Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүрэх кистэлэҥэ: Хойутаабыт сурук
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүрэх кистэлэҥэ: Хойутаабыт сурук
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.09.2024 18:50
Айна оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар биир кэм харчытынан, таҥаһынан-сабынан атын оҕолортон өрүү мөлтөх буолан, кылаас кыргыттарыттан туоратыллар буолбута. Обургу сааһыгар тиийиитигэр уолаттар сэргээн көрбөт этилэрэ. Ама, үөрэҕэр кыһанар, оннооҕор оскуолалар икки ардыларынааҕы олимпиадаларга кыттар буолара. Оннооҕор иккитэ хаста миэстэлэһэн турардаах. Баҕар, ол кини оҕо сааһыттан соҕотох ийэ соҕотох оҕото буолан аҕа амарах тапталын билбэккэ улаатыыта улахан оруолу оонньообута эбитэ дуу. Ийэтин кэпсээнинэн аҕата уонна ийэтэ күүстээх тапталынан билсэн баран, тоҕо эрэ аҕата иһэн-аһаан ийэтин кэргэн ылбатах уонна оҕотуттан аккаастаммыт. Ийэлээх аҕата Айааллаах Настя холбоон кыыстарын Айна диэн ааттаабыттара. Аата, атын аатынан ааттаабыттара буоллар, куруук аҕатын уонна ийэтин аатын саныы сылдьыа, дьон кинини ыҥырарыгар куруук истиэ суох эбит. Кыыс арай биири дьэҥкэтик өйдөөбүтэ. Кини олоҕо ийэтин курдук чуумпу уонна чуҥкук буолуо суоҕа. Кини быстах да кэмҥэ буоллар, хайаан да доҕордонуо. Кыысчаан оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар кэмиттэн уларыйан, сыыйа тупсан, чахчы эр дьон болҕомтотун тардар буолбута. Максим диэн бэйэтиттэн аҕыс сыл аҕа саастаах уолу кытары билсибитэ. Максим эмиэ ийэтигэр эрэ иитиллибит буолан, бэрт түргэнник биир тылы булбуттара. Ол кэмтэн ыла хас киэһэ ахсын киинэҕэ сылдьан, массыынанан хатааһылаан, кыыс хаһан даҕаны олорботох остуоруйатыгар түбэспит курдуга. Таптал иэйиитигэр куустаран, бу киһи туһугар тугу да гынарын кэрэйбэт, оннооҕор сааһыран эрэр соҕотох ийэтигэр болҕомтото аччаабыта. Биир күн ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, Максимыттан: “Миигин бырастыы гын! Мин эйигин таптаабаппын. Атын кыыстыын Америкаҕа көһөн бардыбыт” диэн смс кэлбитэ. Айна Максим илдьитин ааҕаат даҕаны сонно тута киниэхэ эрийбитэ, төлөпүөнэ арахса сылдьара. Ыксаан Максим үлэтигэр тиийэн сураспытын: “Максим үлэтиттэн уһуллубута үс хонно”, – диэбиттэрэ. Онтон Максим чугас доҕотторугар эрийтэлээн ыйыталаһан көрбүтэ да туһа суоҕа. Бары биир киһи курдук билбэппит, көрбөтөхпүт, кэпсэппэтэхпит ыраатта дииллэрэ. Максим ийэтиттэн ыйытыан кыбыстара. Кинини билбэт да этэ. Арай кыра эрдэҕиттэн бииргэ улааппыт уола Бүөккэ: “Кырдьык, атын кыыстыын Америкаҕа көһөн барбыттара”, — диэн эппитэ. Ити абалаах сурук кэнниттэн Айна утуйбат да, аһаабат да буолбута. Майгылыын, тас көстүүлүүн биллэрдик уларыйбыта. Өйүттэн, санаатыттан Максима эппит тыллара тахсыбат этилэр. Үөрэҕэр көтүтүү бөҕөлөнөн академ ылбыта. Сотору буолаат Айна олоҕор атын уол көстүбүтэ. Кыыс сыыйа Максимы умнан, Роберты астынар буолан барбыта. Айна ыарахан кэмигэр аттыгар кини эрэ баара. Өрүү күүс-көмө буолара. Баҕар, ол да иһин буолуо, доҕордоһуулара сыыйа тапталга кубулуйан барбыта. Роберт төгүрүк тулаайах, үлэһит, бэрт боростуой майгылаах уол. Муоданы, күүлэйи төрүт батыспат. Эгэ, таптыыр кыыһын, Айнаны албынныа, атаҕастыа дуо. Биир сыл сылдьан, биир сыл саахсаламмакка эрэ бииргэ олорон көрөн баран холбоспуттара. Айна ийэтэ бу күнү олус да күүппүтэ. Чороҥ соҕотох кыыһа кини дьылҕатын батыһыа диэн куттанара. Холбоспуттара икки сыл курдук буолбутун кэнниттэн, Айналаах
Роберт уол оҕоломмуттара. Уу-чуумпу дьоллоох күннэр аргыый устан испиттэрэ. Кыыс Роберты көрсүбүтүттэн таҥараҕа махтанара. Максимы олох даҕаны умнан кэбиспитэ. Биир үтүө күн диэххэ дуу, хайдах дуу, оҕолорун дьиэлэрин таһынааҕы былаһааккаҕа оонньото сырыттахтарына, Айнаны Максим чугас доҕоро Бүөккэ кэлэн ыҥыран ылан кэмбиэрдээх суругу туттараат, биир да тылы эппэккэ эрэ төттөрү эргиллээт баран хаалбыта. Кэмбиэри сэрэнэн арыйбыта тэтэрээт илииһигэр бөдөҥ букубанан суруллубут аҕыйах этиилээх сурук сылдьар эбит. Айна Максим буочара буоларын сонно тута билбитэ. Суругу тэнитэн аахпыта: “Чыычааҕым, Айна! Эн бу суругу туппут буоллаххына, дьоллоохтук олорор эбиккин. Миэхэ ол эрэ наада. Мин эйигин эрэ хомотумаарыбын биир улахан кистэлэҥ санаабын эппэтэҕим. Эйигинниин арахсыахпыт иннинэ быраастар мэйиибэр рак үөскээбит диэн эппиттэрэ. Кыайан эмтиир кыахтара суоҕа. Ол иһин эйиэхэ дьоллоох олоҕу эрэ баҕараммын барытын эппэтэҕим. Америка, атын кыыс диэн сымыйанан эппитим. Чугас доҕотторбун, ийэбин эйиэхэ эппэттэрин курдук барыларын сэрэппитим. Кэлин син биир уоскуйуоҥ, атыны таптыаҥ диэн испэр бүк эрэнэр этим. Бырастыы, барытын баарынан эппэтэхпэр. Ийэлэрбит дьылҕаларын батыһыма. Дьоллоох буол! Тапталы кытары, Максим!”, диэн ис хоһоонноох эбит. Айна иэдэһинэн ыраас таммах тохтоло суох сүүрбүтэ. Ол да иһин, Максима итинник албынныа суохтаах этэ. Кини уонча сыл анараа өттүгэр буолан ааспыт түгэннэрэ хараҕар бу баардыы көстөн кэллилэр. Санаатыгар орто дойдуттан тэйэн ханна эрэ ыраах көтөн эрэр курдук буолла. Ол саҕана Максимынаан наһаа да дьоллоох этилэрэ. Өрүс кытылыгар куустуһан туран күн тахсыытын көрөллөрө. Куорат устун түүн хойукка диэри күүлэйдииллэрэ. Кылгас да кэм иһигэр буоллар олоҕун саамай дьоллоох кэмнэрэ эбит. Ханна эрэ ыраахтан оҕото “ийээ” диэн ыҥырар чаҕаархай куолаһыттан Сирдээҕи олоххо төттөрү “эргилиннэ”. Эргиллэн көрбүтэ саамай чугас дьоно, кэргэнэ, оҕото сиэттиспитинэн киниэхэ утары иһэллэр эбит. Сибэкки ИОНОВ, «Эдэр саас» архыыбыттан, 2015 сыл
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан