Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киһиэхэ кыра да наада…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киһиэхэ кыра да наада…
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.09.2024 18:00
“Саха сирэ” хаһыат уонна sakha-sire.ru саайт тэттик кэпсээннэргэ куонкурус биллэрбитэ. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар Өлөксөөн Бири кылгас кэпсээнин билиһиннэрэбит. * * * Киһи барахсан бу орто дойдуга кэлэригэр, биллэн турар, үчүгэй олоххо, эйэҕэс сыһыаҥҥа баҕарар. Дьэ, онтон олох эриирдэрин-мускуурдарын тулуйан, кырдьар сааска дьонтон үтүө сыһыаны эрэйэрэ кэмнээх буолуо дуо? Ол курдук киһи тэҥэ санана сырыттахпыт буолуо ээ. Арай биирдэ, Дьокуускай куоракка кырдьаҕастар сынньанар, эмтэнэр Гериатрическай кииннэригэр бэрт уһун уочарат кэнниттэн дьэ киирэн, туһунан болкуоннаах, туалеттаах, дуустаах биир палаатаҕа үһүө буоллубут. Кэпсэтэн билсибиппит: бастакыбыт Абый ааттаах булчута Асхай оҕонньор, бэйэтэ этэринэн Абый тыатыгар баппакка, муммута буолан, Муомаҕа киирэн бултаан ылар эбит. Былыр очуостан охтон икки атаҕын эчэппитэ биллэрэн, билигин арыычча, тайахха тэптэрэн сыҕарыйар кырдьаҕас палаата түгэҕэр баар куойкаҕа олохсуйда. Иккиспит Алдан тоҥуһа. Эмиэ бэйэтэ кэпсииринэн, тииҥи хараҕын сиирэ ытан силигирэтэн эбэтэр муннун уутун “куурдан” түһэрэр кыраҕы ытааччы булчут. Аатыра-сураҕыра сылдьан, икки хараҕынан балай буолан эрэйдэммитэ балачча буолбут эбит. Кини Мукулай диэн эбит. Чугастыы туалеты уонна тахсар аан тутаахтарын наада буоллаҕына түргэнник харбыалаһан булар курдук палаата айаҕар олоҕун булла. Үһүстэрэ, мин, дойдум Олоохуна уларын курдук субу-субу кулгааҕым бүөлэнэн, чуҥ гынар дөйүҥү тойон, ортоку ороҥҥо олоотуу олоҥнуур киһи буоллум. Дьонум миигиттэн балачча аҕа саастаахтар. Кэпсэтэр баҕаттан кинилэргэ чугаһаан, кулгаахпын уостарыгар чугаһатан, арааһы ыаһыйалыыбыт. Оҕонньотторум төһө да хаампат, көрбөт буоллаллар, куоластара хата чуор. Миэхэ улаханнык саҥаран, ууларыгар-хаардарыгар киирэн көбдьүөрүйдэхтэринэ, саҥалара палаатаҕа баппакка, көрүдүөргэ көҥкүнээн тахсар, оччоҕо сиэстэрэ ааны өҥөйөн буойталыыр. Арай биир сарсыарда суунан-тараанан баран ороммутугар олордохпутуна, палаатабыт аана аргыый аһыллан, мин көрбүппүнэн тылбыттан матан хааллым. Олох остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук, куба куорсунун туруору тутан баран үрэн кэбиспиттэринии, муус маҥан халааттаах сиэстэрэ кыыс устан туналыйан киирдэ! Бу эдэрин, дьылыгырын, кэрэтин! Оннооҕор балай харахтаахпыт Мукулай тугу эрэ сэрэйэн мах барда. Кыыспыт лып-лыҥкынас куолаһынан “Үтүө сарсыарданан, кырдьаҕастар” диэбитигэр (истэ биэрбитим да баар) бирээмэ эппит сааһа аһыллан, түөрт-биэс уонча сааспытын киэр илгэн, сүүрбэбитигэр түһэн ыллыбыт эбээт, хардарбакка да хам бардыбыт. Нарын-намчы тарбахтарынан илиибитин суулуу тутан хааммыт баттааһынын бэрэбиэркэлээт, бүгүн иһэр эмпитин түҥэттэ уонна дьэдьэн кыһыл уостарын сэгэтэн, арылы маҥан тиистэрэ сандаара мичээрдээбитинэн тахсаары туран, аһыы барыахтаахпытын санатта. Эмискэ туохпут эрэ төлү барда быһыылаах, били нэһиилэ хаамар Асхайбыт тура эккирээт, кыыһы ааҥҥа атааран, балай Мукулай сүр түргэнник аан тутааҕын харбаат аһа охсон, кыыспытын атаардыбыт. Ол кэннэ, чочумча ороммутугар өйбүтүн-төйбүтүн булан олорбохтоон баран, аһыы барарбытын санаат, көрүдүөргэ батыаккалаһан таҕыстыбыт. Балайбыт тайах маһынан, онно барабыт диэбитинэн иннин хоту ыйаат, бастаата. Атахтара моһуогурбут киһибит мин иннибэр түһэн, торуоската тоһугураан, иккистээтэ. Мин кэннилэриттэн сэбирдэхтэнним. Ол курдук, остолобуойга көрөр, хаамар, истэр баҕайы чобуо дьон дьоролус гына түстүбүт. Остуолга олорон, бэйэ-бэйэбитигэр мичээрдэһэ-мичээрдэһэ, минньигэстик аһаатыбыт. Көр, биир кэрэ түгэн киһини итинник сэргэхситэр эбит ээ. Эйэҕэс сыһыан дьикти күүһэ… Өлөксөөн БИРИ Өлүөхүмэ, 1 Нөөрүктээйи. Хаартыска: perfectstock.ru/
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан