Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тулабыт иччитэх буолбатах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тулабыт иччитэх буолбатах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
19.08.2021 15:46
Аатырбыт учуонай Альберт Эйнштейн абааһы, сибиэн баарын итэҕэйэр этэ диэн, быһа бааччы бигэргэтэр кыах суох. Ол гынан баран АХШ уйулҕа үөрэхтээҕэ, "Охотники за привидениями" кинигэ ааптара Джон Качуба: "Эйнштейн “теории относительности” түөрүйэтигэр олоҕуран, киһи өлбүтүн кэннэ олоччу симэлийэн хаалбат, эниэргийэ материята хаалар”, – диир. Эйнштейн тулалыыр эйгэ бүүс-бүтүннүү көстүбэт бэссэстибэнэн туолан турарын этэрэ. Өскөтүн оннук буолбатаҕа эбитэ буоллар, физика сокуонунан дакаастаммыт гравитация уонна сырдык да тарҕаныыта диэн суох буолуо этэ диир Качуба. Качуба ол эниэргийэни бокуонньуктан тахсар “эфир” диэн быһаарар. “Киһи аһыырын тухары үүнээйи уонна кыыл сылаас эниэргийэтин бэйэбит киэнигэр кубулутан, биологическай элэктэриичэстибэ курдугу оҥорон таһаарар. Ол “эфир” сүрэҕи, тыҥаны үлэлэтэр буолан, биһиги тыынар, хамсанар кыахтанабыт. Оттон ол эниэргийэ киһи өллө да, таһыгар тахсан, тулалыыр эйгэҕэ (салгыҥҥа) тарҕанар. Тарҕанан эрэ хаалбат, материяны кытта холбоһон, эбии толорон биэрэр”, – эбит. Качуба тулалыыр эйгэҕэ туох эрэ, дьикти таайыллыбатах баарын туһунан чахчылар, саҥаттан-саҥа сибидиэтэллэринэн хаҥаан иһэрин ыйар. Сарбыдахтаах абааһы Ол курдук, Кент диэн 73 саастаах Херни Бэй куорат олохтооҕо эмээхсин “дьиэбэр элбэх баҕайы сарадахтардаах (шупальцы) осьминог курдук баҕайы баар” диэн үҥсэргиир эбит. Барахсан сатаан утуйбат да буола эрэйдэнэн, олохтоох былаастарга үҥсэргии тиийбитэ бэлиэтэммит. Оронугар сыттаҕына ол баҕайы сарбынньахтарынан таарыйар үһү. Биирдэ олох да суорҕанын ылан, сиргэ элиппит. Чэ, наадыйарын ыллаҕына тохтуо дии санаабыта, пахай, били биллибэт күтүрэ, аны, матарааһын тардыаласпыт. Ылан иһин орообут. Кырдьаҕас хайыа баарай, саҥа матараас ыларга күһэллибит. Ол онтун да, били, баҕайыта тардыалаһар үһү. Эмээхсин эрэйдээх “Илэ өйүнэн итэҕэйэргит уустук буолуо гынан баран, олох баарын этэбин. Сымыйалаабаппын, кырдьыгы этэбин диэн”, туох баар күндүтүк саныыр дьонунан андаҕайар үһү. Абааһылаах бар Ол курдук, Сиэтлга түстэммит «Kells Irish Pub» диэн бар эмиэ абааһы барыҥнас сиринэн аатырар. Бу бар олохсуйбут сирэ уруккута морг эбитэ үһү. Сорох хорсун, дьээбэ дьон пиибэ эрэ иһэр туһугар буолбакка ол абааһытын харахтаары ити сиргэ сөбүлээн сылдьаллара кэпсэнэр. Холобур, бардаах хаһаайын балта Карен Макалис синньигэс илиитин бинсээгин сиэбигэр уктубут эр киһини көрбүтүн, онто көрөн турдаҕына, салгыҥҥа суураллан хаалбытын кэпсиир эбит. 2010 сыллаахха «Travel Channel» теле-ханаал үлэһиттэрэ ону дьиктиргээн, бары уста сылдьыбыттар. Уһуллубут кассетаны холбоон көрбүттэрэ, кирилиэс аллараа үктэлигэр оҕо олорор буолан хаалбыт. Ону баара, устуу кэмигэр биир да оҕо онно суох эбитэ үһү. Ону тэҥэ киинэҕэ устааччылар иккис этээскэ, ким да суох эрдэҕинэ атах тыаһын истибиттэрин кэпсииллэр. Аһас ыалдьыт Азербайджан Геокчайдааҕы оройуонугар олохтоох Гулиевтар дьиэ кэргэҥҥэ бэрт дьикти быһыы-майгы бэлиэтэнэр эбит. 2011 сыл от ыйыгар ким да туора киһи сылдьыбатаҕын үрдүнэн, халадьыынныкка укпут сымыыттара, остуолга уурбут фрукталара сүтэр идэлэммит. Сүппүт ас тобоҕун сорҕото тиэргэҥҥэ сытар буолар үһү. Биирдэ муостаҕа уурбут барыанньалара сүппүт. Бастаан утаа сыр-мыр ас сүтэригэр аахайбат курдук сылдьан баран, чаастатыйан барбытыгар бэрэбиэркэлээри остуолга сымыыт уурбуттар. Онтулара сымыыт хаҕыгар туох эрэ сурукка дьүөрэлиир баар буолбут. Таҥара дьонун ыҥыран ыраастатан көрбүттэр да туһа суох. Дөрүн-дөрүн син биир, били, “кып” гынааччылара баарын биллэрэр, кинилэртэн үллэстэрин тохтоппот үһү. Ити курдук, бэрт элбэх холобуру 2012 сыллааҕы “«Интересная газета. Невероятное» 9 нүөмэрэ элбэҕи биэрбит. Дьиибэ. Олохтоох абааһылар Ыраата барбакка, бэйэбит испититтэн да биллибэт күүһү, абааһыны көрбүт дьону балай эмэ булуохха сөп. Мантан аллараа билэр дьоммуттан тугу эрэ, абааһыны эҥин, көрбүккүт буолаарай диэн ыйыталаспыппар манныгы кэпсээтилэр. Дмитрий Васильев: – Бүлүү улууһун Кыргыдайыгар Алаас диэн сиргэ бултуу тиийэн баран, былыр учаастак турбут сиригэр сылгыһыттар дьиэлэрэ баарыгар тохтоотубут. 2001 сыл эргин быһыылааҕа. Үһүөбүт. Кус ытарга быһаарынныбыт. Дьонум атын, тэйиччи күөллэргэ дурдалана бардылар. Мин, оннооҕу сири-уоту билбэт киһи, аттынааҕы күөлгэ бултуур буоллум. Син кустаатым. Чэй өрүнэн аһаатым. Кыратык сынньана түһэргэ сананан, быыс кэннигэр турар ороҥҥо киирэн сыттым. Бэрт сотору киирэр аан арылла түстэ. Мин дьонум кэллэхтэрэ дуу диэн, ороҥҥо олоро түстүм. Сытар сирим быыһынан көрбүтүм, арай дьахтар киирэн турар. Төттөрү сытынан кэбистим. Дьахтарым сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук анараа эҥээргэ тугу эрэ гынна. Тыаһа, хаамара иһиллэр... Туох муода дьахтарай диэн ыйыталаспытым, итиннэ кинини наар көрөллөр үһү. Сороҕор 4-5 саастаах уол оҕону батыһыннара сылдьар буолар дииллэр. Дьону тыыппыта, улаханнык куттаабыта иһиллибэт. Тыаһын истэллэр эбэтэр көрөллөр эрэ эбит. Владислав Коротов: – Абааһы диэннэрин 1997 сыллаахха көрөн турабын. Оччолорго кыыспын кытта билэр дьоммут даачаларыгар олорор этибит. Арай биир түүн эмискэ уһуктан кэлбитим, эмиэ да түүлүм курдук, быһата бэрт дьикти турукка сыттахпына, баттаҕын ыспыт биир эдэр дьахтар ороммор кэлэн олорунан кэбиспитэ. Кыыһым ол дьахтары эмиэ хаста да көрбүт эбит. Кэлин истибитим, ол даача дьиэтин илин эҥээр улуустан көтүрэн аҕалан, манна саҥалыы туппуттар. Сураҕа, ол антах турдаҕына, дьиэ хаһаайката, эдэр дьахтар, бэйэтигэр тиийинэн суох буолаахтаабыт. Онон бу сиргэ дьикти, таайыллыбатах таабырын элбэх быһыылаах. Светлана Таайкуо: – 2010 сыллаахха оҕобун ыарахан сылдьан Медкииҥҥэ икки ый курдук “сохранениеҕа” сыппытым. Этэргэ дылы, сыппытым да уһуна, дьиэтийэ сыспытым. Карантин буолан дьахталлар киирэллэрэ тохтоон, ыарахан туруктаахтары эрэ ылар буолан барбыттара. Онон сорох балааталар кураанах аҥаһан тураллара. Ахсааннаах дьахтар хаалан, ыкса билсибиппит. Арай биирдэ, сарсыныгар мин бүтэн тахсыахтаах этим, балаатабытыгар иккиэ буолан, өргө диэри утуйбакка ону-маны, буолары-буолбаты сэлэһэ сыттыбыт. Түүнүн көрүдүөр анараа уһугар дьуһуурунай хос уота эрэ ыраахтан сырдаан көстөр. Чугаһынан уоттаах балаата суох. Борук-сорук. Биһиги күлүүбүт-үөрүүбүт – биэс. Дьэ, онтон аан таһыгар киһи кэлэр тыаһа иһилиннэ. Аан тутааҕын хамсатта, онто хайдах эрэ тарбаан эрэр курдугун дьиктиргии быһыытыйдым. Биһиги бастаан утаа саҥабыт улахан буолан, арааһа, ньээнньэ эбэтэр сиэстэрэ буойа кэллэҕэ дуу дии санаатыбыт. Аан сыыйа аһылынна, көрбүппүт, аан тутааҕар эрэ тиийэр уһуннаах, 5-6-лаах кыыс оҕо хара күлүгэ киириэхчэ-киирбэккэ биһигини көрөн турбахтаата. Төрүөхтээх дьахталлар балыыһаларыгар хантан оҕо кэлиэй. Биһиги куттанан, соһуйан да хаалан буоллаҕа, олох хамсаабаппыт. Саҥа да сатаан таһаарбаппыт. Чочумча оннук туран баран, ааны сабан, барбыта. Ол онно эрэ тэбис-тэҥҥэ: «Көрдүҥ?!» — бөҕө буоллубут. Мэктиэтигэр, туонустуу сыстыбыт. Күлбүппүт-үөрбүппүт ханна да суох. Бэрт сотору кыыһым хабаҕырбытын эттэ. Хат сырыттахха, хабаҕырыы мучумаана буолар дии. Тулуйар кыаҕа суох. Аны туалет балаатаҕа буолбакка, таска баар. Куттана-куттана, таҥнан таҕыстыбыт... Көрүдүөргэ ким да суох. Чуумпу. Сиэстэрэ сарсыардааҥҥы укуолу биэрэ кэлбитигэр ыйыталаһа-токкоолоһо көрүстүбүт. Тугу-тугу туойан эрэргит буолла диэбиттии, сонньуйан эрэ кэбистэ. Иккис симиэнэ сиэстэрэтиттэн эмиэ ыйыталастыбыт. Бу тухары хайдах эрэ абааһыны көрбүппүтүн итэҕэйиэхпитин баҕарбат курдукпут. Ол сиэстэрэбит эмиэ соччо аахайбатахтыы: «Манна оҕо абааһыта баар. Көрөөччүлэр. Оттон өлбүт оҕо кута буолуо. Санаан да көрдөххө, аборт бөҕө оҥоһуллар, оҕо да өлөөхтүүрэ ханна барыай”. Оччолооҕу истэн баран, мин туох эрэ куһаҕан буолуо, мээнэҕэ көстүбэтэх буолуохтаах диэн, дьаарханан бардым. Сиэстэрэм уоскутар: "Ээ, көннөрү эбэтэр, төттөрүтүн, үчүгэйгэ көстөн аастаҕа. Эн манна дьиэтийэ сыстыҥ дии. Үөрэннэҕэ. Быраһаайдаһан аастаҕа”. Эдэр сылдьан иккитэ абааһылаах дьиэҕэ олоро сылдьыбыттаахпын. Ити илэ көрбүппүт кэпсээтим. Аны абааһыны көрбөтөх киһи-ии. Ольга Саргыдаева: – Мин устудьуоннуур кэммэр, сайын каникулбар тахса сылдьан көрөн, олус куттанан турабын. Иннибинэн аттаах киһи баран эрэрин көрөн, чаһы хас буолбутун ыйытааччы буоллум. Киһим киһи эрэ саҥарда, ыйытта диэн аахайбат, бара турда. Дьэ, онно эрэ өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, киһи былыргылыы сонноох, курдаах этэ. Ыркый ойуур иһинэн бара турбута. Онуоха биир да мас лабаата дьөрү хамсаабатаҕа. Кутталбыттан дьиэбэр биир тыынынан сүүрэн кэлбиппин саныыбын. Валерий Федоров: – Хас да сыллааҕыта, кыбартыыраҕа соҕотоҕун олорор эрдэхпинэ, улаҕа диэки хайыһан, ону-маны саныы, толкуйдуу, дьыбааммар сыттым. Ол сыттахпына, кэннибэр ким эрэ кэлэн сытыһарга дылы гынна. Этим сааһа аһыллан, көхсүм тымныйан барда. Эргиллиэхпин баҕарабын да, хайдах эрэ саллабын. Оннук саҥата суох сытан, устунан утуйан хаалбыт этим. Аны, дьиктитэ диэн, хайдах эрэ утуйар-утуйбат курдук сытан, хаста да испиттэн тахсан, бэйэбин бэйэм, дьиэм иһин кэрийэн көрөөччүбүн. Түннүк холуодатыгар туран — таһырдьаны, эргиллэн ороҥҥо сытарбын көрөбүн. Илиибин саратан, кытаанахтан тирэнэн баран, өстүөкүлэни курдаттыы тахсан, балай эмэ үрдүк сиртэн Чурапчыбын, ойууру-тыаны, алааһы, суолу кэрийэ көтөөччүбүн. Соннук эмиэ түннүгүнэн төттөрү киирэн, ороммор сытынар курдук буолабын. Дьэ, ол кэнниттэн түүн ортото дьиҥнээхтик уһуктан кэлбиттээхпин. Андриан Николаев: – Абааһылар илэ бааччы көстөллөр. Иччилэр эҥин буолбатах. Үгэс курдук, сотору ким эмэ өлүөх буоллаҕына көстөр. Ийэм биирдэ уулуссаҕа хаама сылдьарын көрбүт этэ. Эбэбит олох да абааһылары кытта илэ кэпсэтэр курдук буолааччы. Хорулаҕа биирдэ ыалга дьукаах олорбуппут. Онно кырдьаҕас эмээхсин баара. Биир түүн киниэхэ көстүбэт илэ-бодо кэлбит этэ. Сотору буолан баран, эмээхсин өлбүтэ. Абааһыттан атын Павел Кириллин: – Илэ хаһан да көрбөтөҕүм. Ол эрээри туох эрэ баарын бүтэйдии сэрэйээччибин. Дьэ, аҕам, кадровай булчут, бэриэтчиттээх этэ. Онон ыраахтан хаһан кэлэрин эндэппэккэ билэн олорооччубут. Оҕо сылдьан, өйдөөбөт эрдэхпитинэ, аан аһыллар, сыарҕа, таба туйахтарын тыаһын иһиттибит эрэ кэрэх тахсан, аҕабытын көрө сатыыр буоларбыт. Ийэбит мүчүҥнээн эрэ кэбиһэрэ. Кэлин билэр буолан, буолуохтааҕын курдук ылынан, аахайбат, хата, аҕабыт кэлэригэр бэлэмнэнэр буоларбыт. Биирдэ арай, улааппыппыт кэннэ, ийэбит ыалдьан, сытынан кэбистэ. Кинини көрсө дьүөгэтэ кэлэн, кэпсэтэ олордулар. Ол кэмҥэ таһырдьа түннүк аннынан эмиэ табалаах киһи кэлбит тыаһа иһилиннэ. Дьүөгэ дьахтар, хата, аҕаҕыт оруобуна кэллэ диэн, үөрэ түстэ. Хантан кэлиэй, суох буоллаҕа. Ону билэн баран кини олус да куттаммыта. Саҥата суох тэлэгириэйкэтин кэтэ охсоот, бэрт тиэтэлинэн дьиэтигэр ойбута. Тустаахха куттал буоллаҕа. Оттон биһиэхэ кини олус куттаммыт сирэйин, хамсаныытын көрөр көрүдьүөс этэ. * * * Дьэ, ити курдук, орто туруу-бараан дойдуга киһи эт мэйиитинэн ылыныан, билиниэн баҕарбата, билбэтэ билигин да баһаам. Ол иһигэр, кэпсиир абааһыларбыт эмиэ. Оччотугар бу көрөрбүт-истэрбит барыта Эйнштейн арыйыытыгар этиллэр эниэргийэ мунньуллуута эбитэ дуу? Буолуо ээ. Аны ону киһи эрэ барыта көрбөт. Аһаҕас эттээхтэр, көрбөтү көрөр харахтаахтар барыталлар. Ол эмиэ да үчүгэй, сорох баҕас абааһылара диэни көрдөҕүнэ, сонно таҥаралыыр ини. Балаһаны бэлэмнээтэ Лоһуура.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан