Кэпсээ
Войти Регистрация

Уоскуйбатах оҕо кута

Главная / Кэпсээн арааһа / Уоскуйбатах оҕо кута

K
13.06.2024 15:05
Света Сивцева (аата уларытылынна):      – Бу түбэлтэ олох туһунан көрүүбүн улаханнык уларыппыта диэн этиэхпин наада. Киһи үөйбэтэҕэ дьону сааһынан, омугунан, ситиһиитинэн араарбат буолар эбит...    Сайын буолуута, дьоммут ол-бу дьыалаларын ситиһэ куораттаары түбүгүрэ сылдьыбыттара. Икки эдьиийдээхпин. Бары оскуолаҕа үөрэнэбит. Сүөһүбүт-сылгыбыт суох. Улахан эдьиийбит биир сылынан оскуоланы бүтэриэхтээҕэ, ол иһин дьоммут куоракка киирэн дьиэ ылаарылар сүүрэллэрэ-көтөллөрө. Дэриэбинэбититтэн өрүс уҥуор атын дэриэбинэ турара. Хас сайын аайы онно лааҕыр үлэлиирэ. Эдьиийдэрим лааҕырга баралларын истэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьыбыта. Арай мин, кырам бэрт буолан, испэр дьоммун сайыспытым, дьиэбиттэн ыраатыахпын баҕарбатаҕым, онон лааҕырдыыр туһунан идиэйэни сөбүлээбэтэҕим.    Хаамтах аайы хаачыргыыр муосталаах, сөрүүн салгыннаах эргэ дьиэҕэ түспүппүт. Уонтан тахса араа-бараа саастаах оҕолор бааллара. Саамай кыралара мин этим. Маҥнайгы күннэргэ дьоммун ахтан иэдэйбитим. Бэл, аһыыр аһым ньалахай амтаннаммыт курдуга. Аҕыйах хонук буолаат, оҕолору кытары оонньоон, эдьиийдэрим бүөбэйдээн, ахтарым-соҕотохсуйарым ханан да суох буолбута. 12-лэриттэн кыра саастаахтар бэһиэ этибит. Киэһэ ахсын улахаттар киинэ көрөллөрө, биһигини онно киллэрбэт этилэр, “утуйуҥ” диэн буолара.    Арай биир киэһэ уот баран, киинэ көрөллөрө табыллыбатаҕа. Онон бары эрдэ сыттыбыт. Мин оронум аан таһыгар турара. Уум кэлбэккэ эрэйдэнэ сыттахпына, арай аргыый аҕай аан аһыллара иһилиннэ. Ким да суох. Этим тымныйа түстэ эрээри, “ээ, тыалтан буоллаҕа” диэн уоскутуна сатаатым. Бэл, силбин ыйыстарым кытары иһиллэр чуумпута буолбута. Уһуктаҕас киһи сытар сибикитэ биллибэт этэ. Бары утуйбуттара быданнаабыт. Суорҕаммын саптан сыппытым.    Арай аан диэки атах тыаһа иһиллэр. Ким эрэ биир-биир, бытааннык сыгынньах ата­ҕынан тыастаахтык хаамар. Оннук хардыылаан аан диэки иһэрэ иһиллэр. Киһи куттаннаҕына күөмэйигэр хомуок туран хаалар эбит, сатаан да хаһыытаабат буолар. Тугу гыныахпын билбэккэ, суорҕаммар киирдим. Тыынарым эрэ иһиллэр уонна уу чуумпу... Аны атах тыаһа мин диэки хааман иһэр... Харбыыра буолуо диэн, суорҕаммын эриниэҕинэн эринэн сыттым.. Уу аллар буолуохпар диэри итииргээтим. Тыынарбын истиэ диэбиттии, төһө кыалларынан иһиллэр-иһиллибэттик тыына сатаабытым... Ити курдук өр сыппытым, оннооҕор суорҕаным курдат таһырдьа сырдаабыта көстөрө. Мин ол тухары тугу эрэ көрүөм диэн куттанабын.    Олох ким эрэ аттыбар турарын эппинэн-хааммынан билэн сыппытым. Хамсыыр да бокуой биэрбэтэҕэ. Эдьиийдэрбэр сүүрэрим дуу, суоҕа дуу диэн мунаара сыттахпына, хос ортотугар сүр улаханнык ким эрэ таһынна! Мин хараҕым хараҥаран ылбыта. Турбакка да, хаһыытаабакка да сыппытым, хата, турар чаас кэлбитэ. Оҕолор биирдии-биирдии тураллара иһиллибитэ. Мин тута эдьиийдэрбэр сүүрбүтүм. Ууларыгар аҥаарыйбыттарын быыһыгар “бар эрэ, ону-маны туойума” дэһиспиттэрэ.    Эбиэт кэмигэр кэмэн­дээҥҥэ баран туох буолбутун кэпсээбитим, “түүнүн аны сатаан утуйбатым буолуо” диэммин, уйадыйан ылбытым. Көрөн турдахпына, кэмэндээн дьахтар сирэйэ кубарыйан хаалбыта, “ээ, куттанымаар аны, ким эрэ дьээбэлэммитэ буолуо” диэбитэ. Тоҕо эрэ ол күнтэн ыла улахан эдьиийбин кытары сытыарар буолбута, киэһэлик киинэ көрсөрбүн кытары көҥүллүүр буолбуттара. Кэлин истибитим, ити түүн эрэйдэммитим мээнэ буолбатах эбит.    Биһиги олорбут дьиэбит урут кыаммат төрөппүттэрдээх эбэтэр тулаайах оҕолор олорбут дьиэлэрэ үһү. Былыр ол дьиэҕэ арыгыһыт, соҕотох ийэлээх нуучча уола кэлбит. Барахсан ып-ырыган, кып-кыра эбит, эп-эргэ куһаҕан таҥастааҕа үһү. Оҕолор улаханныын-кыралыын сэниир эбиттэр, соло буоллулар даҕаны кинини дьээбэлииллэр эбит. Кыһын саҕаланыыта, томороон тымныы түһэн эрдэҕинэ, уоллара сүтэн хаалбыт. Бары көрдүү сатаабыттар даҕаны булбатахтар. Сотору буолаат, биир сылгыһыт киһи өрүс диэки баар күрүө аттыгар тоҥон бокуллан сытар сордооҕу булан ылбыт. Оҕо эрэйдээх ийэтигэр бараары, дьиэлиир суолун диэки турунаахтаабыт... Уонна аара үлүйэн өлбүт. Ол кэннэ, айдаан тахсыбатын диэн, ийэтин ыҥыран харчы биэриэхпит эҥин диэн, аймалҕаны намыратан кэбиспиттэр, кистээн көмпүттэр диэн сурах баар. Ол сордоох кэмиттэн кэмигэр лааҕыр оҕолорун муҥнуур, баарын биллэрэн ааһар эбит. Мин бааһынайбын, баҕар, бэйэтигэр чугаһата сатаабыта буолуо диэн улааппыппын кэннэ кэпсииллэр.    Онон ити курдук куттаан турардаах. Ити күнтэн ыла иччини-абааһыны итэҕэйэбин. Син биир олоххо миэстэлэрин булбатах дьон куттара, биһигини тулалыы сылдьар буоллахтара... Тарҕат:
kyym.ru сайтан