ХАРА БЭКИР
Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРА БЭКИР
19.06.2024 00:30
Киһиэхэ маарынныыр, ааны сабардыыр улахан уҥуохтаах, сирэйэ көстүбэт, күлүк курдук устан хаамар абааһы. Тыыннаах киһилиин бэрт былдьаһар адьынаттаах. Эһэм биир түбэлтэни кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Кини кыра сырыттаҕына, саха ыалын сиэринэн, дьоно күөххэ үктэннилэр да сайылыкка көһөллөр эбит. Эмиэ биир оннук сайыҥҥы киэһэ оҕолору кытта таһырдьа туста, оонньуу сылдьыбыттар. Киэһэрэн, сылайыахтарыгар диэри мэниктээн баран, сынньана таарыйа, күөх окко төгүрүччү олорбуттар. Саамай улаханнара Сүөдэркэ күүстээх быһыйдар тустарынан омуннаах-төлөннөөх кэпсээнин истэн, кулгаах иччитэ буолбуттар. Арай барыларыттан кыралара Дьөгүөркэ уол: «Хайалара эрэ биһиэхэ ыалдьыттыы кэллээ! Иэхэйбиин, кэһии сиир киэһэбит буолла!» - диэн саҥа аллайбыт. Бары балаҕан дьиэ диэки эргиллэн көрбүттэрэ - хаһан да харахтаан көрбөтөх хап-хара сүүнэ улахан киһи халҕаны тэлэччи аһан, иһирдьэ киирбит. Улахан тымтай сүгэһэрдээҕин иһин оҕолор барахсаттар кэһиилээх дии санаабыттар. Түргэн үлүгэрдик тэлгэһэҕэ сүүрэн тэбинэн тиийбиттэр. Дьиэҕэ киирэн истэхтэринэ, ынырык куһаҕан сытыйбыт сыт муннуларыгар саба биэрбит. Иһирдьэ ким да көстүбэт эбит. Арай түгэх быыс нөҥүө Охонооһой оҕонньор ыарыыта бэргээн, айаккалыы-ойокколуу, ынчык-хончук буола аҕай сытаахтыыр эбит. Оҕолор кутталларыттан саҥата суох барбыттар. Дьонноро киэһээҥҥи ыам кэнниттэн киирбиттэригэр, уолаттар туох буолбутун кэпсии тоһуйбуттар. Ханнык эрэ сүгэһэрдээх ыалдьыт балаҕан иһигэр киирэн баран, сииктии симэлийбитин бары да дьиктиргээбиттэр. Саамай кырдьаҕас дьукаахтара Даайа эмээхсин ытамньыйан ыла-ыла: «Туох аанньаҕа көстүөҕэй? Охонооһойбун сиэри кэлэ сырыттаҕа!» - диэхтээбит. Кырдьык, ол киэһэ оҕонньор бэргээн, сарсыныгар таҥаралаабыт. Биһиги аймах, мин оҕо эрдэхпинэ, үс ыал буолан биир дьиэҕэ олорорбут. Хас киэһэ ахсын оҕолор араас абааһылаах, иччилээх түбэлтэлэри кэпсэтэрбит. Биирдэ бырааппын кытта дьиэ иһигэр мэниктии, оонньуу сылдьан көрдөхпүнэ, хоһум аанын иннинэн сэлээппэлээх хап-хара күлүк курдук киһи ааста. Ону бастаан утаа улахаҥҥа уурбатым. Ол кэннэ хас да хонон баран, биир киэһэ эмиэ мустан түбэлтэ кэпсэттибит. Ким да тугу даҕаны кэпсиирэ суох буолбутугар, хара киһини санаан кэлэн, кэпсээн бардым: «Мин манна ааспыкка хара киһини көрбүтүм», - диэн саҥа саҕалаан истэхпинэ, балтым быһа түстэ: «Мин эмиэ баттахпын сууна туран көрбүтүм. Хайдах эрэ сэлээппэлээх курдук этэ…» - диэн илиитинэн көрдөрдө. Дьэ онно кутталбыттан саҥам тахсыбат буолан хаалбыта. Ама, кырдьык, кимэ-туга биллибэт биир киһини иккиэн көрбүппүт буолуо дуо?