Кэпсээ
Войти Регистрация

Сайылыкка (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Сайылыкка (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
04.08.2024 10:00
Бу түбэлтэ аҕыс уонус сыллар эргин, Оҕо төннүбүт алааһыгар буолбута диэн эбээм эмээхсин кэпсээбитэ… Илин саҕахтан сайынҥы күн бастакы сардаҥалара, саҥа тутуллубут, ыанньыксыттар олорор уопсай дьиэлэрин шифер сарайыгар тыкта. Дьиэттэн сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ турар ынах ыыр титииккэ, дьахталлар саҥалара, ынах маҥырааһына, бостуук сайдыыра сайылык иһигэр оргуйан олордо. Күн киэһэриитэ, үлэ-хамнас үмүрүйүүтэ, дьон-сэргэ сайылыкка тахсыбыт бастакы күннэрин малаа­һыннаары, уопсай дьиэ түгэх хоһугар муһуннулар. Алта-сэттэ ыанньыксыт дьахтар уонна икки бостуук аһыырга-сииргэ тэринэн баай ас­­таах остуол­га олороо­ру тэринэн эрдэхтэринэ, барыларыттан аҕа саастаахтара, уһун хатыҥыр дьахтар Маарыйа: – Чэйиҥ эрэ доҕоттоор, бас­­таан таһырдьа тахсан, саҥа көһөн кэлбит дьон сиэринэн аал уоппутун айах тутан аһатыаҕыҥ, – диэн барыларын ыҥырда уонна эбэн: – Онтон титиикпитигэр тиийэн салама ыйыахпыт – диэтэ. Бары таһырдьа суугунаһан тахсан, дьиэ иннигэр оттуллубут кутаа­ҕа арыылаах алаадьы. Сиэри-туому толорбут курдук сананан дьиэҕэ төттөрү киирэн истэхтэринэ, барыларыттан эдэрдэрэ, оскуола кэнниттэн саҥа иккис сылын ыанньыксыттаан эрэр Сүөкүччэ кыыс: – Дьонноор… мааҕыыттан иһим ыалдьар, эбиэккэ тугу эрэ сыыһа аһаа­быппын дуу… – диэн баран, балай эмэ тэйиччи көстөр ньууһунньук диэки тиэтэйэ-саарайа тэбинэ турда. Дьон дьиэҕэ киирэн, кыыстарын күүтэн олорбохтоотулар, онтон, бостуук Сөдүөт: – Ити кыыс титииккэ бэйэтэ да тиийиэҕэ, биһиги баран салама ыйыы туруоҕуҥ, – диэтэ уонна астаах остуол диэки иҥсэрбиттии көрөн ылла. – Кырдьык даҕаны, бара туруоҕуҥ… бириэмэ да ыраатта… – Түүн үөһэ ааһан эрэр… – диэн саҥалар иһилиннилэр, бары таһырдьа тахсан титиик диэки субуруһан бардылар. Титиик түөрт муннугар алаадьы уурталаатылар, баҕаналар икки ардыларыгар уһун быаҕа тиһиллибит таҥас кырадаһынын ыйаатылар. Бу тухары Сүөкүччэ биллибэтэ. Дьоннор дьиэҕэ кэлэн киирдилэр, остуолга саҥа саамылаһан олорон эрдэхтэринэ, кыыс киирэн: – Ууай, иһим моһуогуран иэдэйэ сыстым… хоспор киирэн эмп иһэн нэһииччэ бэттэх буоллум, – диэтэ уонна остуолга кэлэн олордо. Маны көрөн отутун эрэ ааспыт, соноон эрэр Суоппуйа: – Хотуой, бараҥҥын титииккэ аста кээс, эйигин күүтэ сатаан баран биһиги сиэри тутуһан кэллибит – диэтэ. – Сүөкүччэ, алаадьы ити баар, салама ол, остуолга сытар, эн кэлэргин кэтэһиэхпит-Суоппуйа дьүөгэтэ бэрт хачаайы дьахтар Марыына саҥаран сыыбырҕаата. – Чэ, чэ, хойут да бара сылдьыаҕа, түүн ыраатта… – диэтэ эдэр бостуук Хабырыыс уонна толору астаах ос­­туол диэки көрдө. Маны эрэ күүппүттүү Сүөкүччэ: – Ээ чэ… кэнники… уонна тугун эмиэ саламатай! Хомсомуолка буоллаҕым! – Оо, дьэ бу кыыс, эмиэ сүрэҕэлдьээтэ! – Этимэ даҕаны!