Кэпсээ
Войти Регистрация

АРААС САБАҔАЛААҺЫН

Главная / Кэпсээн арааһа / АРААС САБАҔАЛААҺЫН

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
13.06.2024 15:04
1. Куорат олоҕо үүт-тураан холку буолбатах этэ. Өрөспүү­бүлүкэ киин куоратыгар быһыы-майгы олус уустугурбутуттан Ис дьыала министиэристибэтигэр дьиксиммиттэрэ. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ чааһынай таксыы суоппардарыгар сабыта түһэр баанданы көрдөөн, утуйары-олорору умнубуттара. Ол баанда сиртэн да күөрэйбитэ, халлаантан да түспүтэ биллибэккэ, Саҥа дьыл кэнниттэн сонно түбүлээбитинэн барбыта. Кэмниэ кэнэҕэс оперативниктарга эрэл уота кылам гыммыта. Түүҥҥү милииссийэ үлэһиттэрэ биир массыынаны тохтоппуттара, уруулга эдэр киһи (кэлин билбиттэрэ, Амур уобалаһыттан эбит) олороро. Милиционердар уолу ИДьУ дьуһуурунай чааһыгар аҕалан туттарбыттара. Онтон сотору буолаат, таксыы суоппара аҕылаан-мэҥилээн кэлэн, «миэхэ саба түстүлэр» диэн тыллаабыта. Бандьыыттар кинини хаста да быһаҕынан аспыттар да, хата, тыын сиригэр буолбакка, санныгар түбэһиннэрбиттэр. Суоппар мүччү туттаран куоппут, оттон массыыната ол дьоҥҥо хаалбыт. Дьуһуурунай чааска кэлэн бэйэтин массыыната бу турарын сонно билбит эрээри, тутуллан олорор эдэр киһи ол бандьыыттартан биирдэстэрэ этэ диэн этэр кыаҕа суох эбит. Тоҕо диэтэххэ, халабырдьыттар кэнники сидиэнньэҕэ олорбут буоланнар, сирэйдэрин өйдөөн көрбөтөх. Оперативниктар бастакы доппуруостара күттүөннээх түмүгү биэрбэтэҕэ. Тутуллубут уол этэринэн, түүн күүлэйдии сылдьан быраҕыллыбыт мас­сыынаҕа кэтиллэ түспүт. Массыына күлүүһэ миэстэтигэр баарын көрөн баран, куорат устун хатааһылыах санаата көөнньөн кэлбит. Кими да халаабатах, өлөрбөтөх, онон массыынаны күрэппитин иһин буруйу сүгэргэ бэлэм үһү. Уолу хаайбыттара эрээри, бандьыыттары кытары си­бээстээҕин туоһулуох туох да дакаастабыл оперативниктарга суоҕа. Дьыала ити курдук салҕанан бардаҕына, босхолуурга тиийэллэр. Массыынаны күрэтии иһин түбэһиннэриэҕи «быраҕыллыбыт массыынаны булбутум» дииртэн атыны билбэт. Онон оперативниктар хайыыр да кыахтара суох буолбут. Бэҕэһээ бу уустук быһыы-майгы үөскээбитинэн сибээстээн, министиэристибэ үрдүкү салалтатын ыҥыран туран, миниистир сүбэ мунньах ыыппыта. Бу мунньахха убойнай отдел начаалынньыга Димов Владлен Семёнович хайаан да баар буолуохтаах уонна силиэстийэ хайдах баран иһэрин салалтаҕа иһитиннэриэхтээх диэн ыйыы-кэрдии биэрбитэ. Холуобунай ирдэбил начаалынньыга уоппускаҕа сылдьара, онон Владлен кини эбээһинэһин толороро. Мунньаҕы миниистир аспыта. – Куоракка быһыы-майгы уустугурбутунан сибээстээн, бүгүн эһигини мустум. Киин куоракка бүтүн түөрт ый устата өлөрүөхсүттэр баандалара түбүлээтэ. Хайыы үйэ хас эмэ киһини өлөрдүлэр, бааһыртылар. Уопсастыбаннас бу үлүгэрдээх быһылааннартан тулуйарын ааста, пикиэттии тахсар санаалаахтар, оттон биһиги килбиэннээх холуобунай ирдэбилбит хараҕа-кулгааҕа бүөлэммит, этэргэ дылы, кутуйаҕы да кыайан туппат буолбут. Маннык салҕанан бардаҕына, куораппытын бандьыыт уйатыгар кубулатарбыт буолуо! – миниистир барыларын кырыктаах хараҕынан эргиччи көрүтэлээбитэ уонна салгыы саҥаран барбыта. – Мин бу манньахха өлөрүүнү арыйар отдел начаалынньыга Димовы анаан-минээн ыҥырбытым. Дьэ, билигин кинини истиэҕиҥ – бу бөлөҕү хайдах уодьуганныыр санаалааҕый? Владлен түрүбүүнэҕэ тахсыан иннинэ саала иһин эргиччи көрбүтэ уонна бу ыар буруйу арыйыыга сыһыаннаах биир да үлэһит баарын булан көрбөтөҕө. Бары кэриэтэ ыстаап, каадыр, хаһаайыстыба, бэйэҕэ куттал суох буолуу сулууспатын үлэһиттэрэ, быһата, чыҥха атын хайысхаҕа үлэлиир дьон олороллоро. «Көдьүүһэ суох көрүнньүк мунньах. Миниистир, пикиэт буолаары гыммытыгар дьиксиммит
быһыылаах: эмискэ ыксаллаах балаһыанньа үөскүө диэн, туох баар сулууспаны барытын түмэ тардыан баҕарбыт эбит» диэн түрүбүүнэҕэ тахсан иһэн санаабыта. – Биһиги тас сулууспабыт үлэһиттэрэ үс хонуктааҕыта түүн биир массыынаны тохтоппуттара. Уруулга Амур уобалаһыттан сылдьар сүүрбэ биэс саастаах Смолин диэн гражданин олороро, – диэн дакылаатын саҕалаабыта. – Массыына эмсэҕэлээччи киэнэ эбит. Бу иннинэ бандьыыттар саба түспүттэр уонна өлөрөр сыаллаах хаста да быһаҕынан аспыттар. Моонньуга охсубуттара, хата, санныгар түбэспит. Эмсэҕэлээччи тутуллубут киһини көрөн билбэтэ, онон баандаҕа сыһыаннааҕын туоһулуур туох да дакаастабылбыт суох. Ол эрээри баанда чилиэннэриттэн биирдэстэрэ буоларын бүтэйдии сэрэйэбит. Билигин бу дьыалаҕа өссө кимнээх кыттыбыттарын быһаара сылдьабыт. Мантан ордук тугу да этэрим суох. – Табаарыс миниистир, – каадырга миниистири солбуйааччы, үчүгэй үөрэнээччи курдук туттан олорон, илиитин күөрэччи ууммута, – дакылаатчыкка боппуруос биэрэрбин көҥүллээ. – Биэр, – миниистир көҥүл­лээбитэ. – Владлен Семёнович, бу дьиэ таһыгар пикиэт буолла­ҕына, ити бүтэйдии сэрэйиигинэн тугу эмэ гынар кыахтааххын дуо? Кураанах куолу, дьыаланан дьарыктаныахха наада! – Көлдьүргээн сылдьар буол­батахпыт, – Владлен ми­ниистири солбуйааччыга хабырдык хоруйдаабыта, – опердар күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр, эрдэ эбэтэр хойут син биир харыларыттан харбыахпыт. – Һы, хайа сатанарынан эрдэтэ ордук этэ, – миниистири солбуйааччыга Владлен эппиэтэ тириитин таһынан киирбитэ. – Дьэ, маннык, – диэбитэ миниистир мунньаҕы түмүк­түүрүгэр, – эһиэхэ оруобуна биир нэдиэлэни биэрэбин. Бу кэм иһигэр баанда имниин эстиэхтээх. Оннук буолбат түгэнигэр кытаанах түмүк оҥоруохпут, буруйтан-сэмэттэн ким да куотуо суоҕа! – Соннук! Баанданы нэдиэлэ иһинэн урусхаллыырга! – Владлен сүрдээх эҕэлээхтик чаҕылыннарбыта. Бу «сүбэ мунньах» диэни көрүнньүккэ эрэ диэн аахпыта, онон хайаан да сөптөөх хардалаах буолуохтааҕа. Ыкса киэһэ, уон биир чаас саҕана, Владлен кэбиниэтигэр бу дьыаланы арыйыыга сыһыарыллан үлэлиир оперативнигы ыҥырбыта. – Хайа, Дьөгүөр, туох ситиһии баарый? – киирбит оперативниктан ыйыппыта. – Салалтабыт ньиэрбинэйдиир, бары даҕаны дьыала түргэнник арылларыгар баҕараллар. Соппуруонап Дьөгүөр, сааһыра барбыт оперативник, улахан уопуттаах сыщик, бу уустук дьыаланы арыйарга туох эмэ суол-иис баара буолаарай диэн суукканы суукканан үлэлиирэ. Холуобунай ирдэбилгэ үлэлээбитэ уон биэс сылтан ордубута, ис хааныттан хайа да дьыаланы арыйан төннөр сыщик этэ. Ол кырдьык: кинини туох-ханнык иннинэ арыйааччы сыщик диэххэ сөп. Кистэл буолбатах, сыщик эрэ барыта бу бөлөххө киирэбин диэн түөһүн охсунар кыаҕа суоҕа. Ол эрээри кэм-кэрдии син биир кэлэр: Дьөгүөр кэлиҥҥинэн элбэхтик мөҕүттэр буолбута. Биир ыар буруйу арыйыы кэнниттэн суҥхарбыта: – Кырдьан эрэбин, аны биир-икки сылынан холуобунай ирдэбилтэн уурайыыһыбын. Барытын сүрэҕим иһинэн аһарар буолбуппун. Бу – сыщик атын үлэҕэ көһөрүгэр бастакы бэлиэ, – уонна санаарҕаабыттыы, үөһэ тыыммыта. Онуоха бары мичээрдээн эрэ кэбиспиттэрэ, тоҕо диэтэххэ, Дьөгүөр атын сулууспаҕа сылдьарын ким даҕаны өйүгэр сатаан киллэрбэт этэ. Бу үлэтиттэн ханна да барбакка, сууллан
түһүөр диэри үлэлиэ диэн бары билэллэрэ. – Дьэ, Сэмэнэбис, мэлигир! Агентураны барытын атаҕар туруордубут эрээри, туох да импэрмээссийэ суох, – оперативник сүр күүскэ өрө тыынан кэбиспитэ, илиитин нэлэс гыннарбыта. – Ити Смолиныҥ баара, бартыһаан курдук ууну омурдан баран олорор. Бэйэбит киһибитин хаамыраҕа укпуппутун сонно суоттаан таһаарбыта, билигин саараама саҥарбат, айаҕын хам хатаан кэбиспит курдук. – Оччоҕо маннык гынан көрүөххэ, – Владлен муҥур уһукка тиийэр санааламмыта. Маннык ньыманы бэрт дэҥҥэ туттара, тоҕо диэтэххэ, көдьүүһэ мэлдьи кэриэтэ дуона суох буолара. Ол гынан баран ыар буруйу арыйарга мантан атын өссө туох хардыы баарын булан көрбөтөҕө. – Смолины массыынатын кытта ГРЭС түөлбэтигэр туппуттара, сөпкө этэбин дуо? Оччотугар күн сарсын итиннэ облава оҥоруохха. Баҕар, туох эмэ импэрмээссийэ быыһылаан тахсыаҕа. Учебканы кытта кэпсэтэн, үөрэнэ кэлбит курсааннары көмөҕө ылыахха. Байыаннайдар этэллэринии, «общевойсковай эпэрээссийэни» саҕалыахха. Мантан атын суол баарын көрбөппүн. Владлен опердарын кытары үлэлээн бүтэригэр сарсыарда биэс чаас буолан эрэрэ, халлаан сырдыы быһыытыйбыт этэ. Дьиэлиэҕин бириэмэ ырааппыт, онон кэбиниэтигэр хас да устуулу кэккэлэһиннэри туруоран баран утуйардыы оҥостубута. 2. Владлен сарсыарда, оруобуна сэттэ буолуута, уһуктубута, аллара туалекка киирэ сылдьан баран, тымныы уунан сирэйин сууна түспүтэ уонна дьуһуурунай чааска киирбитэ. Уутун хамматах дьуһуурунай өрөспүүбүлүкэҕэ сууккаҕа туох быһылаан тахсыбытын субуокка оҥорон, дьэ бүтэрэн эрэрэ. Владлеҥҥа бастакы эксэмпилээр тиксибитэ. – Салалтаттан ким да суох дуу? – дьааһыйартан солотуйбат дьуһуурунайтан ыйыппыта. – Тугуй, ыарахан суукка ааста дуу, аанньа утуйбатаххын? – Суох, оннук буолбатах. Суукка суукка курдук, туох да ураты суох, – дьуһуурунай кириэһилэҕэ олорон тыыллаҥнаабытыгар сүһүөхтэрэ лачыгыраабыта, – арай оройуоҥҥа бүтүн дьиэ кэргэн умайан хаалла. Ону миниистиргэ түүн дакылааттаабыппыт. Сарсыарда онно бөртөлүөт көтүөхтээх, өлүктэри манна аҕалан чинчийиэхтэрэ. – Тоҕо манна аҕалаллар, кириминээл сибиэнэ баар дуу? – Владлен сэрэхэдийбитэ. – Биллибэт. Баҕар, онно суут медигэ суоҕа буолуо, оттон уонна уокка бүтүн дьиэ кэргэн былдьаммыта – улахан иэдээн дии. Онно түүн өрөспүүбүлүкэтээҕи борокуратуураттан силиэдэбэтэл айаннаабыта. Бэл, суһаллык паромщигы туруорбуттара. Чэ, начаалыстыба оннук быһаарбыта. – Хайа силиэдэбэтэлий? – Фомин дииллэр. Кини төрдө ол эргиннээҕи буолан ыыппыттар. Владлен Фомины билэр этэ. Дьикти майгылаах силиэдэбэтэл. Милииссийэ үлэһит­тэрин өлөрдүү абааһы көрөрө, барыларын бэрик ылааччылар, тирбэҕэһиттэр уонна күөх көппөлөр диэн ааҕара. Кинини кытта биир да милииссийэ үлэһитэ тапсан үлэлээ­бэт этэ – наар айдаан, этиһии-иирсээн, туох да сылтаҕа суох үҥсүү-харсыы. Биирдэ Владлен Фомин тоҕо итиччэ үлүгэр милииссийэни сөбүлээбэтин билэргэ санаммыта. Билэн баран, сөҕөн өлө сыспыта: барыта боростуой, өйдөнөр баҕайы эбит! Урут милииссийэҕэ үлэлии сылдьыбыт, онтон туох эрэ аньыытын-харатын иһин утааран кэбиспиттэр. Кэлин, хайдах эрэ гынан, борокуратуураҕа силиэдэбэтэлинэн киирбит. Онон урут үлэлии сылдьыбыт биэдэмистибэтигэр өстүйэн, онтун таһаарынар ньымата эбит. «Олохтоох милиционердар силиэдэбэтэллэригэр
төрүт табыллыбатахтар», – дьуһуурунай чаас хоһуттан тахсан истэҕинэ итинник курус санаа охсуллубута. Владлен кэбиниэтигэр тахсан чэйин оргута туруорбута уонна субуокканы сирийэн көрбүтэ: өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 25 уоруу, үс ыар содуллаах эчэтии (ол иһигэр биир – киһи өлүүлээх), хас да күлүгээннии дьайыы, кырбааһын, массыынаны күрэтии бэлиэтэммит. Субуокканы элэгэлдьитэ көрөн бүтэһигэр баһаар туһунан иһитиннэриигэ тиийбитэ. Маны сиһилии аахпыта: «2000 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр, түүн 4 чааска оройуон дьуһуурунай чааһыгар Южная уулусса 28¹-гэр Крыловтар дьиэ кэргэн кэтэх дьиэлэрэ умайар диэн иһитиннэрии киирдэ. Баһаары умуруоруу кэннэ кэргэннии Крыловтар өлүктэрэ көһүннэ: Матвей – 1959 сыллаах төрүөх, Мария – 1960 с.т., ону кытта кинилэр оҕолоро – Ева, 17 саастаах, Артем, 14 саастаах уонна Семен, 13 саастаах. Өлүктэри ыам ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга суут-мэдиссиинэ эспэртиисэтигэр туох биричиинэттэн өлбүттэрин быһаартара ыытыллыаҕа». «Дьоннор эрэйдээхтэри-ии... туох ынырык трагедиятай... хаарыан оҕолору оттон хайдах харыстаабатылар?!» – Владлен субуокканы киэр аспыта, ыар санааҕа баттатан, кэбиниэтигэр хаамыталаабыта, онтон кофе куттубута. Тоҕус чаас саҕана оперативниктар кэлитэлээн барбыттара. Дьиэлэригэр төһө даҕаны сарсыарда биэс саҕана бардаллар, куоракка баанда баарын тухары сынньалаҥ диэн умнулларын бары бэркэ билэллэрэ. Владлен Соппуруонабы кэбиниэтигэр ыҥыран сорудах биэрбитэ. Геннадий ГУРЬЕВ (Виталий Егоров «Воздаяние монстру» диэн сэһэниттэн тылбаас). Тарҕат:
kyym.ru сайтан