… Арай биир күһүн икки доҕордуулар балаҕан курдук быһыылаах, хаарбах туруктаах, эркинин быыһынан курдаттыы көстө сылдьар эргэ үүтээҥҥэ кэлэн, хонон-сынньанан ааһаары тэриммиттэр. Чугастыы улахан күөллээх алаас баар эбит. Киэһээҥҥи күөстэрин өрүнэн, аһаан-сиэн баран, доҕордуулартан биирдэстэрэ ол алааска кус маныы барар буолбут. Иккис киһи ытын илдьэ үүтээҥҥэ хонордуу оҥостон сыппыт. Кини саҥардыы нухарыйан эрдэҕинэ, ыта үрэн баргыйбыт. Соһуйан уһукта биэрбит, арай чугас соҕус мас тостор тыаһа иһиллэр эбит. Тайах, тыатааҕы буолуо диэн, сэрэхэдийэн, саатын ииппит. Мас тостор тыаһа олус улахан эбит, ол иһин тыатааҕы диэн саараабакка, кэтээн, саатын тыас диэки тирээн олорбут. Арай үүтээнин алдьаммыт эркинин быыһынан ыйдаҥа уотугар сүүнэ күлүк көстүбүт, ыта биир кэм ньап-ньааҕынас буола түспүт. Күлүк курдук устар хара бэкир киһи үүтээни тула эргийбит, ынырык сыт саба биэрбит. Алдьаммыт эркин быыһынан күлүк ханан көстөр да, киһи ол хоту, саатын иитэ-иитэ, дэлби ытыалаан испит. Бэкир, аны кэлэн, хаптаһын ааны тардыалаабыт. Аан хатыыра, баара-суоҕа быа буолан, төлө барбыт. Ыт бэкиргэ саба түһэн охсуһа сатаабыт. Булчут эмиэ кыҥыы-кыҥыы ытыалаабыт. Саа тыаһын истэн, алааска барбыт киһитэ сүүрэн, аҕылаан-мэҥилээн кэлбитэ, үүтээннэрэ бүтүннүү алдьанан сууллубут, урусхал быыһыгар төбөтө суох ыт өлүгэ эрэ сытар эбит. Доҕорун көрдөөн, ыҥыран хаһыытыы сатаан баран, дэриэбинэҕэ «эһэ буулаата» диэн тыллыы барарга быһаарыммыт. Быһалыы диэн, аттынааҕы алааһынан баран иһэн, өйө суох сытар киһитин уу кытыытыттан булан, сүгэн дэриэбинэҕэ илдьибит. Киһилэрин өйүн булларан, син бэттэх аҕалбыттарын кэннэ, туох буолбутун кэпсээн биэрбит. Ол булчут барахсан сотору буолаат, уһаабакка ыалдьан өлбүт. Хара бэкир киһи туһунан кырдьаҕастарга кэпсээбитин ким да туох да диэн сылыктаабатах. Баҕар, абааһы буолуо, баҕар, чучунаа да буолуон сөп… Ити курдук киһи таайбат дьиктитэ элбэх. Алын кылааска үөрэнэ сылдьан биир кыыһы дьүөгэтэ эбэлээҕэр хоно барсарыгар көрдөспүт. Кыыс сөбүлэспит. Эбиэт кэннэ үөрэнэн бүтэн, хонуохтаах ыалыгар тиийбит. Кыыс көрдөҕүнэ, тэлгэһэ иһигэр биир да тыллыбыт мас, үүнээйи суох, барыта иинэн-хатан хаалбыт тииттэр эрэ тураллар эбит. Дьэ киирэн чэйдээн, оонньоон, кэпсэтэн баран, киэһэ оҥостон сыппыттар. Кырдьаҕастар тута утуйан хаалбыттар. Кыргыттар кэпсэтэ сатаан баран, ырыа ыллаабыттар. Арай ыраах кинилэр ырыаларын ким эрэ үтүктэн ыллаһарга дылы үһү. Оҕолор куттаммыттар уонна түргэнник утуйарга санаммыттар. Саҥа нухарыйан иһэн иһиттэхтэринэ, тэрээһэ аана аһыллыбыт. Кыргыттар эһэлэрин уһугуннаран: «Ким эрэ киирдэ», - диэбиттэр, онуоха оҕонньор: «Туох ааттаах айманныгыт? Ааны хатаан сыппытым», - диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ таһырдьа тахсан көрбүтэ, ким да суох, аана хатыылаах эбит. Оҕолорго аны уһугуннарбаттарын курдук этэн баран, оҕонньор хоһугар киирбит. Кыргыттар уоскуйан, саҥа утуйан эрдэхтэринэ, аны дьиэ аана аһыллар тыаһа иһиллибит. Оҕолор кутталларыттан суорҕан иһигэр саспыттар. Иһиттэхтэринэ, үһүөлэр дуу, төрдүөлэр дуу эбит. Киирээт, иһити-хомуоһу күөрэ-лаҥкы тутан, тыаһаан-ууһаан барбыттар, магнитофону холбообуттар. Кыргыттар кутталларыттан суорҕаны тардыаласпыттар, дьүөгэтэ былдьаан ылбыт. Суорҕана суох кыыс хараҕын быһа симэн сыттаҕына, ким эрэ кинилэр хосторугар киирэрэ иһиллибит. Хараҕын быыһынан уоран көрбүтэ, сүдү улахан хара бэкир киһи кинилэри одуулаан аҕай турар үһү. Оннук син балай да уһуннук туран баран, төттөрү тахсан барбыт. Ол тыаһы иһиллии сытан оҕолор утуйан хаалбыттар. Сарсыарда туран көрбүттэрэ, ханна да иһит алдьаммыта көстүбэт, барыта орун-оннугар турар эбит. Кыыс кэлин билбитэ, дьүөгэтэ ити баҕайылар кэлэллэрин билэр эбит, ол иһин кинини доҕор оҥостоору илдьэ барбыт. Биир оҕонньор өрүү үрүсээктээх сайылыкка тахсар үһү. Барар суола киһи уҥуоҕунан ааһар эбит. Хас сырыы аайы ол аттынан истэҕинэ, сүгэһэрэ ыараан хаалар үһү. Ол туһунан оҕонньор аһаҕас эттээх эмээхсиҥҥэ кэпсээбит, кини: «Сарсын халлаан хараҥара илигинэ, онон ааһаар, мин ыраахтан көрүөҕүм», - диэбит. Сарсыныгар оҕонньор, эмээхсин эппитин курдук, баран истэҕинэ, кэнниттэн атах тыаһа ситэн кэлбит уонна сүгэһэрэ эмиэ ыараан хаалбыт. Онтон киһи уҥуохтарын ааспытын кэннэ, сүгэһэрэ чэпчии түспүт. Оҕонньор сайылыгар тиийбит. Сотору буолаат эмээхсинэ эмиэ кэлбит уонна аны атын суолунан сылдьарыгар сүбэлээбит: «Ити сиринэн бараргар хара киһи олорсор», - диэт, тахсан барбыт. Эмээхсин, хара киһини көрбүтүн кэннэ, хараҕа суох буолбута үһү. Хас да сыллааҕыта убайым биһиэхэ Намтан экстрасенс дьахтары таһаара сылдьыбыта. Кини икки дьүөгэтин батыһыннара сылдьара. Кэлэн иһэн аара суолга тохтообуттар. Арай салгыы айаннаары гыммыттара, массыыналара бытааран хаалбыт. Иһиттэҕинэ, дьахталлар: «Дьэ ити олоруста, ханна тиийэн түһэр?» диэн кэпсэтэллэр үһү. Радиаторын уута оргуйан, убайым эрэй бөҕөнү көрбүт этэ. Оннук айаннаан иһэн, Кэҥкэмэ үрэххэ тохтообуттар. Убайым, ыгылыйан, таһырдьа тахсан табахтыы турдаҕына, дьахталлара эмискэ: «Чэ, түргэнник массыынаҕа олор, бардыбыт!» - дэспиттэр. Хоҥнон иһэн, убайым массыынатын сиэркилэтинэн кэннин диэки көрбүтэ - уп-улахан, хап-хара киһи суол кытыытыгар туран хаалбыт үһү. Ол кэнниттэн, хата массыыналара моһуоктаабакка, түргэнник айаннаан кэлбиттэр. Бу түбэлтэни миэхэ убайым кэпсээбитэ. Ити быһа барыллаан 2000 сыллар саҕаларыгар буолбут. Убайым Никиитэ кулууп үлэһитэ. Биир күн киниттэн оскуолаҕа остуорастыыр доҕоро: «Бу түүн солбуйуоҥ дуо?» - диэн көрдөспүт. Никиитэ соччо баҕарбатар да, доҕоро онно-манна элбэхтэ абыраабыт буолан, сөбүлэспит. Дэриэбинэбит оскуолата эргэ. Быһа холоон сэрии кэнниттэн тутуллубут дьиэ. Дьэ дьуһуурустубаҕа тахсыахтаах бириэмэтэ кэлэн, киэһэ тоҕуһу ааһыыта оскуолатыгар барбыт. Тиийбитэ, муоста сууйааччы кыыс тахсан баран эрэр эбит. Убайым кинини кытта биир-икки тылынан кэпсэтэн баран, киирэн аанын хатаммыт, кылаастары кэрийэн батарыайалары бэрэбиэркэлээбит уонна остуорас утуйар хоһугар тэлэбиисэр холбоон көрө олорбут. Биһиги оскуолабыт уруккуттан «баардааҕынан» аатырара. Онон, куттанан, хоһун да, көрүдүөрүн да уотун араарбатах. Ол олорон утуйан хаалбыт. Түүн үөһүн саҕана уһуктан кэлбитэ - хабыс-хараҥа. Хоһун уота суох. «Хайдах-хайдаҕый?» диэн дьиктиргиир. Арай дьыбааныттан туруохча буолан иһэн көрбүтэ, уун-утары олоппоско киһи күлүгэ барыйан олорор үһү. «Бэйи эрэ, ааммын хатыырга дылы гыммытым ээ. Хайалара киирэн бачча хараҥаҕа саҥата суох олордоҕой?» - диэн саныы-саныы, туран кэлбит. Ол икки ардыгар били киһитэ эмискэ ойон турбут да, Никиитэ хабарҕатыгар түспүт. Хараҥа хоско булумахтаһыы буолбут. Убайым тыын былдьаһан хабарҕатын хам туппут кытаанах илиини араара сатаабыт да, кыайбатах. Онтон эмискэ, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, күлүк киһи сүтэн хаалбыт. Убайым өйдөнөн кэлбитэ, муостаҕа тобуктаан турар эбит. Хоһо хабыс-хараҥа. Сүүрэн тиийэн уоту умаппыта - ким да суох, уу чуумпу. Барыта хайдах эрэ түүл-бит курдук үһү. Никиитэ: «Һуу, хата түүл эбит. Ама, ким кэлэн хабарҕалаабыт үһүнүй? Баттаппытым тугун сүрэй», - диэн бэйэтин уоскутуммут. Сарсыарда буолуор диэри туох да биллибэтэх. Барыта этэҥҥэ ааспыт. Тоҕус чаас саҕана оҕолор, учууталлар кэлитэлээн барбыттар, убайым дьиэлээбит. Арай дьиэтигэр тиийэн, сууна туран сиэркилэҕэ сирэйин көрүммүтэ - хабарҕатыгар түөрт тарбах суола хаалбыт. Дьэ онно кини этин сааһа аһыллан, куттанан, түүл буолбатаҕын өйдөөбүт. Ити кэннэ икки күн буолан баран, Никиитэ улаханнык ыалдьан балыыһаҕа киирбитэ. Хата, биһиги дьолбутугар, киһибит өтөр соҕус буолан баран, өрүттэн атаҕар турбута. Билигин кини баар, этэҥҥэ олорор.