Буруулу көтөҕөн ылан баран саннытыгар бырахпыта уонна ханна эрэ илпитэ. Сотору буолаат, аан тыаһа иһиллээтин кытта ичигэс салгын саба биэрбитэ. Ону кытта тэҥҥэ ханнык эрэ дьахталлар туох эрэ диэн сибигинэһэр саҥалара иһиллибитэ. Ким эрэ кыыска кэтэрдиллибит мөһөөччүгү арыйа биэрбитигэр көрбүтэ – билбэт ыалын дьиэтин боруогар аҕалбыттар эбит. Иннигэр үөрэн мичиҥнэспит үс дьахтар, икки эдэр эр киһи уонна аҕыйах оҕо тураллара. Буруул тута билбитэ - кини дьылҕатын атын дьон быһаара охсубуттарын, уоран ылбыттарын уонна ити утары турар дьонтон биирдэстэрэ кини кэргэн тахсыахтаах киһитэ буоларын. Буруул айылҕаттан сэмэй майгылаах буолан, утарылаһар кыаҕа суох этэ. Боруогу атыллаатын кытары кыыска маҥан былаат кэтэрдибиттэрэ уонна алҕыы-алҕыы саалаҕа киллэрбиттэрэ. Кини бу кэмҥэ ытыах санаата кэлбитэ... ама кини эдэр сааһа бүттэ дуо, ама кини бу дьоҥҥо кийиит буолар ыйаахтаммыт дуо диэн санаалар үүйэ-хаайа туппуттара, чуумпутук ытаабыта. Аттыгар хаһан да харахтаан көрбөтөх эдэр эр киһитэ кэлэн олорбута, оргууй кууһан ылбыта, оройуттан сыллаабыта... Буруул бу маннык кыыһы уоруу үгэһэ кыргыыс омукка былыр-былыргаттан баарын билэр этэ. Ийэтэ кини кыра сырыттаҕына, хас даҕаны билэр дьахталларын ити курдук олуонатык кэргэн ылбыттарын туһунан дьиҥнээх түбэлтэлэри кэпсээбитин истибитэ. Маннык түгэҥҥэ кыыс уоруллубут сириттэн тахсан барара улахан аньыынан ааҕыллара. Ол иһин да буолуо, сиэрдээхтик иитиллибит Буруул соччо утарыласпатаҕа. Аныгы үйэҕэ маннык көстүү бобуллубутун туһунан истибитэ даҕаны, сорох дьон өссө даҕаны итинник сиэри кистээн тутуһалларын истибиттээҕэ. Ол эрээри, кини маннык дьылҕаланыахтааҕын сэрэйэн да көрбөтө... ...бу дьиэҕэ бастакы күнэ түүл-бит курдук ааспыта. Киниттэн ыйытыыта суох кэргэннии буолар сиэр-туом оҥоһуллубута, билбэт эрин кытта маҥнайгы түүнэ буолбута... ...сарсыҥҥы күнүгэр «хоойго сытар холоонноох доҕорун» кытта син үчүгэйдик билсибитэ. Киһитэ Азамат диэн ааттаах, биир улахан маҕаһыыҥҥа мал-сал тиэйиитигэр үлэлиирэ, сүүрбэ түөрт саастааҕа. Кыыһы ол маҕаһыыҥҥа дьүөгэлэрин кытта сылдьарын көрөөт даҕаны сөбүлээбит эбит уонна кини кимин туһунан үс ый тухары эккирэтиһэн билбит. Уоруллуохтаах түүнүгэр кини оруобуна өрөбүлэ буолан, табаарыстарын кытта хата бэркэ манаабыттар уонна табыллыбыттар. Буруул биир күнү быһа дьиэттэн тахсыбакка тыына-быара хаайтарбыта. - Азамат, мин үөрэхпин дьиҥинэн үөрэнэн бүтэрэрим ордук буолуо эбит. Дьоммун бу күннэргэ билсиһиннэрэ ыҥырыа эбиккит уонна мин дьүөгэбиттэн төлөпүөммүн булан аҕалларгыт... – диэн көрдөспүтэ. Хата ол күн киһитэ кыыс баҕа санаатын толорбута эрээри, суотабайын биэрээри туран сэрэппитэ: «Мин эйиигин маннык уоран ылбытым туһунан үҥсэ сылдьаайаҕын, син-биир табыллыа суоҕа, милииссийэҕэ биһиги аймахтарбыт үлэлииллэр, кыргыттаргын уоскут. Билэр уолум диэн албыннаа. Оннук гымматаххына, бэйэҥ кэһэйиэҥ...». Буруул тыйыһырбыт көрүҥнээх, кэргэн тахсыахтаах киһититтэн хайдах эрэ толло санаабыта. Нэдиэлэ бүтүүтэ кини дьоно кэлэн, хата кыыстарын уорбуттарын иһин хомойуохтарын оннугар харахтара тырымнаан, арыый сэниэ дьоннуун аймахтаспыттарын билэн, үөрэн-көтөн, алгыс тылларын этэн, тарҕаспыттара. Онон, кыыспыт кэргэннээх эдэр дьахтарга кубулуйбута. «Эйиэхэ, бачча үчүгэй кэргэннээх киһиэхэ үөрэх наадата суох...» - диэн ийэ уонна аҕа кыннылара кыыс үөрэҕэр бара сатаабытын кыккыраччы боппуттара. Онон, Буруул эрэйдээх түөрт истиэнэни уонна кыараҕас олбуор иһин эрэ маныыр дьылҕаламмыта. Биирдэ эмит маҕаһыыҥҥа баран кэлэрэ көҥүллэнэр буолбута. ... Сотору кэминэн кыыс хат буолбута. Кэргэнэ Азамат кинилэргэ саҥа кыбартыыра булаары түүнү-күнүһү быһа үлэлиирэ. Дэлби сылайан кэлэн баран, биир да тылы быктарбакка утуйан хаалара. Кыыспытыгар ол эмиэ да үчүгэй курдук этэ. Тоҕо диэтэр кини санааларын кытта бэйэтэ эрэ хааларын сөбүлүүрэ, ардыгар дьүөгэлэрин, ийэтин кытта кистээн төлөпүөннэһэрэ. Күнүскү кэмҥэ ийэ кыннын батыһа сылдьан дьиэ ис-тас үлэтин оҥороро. Буруул этэҥҥэ кыыс оҕону төрөппүтэ. Кэргэнэ, дьоно үөрбүттэрэ эрээри, сэмээр уолу кэтэспиттэрэ сирэйдэриттэн-харахтарыттан биллэр этэ. Азамат аҕыйах хонугунан дьонун сып-сырдык истиэнэлээх саҥа кыбартыыраны куортамнаан, көһөрбүтэ... ...Дьол саҥа кыыма кинилэргэ саҥардыы саҕан истэҕинэ, биир күн этиҥ эппитинии ыар сурах кэлбитэ – Азамат сүрэҕэ тохтоон өлбүтүн туһунан бииргэ үлэлиир дьоно кэлэн эппиттэрэ. Буруул барахсан эп-эдэр эрдэҕиттэн огдообо хаалаахтаабыта. Ыарахан күннэр турбуттара. Онно эбии кинилэри дьиэ хаһаайыттара куортамнарын харчыларын ыххайан туран көрдөөбүттэрэ. Эдэр дьахтар барахсан кинилэри иитэр-аһатар киһитэ суох буолан харчыта хантан кэлээхтиэй? Уку-сакы малын-салын хомунаат, быыкаа кыысчаанын көтөҕөн дьиэттэн тахсан барбыта. Буруулбутун атахтара кинини төрөөбүт дьиэтигэр аҕалбыттара. Төрөппүттэрэ ислам итэҕэлин сиэринэн былаатын бобуонньуктуу бааммыт, саҥата-иҥэтэ суох, сүөм түспүт кыыстарын көрөн, аһынан, бэйэлэригэр хаалларбыттара. Оттон эдэркээн огдообо аҕыйах хонон баран өлбүт кэргэнин дьонугар тиийэ сылдьыбыта, ол эрээри, онно кинини туспа-туора киһи курдук тоҥуйдук көрсүбүттэрэ. Арай ийэ кынна: «Биирдэ эмит сиэммитин аҕалар буолаар», - эрэ диэхтээбитэ. Тугу эрэ кистиир курдук отур-ботур кэпсэппиттэрэ, кыыспытын кырыы харахтарынан көрбүттэрэ.     Буруул дьонугар олорорго күһэллибитэ. Үлэтэ да үөрэҕэ да суох кыра оҕолоох эдэр дьахтар төрөппүттэригэр иитимньи буолан олороруттан дэлби санаарҕаан, оҕото биир сааһын туолуута үлэ көрдөһө барарга соруммута. Эдэр кыргыыс дьахтара оскуолаҕа нуучча тылыгар, математикаҕа үчүгэйдик үөрэммит буолан, муҥ саатар бырадабыас үлэтин көрдөһөөрү Бишкеккэ улахан атыы-эргиэн киинигэр тиийбитэ. Онно оргууй аҕай уҥа-хаҥас маҕаһыын арааһын көрүтэлии сырыттаҕына, били устудьуоннуу сылдьан билсибит дьүөгэтэ күлэн-үөрэн аҕай мичийэ турарын көрсө түспүтэ. Хиджаб таҥастаах Буруулу баһыттан атаҕар диэри көрөн баран: «Буруул, Салам Алейкум! Эн тускунан истибиттээҕим, билигин тугунан дьарыктана сылдьаҕыҥ?» - диэбитэ уонна тута сылдьар сабыс-саҥа суотабай төлөпүөнүн хасыһан барбыта. - Үлэ көрдөнө сылдьабын. - Ээ сөп... бу эйиэхэ ааспыттааҥҥы хаартыскалары көрдөрүөхпүн баҕарабын... – диэн баран били төрөөбүт күннээҕи хаартыскаларын биир-биир көрдөртөөбүтэ. Оо, хаарыан эдэр саас көмүс күннэрэ! Бу хаартыскаҕа Буруул олус даҕаны үөрбүт-көппүт, харахтара мэниктээн чаҕылыҥнаспыттар. Баттаҕа ыһыллаҕас, куоптата чараас, бүрүүкэлээх... төһө да кини онно итэҕэлиттэн тэйэн биэрдэр, ити күн тоҕо эрэ кини сүрэҕиттэн сүппэт. - Буруул, манна үлэ көрдөөн да диэн адьас булуоҥ суоҕа... били этэргэ диэри, барыта билсиинэн. Мин биир эдьиийим ыраах хоту Арассыыйаҕа тиийэн муоста сууйа сылдьар. Санаан көр эрэ, киэһэттэн киэһэ биир тэрилтэҕэ муоста сууйар уонна 30000 тыһыынч солкуобай ылар, онтон күнүс атын тэрилтэни сууйар уонна онтон 20000 тыһ. ылар. Мин манна үлэ булбатахпын иһин миигин онно ыҥырда. Айанын сыаната төһө да ыарахан буоллар, онтуккун уон оччонон булунаҕын үһү. Кэпсэтэн көрөн баран, эйиигин да илдьэ барыахпын сөп. - Тыый, муоста сууйуутун иһин элбэх да хамнас төлүүллэр эбит... мин, оттон, быыкаайык оҕолоохпун дии. Онтукпун бырахпаппын буоллаҕа... - Аны алта дуу аҕыс дуу ыйынан кэлэ сылдьыаҥ буоллаҕа. Кэлэн баран оҕоҕун бэйэҕиҥ кытта илдьэ барыаҥ. Бастаан харчы оҥоруон буоллаҕа. Уонна ый ахсын дьоҥҥор уоннуу-сүүрбэлии тыһыынча ыыта туруоҥ дии... дабаай, кытаат, мин эдьиийим хата соҕотох тиийбэппин истэн үөрүө. Дьиҥинэн, үһүө буолан барыахтаах этибит да анарааҥҥыларым аккаастаннылар. - Хоту Арассыыйаҕа диэн ол аата ханнык эрэ уокурукка, губернияҕа дуо? - БыҺалыы эттэххэ, Саха (Якутия) диэн республикаҕа. Саамай баай дойду үһү. Кыһынын олус тымныы, хоту экстремальнай усулуобуйаҕа олорор буоланнар хамнастара үрдүк уонна уоппускалара уһун. Чэ хайыыгын? Толкуйданаар... бу икки нэдиэлэ иһигэр миэхэ биллээр. Ити курдук Буруул дьүөгэтэ быыһанар суолу начаас киниэхэ ыйан-кэрдэн биэрбитэ. Кыыс аҕыйах хонук буолаат, ыраах хоту Саха Сиригэр барарга быһаарыммыта, огдообо буолбутун иһин анаммыт харчытын уонна кыратык дьонуттан бэриһиннэрэн, оҕотун ийэтигэр хаалларан баран, ыраах тус хоту билбэт дойдутугар хараҕын быһа симээт, туруммута... сөмөлүөттэн төрөөбүт Кыргызстанын көрөн, бэл, хараҕа ууламмыта... **** Дьокуускай. Өрөбүл. Бэргэн бу күн тугу гыныан билбэккэ, хамнаһын барыы диэн атыы-эргиэн дьиэтигэр барарга сананна. Киһи-аймах тоҕуоруччу мустубут сиригэр киирэн маҕаһыыннары кэрийтэлээбитэ буола сырытта. Онтон туох даҕаны киһи иилэн ыларын булбакка, дьиэлээри хомунан таһырдьа массыынатыгар тахсан олордо. «Индрайвер» сулууспаҕа киирэн, массыынанан дьону тиэйэн харчы «өлөрөргө» сананна. Үс хас дьону туһааннаах сирдэригэр тиэйээтин кытары, Гульнара диэн ааттаах дьахтартан сакаас киирдэ... икки этээстээх мас дьиэттэн ханнык эрэ эдэрчи дьахтар тахсан олордо. - Тиийэр аадырыскын чопчу ыйбатаххын дии... – диэтэ Бэргэн. - Пояркова түөрдүгэр, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр… - диэн биллэр сэмэй куолас иһилиннэ. Бэргэн кэннин хайыһа түспүтэ – Буруул чоҕулуччу көрөн баран олорор эбит. Маҥнай утаа чочумча бэйэ-бэйэлэрин көрүстүлэр. Оттон кыыс сэмэйдик сирэйин умса тутунна, имин хаана кыыста... Уол эмиэ хайдах эрэ долгуйан, тугу да саҥарбакка массыынатын гааһын холбоот, иннин хоту турунна... мүнүүтэ курдук чуумпу бүрүүкээтэ... Онтон: «Буруул, эн онно ити культура киинигэр тугу гына бардыҥ?» - диэн Бэргэн кэпсэтиини саҕалыырдыы сананна. - Диаспорабытыттан актыбыыс ыччаттарга наадыйбыттар, биир дойдулаахтарбыт концерт оҥороору сылдьаллар, онно миигин туох эрэ нүөмэргэ кыбытаары биир дойдулааҕым ыҥырбыта. - Тыый, адьас даҕаны актыбыыс бэрдэ буолаары гыммыккын дии! - Бу саҥа баран эрэбин... - Хата миэхэ хаһан буоларын этээр дии, тиийэн эйиигин көрүллүө... - Кэлэн көрөөр ээ, оттон миигин эрэ көрөбүн диэмэриий, хайдах эрэ киһини кыбыһыннараҕыҥ дии итинник диэн... Бу кэмҥэ Бэргэн бэйэтэ да билбэтинэн туох диэн хардары кэпсээни тоҕу тардыаҕын билбэтэ... эмиэ чуумпу бүрүүкээтэ... - Мин таах даҕаны ити дкаҕа эйиигинниин киирсэр эбиппин... – диэтэ Бэргэн. - Тоҕо? Киирсимэ... Буруул сирэйин-хараҕын кистиирдии умса тутунна. Оннук эмиэ саҥата-иҥэтэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр түргэн үлүгэрдик тиийэ оҕустулар. Бэргэн массыынатын тохтотоотун кытары кыыс киниэхэ мөһөөк биэс уон солкуобайы уунна. - Ылбаппын... эн биһикки биир сиргэ үлэлиибит, доҕордуубут да диэххэ сөп, онон, ылбаппын. - Махтал! – диэтэ симиктик. ...Бэргэн массыынатын арыый атын сиргэ сыҕарытан, кыыс тахсарын кэтэһэрдии турунан кэбистэ. Отучча мүнүүтэ ааста. Уол тулуйбакка иһирдьэ киирдэ. Киэҥ фойены туораан, концерт саалатын өҥөйдө... Көрбүтэ – Буруул микрофону тутан, фонограммата суох, бэйэтин тылынан олус иэйилээхтик ыллыы турар эбит! Кини куолаһа олус астыктык, ис иһиттэн долгутуулаахтык, үрдүктүк, хайдах эрэ чыычаах чуопчаарарын курдуктуу, профессионал ырыаһыттыы чугдааран иһиллэр. Уол бу абылыыр түгэнтэн дөйүөрэн хаалбыттыы туттан, кытыы турар кириэһилэҕэ киирэн олордо уонна нарын матыыбы сыыйан ыллыыр Буруулу умсугуйа одуулаата. Кыыс кинини өйдөөн көрдө быһыылаах уонна турукка киирэн, оргууй хамсанан, сыанаҕа хайдах туттарга-хаптарга бэлэмнэнэ турар бэйэтэ тохтоон хаалла. Инньэ гынан, тоҥон хаалбыттыы, күүрбүттүү туттан, ырыатын түмүктээтэ. Кинини көрөн олорбут аҕыйах киһи, ол быыһыгар Бэргэн ытыстарын таһыннылар. Ким эрэ тиийэн кыыс ыллаабытын хайҕаата, ким эрэ сценаҕа хайдах туттуохтааҕын сүбэлээтэ быһыылаах. Буруул сыанаттан түһэн, оргууй уолга чугаһаата, хайдах эрэ кыбыстыбыт курдуктуу, тугу даҕаны саҥарбата. - Наһаа кэрэ ырыаны ыллаатыҥ, олус мааны куоластаах эбиккин, киһи эрэ истэ-истэ олоруох курдук, – диэтэ Бэргэн долгуйбут куолаһынан. - Махтал... – Буруул тулатын көрүнэ-көрүнэ, биир дойдулаахтара кинилэри көрөн сиилииэхтэрэ диэбиттии, чуумпутук саҥарда - Төттөрү илдьэн биэрэбин да? - Суох... Бу кэмҥэ ким эрэ кыыска төлөпүөннээтэ. Буруул олус ыксаабыт көрүҥнэннэ, туох эрэ диэн бэйэтин тылынан аҕыйах тылы саҥараат, уол диэки чоҕулуччу көрдө. - Чэ, илдьэн биэрэр эбиккин. Ыксыыр эбиппин. Итиччэлээҕи истэн баран уол сири билбэт буолбукка дылы үөрдэ. Бу кэмҥэ массыынаҕа түгэни тупсаран, таптал туһунан ырыа тыаһаата. Буруул сэмэйдик умса туттан олордо. **** Кулун тутар ый кубулҕаттаах күннэрэ үүнэн тиийэн кэллилэр. Салгын чэбдигирэн, халлаан үрдээн мэндээриччи көҕөрөр, чаҕылхай күн сандаарыччы тыган хараҕы саататар, тула барыта сэргэхсийбит, үөрбүт-көппүт. Бэргэн үлэтин күнүн түмүктэнэрин эрэ кэтэһэр. Кэтэспит киһитэ чоҕулуччу көрбүтүнэн күн киэһэриитэ киирэн кэллэҕинэ, бэл, хос иһэ сырдыы түһэргэ дылы. Төһө даҕаны биирэ саха, биирэ кыргыыс буолбутун иһин, бэйэ-бэйэлэрин олус өйдөһөн кэпсэтэллэр. Ардыгар Буруул сыбаабыратын туппутунан син балачча сэлэһэ туран хаалар. Бэргэн киниэхэ куруук минньигэс ас, сакалаат, суок атыылаһан аҕаларыгар анарааҥҥыта үөрэнэн да хаалбыт курдук. -        Буруул, ааспыт кэрэ аҥаардар күннэринэн! - диэн Бэргэн кыыска бүгүн сибэкки дьөрбөтүн туттарда. -        Ырахмат... ырахмат! – кыыс бэйэтин тылынан махтанан ылаат, түргэнник хостон таҕыста. Ити курдук Буруул уолу адьас чугаһаппат. Бэргэн бу күннэр тухары кинилиин хайдах гынан бииргэ буолуоҕун сөбүн, тоҕо кинини чугаһаппакка тэйитэн тахсарын санаа-оноо оҥоһунна. Устудьуоннуу сылдьан билсибит кыргыттара биир-икки минньигэс кэһии кэнниттэн бэйэлэрэ сырса сылдьар буолан хаалар курдук этилэр. Ол кэнниттэн дьэ чугасыһан бардахха хайдах эрэ кэрэлэрэ, уратылара уостан, сүтэн хаалар курдук. Эбэтэр дьиҥнээх тапталы билэ илик кэмэ буолан буолуо дуу?.. Хас да күн субу курдук аҥардас кэпсэтиинэн эрэ муҥурданан ааста. Бэргэн санаатыгар Бурууллуун куустуһан баран сайыҥҥы киэһэ дьаарбайа сылдьарын, дьонугар сүктэн илдьэ тиийэрин оҥорон ыраланан көрөр... ...биир сарсыарда «инстаграмм”, “бассаап” ситимнэригэр улахан айдаан таҕыста... кэлии кыргыыс омук киһитэ саха кыыһын атаҕастаабытын туһунан дьулаан сурах өрөспүүбүлүкэни биир гына аймаата. Маннааҕы уолаттар оҕуруот, фрукта атыылыыр кыра маҕаһыыннары урусхаллыылларын, кэлии дьону буруйдуур устуулара тарҕаннылар... аны туран, улахан стадиоҥҥа бука бары чугас-ыраах оройуоннарыттан саха эр дьоно мустан, улахан айдаан, түрүлүөн буолла. Үмүөрүспүт дьону уоскутардыы куораппыт хотуна, дойдубут тойоно тыл эттилэр уонна докумуона суох, сокуону кэһэн манна үлэлии сылдьар кэлии дьону дойдуларыгар үүрэргэ дьаһаллар үөдүйдүлэр. ...ити айдаан нэдиэлэ тухары салҕанна, ол күннэргэ тоҕо эрэ Буруул үлэтигэр көстүбэтэ. -        Буруул тоҕо кэлбэтэй, нүөмэрин билэҕит дуо? – Бэргэн кыыһы кытта үлэлиир аҕам саастаах кыргыыс дьахтарыттан ыйытта. -        Тугу даҕаны билбэппин... – эрэ диэтэ анарааҥҥыта уонна кэпсэтиэн баҕарбатаҕын биллэрэн, туора хайыһан үлэтин оҥоро сырытта. -        Оттон баһаалыста... муҥ саатар миэхэ хайдах сылдьарын туһунан сурахта ыыттын диэн тиэрдээрин... – диэн баран уол тахсан барда. Таһырдьа сөрүүн көй салгын сайа биэрдэ, кулун тутар хахсаат тыала утары иһиирдэ, тула барыта чуҥкук, чуумпу буолан хаалбыт. Киэһэ Бэргэн «бассаап” бөлөхтөрүн хасыһа сытта. Эмискэ биллибэт нүөмэриттэн: «Бэргэн, мин дойдулуур буоллум. Аны кэлбэтим буолуо... докумуоннарым сыыһалардаахтар. Миигин көрдөөн коллегабыттан ыйытыма. Аны түөрт хонугунан көтөр буоллум...». ...Бэргэн бу суругу ааҕаат, ити нүөмэргэ эрийэн да көрдө, үгүс-элбэх суругу да суруйда. Ол эрээри, харда хоруй кэлбэтэ. Кыыс уол нүөмэрин билбэт этэ, ол эрээри, хаһан эрэ «индрвайвер» нөҥүө сакаастаабытын санаан, онтон булбут буолуон сөбүн сэрэйдэ. Киһибит түүнү быһа утуйар уута ыһыллан, Буруулун эрэ санаан таҕыста. Кыыс чоҕулуспут харахтара адьас өйүттэн түспэтилэр. Онтон, санаата буолбакка, өссө биирдэ киниэхэ эрийдэ... бу сырыыга кыыс төлөпүөнү ылан: «Истэбин», - диэбитигэр уол олус үөрэн, сири билбэт курдук буолла. -        Буруул, Буруул, эн дойдулаама, манна миэхэ хаал! -        Бэргэн... – Буруул куолаһа бөтө бэрдэрбит курдук иһилиннэ. -        Туох буоллун, көмүсчээн? Тоҕо ытаары гыммыт курдук куоластанныҥ? -        Бэргэн, мин манна сокуону кэһэн кэлбиппин билэбин. Онон, дойдулуурбар күһэллэбин... – кыыс тулуйбакка ытаан сыҥсыйара иһилиннэ. -        Буруул, эн хайаан даҕаны миэхэ эргиллэн кэлээр... -        Табыллыбат... саарбах. Дойдубар ол ону эккирэтэрбэр ким миэхэ көмөлөһүөй? Оҕобуттан ордук мин онно кимиэхэ да наада буолбаппын. Арай, ийэм эрэ барахсан миигин өйүүр. Эдьиийдэрим бары туспа олохтоохтор. -        Оччоҕо ийэҥ көмөлөһөн көрдүн дуу, докумуоннаргын оҥоттороор уонна миэхэ кэлээр. Мин эйиигин туох да диэбитин иһин кэргэн ылыам, эн оҕоҕор мин аҕа буолуом. Мин... мин эйиигин олус күүскэ таптаатым дии... адьас өйбүттэн-санаабыттан сүппэккин. Буруул, эн миигин өйдөөрүүй. Киһи сүрэҕэ бэрт чараас... -        Бэргэн, эн ураты киһигиҥ. Миигин итинник чугастык санаан, эйэҕэстик сыһыаннаһарыҥ миэхэ олус күндү... ол эрээри, эн биһикки тус-туспа биэрэктэрбит... икки ардыбытыгар сүүнэ улахан долгуннаах өрүс субуллар. -        Буруул, итинник диэмэ, киһи сатаабатаҕа суох... миэхэ кэл, хаал манна, – Бэргэн субу кэпсэтэ сытан, таптыыр киһитин Буруулу аһынан, кинини букатыннаахтык сүтэрэн эрэриттэн эмиэ хайдах эрэ ытыахча курдук буолла, хараҕын уутун нэһиилэ кыатынна. -        Бэргэн, мин эйиигин ураты дьикти киһи мин олохпор көстөн ааспытын курдук өйдүү-саныы сылдьыам. Баҕар, эргиллэн кэлиэм диэн кыра эрэл кыыма баар даҕаны... чэ, кэпсэтэн бүттүбүт. Түөрт хонугунан сөмөлүөппүт көтүөхтээх... – диэн Буруул ытаабыт-соҥообут куолаһынан нэһиилэ ыган саҥараат, төлөпүөнү ууран кэбистэ. Бэргэн иһийбит чуумпуга баһыйтаран, өр да өр биир сири тобулу одуулаан олордо. Өйүттэн-санаатыттан Буруул сырдык уобараһа сүппэккэ моһуоктаата. **** Бэргэн күн кылайа ойуута, аһаабакка-сиэбэккэ даҕаны, бэрт ыксалынан-тиэтэлинэн хомунан, таһырдьа ыстанна. Ис кута кураанахсыйбыкка дылы. Бэл, сааскы күн сардаҥата