Кэпсээ
Войти
Регистрация
Утуппатах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Утуппатах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
13.08.2021 13:30
Сэрии сылларыгар Мэҥэ Хаҥаласка маннык түбэлтэ буолбуттаах. Эр дьон букатын суохтара. Биһиги, оторой-моторой уолаттар, уонна биир-икки оҕонньор хаалбыппыт. Мин букатын кыра сырыттахпына этэ. Арааһа, алталааҕым буолуо. Биһиги ороммутун оҥостон сыппыппыт, сорохторбут хаамса сылдьыбыттара. Күһүн этэ. Былыргы ампаар дьиэҕэ үс ыал дьукаахтаһан олорбуппут. Ампаарбыт көмүлүөк оһохтооҕо. Бары утуйардыы оҥостон сыппыппыт кэннэ ыалбыт ийэтэ киирэн кэллэ. Мин эһэбин кытта хоонньоһо сытар этим. Эмээхсин бөтө-бөтө эһэбэр: “Мэхээчэ, тымтыкта бэлэмнээ. Биһиэхэ тахсыах. Манна кэпсээбэппин, оҕолор бааллар”, – диэтэ. Мин көрдөхпүнэ, эмээхсин улаханнык уолуйбут, куттаммыт этэ. “Билигин тахсыам”, – диэн баран, эһэм таҥнан букунаспыта. Улахан дьон тугу эрэ ботур-итир кэпсэтэллэр этэ. Мин, оҕо киһи, ону улаханнык аахайбатаҕым, утуйан хаалбытым. Сарсыарда турбутум, дьонум куттанан, утуйбатахтар этэ. Түүн ортото маннык буолбутун онно истибитим. Ыаллыы олорор эмээхсиммит уокка оттор мас көрдүү чугастааҕы куоһаахтары кэрийбит. Уола оскуолаҕа үөрэнэр эбит. Өрөбүлүгэр сынньана кэлбит оҕотун көмөлөһүннэрээри, мас көрдүү барбыт. Аччык оҕо уонна күнүскү үлэттэн сылайан нэһиилэ сукуҥнаан сылдьар эмээхсин ханна ыраатыахтара баарай... Ампаардарын арҕаа өттүгэр баар ырааһыйаҕа былыргы өтөхтөр оннулара ордон хаалбыт. Ол баҕаналар тастарыгар кыра оҥхой сиргэ мас сытар эбит. Ону биһиги дьоммут улаханнык көрө барбакка эрбээн ылбыттар. Уол көрдөҕүнэ, бэрэбинэ сороҕо мутуктаах курдук эбит. Ийэтэ буоллаҕына, тугу да уорбалаабакка, барытын эрбээн кэбиһэр. Ол кэнниттэн алдьархайдаах айдаан буолар. Дьэ, доҕоттоор, киэһэ хараҥа буолаатын кытта хантан да кэлбитэ биллибэккэ, туох эрэ оһох кэнниттэн маллары быраҕаттаан барбыт. Туох быраҕаттыырын көрөөрү, эһэбиттэн тымтык көрдөөбүттэр уонна доҕор оҥостоору бэйэлэригэр ыҥырбыттар. Көрдөөн-көрдөөн тугу да булбатахтар. Оһох кэнниттэн таҕыстахтарына, били, мааҕын быраҕыллыбыт маллара, иһиттэрэ иккиһин күөрэйтэлиир эбит. Онтон ыксаан, кыптыыйдарын, быһахтарын кистээбиттэр. Доҕор буола тахсыбыт эһэм сылайан, икки сүгэтин икки өттүгэр уктан баран, ампаар ортотугар муостаҕа сытынан кэбиспит уонна: “Ол-бу буолумаҥ эрэ. Бараммын сүгэнэн кэрдиэм”, – диэбит. Ону истиэхтэрэ баара дуо, тамныылларын тохтоппотохтор. Арай били мас эрбээн аҕалбыт эмээхсин улахан кыыһын таппыттар, уоннааҕылары сиирэ-халты быраҕаттыыллар үһү. Онтон адьас ыксаан, түүн үөһэ хараҥаҕа дьиэлээх ыаллар оҕолорун көтөхпүтүнэн, биһиги балаҕаммыт хоту өттүгэр баар холкуос тиэхиньикэтин уурар улахан сарайыгар баран хоммуттар. Бары оннуларын-тойдорун булунан сыппыттарын кэннэ, арай эмискэ бурдук астыыр массыына иһиттэн араас саппаас чаастарын быраҕаттаан барбыттар. Кыра оҕолор уҥуохтарыгар диэри куттанан, өй мэйдээх тулуйбат амырыын айдаанын тардаллар. Ыксааннар, улахан дьон оҕолорун илдьэ, били, дьиэлэрин соҕуруу өттүгэр холкуос сылгытын, атын тутар улахан баҕайы ампаар көнньүүһүнэҕэ баран, дьэ, уоскуйан утуйаллар. Ити, арааһа, халлаан сырдаабытын кэннэ быһыылаах. Сарсыарда истибиппит, таптарбыт кыыстара эмискэ төбөтүнэн ыалдьан, харааччы иирэн хаалбыт. Кыыһы иччитэх ампаар дьиэ баарыгар илдьэн хаайан кэбиспиттэр. Кыыс эрэйдээх иирэн, дьиэ истиэнэтигэр ытта сатыыра үһү. Ону оҕолор түннүгүнэн уоран көрөллөр эбит. Кыыс улахан быраата, бэрэбинэни эрбэспит уол, ас илдьэ бардаҕына, өлөрө сыһан таһаарара үһү. Оттон кыра быраата илтэҕинэ, кыһаммата үһү. Баҕар, улахан өрүһү туораатаҕына үтүөрүө диэн, кыыһы кэлгийэн баран куоракка илдьэллэр, иирээки бараагар туттараллар. Кыыстара ол дьиэттэн эргиллибэтэҕэ. Арааһа, өлбүтэ буолуо. Ити быһылаан мин алталаах эрдэхпинэ чахчы буолбута. Билигин сылыктаатахха, арааһа, ойуун сэргэтин кэрдибиттэрэ буолуо. Кэрэх мастар уонна ойуун сэргэлэрэ улахан абааһылаах буоллахтара... Петр Попов. Үүтээҥҥэ 50-с сыллар саҕана хаһыа да буолан Дьэли Кириэстээҕинэн түүлээхтии сылдьыбыппыт. Биһиги алтыа буолан наар куобаҕы, тииҥи, кырынааһы уонна солоҥдону бултуурбут. Оччолорго куобах мэнээгэ буолан, элбэҕи бултуйбуппут. Бииргэ сылдьар дьонум миигин эдэр киһигин диэн, өрүс уҥуор бултата ыыппыттара. Бултуур сирим Кириэстээхтэн 20-чэ км. тэйиччи өрүс уҥуоргу өттүгэр баара. Онно баар үүтээҥҥэ Мыссыйа диэн хос ааттаах киһи сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр бултуу сылдьыбыт этэ. Олус эргэ үүтээн эмэҕирбит этэ. Тиийдэ-тиийээт, тиэргэним хаарын күрдьэн кэбистим, сабараанньаҕа куттум. Ол да буоллар үүтээним уорааннаах баҕайы этэ. Ону ол диэбэккэ, уот отто-отто хас да хоннум. Таас эҥээрин кэрийэн туһах ииттим, чагдаҕа тииҥнээтим. Куобах элбэх буолан, туһах аайы иҥнэрэ. Ол гынан баран, суор сиэн кэбиһэн сордуура. Тииҥ да баара. Дьэ, бу курдук бултаан-алтаан үүтээммэр балайда хоннум. Арай биир киэһэ улаҕа диэки хайыһан нуктуу сыттахпына, ааммын ким эрэ тоҥсуйда. “Бачча түрүлүүр түүн ким кэллэҕэй? Арааһа, бииргэ бултаһар Сүүтүк Охонооһой аппар от тиэйэн кэллэҕэ” диэн саныы-саныыбын, ороммуттан бэрт тиэтэлинэн туран ааммын аһан биэрдим. Намыһах үүтээним аанын бөкчөйөн, улахан хара бараан киһи киирэн маннык саҥалаах буолла: “Мин бу Орто дойду төрүт олохтооҕунабын. Сааһым тухары бултуур-алтыыр сирим. Бу – мин үүтээним. Дэлби уолуйан хаалан, хантан кэлбиппин, ким ыйан ыыппытын этэргэ дылы гынным быһыылаах. Киһим тахсан барбытын көрбөккө хааллым. “Бай, букатын сөбүлээбэт киһи сиригэр бултуу кэлбиппин” диэн санаталаан ыллым. Киһим хат киирэрин кэтэһэн көрдүм да, туох да биллибэтэ. Хайдах эрэ куттанан киирэн бардым, этим сааһа аһылларга дылы гынна. Халлаан сырдаабытын кэннэ чуолкайын билээри, үүтээним таһын чуҥнаан кыраһаҕа суолун көрдөөтүм да, тугу да булан көрбөтүм. Арай атым эрэйдээх от көрдөөн иҥэрсийдэ. Сарсыныгар Чупчунуку диэн тумуска Уус Алдан улууһун оҕонньоро Дьээриллэ Өндүрэй диэн булчут кырдьаҕаска тиийдим. Онно тиийэн оҕонньорго ол дьикти киһини көрбүппүн кэпсээтим. Онуоха Өндүрэ йим: “Ол үүтээҥҥэ Түүлээх нэһилиэгин киһитэ өрдөөҕүтэ олорон бултаабыта үһү. Мин сирэй көрбөтөх киһим, – диэтэ. – Бука, ол өтөх эмэх буолбут буолуохтаах. Ол диэки сылдьарым саҕана аппын уонна ыттарбын сынньатан ааһар этим. Онно тэһийбэт буоллаххына, манна кэлэн олор. Кырдьык да, түҥкэтэх дойду буолуохтаах”, – диэн эбэн эттэ. Ыраах баар сохсолорбун, туһахтарбын эһэн баран оҕонньорбор олоро барыахтаах этим. Сохсолорбун эһэ сырыттахпына, Түүлээх сылгыһыта кэлбитэ. Киниэхэ тугу көрбүппүн кэпсээбиппэр: “Ол – биһиги нэһилиэкпит киһитэ. Булчут этэ. Туох да оҕото-уруута суох түҥкэтэх киһи. Кинини эн үүт-үкчү ойуулаатыҥ. Улаханнык сөбүлээбэт буолан, көһүннэҕэ буолуо”, – диэн эппитэ. Киһи, дьэ, дьиктигэ түбэһэр эбит. Петр Черноградскай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан