Кэпсээ
Войти
Регистрация
Амма кытылыгар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Амма кытылыгар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
13.06.2024 15:01
Мин кырабыттан аһаҕас эттээхпин билэр этим. Кыра сылдьан эбэм бохоруонатыгар дьонум кэннилэригэр эбэм тыыннаах киһи курдук турарын көрбүтүм. Дьонум кэннилэрин ыйа-ыйа “эбээ-эбээ” диэн хаһыытаан, мустубут дьону куттаабыппын өйдүүбүн. Ол кэннэ ахсыс кылааска сырыттахпына биллэрбитэ. Кылааһым оҕолорун кытары похуоттуу бардыбыт. Онно утуйа сыттахпына, биир кырдьаҕас эмээхсин тыа диэкиттэн хааман кэлэн, кулуһуммут аттыгар өөр-өр олорбута. Ким да ол эмээхсини көрбөтүн сэрэйэммин, кимиэхэ даҕаны кэпсээбэтэҕим. Ол эмээхсин дьүһүнүнэн даҕаны, тутта-хапта сылдьарынан даҕаны тоҕо эрэ миигин куттаабатаҕа. Санаарҕаабыттыы умса туттан уот аттыгар иттэр курдук олорбута, ол кэннэ аргыый хааман, тыа диэки баран сүтэн хаалбыта. Оскуоланы бүтэрээт кэргэннэммитим. Ол кэннэ этим бүтэй буолбут диэн санаалааҕым. Ханна да тиийдэрбин, холкутук сылдьарым, түүн үчүгэйдик утуйарым, туох да көстүбэт этэ. Арай былырыын Аммаҕа сынньана тахсан баран дьиктигэ түбэспитим. Кэргэмминиин мэдиссиинэ үөрэҕин бүтэрдибит. Бииргэ олорбуппут ыраатта эрээри, оҕолоно иликпит. Биир кэм үөрэнэн таҕыстыбыт. Былырыын үөрэхпитин этэҥҥэ түмүктээммит, доҕорбут дойдутугар сынньана таҕыстыбыт. Биир доҕорбут арыгы иһэн, кыратык айдаарбыта. Өрүскэ киирэн сөтүөлүү сатаабытын хаста даҕаны тохтоппуппут. Онтон сылтаан маатыралаабыта, хаһыытаабыта. Биир бөдөҥ уолбут охсон саайаары сааммытыгар, киһи эрэ буоллар, куттаммыта, тохтообута. Түүн үс саҕана утуйар аакка түстүбүт. Кэргэммин кытары биир балааккаҕа батан сыттыбыт. Ким эрэ илгиэлээбититтэн уһукта биэрбитим. Турбутум, уу чуумпу. Кэргэним хамсыырыттан уһугуннум быһыылаах диэммин, турбучча, чэпчэтинэ таҕыстым. Өрүстэн паар тахсыбыт, бэрт кэрэ көстүү этэ. Арай төннөн, балааккабар киирэн иһэн өрүс ортотугар, туман быыһыгар ким эрэ көхсүнэн турар. Өйдөөн көрбүтүм – уһун хара ыһыллыбыт баттахтаах кыыс салгыҥҥа турар, муус-маҥан таҥастаах. Өрүс ортотугар турара! Онтон аргыый аҕай мин диэки хайыһан көрбүтэ, туохтан эрэ кыыһырбыт дуу, өһүргэммит дуу курдук сирэйдээҕэ. Ол кэннэ хайа диэки долгун курдук устан тиийэн баран, симэлийэн хаалбыта. Хаһан даҕаны аһаҕас эттээхпин кэпсээбэккэ сылдыбытым эрээри, сарсыныгар доҕотторбор кэпсээбитим. Ол киэһэ хонорбутугар айдаарбакка, сирбитин-уоппутум үчүгэйдик аһатан баран утуйбуппут. Айылҕабыт иччилэрэ барахсаттар биир кэм аттыбытыгар бааллар эбит, хас биирдии хамсаныыбытын кэтииллэр. Куһаҕан быһыыбытыттан хомойоллор-хоргуталлар. Онон бэйэ бодобутун тардынан, сиэрдээхтик сылдьыаххайыҥ диэн ыҥырабын. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан