Кэпсээ
Войти Регистрация

Соппуоска (юмореска)

Главная / Кэпсээн арааһа / Соппуоска (юмореска)

K
edersaas.ru Категорията суох
05.09.2024 12:53
Бу түбэлтэ урут, аныгы оҕолор «былыр» диир кэмнэригэр, сэбиэскэй саҕана буолбута. Биир дьүөгэм (аатын этимиим, билигин «Силуэт» атыы-эргиэн киинигэр урбаанньыт) соппуоска уонна кыһыҥҥы бэргэһэ ылынаары, оччотооҕуннан баһаам элбэх харчыны мунньуммут — адьас 6 мөһөөгү. Кэргэнэ «обноваланарын» сөбүлэһэн, дьүөгэм үөрэн сэгэйэ сылдьыбыт. Дьэ, өрөбүлгэ барахолкаҕа, 5-с оптуобус конечкатыгар, элээрдэн тиийбит. Оҕонньоро ырыынактан сибиинньэ этэ ыла барбыт. Толуоннаах эттэрэ бүппүт эбит (оччолорго эт, арыы толуонунан бэриллэрэ). Дьүөгэм 600 солкуобайыгар фирма́соппуоска, муру-муодунай кыһыҥҥы бэргэһэ ылынарга суоттанан, атыыһыттар табаардарын тэлгэппит эрээттэрин кэрийбит. Хас даҕаны кэккэни ааспыт. Онтон, доҕоор, көрбүтэ чобаи соппуоска дьондойон турар эбит. Импортнай, австрийскай эбит. «То, что надо, найгы!» — дии санаабыт, ылан, тутан-хабан көрбүт. Тириитэ, тигиитэ, моһуона барыта оруобуна, кини баҕатын хоту эбит. Солотуулаах бирээскэлээх, молнията бөтөҕөтүнэн, сотото раструб, прессованнай, слоистай хобулуктаах, супинатор стелькалаах, коруоча, фирмА. Атыылааччы, 50-ча саастаах, ис киирбэх, бэрт эйэҕэс-сайаҕас түөтэ, табаара атыыга бараары гыммытын сэрэйэн, илэмэ-салама түспүт, соппуоскатын тыл мүөттээҕинэн хайҕаабыт, бэйэтигэр ылбыта кыра буолан, атыылаан эрэрин кэпсээбит. Атыыһыт сыанатын «300 солкуобай» диэбит. Дьүөгэм үөрэ санаабыт: хата, шапочкаҕа лоп курдук аҥаара ордор эбит. Соппуосканы кээмэйдээн көрөргө торумнаммыт. Уҥа полусапожкатын устан, аҥаар атаҕар туран, соппуосканы кэтэ сатаабыт. Хаҥас харытыгар харчылаах сумочкатын, уҥа илиитигэр хаһаайыстыбаннай, тирии суумкатын тута сылдьар буолан, мээрэйдиирин мэһэйдиир эбит. Атыыһыт дьахтар «суумкаларгын сиргэ ууран эр» диэн өй укпут. Хаһаайыстыбаннай суумкатын сиргэ уурбут, иккис суумкатын атыыһыкка туттарбыт уонна кулгааҕар сибигинэйбит: «Бу суумканы тутан эриҥ, сиргэ ууруохпун баҕарбаппын. Манна олус элбэх харчы баар». Санаатыгар, эрэллээх илиигэ суумкатын туттараат, холкутуйан, туора баран, ыскамыайкаҕа олорон, соппуосканы кэппит. «Мин санаабар, оруобуна сөп», — диэбитинэн атыыһыкка эргиллибит. Дьулайыан иһин, дьахтара да, суумката да мэлигир. Куттанан, баттаҕа тура сыспыт. Аҥаар-аҥаар атах таҥастаах барахолканы биир гына сүүрбүт да, «эйэҕэс атыыһытын» булбатах. Хайыаҕай, 5-с оптуобуска олорон, соппуоскатын кууһан, дьиэлээбит. Түннүгүнэн элэҥнээн ааһар дьиэлэри көрө-көрө уку-суку айаннаабыт, хараҕыттан сылаас таммахтар субуруйан, иэдэһин устун сүүрэллэрин ытыһын көхсүнэн сотто испит. Дьиэтигэр кэлбит. Кэргэнэ ырыынактан кэлэн эттээх хортуоппуй соркуойдаан, билиитэ аттыгар буһа-хата турар эбит. Дьүөгэм эригэр хайдах быһаарыан билбэтэх: соппуоскалаах, ол эрэн, бэргэһэ ылыахтаах 3 мөһөөгө суох. Кэргэнэ, мичээрдии-мичээрдии, хайдах эрэ дьээбэлээх баитык ыйыппыт: «Дьэ, хайа, атыыластыҥ дуу?» Дьүөгэм, хайыай, ыган-ыган: «Ыллым ээ», — диэхтээбит, куолаһа титирэстээн ылбыт. «Баатыгарын, харчым сүппүтүн билбит дуу?!» — дии санаабыт. Ону истэн оҕонньорун хараҕа биэстээх харчы саҕа төгүрүйэн тахсыбыт: » Туох даа?! Ол хайдах?! Дьээбэ эбит, харчылаах кумааҺынньыгыҥ остуолга сытар дии!» — диэн саҥа аллайбыт. Дьүөгэм көрбүтэ, кубараанньыга остуолга бөскөйө сытар эбит! «Оо! Бу дьолу!» — диэбит бастаан. «Сору дуу?» — дии санаабыт онтон: баҕарбатар да, атыыһыты албыннаабыт буолан тахсар. Онтон миэхэ субуоннаан кэпсээбитигэр иккиэн иэрийэ-иэрийэ күлсүбүппүт. Ааптар арпагыраапыйата.
edersaas.ru сайтан