Кэпсээ
Войти Регистрация

Туох сылдьыбыта буолла?

Главная / Кэпсээн арааһа / Туох сылдьыбыта буолла?

K
05.08.2021 18:59
Ааспыт үйэ 70-с сылларын ортотугар, уончалаах оҕо сылдьан биир дьиктини көрөн турардааҕым.          Сайылыкка биир улахан дьиэҕэ 4-5 ыал буолан ыбылы симиллэн, дьукаахтаһан олорорбут. Төрөппүттэрбит бары сопхуос ыанньыксыттара, бостууктар, тырахтарыыстар, үүт тутааччылар. Быһата, оччотооҕу сопхуос боростуой, кыра-хара үлэһиттэрэ. Араа-бараа саастаах оҕолор сайылыкка элбэхпит. Тугу да үлэлээн туһалыырбытын өйдөөбөппүн, күнү күннүктээн оонньоон, моҕотойдоон, араас быракааһы оҥорон тахсарбыт.    Күһүөрү сайын, хара былыт саба ыаһыран турар, ардахтаах, хараҥа киэһэтэ этэ. Утуйаары сыппыппыт. Арай, дьиэбит таһыгар айдаан-куйдаан, дьон хаһыыта-ыһыыта, ыт үрэр саҥата бөҕө сүрдэнэ түстэ. Киһи холкутук утуйан тыылла сыппат балаһыанньата үөскээбитигэр, дьиэлээхтэр бары таһырдьа тоҕо сууллан таҕыстыбыт. Көрбүппүт, баттаҕа үлтү бураллан хаалбыт, хараҕын иччитэ суоҕунан көрбүт, тугу эрэ иччитэ суоҕунан үлүгүнэйэ сылдьар Боллоох Бороскуобуйа диэн ыскылаат харабыла эмээхсини хас да киһи буолан өйөөн илдьэ иһэллэр эбит. Кэннилэриттэн кыыллара турбут сайылык ыттара үрэ-үрэ өрүтэ хабыаланаллар, эмээхсини ытыра сатыыллар быһыылаах. Тула барыта өрө оргуйан, көөнньөн олорор. Эмээхсини көрөөт да тута туох эрэ олус ынырык, куһаҕан суол буолбутун эппинэн-хааммынан сэрэйэн, кутум хамсаан, ытаан тоҕо барбыппын өйдүүбүн. Мин эрэ буолбатах, оҕо үксэ ытаабыта быһыылааҕа.    Бороскуобуйаны дьиэҕэ киллэрэн уоскута сатаатылар, уу иһэртилэр... Киһибит түҥ-таҥ тыллаһа сылдьар, нукаай курдук. Онуоха эбии, бадарааҥҥа, чалбахха охтон дьүһүн-бодо бөҕө. Дьон тугу эрэ кистээн сибигинэһэллэрин быыһыгар, “абааһыны көрбүт” диэн саҥаны өйдөөн хаалбыппын. (Бороскуобуйа эрэйдээх ол кэнниттэн өрүттүбэтэҕэ. Бөһүөлэккэ балыыһаҕа ыыппыттара эрээри, ый да буолбакка өлөн хаалбыт этэ).    Эмээхсин тугу көрбүтүн кэлин, арыый улаатан баран истибитим. Бука, балыыһаҕа сытан кимиэхэ эрэ кэпсээбитэ буолуо.    Бороскуобуйа киэһэ тыа саҕатыгар турар уотурба харайар ыскылаат таһыгар ыттар тугу эрэ үрэллэрин көрө барбыт. Ити “ыскылаат” диэн аһара күүркэтэн этилиннэ, тиит сиэрдийэлэрин ардаҥа сэрии гына саайан оҥоһуллубут улахан сарай этэ. Эмээхсин “бука, оҕолор кууллаах уотурба үрдүнэн-аннынан оонньоон ыһа-тоҕо сылдьаллара буолуо” дии  санаатаҕа буолуо. Биһигини наар онтон тутан мөҕөр-этэр идэлээҕэ. Хабыс-хараҥаҕа ыскылаат мас олуурун төлө тардан киирэн, икки өттүгэр хайа курдук дьаарыстанан турар уотурба куулларын үрдүлэрин-анныларын өҥөҥнөөн көрбүт. Ким да суох үһү. Онтон үөһэ кууллар үрдүлэригэр туох эрэ сыыгыныыр тыаһын истэн, “дьэ бэйикэй, оҕолор манна саһан сыттахтара” диэн кууллартан салҕанан үөһэ ыттыбыт уонна... Субу, уун-утары, кып-кыһыл харахтаах хара бэкир күтүр хаптайыаҕынан хаптайан, саһан ньылбыйан сытарын ыы-муннугунан көрө биэрбит! Ууммут илии тиийэр чугаһыттан. Ол улуу дьаалы өтөрү көрбүт өһүөннээх хараҕа Бороскуобуйа өйүн-санаатын ытыйан, кутун үргүтэн кэбиспит. Ону дьон кэлин “эмээхсиҥҥэ абааһы хараҕын уота хатанан хаалбыт” диэн кэпсэтэллэрэ. Ол абааһыны өссө, “түүлээҕэ эбитэ үһү” диэн буолар. Салгыы хайдах-туох буолбутун эмээхсин, биллэн турар, өйдөөбөт. Өлө куттаммыт эмээхсин сайылык дьиэлэрин диэки охто-охто куотан балааскайданан истэҕинэ, эбиитин, ыскылаакка чугаһаабакка эрэ ырааҕынан үрэ-үрэ тула көтө сылдьар ыттар саба түһэн дэлби убахтаабыттар. Дьиҥинэн, билэр киһилэрэ буолуон сөп эбит эрээри, тоҕо эрэ атыҥыраабыттар.    Ол абааһы көһүннэҕин түүн, сайылык дьиэлэрэ бары ыбылы хатанан, кэтэнии-мананыы бөҕө буолан хоммуппут. Баран бэрэбиэркэлээн көрөр баҕалаах киһи көстүбэтэҕэ. Мин утуйан хаалан истибэтэҕим, оттон дьон үксэ ол түүн ардах тыаһын, ыт маргыарын быыһынан, киһи да, кыыл да саҥатыгар майгыннаабат ынырык кыланар саҥалары эҥин истибиттэр этэ. Били күтүр түүнү быһа ыттары кытта охсуһа хоммут буолуон сөп.    Сарсыныгар сарсыарда ыскылаат таһыгар түөрт ынах өлөн күскэһэ сыталларын булбуттара. Ону “били баҕайы ыскылааттан уотурбалаах куулу таһырдьа кыыраппыта, куула хайа баран хаалбыт. Ынахтар ону сиэн истэрэ үллэн өлбүт” диэн быһаарбыттара. Хас да куул сарайтан уонча миэтэрэлээх сиргэ бадарааҥҥа түһэн бүтүн сыталлара. Ону “абааһы ыттары кыйдаары тамнаабыт” диэн тойоннообуттара. Итини таһынан, ыскылаат шифер сарайын үрдүгэр биир куул уотурба “көрүҥ, бу кэлэн сытабын” диэх айылаах, соруйан дьон көрөрүн курдук быраҕыллыбыт этэ. 70-ча киилэлээх уотурбалаах куул олус кэтит сабардамнаах, киһи кыайан ыттыбат сарайын сиһин лоп курдук ортотугар түһэн сытара дьикти этэ. Өскөтүн абааһы буолбакка, киһи дьээбэлэнэ да сылдьыбыт эбит буоллаҕына, айыы киһитэ ыарахан куулу хайдах да итиччэ үөһэ ылан бырахпат. Онуоха эбии, били ыскылааппыт мас олуура ортотунан тосту барбыт. Ол эмиэ киһи санаатаҕын аайы тоһуппат, суон тиит тоһоҕото этэ. Киһи эбитэ буоллар, туох да уустуга суох аһыллар-сабыллар олууру тоһутан эрэйдэниэ суохтаах этэ.    Биһиги сайылыкпытыгар абааһы ити курдук ыараханнык уонна илэ-бодо “ыалдьыттаан” ааспыта. Ол үөһэ быраҕыллыбыт куул хас да сылы быһа сарай үрдүгэр сыппыта. Абааһы илэ бэйэтинэн тутан-хабан “дьаһайбыт” малын ким да куттанан, аньыырҕаан аллара түһэрбэтэҕэ. Ыанньыксыттар куттанан чугаһаабат буолбуттарыттан сылтаан, кэлин уотурбаны атын сарай тутан көһөрбүттэрэ.    Билигин улаатан баран саныыбын. Ол, баҕар, абааһы буолбакка, били номоххо кэпсиир чучунаалара сылдьыбыта буолуо диэн. Бары сибикитэ барыта дьүөрэлэһэргэ дылы. Кыһыл харахтаах, түүлээх, улахан, киһиэхэ тэҥнэммэт баламат күүстээх...
kyym.ru сайтан