Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сөмөлүөт эмиэ көппөтө...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сөмөлүөт эмиэ көппөтө...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
06.06.2024 14:40
Быһаас, үөрэх дьыла түмүктэммитин кэннэ, икки нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ идэни үрдэтэр кууруска сылдьыбытым. Инньэ гынан уоппускам биир оччо уһаан биэрэн, дойдубар, хата, кустаан, сир астаан (өссө аймахтарбар отторугар көмөлөспүтүм) бэркэ табыллыбытым. Ол эрээри, хайа муҥун, киһи барыта үлэҕэ-сырыыга умса түспүтүн кэннэ тугу гына саах тэбэ сылдьыамый – Хоптолоохпор (Уһук Хоту биир кырыы нэһилиэгэр) айанныыр санааламмытым. Кус, сир аһа, балык, дьэ, ол дойдуга баар! Төһө кыайаргынан кустаа, моруоскалаа, отонноо, көмүс хатырыктааҕы илимнээ. Ол эрээри төрөөбүт дойду барахсан, булда-алда уруккутун курдук дэлэйбэтэр даҕаны, ахтылҕанын оҕоккото сыттаҕа эбээт! Оҕо сылдьан кустаабыт көлүччэлэргэр тиийэн кэллэххинэ, барахсаттарыҥ, эйигин кытта тэҥҥэ үөрбүт-көппүт курдук, күн уотугар дьирибинии оонньууллара, ама, туохха тэҥнэһиэй?! Дьокуускайга эдьиийим аахха кэлбитим – биир кэм оскуолаларын айдаана! Кыргыттара, хата, арыый үрдүкү кылааска үөрэнэр буоланнар, бастакы кылааска саҥардыы киирэр оҕо курдук буолуохтара дуо, төһө эмэ холкулар. Ол да буоллар, дьүөгэлэриттэн хаалсымаары, туох эрэ муодунай таҥаһы кэппит киһи диэн ымсыыра саныыллара дьүһүннэригэр көстөр. Оттон мин, алта саастаах сыыҥтай, бастаан ньолобуой кылааска үөрэнэ киирэрбэр ийэм миэхэ туруусук, ырбаахы тикпитин билиҥҥэ диэри саныыбын. Оскуолаҕа киириэхпэр диэри туруусук диэни саараама кэппэтэх бэдик, үөрэнэ барар күммэр сарсыарда эрдэ туран онтубун кэтээт, сонно үөрэнээччи курдук санаммытым, оттон саҥа күөх ырбаахыланан баран, хамыһаар кэриэтэ хантаччы туттан хаамыталаабытым. Балаҕан ыйын 1 күнэ. Дойду үрдүнэн хас эмэ мөлүйүөнүнэн оҕо, учуутал оскуолаҕа бараары тиргиллэр кэмэ. Ол аата, омуннаахтык тэҥнээтэххэ, оччо киһи күргүөмүнэн үлэҕэ тахсар сахсаана. Дьэ, оннук да буолан, били, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, уоппускам күнэ төһө эмэ баарын үрдүнэн букатын чиэски дойдуга – Хоптолоох аҕыс кылаастаах оскуолатыгар – айаннаан аарыгыран истэҕим. Хоту дойду, кырдьык – арамаантыка дойдута. Аҥаардас уйаара-кэйээрэ биллибэт күөллэрин да ылан көр! Сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн аллара көрдөххө, сир-дойду барыта өстүөкүлэ кыырпахтара ыһыллан кылабачыһа сыталларын курдук. Аата, элбээбиттэрин баҕаһын! «Иэгэйэр икки атахтаах обургу тугун сөбүлээн маннык түҥкэтэх дойдуну булбут баҕайытай?» диэххин баҕарталыыгын. Ол эрээри олох күөстүү оргуйар, олохтоох дьон аан дойду килбэйэр киинэ манна баар диэн саныыллара чахчы. Түҥ былыр бултаан-балыктаан, таба, ыт миҥэлэнэн, кэлин өссө кыраман ыраахтан ынах-сылгы сэтиилэнэн кэлэн, сыспай сиэллээҕи сырыырҕаттахтара, хороҕор муостааҕы хойуннардахтара. Оҕо-уруу төрөтөн, кэнчээри ыччат кэскилин төрүттээтэхтэрэ. Ол барыта Үөһээттэн үөтүүлээх, олохтоох оҥоһуулаах буолан. Бу сири чахчы сөбүлээн, таптаан олохсуйдахтара эбээт! Оттон киһи барахсан айылҕата тардан, ууһуура-тэнийэрэ ыраахтан буолуо дуо?! Хоптолоох аҕыс кылаастаах оскуолатыгар бэйэм тылланан былырыын тиийбитим. Олохторо-дьаһахтара, сиэрдэрэ-майгылара киин оройуон киэнин курдук буолбатах, чахчы, ураты. Ону субу курдук майгыннаспат өрүттээхтэр диэн, тарбахпын бүк баттыы-баттыы этэр кыаҕым суох эрээри, чыҥха атыттара баҕас чуолкай. Биир сыл кэриҥэ үлэлээн, хоту дойду олоҕо хайдаҕын син биллэҕим, ол эрээри холостуой киһи диэтэххэ, ханыы тардыһар, хоойго сытар холоонноох доҕору булар чааһыгар адьас быстан түспүт быһыылаахпын. Кыыс суох диэҕи – кырыы-кырыытынан. Бүрэ буоламмын, кый ырааҕынан тумналлар диэҕи – кэпсэтэ сатааччы хара баһаам. Дьиҥэр, күөх оту тосту үктээбэт оҕочоос буолбатахпын, аармыйаҕа икки сыл сулууспалаан кэлбит, үнүбэрсиэккэ кэтэхтэн үөрэнэр эрдьигэн этим эбээт! Арааһа, сэрэнэр-сэрбэнэр кыдьыгым мэһэйдиир быһыылаах. Маҥнай кэлээтим утаа «биэс сүүсчэкэ киһилээх дьоҕус бөһүөлэккэ кыра да тыас ньиргиэрдэнэн иһиллэр» диэн, оскуолабыт боропсойууһун тойоно күөйэ эппитэ өйбөр хатаммыта оччо эбитэ буолуо. Дьэ, иккис сылбар туох эмэ буолан көрүллүө диэн, добуочча кытаанах санааланан кэлбитим баара, миэнэ миэнин курдук, ол дойдуга күн-дьыл туруга мөлтөх, курулас ардах, погуода суох диэн, хаһыс эмэ күммүтүн көтүппэтилэр. Бүгүн эмиэ төннөн таҕыстым. Субуоталаах баскыһыанньаҕа сөмөлүөт көппөт күнэ, онон бэнидиэнньиккэ диэри туос иллэҥ буолан хааллым. Эмиэ эдьиийим аахха тиийэн кээки буолуох муҥум дуу, өрөбүлгэ диэри, саатар, ханна эрэ чэрчийэ түспүт киһи диэн санаа көтөн түстэ. Кырдьык даҕаны! Атаһым Дьаргыалай баар этэ дии! * * * Дьаргыалайдыын аармыйаҕа биир чааска сулууспалаабыппыт. Ол эрээри кини мин тиийиибэр хайыы үйэ биир сыл сулууспалаан, номнуо «старик» аатыран сылдьара. Ефрейтор сыбаанньалаах, эбиитин нууччалыы бэркэ кутар-симэр, онтун ааһан гитараҕа оонньуур, ыллыыр буолан, оруотаҕа балай эмэ «ыйааһыннааҕа». Инньэ гынан добуочча дурда-хахха буолан абыраабыта. Өйөһөн-убаһан бэркэ сылдьыбыппыт. Нуучча кыргыттара да бэркэ иҥээҥниир этилэр. Сыл курдугунан киһим диэмбэллэнэн дойдулаабытыгар куһаахан буолан ылбытым, бэркэ чуҥкуйуох киһи, хата, бэйэм «старик» аатырбытым. Аармыйа кэнниттэн үнүбэрсиэт саха тылын салаатыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим. Биирдэ үһүс кууруска сылдьан алҕаска Дьаргыалайбын көрсө биэрбитим. Хайа-хайабыт соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө. Онтон нум-нам буолан баран, табаарыһым дьиэтигэр илдьибитэ. Оптуобуһунан айаннаан иһэн кэргэннэммитин, Сайсары түөлбэтигэр биир хостоох кыбартыыраҕа олороллорун кэпсээбитэ. Кэргэнэ Ливадия, отутун лаппа ааспыт, табаарыспыттан да, миигиттэн да быдан аҕа дьахтар, буспут моонньоҕон курдук хап-харанан көрбүт барахсан, утары хааман кэлэн, илии тутуһан дорооболоспута. Долгулдьуйар хара баттаҕа, айылҕаттан хойуу хааһа, чахчы, кырасыабайын бигэргэтэллэрэ. Санаабар, эттиин-сиинниин сымнаҕас, киһи имэрийэн, тутан-хабан барыах айылааҕа. Ол киэһэ саалаҕа, дьыбааннарын таһыгар, похуот орону оҥорбуттарыгар син додо курдук испит-аһаабыт киһи быһыытынан, сытаат, сонно утуйан бырылатан хаалбыт этим. Түүн уһуктан, ханна-ханна сытар баҕайыбыный диэн эргим-ургум көрбүтүм – дьыбаан бэтэрээ кытыытыгар быһыы-таһаа мааны дьахтара кылбайыаҕынан кылбайан сыппат үһү дуо?! Мин соһуйан, дьик гына түспүтүм. Онтон биирдэ өйдөөбүтүм: табаарыспар кэлэн хоно сытар эбиппин. Уолум дьыбаан улаҕа өттүгэр түһэн, бэйэбинээҕэр кытаанахтык утуйан хаалбыт. Таһырдьааҥҥы лаампа уота сааланы үчүгэйдик сырдатара. Мин тамаҕым куура хатыар диэри олус утаппыт эбиппин. Сэрэниэхпинэн сэрэнэн, ороммуттан турбутум – дьахтар суорҕанын олоччу эрин диэки сыҕайан кэбиһэн баран, сыбыс-сыгынньах бу туналыйан сытар! Тэрэгэр эмиийдэрин тумуктара чөрөспүттэр аҕай, оттон киинин харыс курдук аллараа өттүнэн үс муннуктуу быһыылаах хойуу «үүнээйитэ» ымсыырдыбыт-баҕардыбыт курдук, бу харааран көстөр. Хаарыаны! Мин чочумча таалан турдум, чабырҕайым чыбырҕаччы кэйиэлээтэ, онуоха эбии бэҕэһээ киэһэ балаччаны «кылк» гыннарбытым эбиилэһэн, сүрэҕим бүллүргэччи тэбиэлээтэ. Маннык аҥайан турар сүрүкэтэ бэрт буолсу, оргууй аҕай талбаарыҥнаан, куукунаҕа сытырдаан тиийэн, купсуунтан уу иһэн киллиргэттим. Арыый уоскуйа быһыытыйан баран, ороммор тиийиибэр дьахтар эрин диэки хайыһан, суорҕанынан саптыаҕынан саптан сытара. * * * Дьонум үлэ чааһын кэнниттэн хойутуу дьиэлэригэр кэлиэхтэрэ диэн, куоракка хас да маҕаһыыҥҥа сылдьан, эбиитин «көрсүһүүгэ» анаан биэс сулустаах ханньаак ыллым. Оптуобуһунан туох да мунааҕа суох айаннаан, аадырыспар кэлэн, ааннарын субонуоктаатым. Чочумча буолан баран, аан таһыгар атах тыаһа иһилиннэ, аан кылатарынан көрөн киммин биллилэр быһыылаах – сонно астылар. Көрбүтүм – Ливадия! Дьахтар өссө тупсубут көрүҥнээх, биир кэм күөгэлдьийии. «Бачыыҥкаҕын манна уһул, кууркаҕын итиннэ ыйаа, бу таапачыканы кэт», – диэн кутугунайбытынан барда, өссө иэдэспиттэн уураан чоп гыннарда. Дьиэлээх хаһаайка маннык истиҥник көрсөр буоллаҕына, эгэ, табаарыһым кэллэҕинэ, букатын да күннүүр эбиппит диэн санаа охсуллан ааста. Саалаҕа киирэн, били дьыбааҥҥа олорон кэпсэтии-ипсэтии буолла. Сиэр быһыытынан олох-дьаһах, доруобуйа, үлэ-хамнас туһунан сураспытынан бардым. Онтон «табаарыһым Дьаргыалай үлэтигэр тардылынна дуу, тоҕо хойутаата?» диэн ыйыппыппар Ливадия ах баран ылла, ол кэнниттэн: – Пахаай, ол обургу миигинньик кырдьаҕас киһини кытта олорууһу дуо, быһаас биир ырыаһыт кыыһы кытта холбоһон, хайа эрэ оройуоҥҥа көспүттэрэ-ээ, – диэн унаарытта. Мин тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, мах бэрдэрэн хааллым. Били, субу аҕай күлэ-сала олорбут киһи дьүһүннүүн да уларыйбыт буолуохтаахпын. Онон хайдах-туох буоларбын билбэккэ олордохпуна, хаһаайка илиибин тутан ылла. Сылаас сымнаҕас тарбахтарынан ытыспын ылан түөһүгэр даҕайда уонна: – Сүрэҕим барахсан хаһан да алҕаһаабат, тутан да көр хайдах курдук тэбэрин. Эйигин кэлиэ диэн испэр саныыр этим, – диэн баран, ыга сыстан уоспуттан уһуннуук да уһуннук уураабытыгар, мэктиэтигэр, уйадыйталыах курдук буоллум. Үлтү бутуллан, иннибин-кэннибин да быһаарыммат буолан олордохпуна, хата, хаһаайка: – Тыый, ыалдьыппын чэйдэппэккэ да олорор эбиппин буолбаат. Кэл, куукунаҕа киириэх, – диэн баран, аһын-үөлүн тардыбытынан барда. Мин, тоҕоос көстүбүччэ, суумкабыттан ханньаакпын таһааран остуолга уурдум... * * * Сибэтиилинньик имик-самык сырдыгар биэс сулустаах ханньаак барахсан эппин-сииммин көрбүтүнэн киирбитэ, имэҥи-дьалыҥы бэркэ күөртээбитэ. Дьыбааҥҥа сытан таласханнаах кэммит бу тиийэн кэлбитин өйдөөбүтүм. Ливадия моонньубуттан кууһан, инчэҕэй уоһунан ууруурун быыһыгар сибигинэйэ былаан саҥара сыппыта: – Олоххо туох барыта соһуччу буолааччы. Эн оннукка куруук бэлэм сылдьыахтааххын. Дьаргыалай миигиттэн атырдьах салаатыныы арахсан барбытыттан соһуйбатаҕым, оннук буолуохтааҕа эрдэттэн биллэр этэ... Чэ, ити хааллын, ааспыт ааспытынан. Миигин содур дьахтар дии саныырыҥ буолуо. Баҕар, кырдьык, оннугум буолуо. Тоҕо эбитэ буолла, эдэр дьону кытта таптаһыахпын олус баҕарабын. Били, бастаан хоммут күҥҥэр түүн уу иһээри турбутуҥ дии, өйдүүр инигин? Дьиҥэр, онно харахпын ончу симмэккэ сыппытым, оттон Дьаргыалайым оччолортон «уҥа-хаҥас» сүүрэрэ, онон сарсыардааҥҥа диэри тэбэн көрбөккө утуйбута. Эн оронуҥ таһыгар балачча өр одуулаан турбутуҥ ээ. «Саатар, тарбаҕынан таарыйан, тутан көрөөрөй» диэн, соруйан суорҕаммын арыйан сыппытым. Куукунаҕа барбыккар чуут батыһан тиийэ сыспытым сыбыс-сыгынньаҕын. Оннук баҕарбытым ол түүн. Оттон билигин баҕас эн миэнэҕин. Сарсын эмиэ күнү супту, өйүүн кытта. Кыыс-дьахтар аймахха сыста иликкин бэркэ билэбин. Ол миэхэ олус үчүгэй. Сөмөлүөтүҥ көппөтөҕө үчүгэйиин!.. БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан