Кэпсээ
Войти
Регистрация
Торбуйах абааһыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Торбуйах абааһыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
06.06.2024 14:49
Мин бэйэм таҥараны, абааһыны итэҕэйбэт этим да, кэнники кэмҥэ киһи кыайан быһаарбат айылҕа дьиктилэрэ баалларын итэҕэйэн иһэр буоллум. Онон былыргы өбүгэлэрбит тугу эрэ билэр буоланнар, абааһыны-таҥараны итэҕэйэллэр эбит диэн санааҕа кэллим. Тыала суохха мас хамсаабат буолуохтаах. Биэс сыллааҕыта бэйэбиттэн аҕа табаарыһым миэхэ «бэрт дьиктини көрдүм, биллим, хомуньуус буоламмын, олох тугу да итэҕэйбэт, сэрэйбэт этим» диэн кэпсээнин саҕалаабыта. – «Өрөбүл күн тарбыйахпын олбуор иһигэр аһата ыыппытым. Сотору буолан баран, оҕолорум торбуйахпыт туох эрэ буолбут, ыалдьыбыт быһыылаах диэн тыллаабыттарыгар тахсан көрбүтүм, кырдьык, хайдах эрэ буолбут, сытан эрэ мөҕүс да мөҕүс буолар, хараҕын тиэрэ-маары көрөр. Сүөһүлээх киһи хайыамый, ыксаатым. Тиэтэл бөҕөнөн чугас олорор бэтэринээр биэлсэри аҕалан торбуйахпын көрдөрдүм. Биэлсэрим көрөн баран, арааһа, сүрэҕэ ыалдьыбыт быһыылаах диэн укуол оҥордо. «Ааспатаҕына, бэтэринээргэ көрдөрөөр» диэн баран дьиэлээтэ. Мин сотору-сотору торбуйахпын кэтээн көрөбүн, ыарыыта олох да ааспат быһыылаах, сордоно сытаахтыыр. Кэтэһэ сатаан баран бэтэринээргэ бардым. Бэтэринээрим бэрт өр көрөн баран «туга да ыалдьыбыта биллибэт, туохтан эрэ куттаммыт быһыылаах, кэнники ааһар ини, эмиэ кэтэһэн көр» диэн сүбэлээн баран төнүннэ. Санаабар, төһө да кыһыйдарбын-абардарбын, тэҥнэһиэм дуо, кэтиирбэр тиийдэҕим. Ол икки ардыгар күн да ыраатта. Ол иһин чэйдии бардым. Дьиэм диэки чугаһаан истэхпинэ, ыалым эмээхсин «туох ааттаахха бэтэринээрдэнниҥ, сүөһүҥ ыарыйда дуу, тугуй дуу?» диэн ыйыта тоһуйда. «Ээ, торбуйаҕым ыалдьыбытын бэтэринээрдэр көрдүлэр даҕаны, тугу даҕаны быһаарбатылар», – диэтим. Онуоха эмээхсин торбуйах абааһыта мииммитэ буолаарай, баран көрүөххэ эрэ диэн, торбуйаҕы көрө бардыбыт. Мин испэр ончу итэҕэйбэтим эрээри, кырдьаҕас киһини убаастаан, кэнниттэн аа-дьуо батыстым. Эмээхсин көрөөт даҕаны, туох да саарбаҕа суох: «торбуйах абааһыта мииммит, мантыкаҥ эмэ боростуой, чөчүөккэ мииммит торбуйаҕын эр киһи ыстаанын устан баран, таҥнары миинэн олорон «чөчүөккэ, мин торбуйахпын моһуоктаама!» дии-дии, ыстаанынан таһыйыахтаах, онон бүтэр», – дии-дии, мичээрдии турда. «Чэ, туруоҥ дуо, эмтээ», – диэн баран, дьиэтин диэки аа-дьуо бара турда. Мин өр толкуйдуу барбатым, сүтэрэрим тугум да суох, атыннык хайдах да көмөлөһөр кыаҕым эмиэ суох, онон, этэргэ дылы, бүтэһик эрэлим бу эрэ буолсу. Дьиэбэр киирэммин, ыстааммын кэтэн тахсан, төһө да итэҕэйбэтэрбин (хомуньуус киһи ону-маны итэҕэйэн, ол-бу буола сылдьар диэхтэрэ диэн бэркэ сэрэхэдийэн) ким да көрбөтүнэ эмээхсин сүбэлээбитин курдук, «эмтээн» кэбистим. Дьиэбэр киирэн чэйдээн баран тахсан көрбүтүм, торбуйаҕым туох да буолбатаҕын курдук, бэрт холкутук мэччийэ сылдьар. Дьэ, онон дьикти баар, итэҕэй-итэҕэйимэ, бэйэҥ көҥүлүҥ», – диэн кэпсээн турардаах. Ити кэпсээни истиэхпиттэн икки-үс сыл ааспытын кэннэ, арай биирдэ кэргэним суоҕар ынах ыы олорон көрбүтүм, торбуйаҕым туохтан эрэ куттаммыт курдук чугуруҥнуур, кэлин икки атаҕар уйуттубат курдук, онтон эмиэ да ким эрэ миинэн олорорун мөҕөр курдук хамсанар. Мин ынахпын ыырбын тохтотон, урут истибит буоламмын, «торбуйах абааһыта мииммитин» сэрэйэн, ыстааммын устан эппиттэрин курдук «эмтээн» баран, салгыы ынахпын ыатым. Син өр кэтэспитим эрээри, торбуйаҕым холкутук турда. Торбуйаҕым мөхсөр кэмигэр ынаҕым тугу эрэ көрөр, сибикилиир этэ, онтон «эмтээбитим» кэннэ, кыһаммат буолбута. Арай бу туһунан истибэтэх, эбиитин итэҕэйбэт буолуум, дьыала хайдах буолан тахсыан дьэ билбэтим. Дьэ, ити курдук дьиктилэр билигин да бааллар. Уустаайы. «Сахаада» хаһыат 1991 сыллааҕы нүөмэриттэн. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан