Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Илэ киирбит

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Илэ киирбит

K
edersaas.ru Категорията суох
18.09.2024 18:00
Бу түбэлтэ мин оҕо эрдэхпинэ буолбута. Таһараа ыалбыт сүр кырдьаҕас Охоноон диэн  ураты сымнаҕас сыһыаннаах этэ. Ордук Коля диэн сиэнин барыларыттан чорботон таптыыра, маанылыыра. Коля уол ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына Охоноон оҕонньор эмискэ ыалдьан икки эрэ хонук сытан хаалбыт. 80-нун лаппа ааспыт оҕонньору саамай аһыйбыт сиэнэ уол эбит. Олох тохтообокко эһэтин үрдүгэр нөрүйэн олорон дэлби маккыраччы ытаабыт. Дьоно буойа сатаабыттар да уоллара олох тохтооботох. Киэһэлик уоллара ытыы сатаан баран хоһугар киирэн утуйан хаалбыт. Аны былыргы итэҕэлинэн киһи көмүллүбүт күнүгэр дьиэ аанын өлбүттээх ыал хатаныа суохтаах эбит. Ол итэҕэли тутуһан ыал ааннарын хатаммакка киэһээҥилэрин чээйдии олорбуттар. Таһырдьа ардах бөҕөтө түспүт. Суол-иис көстүбэт гына бырыы да бадараан буолбут. Арай эмискэ күүлэ тас аана тыаһаабыт. Дьиэлээхтэр ким кэллэҕэй диэн дьиктиргии санаабыттар. Чаас да ырааппыт эбит. Онтон эмискэччи, эһэлэрэ куруук көхсүн этитэрин курдук, ким эрэ тэрээһэҕэ көхсүн этиппит. Дьиэлээхтэр букатын куттаммыттар. Онуоха эбэлэрэ ойон турбут уонна аал уотугар чугаһаан истэҕинэ, дьиэ аана аһыллан кэлбит да, Охоноон оҕонньор илэ бэйэтинэн киирэн кэлбит. Бүгүн аҕай кистээбит киһилэрэ киирэн кэлбититтэн олус куттаммыттар, дьиксиммиттэр. Онуоха эмээхсин: «Күтүр өстөөх, туох буолан төттөрү кэлэ сылдьаҕын, барбыт сиргэр бар, дьүгэлий!» — диэн күргүйдээбит. Онуоха оҕонньор кубарыйан хаалбыт уостара титирэстии-титирэстии биир сири тобулу көрөн туран: «Сиэн уолбун ыла кэллим. Сүгүн сылдьыа суох», – диэбит. Оҕонньор саҥатын истээт ыал ийэтэ сарылаабытынан хоско сүүрэн киирбит. Эмээхсин талах минньигин ылан хаҥас илиитин таһынан сапсына-сапсына ааттаспыт.  «Оҕонньоор, төрөппүт дьоҥҥун сордоомо, оо айыым-таҥарам, бар, кэлбит сиргэр бар, төнүн» диир кэмигэр ыал аҕата аал уотун аһаппыт, ааттаспыт-көрдөспүт. Оҕонньор эргиллэн дьиэлээхтэри кэрийэ көрбүт уонна саҥата суох тахсан барбыт. Көрбүттэрин итэҕэйбэккэлэр бары ах баран олорбуттар. Ол түүн уоллара Коля улаханнык ыалдьыбыт. Түүнү быһа титирэстии-титирэстии утуйбакка айаҕыттан күүгэн аллан дьонун куттаабыт. Сарсыарданан тыына быстыбыт. Бу дьикти уонна кутталлаах түгэни дьонтон истибитим. Сиэнэ уолу илдьэ бараары оҕонньор кэннин хайыспыта буолуо диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Оччолооҕу истэн баран мин ол ыалга олох үктэммэт буолбутум. Тыыннааҕар куруук көрөр Охоноон оҕонньорбун оннук сүрдээн-кэптээн кэпсииллэрин истэн баран, ол сайын ардахтаах күннэр усталара дьиэбиттэн быкпатахпын өйдүүбүн. НЬУКУЛАЙ, «Эдэр саас» архыыбыттан, 2015 сыл
edersaas.ru сайтан