Кэпсээ
Войти Регистрация

Олох очурдара: Үһүс ойох

Главная / Кэпсээн арааһа / Олох очурдара: Үһүс ойох

K
Ангелина Васильева - Дайыына Категорията суох
29.09.2024 17:30
Уонтан тахса сыллааҕыта биир хоту улууска командировкаҕа айаннаабыппыт. Нэдиэлэ устата үлэлээн, сыалбытын-сорукпутун ситэн, төннөн испиппит. Дойду дьоно, хаардаах хайа­лары көрөн, бастакы омуҥҥа “һуу-һаа”, күө-дьаа буолан испит эбит буоллахпытына, төннүүгэ сылайа быһыытыйан, нухарыйыах курдук буоллубут, саҥа-иҥэ суох. Суоппарбыт төрүт олох­тоох киһи этэ. Төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин туһунан кэпсээн, бэркэ көмөлөспүтэ. Айаннаан иһэн, эмискэ: – Мантан чугас метео-ыстаан­сыйа баар, киирэ сылдьабыт дуо? – диэтэ. “Ээ, чэ, дьиэлээн иһэн, эмиэ тугун туорааһынай?” диэн саҥалар иһилиннилэр. – Онно хас да ойохтоох оҕонньор олорор ээ. Саха сиригэр үс ойохтоох киһи баарын билэҕит дуо? – диэбитигэр, били, утуктаабыппыт ханна да суох буолан хаалла… Ыстаансыйаҕа ньа­­чаас сүүрдэн тиийдибит, суолтан чугас баар эбит. Сүүрүктээх үрэх үрдүгэр турар, тэлгэһэтэ суох эргэ кыра дьиэ, аҕыйах самнайбыт тутуу баар. Кыараҕас дьиэҕэ уонча киһи кутуллан киирбитигэр, дьиэлээхтэр соһуйан хааллылар. Биир сааһыра барбыт, биэс уончалаах дьахтар уонна сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэр кыыс бааллар. Кыыс кыһыл оҕотун көтөҕө сылдьар. Маайкалаах эрэ, ыстаан сыгынньах сылдьар, этиргэн, сырдык хааннаах бааһынай, иккилээх-үстээх уол оҕо киирбит дьону сөбүлээбэккэ, хойуу хааһын аннынан сургуччу көрдө. Ийэлэрэ саҥалаах-иҥэлээх, сытыы дьахтар, кимнээхтэрбитин, ханна баран иһэрбитин ыйыталаста. “Бу мин кыыһым уонна сиэннэрим”, – диэн билиһиннэртээтэ. Суоппар дьиэлээх оҕонньору сураста. “Күтүөтүм тыаҕа бултана барбыта”, – диэтэ дьахтар. Истиэнэҕэ оҕонньор мэтириэтэ ыйанан турар эбит. Бар түү, бытык быыһыттан эрилкэй уоттаах харахтара, хонтоҕор мунна харахха быраҕыллаллар. Киһи оҕонньор диэбэт киһитэ эбит. Бу мэтириэти бэрт дьоҕурдаах киһи харандаа­һынан уруһуйдаабыта көстөр, оҕонньор дьүһүнүн эрэ буолбакка, майгытын эмиэ ырылхайдык көрдөрбүт. Ким уруһуйдаабытын ыйыталастым. “Ити кыыһым уруһуйдаабыта”, – диир дьахтар. “Наһаа үчүгэйдик уруһуйдаабыккын! Ханна эрэ анаан үөрэммитиҥ дуо?”, – диэн хайҕаабыппар, кыыс кыбыстан, маҥан сирэйэ тэтэрэ кыыста, баһын быһа илгиһиннэ. Хоту дойду ыалын сиэринэн, остуолга ыҥырыы, чэйдэтии диэн суох буолла. Эмиэ даҕаны, ааһан иһэр уонча киһини чэйдэтиэх диэтэххэ, манан аҕай дьыала буолбатаҕа буолуо… Чэ, ити курдук, быраһаайдаһан, таҕыстыбыт. *  *  * – Күтүөтүм диир ээ. Дьиҥэ, бэйэтэ да билигин улахан ойох буолан олорор буолуохтаах. Урут иһэр-аһыыр дьахтар этэ. Оннооҕор ити кыыһын эмиэ ойох биэрбит эбит дии. Букатын оҕо эрдэҕиттэн ойох гыммыт буолуохтаах. Оскуолаҕа да сүгүн үөрэттэрбэтэхтэрэ, аҕы­йах кылааска үөрэммитэ эбитэ дуу? Өссө биир дьахтар, иккис ойоҕо баара, онтулара ханна барбыта эбитэ буолла? Ити туох да суута-сокуона, саахсата суох, хомууна курдук олороллор, – диэн суоппарбыт уруулун эргитэ-эргитэ, тииһин быыһынан сыыйан, кэпсии истэ. – Ити хас саастаах оҕонньор буолуой? – диэн ыйытабыт. – Аҕыс уончалааҕа дуу? Сэттэ уончатын лаппа ааспыт буолуохтаах. – Эс! Оччоҕо ити кини оҕолоро дуо? – Киниэнэ буолумуна. Манна киниттэн атын атыыр суох. Иккис ойоҕо уонна ити кыыс сыл аайы дьиэлэригэр төрүүллэр дииллэр. Оҕолорун хаһан да балыыһаҕа көрдөрбөттөр. Көрдүгүт, ити уоллара сыгынньах кэриэтэ сылдьар дии. Арааһа, ол иһин дуу, оҕолоро өлөн иһэллэр, ону ханна да тыллаабакка, оҕонньор бэ­­йэтэ ойуурга таһааран, дьаһа­йар үһү… – Аата сүрүн! Аныгы үйэҕэ хайдах оннук буоларый? – диэн өрүкүнэһэбит. – Дэриэбинэ мантан ­ыраа-ах. Тыаҕа бороку­руор суох. Ити оҕонньору кытта иирсибэтэх да ордук. Уруккута хаайыылаах буоллаҕа, саа­лаах кэлэн, дьаһайан да кэбиһиэн сөп. – Уу, туох ынырык киһитэй! Ити хантан кэлбитий, ханнык омугуй, чэчиэн дуо? – Чуолкайын билбэтим ээ. Осетин эбитэ дуу? Былыр хаа­йыыга кэлэн баран, хаалан хаалбыт. Үйэтин тухары ити тыаҕа олорор. Бултуур, балык­тыыр. Билигин да тэтиэнэх, сүрдээх күүстээх. Оҕонньоруҥ, хата, үс ойохтоох. – Оттон ити кыыс наһаа баттаммыт, атаҕастаммыт көрүҥэ суох дии… – Ээ, тоҕо атаҕастаммыт курдук сананыай? Оҕо эрдэҕиттэн олох оннук диэн өйдөбүллээх улааттаҕа. Уонна ханна да барар-кэлэр сирэ суох буол­лаҕа. Сөбүлэһэн олорор буолуохтаах, – диэн суоппарбыт кэпсээнин түмүктээтэ. Бу кэнниттэн, бары да саҥабыт-иҥэбит аҕыйаан, эдэркээн кыыс дьылҕатын туһунан толкуйдуу испиппит. Мас быыһынан батыһа элэҥниир төгүрүк ыйбыт былыт быыһыгар киирэн, бүрүүкээбит ыас хараҥаны массыына уота эрэ сырдатара. Уһун суол хаһан да бүтүө суохтуу субуллан, буолбуту, ааспыты мэлдьэһэн иһэргэ дылыта… *  *  * Ити кыыс дьылҕата тоҕо эрэ өр кэмҥэ өйбүттэн-санаабыттан тахсыбатаҕа. Аныгы үйэҕэ биһиги ортобутугар, былыргы хараҥа үйэ үгэстэрин тутуһан, кыыс оҕо дьылҕатын таптаабыттарынан дьаһайан, баттаан олороллоро сүөргү быһыы ээ… Уонча сыл ааспытын кэннэ, ол дэриэбинэттэн сылдьар киһини көрсөн, ыйыталаспытым. Хата, ол дьону билэр эбит этэ. – Оҕонньор былырыын бултуу сылдьан, сүрэҕэ тохтоон охтубутун, өр соҕус буолан баран, булан, харайбыттара. Ыстаансыйаҕа атын үлэһит анаммыта. Дьахталлара дэриэ­бинэҕэ көһөн киирбиттэрэ. Эргэ дьиэлэрин сөргүтэн, туспа олохсуйбуттара. Дьаһалта үлэһиттэрэ кыһаллан, оҕолорун оскуолаҕа, уһуйааҥҥа биэрбиттэрэ. Үс-хас оҕолоохтор быһыылаах. Кыыһы кулуупка муоста сууйааччынан үлэҕэ ылбыттара. Чэ билбэтим, үчүгэйдик олороллор быһыылаах. Ийэлэрэ эрэ иһэн-аһаан барбатар, син оттон-мастан тардыһан, оло­руохтар этэ, – диэн кэпсээбитэ. Мин ону истэн, уоскуйарга дылы гыммытым. Сороҕор олох төһө да тыйыс хараҕынан көрдөр, син биир үтүө суолга үктэнэргэ сырдык ыллык баар буолар ээ…
edersaas.ru сайтан