Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыыстара ойуун

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыыстара ойуун

K
26.08.2021 17:20
   Кэлтэгэйтэн 30 км. тэйиччи Сырдатыы диэн сиргэ икки үйэ анараа өттүгэр Христофор Потапов-Кыыстара ойуун төрөөн-үөскээн олоро сылдьыбыт. Кини бэрт элбэх оҕолооҕо үһү. Олортон сиэннэрэ Табалаах диэки олохсуйа тиийбиттэр.    Христофор Потапов-Кыыстара ойуун дьоҥҥо-сэргэҕэ айыы ойуунунан, күн киһитинэн биллэрэ. Ол иһин ханна да бардаҕына-кэллэҕинэ, куруук ытыс үөһэ сылдьара. Сорох ойуун сиэмэх, көрбүөччү эбит буоллаҕына, кинини эмчит-отоһут, билгэһит диэн билэллэрэ.    Биирдэ аатырбыт Баххаа баай кинини ыҥыран ылан эмтэппитэ эбитэ үһү. Кыыстара кэлэн олордоҕуна, хантан эрэ атыыһыттар баар буола түспүттэр. Кинилэр чаркааскай табах бөҕөтүн тардыбыттар, ол эрээри биир да киһи “мэ, маны амсай” диэн бэрсибэтэх. Ону көрөн Кыыстара ойуун: “Оҕолоор, табаххытыттан бэрсиҥ эрэ,” – диэбит. Онуоха атыыһыттар: “Биһиги бачча ыраах табаҕы буор босхо ыһа кэлбэтэхпит”, – диэн хоруйдаабыттар. Кыыстара ойуун кыһаллыбатах, арай бэрт холкутук “биир табаҕы киһи бэйэтэ да булан тардар баҕайыта ини...” – диэт, быһаҕын кыыныттан сулбу хостоон таһаарбыт. Дьиэҕэ олорооччулар “дьэ, туох буолар эбит?” диэн, кинини өрө мыҥаан олорбуттар. Ойуун биир чоройо улаатан эрэр уолу: “Тоойуом, манан үс салаалаах талахта быһан киллэр эрэ”, – диэн соруйбут. Уол сотору соҕус буолаат, үс салаалаах талаҕы быһан киллэрбит. Дьон бары көрөн олордоҕуна, талаҕын үс сиринэн эриэннии кыспыт. Бүтэрээт: “Талаҕым эрэ буолларгын, табахта аҕал,” – диэн баран сиргэ охсубут. Талаҕын өрө тардан ылыытыгар биир сэбирдэх табах кыбыллан тахсыбыт. Ити курдук хаста да охсон, сэбирдэх бөҕөтүн хомуйбут. Табах тардаары ымсыыран олорбут дьоҥҥо биирдии табаҕы туттаран кэбиспит. Оҕонньор: “Бу кэлбит хоноһо оҕолор, киһиттэн биир хамса табаҕы хаһан да харыһыйбат буолуҥ,” – диэбит. Дьон сэбирдэхтэрин табах курдук тардан кэбиспиттэр, олус астыммыттар. Итини көрөн кэлбит атыыһыттар олус куттаммыттар, ытырыктаппыттар. Оҕонньортон көрдөһөр, ааттаһар аакка барбыттар: “Оҕоньо-оор, биһиги сыыспыппыт, алҕаһаабыппыт. Аны биир хамса табаҕы баҕас дьонтон букатын харыһыйыа суохпут. Онон, дьэ, бырастыы гын... Айан дьонун этэҥҥэ айаннат”, – диэн  элэ-была тылларын этэн көрдөспүттэр. Эбиитин бурдук, чэй, табах бэрсэн хаалларбыттар.    Биирдэ Кыыстара ойуун олорор сирин – Буору – уот сиэбит. Ол киэҥ сиргэ уот туран, чугастааҕы нэһилиэктэртэн “уот утута” диэн элбэх киһи тиийбит. Алыһардаахтан Василий Петрович Потапов-Атыыһыт Баһылай диэн атаһа эмиэ тиийбит. Дьэ, киирээт, сонно тута Кыыстара ойууну мөхпүтүнэн-эппитинэн барбыт: “Эн истэр кулгааҕыҥ бүтэйэн, көрөр хараҕыҥ сабыллан, бу куттаах оккун-маскын уокка сиэтэн, күл-көмөр оҥоро сытаҕын”, – диэбит. Онуоха оҕонньор: “Бэйэм да аска-таҥаска быстаран сытабын. Биир эмэ өйүөлээх киһи кэлэн көмөлөһөөрөй диэммин кэтэһэбин. Оҕолорум ас көрдөөн күн ахсын ытаһаллар. Бачча ыраах дойдуга кэлбит дьон, өйүөлээх кэлбиккит буолуо. Өйүөҕүтүттэн бэрсэн бараргыт буоллар, бу уоту умуруоран, утутан көрүөм этэ”, – диэн баран, оронугар тиийэн, сытынан кэбиспит. Дьон: “Өйүөнү харыһыйыллыбат. Уот эрэ утуйдун,” – дэспиттэр. Онтон чочумча буолаат, оҕонньор оронугар сытан эрэ ыллаабытынан барбыт. Ыллаатар ыллаан, кутурдар кутуран, ис-иһиттэн иэйэн-куойан барбыт. Ол ыллаан баран эппит: “Тахсан көрүҥ эрэ, халлааҥҥа былыт баар дуу, суох дуу?” “Па, күөрчэх эрэ саҕа былыт Улахан Таас диэки баар,” – диэн хомойон киирбиттэр. “Ол аата баар буоллаҕа, аһаан бүтүөххүтүгэр диэри кэлиэҕэ”, – диэбит Кыыстара ойуун. Аһаан бүтүүлэригэр, кырдьык, оҕонньор эппитинии, уулаах-хаардаах улахан былыт саба халыйан кэлбит. Уот үрдүгэр кэлэн этиҥ этээтин кытта ардах ыаҕастаах уунан куппут. Дьон уоту тиийэн көрбүттэрэ, кыым да саҕа уот ханна да хаалбатах эбит. Дьэ, инньэ гынан олус үөрэн-көтөн, сүргэлиин көтөҕүллэн дьиэлэригэр аттаммыттар.    Биирдэ Кыыстара ойуун уонна аатырбыт баай, Сэргэлээх олохтооҕо Килэпэндьиин кинээс буолан Баатаҕайтан тахсан Ойо Хомотунан Сэргэлээххэ барбыттар. Сайын сатыылаан турар кэмэ эбит. Күүгэһэ-бырдаҕа туох да олус сүрдээх үһү. Килэпэндьиин кинээс куйаастан буһан, туймаарыйан киһитигэр: “Буһан өлөрбүтүгэр тиийдибит. Кыратык тыал түһэрэ түспэккин дуо?” – диэн көрдөспүт. Эттиҥ ини, эппэтиҥ ини диэбиттии, киһитэ ыллаан барбыт. Ыллаан бүтээтин кытта биир лоскуй былыт барыйан кэлбит. Сотору буолаат, ардах ыаҕастаах уунан кут да кут буолбут. Килэпэндьиин кинээс ардахха сытыйан, онуоха эбии тыалга үрдэрэн, аны тоҥон ыбыгыраабытынан барбыт. Арай ити икки ардыгар Кыыстара ойууну хараҕын далыттан сүтэрэн кэбиспит. “Хайа үөдэҥҥэ түстэҕэй?” диэн, кэннин хайыһан көрбүтэ, киһитэ ардахха илийбэтэх даҕаны, тыалга үрдэрбэтэх даҕаны эбит. Онтон кини үрдүгэр ардах тохтообокко кут да кут буолар эбит. “Ама да бэрдиҥ иһин, ардаххын тохтот, киһини тоҥорон өлөрөөрү гынныҥ!” – диэн, кинээс кыыһыран-кыйаханан барбыт. Кини этээтин кытта ардаҕа тохтоон хаалбыт. Ойо Хомотугар ааттаах бэркэ айаннаан тиийбиттэр үһү.    Ити курдук Кыыстара ойуун дьиктитэ-дьиибэтэ элбэх...   Василий Потапов кэпсээниттэн.
kyym.ru сайтан