Кэпсээ
Войти Регистрация

Илин кэбиһэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Илин кэбиһэр

K
23.07.2021 12:57
Маны биир билэр киһим кэпсээбитэ.      80-с сыллар бүтүүлэригэр, биир ыалга кырдьаҕас эбэлэрэ өлбүт. Харайдахтара дии. Онтон эмээхсин өлбүтэ 40-с күнүгэр, кини уола Ыстапаан (маны кэпсээбит, ол саҕана 50-ча саастаах киһи) бэрт дьикти түүлү түһээбит. Киниэхэ түүн ийэтэ кэлэн, “ити тиэргэммит арҕаа өттүгэр турар, былыр Холоруктаах алааһыттан көһөрүллэн кэлбит эргэ ампаар кэлин өттүн хаһаҥҥын били малы хостоон ылаар. Ону илдьэ барыыһыбын. Куһаҕан дьайыҥнаах, иирсээн аргыстаах мал манна хаалара сатаныа суох” диэн кэпсээбит. Ити сайын эбит.    Ыстапаан түүлү түүл курдук аахайбатах, умнан кэбиспит. Ол эрээри хас да хонон баран ийэтэ эмээхсин эмиэ түүлүгэр киирэн санаппыт. Дэлби кыйахаммыт дьүһүннээҕэ үһү. Инньэ гынан, биһиги киһибит ампаар кэннинээҕи буору хаһар ыаһахтаммыт. Хас да киэһэ иллэҥсийэн, ол ампаар иэниттэн да киэҥ сир кырыһын барытын түөрэн хара буорунан көрдөрбүт да, тугу да булбатах. Саатар, эмээхсин “били мал” диэн тугу эппитэ биллибэт. Инньэ гынан, буору хаһан тугу булбутун барытын мунньан испит. Бытыылка бүөтүн, хас да алтан кэппиэйкэни, тимэхтэри, дьэбинирбит тоһоҕолору, тимир тоһоҕосторун... Салапаан мөһөөччүккэ угуллубут, ампаар эркинигэр адьас сыһыары кэриэтэ көмүллүбүт ыбыс-ыарахан былыргы үрүҥ көмүс илин-кэлин кэбиһэрдэри адьас кэлин булбут. Эрийии кылдьыыга бииргэ тиһиллэ сылдьар илин уонна кэлин кэбиһэрдэр, Ыстапаан этэринэн, 2,5 киилэ ыйааһыннаахтара үһү. Оҕо сылдьан элбэхтик көрбүт малын Ыстапаан тута билбит. “Кэлин оччо-бачча илин кэбиһэри көрдөҕүм буолуо да, ол ийэм кэриэс мала балтараа харыс курдук кэтиттээҕэ, наһаа уһуна, дьахтар нөрүөнүн бука барытын сабар улаханнааҕа. Кэлин да кэбиһэрэ онтон хаалсыбата. Быһата, сүөргү улахан, ыарахан мал этэ” диэбитэ.    Ыстапаан ол малын кимиэхэ да эппэккэ, ийэтин уҥуоҕун буоругар таһааран көмөн кэбиспит.    Ол илин кэбиһэр Ыстапаан ийэтигэр эбэтиттэн тиксибит. Ол эбэтигэр ханнык былыргы төрдүлэриттэн тиийэн кэлбитэ биллибэт. Эбэтэ былыр бу дойдуга кийииттээн кэлэригэр ол мал улахан былдьаһыгынан тиксибитэ үһү. Бииргэ төрөөбүт балтылара дьоннорун баар-суох сыаналаах маллара эдьиийдэрин кытта атын дойдуга барсарын сөбүлээбэккэ, күнүүлээн кыраһыылаах-таныйсыылаах арахсыбыттар. Ити букатын былыр, ыраахтааҕы саҕанааҕы дьыала буоллаҕа.    Сэрии сылларыгар тыа нэһилиэктэриттэн сыаналаах малларын бука барытын хомуйан суйдаан ылбыттарын билэбит. Били кулаактааһын саҕана былдьаммакка ордон хаалбыт ыаллар кэриэс-хомуруос былыргы сыаналаах малларын бука барытын: үрүҥ көмүс ытарҕаларын, илин-кэлин кэбиһэрдэрин, былыргы курдарын, аттарын тэриэбэтин, ыҥыырдарын сирэйдэрин, ньуоскаларын уо.д.а. барытын кыһалаҥ аҥаардаах “Оборуона пуондатыгар” диэн хомуйталаан ылбыттар. Холкуос салалтата Ыстапаан эһэлээх-эбэтигэр кэлэн “эһиэхэ былыргы үрүҥ көмүс киэргэллээх үһүгүт, онтугутун булгуччу биэрэҕит!” диэн хаста да төхтүрүйэн ыххайа сатаабыт. Ыаллар былыргы өбүгэлэриттэн ордон хаалбыт кэриэс малларыттан матыахтарын баҕарбатахтар, “туохпут да суох” диэн диэн таһы-быһа мэлдьэһэн кэбиспиттэр уонна ол түмүгэр, холкуос салалтатын өһүгэр-сааһыгар киирэн биэрээхтээбиттэр. Бу содулугар, Ыстапаан эһэтэ, ол саҕана ханнык да сэрии тутуутугар-хабыытыгар эппиэттэспэт буола сааһырбыт киһи, холкуос дьаһалтатын “көмөтүнэн” ыраах Булуҥҥа үлэ фронугар утаарыллыбыт уонна... төннүбэтэх.    Ити былаһын тухары ыаллар кэриэс илин кэбиһэрдэрин ким да булбатын курдук ыбылы кистээн сытыардахтара буолуо.    Кэлин 70-80-с сылларга Ыстапаан бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ уонна балтылара ол илин кэбиһэр сорох салбырҕастарын, иэмэхтэрин-иэччэхтэрин тууран ылан ытарҕа, биһилэх куттаран барбыттар. Кэлин кыһыл-үрүҥ көмүс сыаналанар кэмэ кэлбитигэр, ийэлэрэ өлөрүн чугаһыгар ол симэҕи “бу мал нэһилиэстибэ быһыытынан миэхэ тиксиэхтээх” эҥин диэн кыҥыр-хаҥыр саҥарсар буолбуттарыгар, ийэлэрэ иирсээн иҥмит малын таһааран ампаар кэннигэр көмөн кэбиспит. Букатын кэлин өлөн баран, “баарын былаһын тухары былдьаһыыны, хара санааны ыҥыран ыла сылдьар кыраммыт малы, айылааҕын, бэйэм илдьэ барыыһыбын” диэн быһаарбыт, кэнчээри ыччатын кэнэҕэски иирсээннэртэн босхолообут.    Ыстапаан билигин суох. Холобурга диэн эттэххэ, кини төрөөбүт улууһун, нэһилиэгин мин бэркэ билэбин. Наада буоллаҕына, ол бөһүөлэккэ тиийэн кини ийэтин уҥуоҕун ыйдаран булуохпун да сөп...   Дьөгүөр Ньукулаайап, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан