Кэпсээ
Войти Регистрация

Үөр буолбут эмээхсини көрбүт

Главная / Кэпсээн арааһа / Үөр буолбут эмээхсини көрбүт

K
06.06.2024 14:43
   Эһэм оҕонньорго «былыргыны кэпсээ» диэн көрдөстөхпүтүнэ, ол-бу номоҕу-үһүйээни кэпсиирин быыһыгар уол оҕо сылдьан таһынааҕы алаас абааһытын – үөр буолбут эмээхсини – көрбүтүн туһунан ахтан ылааччы. Кэлин кырдьан, түөһэйэн да буолаахтыа, араас кэпсээни кытары алҕас бутуйан кэпсиирэ. Онон ол иннинэ хайдах кэпсээбитинэн, тугу өйдүүрбүн быһыта-орута тириэрдэ сатыам.          Эһэм аах улааппыт алаастарыгар кыра көлүйэ баара үһү. Онтукалара кэлин уолан хаалан, аттынааҕы алаастарын ааһан, син чугас соҕус сиртэн баһан аҕалаллар эбит. Бииргэ төрөөбүт түөрт уол уонна икки кыыс эбит. Уолаттар бэйэ-бэйэлэригэр сэлээннэспэтиннэр диэн, биир-биир уочаратынан ыыталлар эбит. Чугас баар алаас иһинэн дьон-сэргэ сылдьыбат, ол иһин быһалаа­бакка, тыанан эргийэн баралларыгар тиийэллэр. Тоҕо быһалаабаттара бу курдук ис хоһооннох.    Эһэм аах төрүөхтэрин иннинэ ол алааска сэниэ соҕус ыал олорбут. Барыта баар курдук эрээри, оҕолоро суох эбит. Кэлин ойуун ыҥыран кыырдаран оҕолоно сылдьыбыттар эрээри, уһаабаттар эбит. Биэс саастарын ааһыыта, сороҕор туолбакка да сылдьан, дэҥнэнэн-оһоллонон эбэтэр ыалдьан эрдэ суорума суолланан испиттэр. Кэпсииллэринэн, ойууҥҥа ситэ «төлөспөккө», өһүргэтэннэр, мыыннараннар, оҕолорун сиэтэлиир буолбут. Ол курдук оҕолоро суох сааһырбыттар. Оҕонньор эрдэ олохтон туораабыт. Эмээхсин чороҥ соҕотох олорон, хараарчы иирэн хаалбыт, кэлин бэйэтигэр тиийиммитин ким даҕаны куттанан чуга­һаабакка, этэ-сиинэ сытыйан, ууллан түспүтүн, кырамтата эрэ хаалбытын кэннэ булбуттар. Ону ким даҕаны «ойуун сиэбит киһитэ» диэн тыыппат эбит. Эгэ, хомуйан ылан көмүөхтэрэ дуо? Кэлин «үөр буолбут үһү» диэн сурах-садьык тарҕаммыт, эһэм аахха тохтоон ааһар дьон «эмээхсини көрдүбүт, дьиэтигэр ыҥыра сатаата», «эмээхсин батыһар», «балаҕантан киһи өҥөйөрүн көрдүбүт» диэн кэпсээннээх хоноллоро. Кэлин алааһы тумна ааһар, ырааҕынан эргийэр буолбуттар. Үксүн соҕотох сылдьар дьон көрбүт буолаллара үһү. Ону эһэм убайдара итэҕэйбэккэ, «куттанар буолан, харахтарыгар оҥорон көрөллөрө буолуо» дэһэллэр эбит да­ҕаны, киһи эрэ күлүөх, бэйэлэрэ ол алааһынан ааспаттар эбит.    Биир күн эһэбит уу баһар уочарата кэлбит. Сарсыардаттан былыттаннар да, ардах түһүөхчэ түспэтэх. Баҕар, ардах түһээрэй диэн күүтэ сатаабыт даҕаны түспэккэ, сол курдук халлан хаалбыт. Быстыа дуу, ойдуо дуу, ыаҕайатын туппутунан айаннаабыт. Алааһы тумнан, эргийэ барыан сүрэҕэлдьээбит, букатын хараҥарыаҕа диэн санаан, алааһы таарыйардыы санаммыт. Эһэм барахсан өтөх диэки хайыспакка, аҕылыы-аҕылыы түргэнник хаампыт. Арай ол иһэн хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, туох эрэ маҥан аалыҥныыра-элэҥниирэ көстөр эбит. Сөрүүн күн да буоллар, эһэм уу чоккурас буолуор диэри көлөһүн аллыбыт, уҥуоҕа халыр босхо барбыт. Алааһы ортолуор диэри ол маҥан элэҥнээбитин тулуйбакка, хайыһан көрбүтүн өйдөөмүнэ хаалбыт. Арай, доҕоор, мааны таҥастаах, олус сэнэх көрүҥнээх, маҥан былааты бааммыт эмээхсин мичээрдиин турар эбит! Уол хайыспытыгар ымах гыммыт уонна кэл диэн ыҥырар үһү. Эһэм часкыйбатах даҕаны, ыаҕайатын элээрдээт, төттөрү балаҕанын диэки сүүрэ турбут. Тиийэн өр саҥарбакка сылдьан баран, кэлин ытыы-ытыы кэпсээбит. Ол кэннэ иккиэ буолан уу баһар буолбуттар.    Сиҥнэллибит балаҕаҥҥа соҕотох­суйбут, дьолу билбэтэх эмээхсин үөрүн туһунан хойукка диэри кэпсииллэрэ үһү. Билигин хайдах-туох буолбута буолла?.. ӨЈтөхсүйэн, ким эмэ ааһарын манаан-кэтэһэн турдаҕа... Тарҕат:
kyym.ru сайтан