Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэпсээнтэн кэпсээн: «…Хоройон олорор»

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэпсээнтэн кэпсээн: «…Хоройон олорор»

K
edersaas.ru Категорията суох
10.09.2024 18:00
Бу түбэлтэ сэбиэскэй саҕана, 1985-1986 сыллар эргин, тыатааҕы балайда элбии сылдьыбыт кэмигэр буолбута. Оччолорго Хаҥалас улууһугар Дьалаанка Улахан Аан отделениета этэ. Оннооҕу сылгыһыттар бэс ыйын саҥатыгар сылгыларын кэрийэн көрө сылдьан, Кэрбэннээх күөл кытыытыгар эһэ бүгүһүн кутаҕа түспүт тый өлүгүн хостоон таһааран, онон-манан көмөн барбытыгар түбэспиттэр. Баҕар, маныы сылдьара буолуо диэннэр, бэркэ сэрэнэн, тииккэ элиэлээн, туһах иитэн ааспыттар. Итиннэ баар үс сылгыһыттан иккитэ Улахан Аан дьоно – Иванов Василий уонна ыстаарсайдара Семёнов Анатолий, кинилэри кытта олохтоох бааһынай уола Сэргэй сылдьыһара. Баһылайдаах Анатолий уолу сылгыларын, туһаҕын көрө сылдьарыгар соруйан бараннар, массыына үрдүгэр түһэн дьиэлэригэр элэс гынан хаалбыттар. Сэргэй Оҥхойго баар сылгы базатыгар өрөөн баран, ыһык ыла, бородуукта атыылаһа Дьалаанкаҕа атын миинэн айаннаабыт. Уол атын тиэтэппэккэ, оту-маһы көрө-көрө, Анфисатын көрсүөхтээҕин санаан манньыйан, муннун анныгар кигинэйэн ыллыы испит. Ыттара үрэр саҥаларын диэки хайыспыта, арай, күөл хомуһугар аарыма улахан кырдьаҕас туһахха иҥнэн баран, үллэн олорор эбит. Уол Дьалаанкаҕа тиийэн, Ганяҕа эрэ соҕотох төлөпүөн баарын, 5-6 дьахтар уочараттаан олороллоруттан былдьаһан ылан, Улахан Ааҥҥа ыстаарсайыгар эрийэр. Бөртөҕө А.С.Семёнов төлөпүөнэ тырылыы түһэр, туруупканы ылан истибитэ, арай,Сэргэйин ыксаабыт саҥата иһиллэр: — Ээ, хомуска хоройон олорор! – диир Сэргэй. Ити курдук өйдөспөккө, хардары-таары хаһыытаһаллар, уола «хоройон олорор» диэнтэн атыны билбэт. Дьахталлар обургулар истиэх эрэ кэрэх, уолу тылыттан иилэ хабан ылаллар. — Нохоо, ол тугуҥ хомус быыһыгар хоройон олороруй? — диэннэр, уолу мух-мах ыыталлар. Дьэ онтон өйдөөн ыстаарсай: – Эһэ дуо? — диэн ыйытар. — Оннук-оннук, баарыҥҥыттан инньэ диэххин! — диэн Сэргэй уол улаханнык кыыһырар саҥата иһиллэр. — Эн базаҕа тиийэн, биһигини кэтэс, сотору тиийиэхпит, — диир ыстаарсай. Анатолий Баһылайга туох буолбутун биллэрэр уонна хомуна охсон, Баһылай саҥа “Нива” массыынатыгар түөрт ыттарын ылан, ыксал муҥунан ойуталлар. Тиийбиттэрэ, уоллара кэлэн кэтэһэн олорор эбит. Сэргэй, дьахталлар истэн сурах тарҕатыахтара диэн, “хоройон олорор” диэбитин истэннэр, санаан кэлэ-кэлэ, күлсүү бөҕөтө буолаллар. Хаһан аттарын ыҥыырданан, күөлгэ сиэллэрэн тиийиэхтэригэр диэри, Сэргэй ыттарынаан алта ыт буоланнар, хомуска киирэн олорор эһэни тула көтө сылдьан айдаан, моргуор бөҕөтүн түһэрэ сылдьаллар эбит. Эһэ Сэмиэнэп Суолдьут диэн ытын синньигэс биилиттэн хабан ылар уонна ыт куобаҕы илгиэлиирин курдук сахсыйар. Ыт өлөр саҥатын түһэрэр, атын ыттар эһэҕэ кэнниттэн кэлэн буутугар түспүттэригэр уоба сылдьар ытын ыраах илгэн кэбиһэр. Анатолий хаарыаннаах булчут ыта эмсэҕэлээбитин көрөн, сыыр үрдүттэн кылана түһээт, эһэҕэ быһахтаах ыстанаары дугдуруҥнаабытын көрөн, Баһылай: «Эйигин баҕас биирдэ хабыа!», — диэн тохтотор. Ити түгэҥҥэ икки атаҕар турбут эһэни Баһылай Сэргэйдиин тиэрэ ытан түһэрэллэр. Кырдьаҕас ууга охторун кытта ыттар тэбис-тэҥҥэ үрдүгэр баран түһэллэр. Маҥнай утаа ууга дуолан охсуһуу буолар, онтон кырдьаҕас аргыый мөлтөөн, өлөн барар. Бөртө Уола «Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан, 2014 сыл
edersaas.ru сайтан