мөлтөөбүт, күндүл халлаан күрэҥсийэн, намтаан биэрбит курдук. Өйө-санаата барыта – Буруул. Массыынатын собуоттаан, кыыс олорор дьиэтин диэки түргэнник быһыта үктээн, салайан истэҕинэ, төлөпүөнэ соһуччу тыаһаата, көрбүтэ – бииргэ үөрэммит атаһа Сааска эрийэр эбит. - Алуо. - Алуо, Бэргэн, кэл манна түргэнник массыынаҕынан. - Туох буоллай? - Табаарыскар суһаллык массыына наада буолла! Кэл, баһаалыста, кэллэххинэ кэпсиэм. Эйиигиттэн чугас, били эдьиийдээҕим дьиэлэригэр баарбын, - диэт, төлөпүөнү ууран кэбистэ. Бэргэн Буруулга тиийиэх санаата төһө даҕаны баһыйдар, кини аллар атаһа көмөҕө наадыйбытын санаан, билигин доҕорун абырыы тиийэрин быдан оруннааҕынан аахта. Төһө даҕаны буолтун иһин, Сааска киниэхэ элбэхтэ көмөлөһөн турардаах. Ол эрээри, уон оччото «күүлэйдэтэ» сылдьыбыттааҕа. Уол табаарыһын эдьиийин дьиэтин таһыгар кэлбитэ, киһитэ таһырдьа кэтэһэн, табаахтыы турар эбит. - Дорообо, доҕоор! – диэбитинэн, табааҕын уонна өссө эбии «бырааһынньыктаабыт» аһыы сытынан аҥылыйбытынан, модьу-таҕа көрүҥнээх, төкүнүк сирэйдээх, ыйаастыгас кыараҕас харахтаах эдэр эр киһи киирэн кэллэ. - Хайа, доҕоор, кур сылдьаҕыҥ дуу, хайдах? - Оттон, бэҕэһээ биир атаһым кэлэн, бырааһынньыктаан кээстибит. - Ханна бараары миигин ыҥырдыҥ? - Табаарыһым буоллаҕыҥ дии, миигин абыраа чэ. Миигин полициялар көрдүү сылдьаллар. Дьиэбэр тиийэ сылдьыбыттар үһү. Хата, оруобуна бэҕэһээ эдьиийим аахха кэлбит эбиппин. Билигин буоллаҕына дойдубар баһаалыста илдьиэҥ дуо? - Бай!.. – Бэргэн төбөтүгэр араас санаа көтөн түстэ. Биир өттүнэн, табаарыһыгар көмө буолуох санаа баар, иккис өттүнэн, Буруулун кытта көрсүөн, хайдах эмит хааларын курдук көрдөһүөн-ааттаһыан саныыр... ол эрээри, туох буолбутун толору билээри, чугас аһаҕас сири булан, массыынатын тохтотто. Массыына иһигэр чочумча чуумпу бүрүүкээтэ. - Хайа, тоҕо тохтоотуҥ? - Эн миэхэ бастаан туох буолбуккун кэпсээ эрэ. Туохха эйиигин полициялар көрдөөтүлэр? - Ээ, бэҕэһээ уолаттарбын кытта балачча «аһыы» түһэн баран, маҕаһыынтан ол-бу атыылаһа тахсыбыппыт. Арай, биир фрукта атыылааччы эр киһи күлэн алларастыы-алларастыы, төлөпүөнүнэн бэйэтин тылынан кэпсэтэ турар эбит. Биһиги ааһан иһэрбитин көрөөт, чуумпуран хаалла. Сотору буолаат, биир уолбут киниэхэ ойон тиийдэ уонна араастаан саҥара-саҥара баайсыбытынан барда. Мин эмиэ туора көрөн туран хаалыам дуо, таах ойутан тиийдим. Мандариннардаах корзинатын ылан тоҕута ыһан кээстим! Ханнык эрэ продавец дьахталлар бааллар этэ, часкыйа-часкыйа тохтото сатаатылар быһыылаах этэ. Һа-һа, киһийдэҕи кутун ыстыбыт быһыылаах. Туох эрэ диэн «бажалыста ни надо» диир дуу, хайыыр дуу. Мин ол дьааһыгы ыһан баран тохтоотоҕум дии, оттон табаарыһым аһары өрө бараары гыммытын бэлиэтээн, чэ барыахха диэн илдьэ тахсыбыппыт. Үһүө этибит. Ол инсидиэнинэн сылтаан, миигин көрдүүллэр эбит. Улахан туох буруйу оҥорбуппун үһүнүй ити аата? Биһиги үрдүбүтүнэн таах ыттаары гыммыт курдук дьону, буолаары буолан, сахабыт кыыһын дьаабылаабыт омуктары тоҕо эмиэ аһыннахпытый?! Кинилэртэн сылтаан өссө дьыалаҕа киирэн биэриэхтээх үһүбүт. Полицияҕа улахан билэр киһим үлэлиир. Кини дьыаланы бэрээдэктиэр диэри тыаҕа, үүтээммэр куотан эрэргэ быһаарынным. Онно миигин ситэн син-биир булбаттар... Сааска өссө элбэҕи кэпсээтэ, кэлии омуктар элбээбиттэрин, кэлин олох өрө барбыттарын туһунан ахта-ахта, быыһыгар үөхсэн ыла-ыла, киҥир-хаҥыр саҥаран, бэл, табаарыһыгар бардьааттаан эрэргэ дылы буолла. Ону Бэргэн ситэри истибэтэ. Сороҕун кулгааҕын таһынан иһиттэ. Маннык үлүгэр быһылаан, аҕыс айдаан кэннэ үөдүйбүт уустук балаһыанньаҕа кини санаата, ардыгар, икки аҥы хайдыах курдук буолан ылла. Ол эрээри, маннык үөдүйбүт быһыы-майгы быыһыгар туох да буруйа суох, аанньал курдук кини хараҕын иннигэр сүппэт кылам түгэн буолан, Буруул эйэҕэс хара харахтара, кэрэ сэбэрэтэ элэҥнээн ааһар. -...оттон дьахталларын да ылан көр. Эмиэ олус элбээтилэр. Үлэбитин барытын ыллыллар. Мин биир эдьиийим биир даҕаны үлэтэ суох сылдьар. Көстүөн айылаах үлэҕэ үгүстэрэ кэлиилэр. Бары мантан бардыннар! Дьахтардыын, оҕолуун!»... – диэн Сааска кыыһырбыт санаатын этэр «монолуогун» түмүктээтэ быһыылаах. Бэргэн туох да диэн хардарыан билбэккэ, чуумпуран олордо. - Хайа? Тоҕо чуумпурдуҥ? Илдьэр инигин табаарыскын?.. - Бээ, тохтоо, массыынабын көрүнүөм эрэ! Билигин... – диэт, Бэргэн таһырдьа таҕыста. Һуу, куһаҕан сытынан туолбут массыына иһиттэн тахсыбытыгар, таһырдьа сибиэһэй салгыны эҕирийэ түспүтүгэр, тыына хаайтарбыт туруга чөлүгэр түспүккэ дылы буолла. Уол туох диэн табаарыһыгар хоруйдуоҕун билбэккэ, бириэмэни сүүйэн, сымыйанан массыынатын иннин арыйан көрүтэлээбитэ буолла. Ол тухары, санаата икки аҥы хайынна: Саасканы сокуонтан куотарыгар көмөлөһөр дуу, эбэтэр кыргыыс омук кыыһыгар Буруулга тиийэр дуу?.. Умса түһэн, арыытын, мотуоркатын уонна өссө даҕаны атыны бэрэбиэркэлээбитэ буола олордоҕуна, массыынаттан табаарыһа тахсан кэллэ, илиитигэр уол суотабайын туппут. - Бэргэн, эйиэхэ ханнык эрэ Бурдуул дуу ким дуу эрийэр. Уол төлөпүөнү ыла охсон, кистээбит курдук тэйиччи турунна. - Хайа, ханна бааргын? Эйиэхэ тиийээри гыммытым ээ. - Бэргэн, Бэргэн, көмөлөстөххүнэ эн эрэ көмөлөһүөҥ! Гульнарабыт туох эрэ буолла! Хотуолуу-хотуолуу таттарда, туох эрэ буолла. Скорайга эрийдибит даҕаны кэлиэхпит диэбиттэрэ даҕаны, кэлэ иликтэр. Эн кэлэн балыыһаҕа илдьиэххин сөп дуо? – дии-дии Буруул ытыыр куолаһа иһилиннэ. - Аһаа, тохтоо билигин. - Хайа, туох буоллай? Ити кимниин нууччалыы кэпсэттиҥ? - Ээ, биир бодуруугам суһаллык көмөҕө наадыйда. Бастаан онно барыыһыкпын. - Эс хайдах доо?! Ханнык эрэ дьахтарга хайыы бардаххыный?! Миигин илдьибэккин да?! - Суһаллык көмөҕө наадыйбыттар, эдьиийэ таттара сытар үһү, балыыһаҕа илдьиэххэ наада буолбут. Кинилэри начаас балыыһаҕа илдьэн баран... – Бэргэн саҥаран иһэн тохтоон хаалла. Уоттааҕынан, улаханнык тугу даҕаны өйдүү иликтик көрбүт-истибит, кыра холуочук атаһын сирэйин-хараҕын көрдө уонна бу сибилигин кэлии омуктары мөҕөн-этэн саҥарбытын өйдүү түстэ. Аны кини Бурууллааҕы кимнээҕин биллэҕинэ, олох даҕаны умайыктанан, сыыһа-халты саҥаран ыллаҕына, табыгаһа суоҕа биллэр. Онон, Бэргэн тугу тобуларын, дьаһанарын толкуйдуу сатаан көрдө уонна табаарыһын ылбыт сиригэр хаалларарга сананна. - Эс хайдах доо?! Оннук гыннаххына бириэмэҕиҥ сүүйтэрэҕиҥ буоллаҕа! Ол дьахтаргар көмөлөһөн баран, миигин илдьиэҥ буо! – диэт, Сааска олох харыс даҕаны сири халбарыйбаттыы тимир-тамыр соҕустук эттэ. Бэргэн хайыах баарай? Табаарыһа даҕаны киһи, ыалдьыбыт киһиэхэ көмөнү оҥорууну өйдүөхтээх. Омукка биир киһи куһаҕан буолан көстүбүтэ, барыларыгар туох даҕаны сыһыана суох буоллаҕа, дьиҥинэн. Ол эрээри, бу Сааска уруккуттан кэлии хара омуктары ахсарбат ээ. Билигин кинилэри кытта ыкса билсэрин биллэҕинэ, айдаан таһаардаҕына даҕаны көҥүл. Бэргэн массыынатын Буруул дьиэтин диэки салайда, атаһа тугу эрэ ботугуруу олорон, хата, утуйан хаалла. **** ...Бэргэн Буруул дьиэтин иһигэр киирбитэ – үс кыргыыс дьахтара уонна Буруул Гульнараларын өйөөн-убаан, уку-сакы буолан олороохтууллар эбит. Бэйэлэрин тылларынан туох эрэ диэн кэпсэтэллэр, быыһыгар тугу эрэ мөккүһэн ылаллар быһыылаах. Уол киирбитигэр чуумпурдулар. Кыыс кинини эрэ кэтэспиттии, ааны аһаат, хараҕа сырдаабыкка, хомойбут сирэйэ-хараҕа көнньүөрбүккэ дылы буолла. - Гульнарабыт, хата, бэттэх кэллэ. Дабылыанньатын мээрэйдээбиппит – олох нап-намыһах. Кофе иһэртибит, бэттэх кэллэ. Таттарар ыарыылааҕын биһигиттэн кистии сылдьыбыт эбит, эбиитин дабылыанньата итинник буолбут. Скорайга эрийэн аккаастаатым. Эйиигин кэлэн иһэргин билэммит... Буруул дьахталлар хосторун аанын сапта. Оттон, уолга оргууй чугаһаата, тугу эрэ этээри гыммыттыы, чох харахтарынан курустук одуулаан ылла, сүрэҕин тыаһа курдат тахсаары гыммыттыы эппэҥнээн ылан баран, умса туттунна. Онтон, уһун хара кыламанын быыһыттан харах уута чоккураан түстэ. - Буруул, туох буоллуҥ?.. Бэргэн кыыс ытаан эрэриттэн соһуйда. Арай, олоххо баар хара дьайтан, мөкү быһыыттан, хара санаалаахтартан көмүскүөх-харыһыйыах санаата кэллэ. Бэйэтэ даҕаны билбэтинэн, кинини оргууй кууспутун билбэккэ даҕаны хаалла. Ону эрэ кэтэспиттии, Буруул өссө күүскэ ытаан тоҕу барда. Тугу даҕаны саҥарбакка, санныта дьигиһиҥнээн, нарын илиитинэн уолу халыҥ харытыттан тутта, модун түөһүгэр сирэйин бүөлээн, туох эрэ хом санаатын, өр сылларга муспут аһыытын-абатын төлө ыыппыттыы, хараҕын уутунан дэлби суунна... оттон уол буоллаҕына, туох диэҕин билбэккэ, кыыһы хара баттаҕыттан имэрийдэ, туох эрэ ураты, «истиҥ» сыттаах оройуттан сахалыы сыллаан ылла... ол эрээри, Буруул билигин даҕаны тугу да эппэтэ, арай, мэлииппэ ааҕардыы туох эрэ диэн ботугуруу-ботугуруу сыҥсыйа турда. Быыһыгар: «Эн үтүө даҕаны киһигин...» - эрэ диэтэ... **** Икки этээстээх мас дьиэттэн Буруул, Бэргэн уонна өссө биир дьахтар буолан, нэһиилэ хаама сылдьар Гульнараны өйөөн-убаан, массыынаҕа киирдилэр. - Ити кимий? Буруул сидиэнньэҕэ утуйан оҥторо олорор Саасканы көрөн, соһуйар. - Ээ, арба, эппэтэхпин, биир табаарыһым. Бэҕэһээ бырааһынньыктаан кээспитэ. Кинини билигин улууска илдьиэхтээхпин. Утуйдун, эһиги чуумпутук киирэн олорооруҥ. Дьахталлар массыына кэннигэр киирэн олорбуттарын кэннэ, массыына тыаһыттан Сааска уһуктан кэллэ. Бастаан, тугу даҕаны өйдөөбөтөхтүү мэнээҕинэн кэннин диэки хайыһан, олорсон иһээччилэри көрүтэлээтэ. - Здрасьте! - Здравствуйте. - Здравстуйте буолбаккаҕыт! Учууталга дылы, – диэт, Саша күлэн тоҕу барда. Дьахталлар кини саҥатын өйдөөбөтөх буоланнар, туох даҕаны диэбэтилэр. Арай, эр киһи тугу эрэ сэрэйбиттии кинилэри сыныйа одуулаан ылла. - Сааска, кыргыттары тыытыма. Ити биирдэстэрэ ыалдьыбыт, нэһиилэ олорор. Балыыһаҕа тиэрдиэхпин наада. Чочумча чуумпу бүрүүкээтэ. Ким даҕаны, бэл, тыыммат курдук... Сааска иккистээн утуйаары, төбөтүн хоҥкутта, хараҕын симтэ. Маны көрөн, Бэргэн иһигэр «һуу» дии санаата. Аны туран, аттыларынан ускуорай дуу, полиция дуу массыыната быһыта иһиирбитинэн ааспытыгар, киһибит төттөрү хараҕын арыйда. Туохтан эрэ кыйахаммыт курдук көрүҥнэннэ. Тыыллаҥнаан ылла, үөдүйбүт чуумпуну уйгуурдан, сахалыы араадьыйаны холбоото. Онно Аскалон Павлов «Эр хоһуун буол» диэн ырыата тыаһыы турар эбит. Сааска тэҥҥэ ыллаһан ыһыытаста уонна кэннин хайыста. - Хайа, кыргыттаар, ылласпаккыт да?! – диэтэ. - Сааска, кыргыттары тыытыма... - Эс, тыытыма буолбаккаҕыҥ. Хата, билиһиннэриэххин. Ити хара харахтаах эдэрдэрэ, арааһа, эйиэнэ быһыылаах да? - Оннук, чэ, сөп буолуо... - Эс, наһаа даҕаны сөп буолуо да буолбатар. Билиһиннэриэххин эҥин. - Ээ, кэлин. Билигин табыгаһа суох. Эн даҕаны бырааһынньыктаан баран сылдьаҕыҥ. - Дьыала онно буолбатах буоллаҕа, кыраһаабыссаҕыҥ кытта билиһиннэр! Бэргэн үөһэ тыынна. - Нууччалыы саҥарар кыыс. Онон, сахалыы өйдөөбөт. - Эээ, оччоҕо городская диэ? - Оттон… оннук курдук… Сааска кэннин өссө биирдэ хайыһан баран, Буруул диэки илиитин уунна уонна нууччалыы: «Мин Сааска диэммин», - диэтэ. - Буруул... - Туох диигин?!.. - Буруул диир, чэ, сөп буолуо, ыйытыма, итинник ааттаах, сөбүлүө суоҕа ыйыт да ыйыт буоллаххына, - диэн Бэргэн Сааскаҕа быһаарда. Массыына иһигэр эмиэ чуумпу үөдүйдэ... Сааска сирэйэ-хараҕа дьүһүн кубулуйда уонна тыйыһырбыт көрүҥнэннэ: «Биллим... омуктар эбит бытта!» - диэтэ. - Омуктар, аһаа. Ону хайаабытый? - Доҕордоһоҕуҥ дуо кинилэри кытта? - Оттон... мин кинилэри үчүгэйдик билэбин диэххэ сөп. - Оттон ити Дуруу дуу Буруу дуу, тапталыҥ дуо? - Оттон... сылдьа иликпит, дьиҥэр. Ол эрээри, сөбүлүүбүн, наһаа сөбүлүүбүн! Тыытыма эн кинилэри, атаһым эрэ буолларгын. - Дьахталлары тыытаммын хайыахпыный, мин оннук киһи буолбатахпын. Ол эрээри, эн сыыһа гынаҕыҥ... - Ону эйиигиттэн ыйыппаппын. - Сыыһаҕыҥ! Эмискэ, массыына иһигэр ыас хара былыт кэлбитин курдук, дьиибэ, өйдөммөт, нүһэр турук үөдүйдэ. Дьахталлар ити уол кинилэри сөбүлээбэтэҕин тута сэрэйдилэр. Салгыы, айан тухары ким даҕаны айаҕын атан саҥа таһаарбата. Бурууллааҕы балыыһаҕа аҕаллылар. Дьахталлар симиктик махтанаат, оргууй тахсан бардылар. Салгыы, Бэргэннээх Саасканы Нам улууһугар диэри уһун соҕус айан күүтүөхтээҕэ. Маны эрэ кэтэспиттии, Сааска уол табаарыһын диэки дьиппиэрдик көрдө уонна: “Дыа, ити тоҕо дьахталлар иннилэригэр киһини кытта итинник кэпсэтэҕиний?!” – диэн куолаһын сонотто. - Хайдах кэпсэттибиний? Тыытыма эн кинилэри эрэ диэтим буолбатах дуо? Сахалыы өйдөөбөт кыргыттар туох диэхтэрэй? - Буоллун. Тем более атын омуктар истэн турдахтарына?! Уопсайынан даҕаны, тоҕо эн кинилэри кытта булустуҥ?! Өссө, бука, уолаттарын кытта табаарыстаһарыҥ буолуо! - Табаарыстаһабын, билсэбин. Ону тугуй? - Хайдах ону тугуй диэн? Дыа, уопсайынан, эн миигин кытта туох ааттаах куһаҕаннык кэпсэтэн бардыҥ? - Эн бэйэҥ оннук кэпсэтэн саҕалаатыҥ буолбатах да? Мин националист буолбатахпын... онон, кимниин доҕордоһорбун бэйэм билэбин. - Дыа, эн миигин оччоҕо националист диэтиҥ да? - Оттон оннук курдук тыллаһаҕыҥ буолбатах дуо? - Суох!! Оннук буолбатах, мин националист буолбатахпын! Мин көннөрү кинилэргэ мэһэйдэтэбин! Мантан бардыннар эрэ диибин. Бэйэбит даҕаны аҕыйахпыт. Ону кинилэр манна кэлэн биһиги сирбитин-уоппутун арбайдыахтаахтар дуо? Суох, оннук табыллыбат! Эбэтэр, кинилэр таах көҥүл сылдьан биһиги кыргыттарбытын күүһүлээтиннэр, биһиги үлэбитин былдьаатыннар диэххин баҕараҕыҥ дуу?! - Сааска, эн дьыаланы хаахтытыма эрэ. Мин историяны үөрэппитим элбэх. Норуоттар алтыһыылара куруутун баар буолуоҕа син-биир, онтон ханна да куоппаккын, норуот норуоттуун алтыһан, быыһыгар сэриилэһэн, ол-бу кэрдиис кэмҥэ силбэһэн, аан дойду дьоно тыыннаахпыт. Биллэн туран, мин итинник быһыыларын өйөөбөппүн. Ол эрээри, биир куһаҕан киһинэн бүтүн омугу туоратар, үөҕэр санаам суох! - Һа-һа-һа. Наһаа даҕаны кэнэн санаалаах эбиккин! Чэ, оччоҕуна, барыларыгар арыллыах, барыларыгар туохпутун-барытын туран биэриэх. Барыта үчүгэй буолуо диэн баран, таах туохха даҕаны кыһаллыбакка сылдьыахха оччоҕо. - Син-биир оннук буолбат, эн курдук дьон баар буолуохтара, баар буола да туруохтара! Ардыгар, омукпутун омук быһыытынан харыстыыр, баттабылтан көмүскүү сатыыр дьон наадалар буоллаҕа. Ол эрээри, өрө барбакка, хайдах эрэ атыннык, дьоһуннук быһаарыныах тустаахпыт. Таах ити оҕуруот астарын, үлэлиир сирдэрин киирэн ыскайдыыргытын сыыһа дии саныыбын. - Һэ-һэ-һэ, ол кинилэр итинтэн сылтаан туох да буолбаттар!! Элбэхтэр кинилэр. Биир-икки киһи кып-кыратык мөҕүллүбүтэ кинилэри кыратык даҕаны хаарыйбат. Миэстэлэрин биллиннэр! - Чэ, кэбис, эйиэхэ быһааран, этэ сатаан туһа суох. Ол эрээри, хайа даҕаны түгэҥҥэ киһи киһинэн хаалыахтаах! Сиэрдээхтик сылдьыахтаах. - Оччоҕо миигин сиэрэ суох киһи диэри гынаҕыҥ дуо?!.. Арба, ити Дураҕын дуу Бураҕын дуу эйиэхэ таах туран биэриэхтэрэ суоҕа! Сананыма даҕаны. Оттон биһиги кыргыттарбытын талбыттарын иирдиэхтэрэ. Бэргэн бу айдаантан, бу соччото суох быһыыттан-майгыттан тэйиччи буолуохтаах истиҥник саныыр, кэрэ киһитин хаарыйтарбытын истэн баран, тулуйарын ааспыт курдук буолла. Массыынаттан ойон таҕыста уонна иһирдьэ тойомсуктаан олорор Саасканы таһырдьа ыҥырда. Маны эрэ кэтэспиттии, толору эттээх-сииннээх атаһа мөтөллөн тахсан кэлэн баран, табаарыһыгар ынан кэллэ, Бэргэни түөһүн саҕатыттан харбаан ылла уонна утары күтүр өстөөҕүн булбуттуу, уоттааҕынан көрдө: “Дыа, туох ааттаах эн миигин маарыҥҥаттан быһа сэнээн таҕыстыҥ дыа?!” – диэтэ уонна ыарахан сутуругунан Бэргэни охсон түһэрдэ. Кыах хаан үрүҥ хаарга ыһылынна. Уол аллар атаһыттан манныгы кэтэспэтэх буолан, соһуйда, хаанырбыт сирэйин тымныы хаарынан хам тутта. Оттон, сутуругун имэринэ турар Сааскаҕа хапсыһыыга курдук кимэн киирдэ. Охсуһуу саҕаланна. Обургу эр киһи этэ-сиинэ киппэтэ, модорооно бэрт буолан, биһиги уолбутун кыайар чинчилээх. Туораттан көрдөххө, икки холуочук дьон туохтарын эрэ былдьаһан, олуонатык киирсэ сылдьар курдуктар. Балыыһа аттынан ааһан иһэр дьон хайыһан ыла-ыла, сиилээбиттии туора тутталлар. Түмүгэр, Сааска Бэргэни охторон түһэрэн баран, кыайбыт-хоппут киһилии киэбирбиттии туттан, инник хоту хаама турда. Бэргэн буоллаҕына, искэ-быарга охсуллубут ыарыытыттан сиргэ сытынан кэбистэ. - Бэргэ-ээн, туох буоллуҥ?! – диэбитинэн балыыһа диэкиттэн Буруул сүүрэн кэллэ... Уол сааскы күн сардаҥатын быыһыгар таптыыр кыыһын сырдык күлүгүн көрөн, кырбаммыт ыарыыта ааспыкка дылы буолла... **** Ити быһылаан кэнниттэн үс күн ааста. Бүгүн Бэргэҥҥэ курус күн, санньыар сааскы сарсыарда буолла. Буруул докумуона табыллыбакка, Москубалыахтаах, онтон дойдулуохтаах... Кыыһы атаарыах буолбута даҕаны, кыыс киниэхэ эрийэн аккаастаабыта: «Миигин атаарыма, элбэх буолан барабыт. Дьон сыыһа өйдүөхтэрэ, биир дойдулаахтарым атыннык саныахтара, биир нэһилиэктэн сылдьар дойдулааҕым баар, киниттэн толлобун...» - диэбитэ уонна төлөпүөнүн ууран кэбиспитэ. Онон, уол бүгүн эрдэттэн бэрт ыксалынан аэропуорка тиийдэ. Муҥ саатар бүтэһигин Буруулу көрүөм диэн, эрэлин ыһыктыбакка, киэҥ сааланы биир гына көтүөхтээх дьон уочараттарын кэрийэ хаамыталаата. Чоҕулуччу көрбүт эйэҕэс харахтаах таптыыр киһитин булбата... онтон пааспары көрдөрөн ааһар хос нөҥүө ыраах соҕус уһун намылыйбыт суһуохтаах кыыс көхсүнэн турарын бэлиэтии көрөөт: «Буруу-уул!» - диэн ыҥыран хаһыытаабытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Кыыс иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, кини диэки хайыһа түстэ уонна үөрэн мичээрдээн, утары хааман иһэн тохтоон хаалла. Тулатын көрүннэ, аттыгар баар дьонугар биллэримээри, өссө биирдэ уол диэки арылыччы көрөн ылан баран, туора хайыста... ... соторунан айанныахтаах дьон бары кэтэһэр саалаҕа таҕыстылар, Буруул уол диэки тиһэҕин эргиллэн көрөөт, букатыннаахтык тахсан барда... ...Бэргэн таһырдьа киэҥ мэндээрбит халлааҥҥа көтөн тахсыбыт сүүнэ тимир аалы ыраахха диэри одуулуу турда... бу түгэҥҥэ уол өйүгэр хаһан эрэ ханна эрэ аахпыт хоһоонун тыллара көтөн түстүлэр: «Миэнэ» диэхпин атыҥҥын,Дьонтон бары астыккын...Түөспэр кистиэм Эн ааккынУонна килбик тапталгын...».   Ираида Коркина-Чугдаара, 2019-2020 cc.
kyym.ru сайтан