Өссө хомсомуол­лаах ээ! Өбүгэ саҕаттан тутуһан кэлбит үгэспит буоллаҕа! – отуччатын лаппа ааспыт эт лыхаҕар дьахтар Кэтириис мөҕүөхчэ буолла. Аһаан-сиэн ампаалыктаһан бүтэл­лэрин саҕана сайыҥҥы түүн сыр­даан барда. Ити итинэн ааста, Сүөкүччэ саламатын сол курдук ыйаабата. Ыспагаат быаҕа тиһиллибит салама хос муннугар бөх буола сыппытын, ким эрэ дьиэ хомуйа сылдьан таһааран күрүө сиэрдийэтигэр иилэ бырахпыта тыал түстэҕин аайы тэлибирии турда. Биир күн, киэһээҥҥи ыам кэнниттэн, Сүөкүччэ солуурун, дуойкатын иһитин сууйбакка долбуурга уурта­лаан баран, хоһугар киирэн сылайбыта буолан тиэрэ түһэн сытта. Дьахталлар үлэлэрин үмүрүтэн баран, дьиэлэригэр киирэн иһэн, Суоппуйа, кыыс хоһун өҥөйөн: – Хотуой тахсаҥҥын иһиккин-хомуоскун сууй! Сахсырҕа бөҕө мустан эрэр! – дьарыйардыы саҥарда. – Ити кыыс сүрэҕэлдьээн сүгүн үлэлиирин ааста… – ким эрэ саҥата аһаҕас ааҥҥа иһиллэн ааста. – Сөп-сөп… сөрүүн түһүүтэ тахсан сууйуом… – Сүөкүччэ куотуна сытта. Бэс ыйынааҕы күн тыа үрдүгэр ыйанарын саҕана кыыс туран ти­­тиик диэки саллаҥнаата. Уу сылыттыан сүрэҕэлдьээн дуойкатын иһитин тымныы уунан сайҕаабыта буола турда. Бу туран кэннигэр тарбыйах аһатар сарай диэкиттэн (тарбыйах хаһаа­та титииккэ сыһыары оҥоһуллан турар, силбэһэ ааннаах) туйах тыаһа тоһугураан иһэрин иһиттэ: “Оо… дьэ, хайалара ааны саппакка барбытай! Аны тарбыйах сырса оонньуурум итэҕэс эбит дии! – дии саныы-саныы, күлбүһэҕин туора ууран баран, кэннин хайыспыта, муннук диэкиттэн киниэ­хэ, сааһын саҥа ааһан эрэр, чачархай баттахтаах, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, арыттаах тиистэрдээх кыракый кыысчаан мичээр­дии-мичээрдии хааман тоотоҥноон иһэр эбит. Маны көрөн Сүөкүччэ олус диэн соһуйда: «Бай, хайаларын оҕото кэлэн манна сүүрэ сылдьарый… сайылыкка оҕолоох дьахтар суоҕа ээ… өссө маҥан соппуоскалаах…” – дии са­­наан иһэн, кыысчаан атаҕын өйдөөн көрөн, сүрэҕэ айаҕар таҕыста, куйахата үмүрүтэ туппахтаата. Оҕо атаҕа, бэрбээкэйиттэн аллараа өттө туйахтар эбит! Сүөкүччэ сордоох саҥа таһааран сарылаата, тахсар аан диэки ыстанан кэбистэ. Сүүрэн иһэн иһиттэҕинэ, кэннигэр туйах тыаһа хаалсыбакка тоһугураата, оҕо күлэн чачыгыратара кулгааҕар субу иһиллэн истэ… Сайылык олохтоохторо киэһээ­ҥилэрин аһаан баран тахсан, ким табахтыы, ким көннөрү салгын сии, сэлэһэ олордулар. Бу олордохторуна киэһээҥҥи чуумпуну аймаан титиик диэки дьахтар кыланара иһилиннэ, ол быыһыгар кыра оҕо чаҕаарара субу баардыы чуопчаарда. Бары соһуйан ойон турдулар, сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр: – Тыый Сүөкүччэ туох буолла?! – Тоҕо сарылыыр?! – У-аай аны кыыл буолуо?! – Оҕо… оҕо саҥата баар! – Дэриэбинэттэн бачча ыраах туох оҕото кэлиэй! – У-аай, часкыйар! Тоҕо ынырыгай?! – Эр дьон тоҕо тураҕыт, баран көрүҥ! – Суоппуйа дьаһайардыы саҥарбытыгар, эр дьон хайыахтарын да билиминэ тэпсэҥнэһэн ыллылар, онтон Сөдүөт өй ылбыттыы хоһун иһигэр дьылыс гынна, өр буол­бата биир уостаах саатыгар ботуруон симэ-симэ тахсан: – Ыл, Хабырыыс баран көрүөх! – диэн баран титиик диэки сүүрэ турда. Хабырыыс саппай уобуста, кини кэнниттэн дьахталлар субурустулар. Сөдүөт сүүрэн иһэн, дьиэ уонна титиик икки ардыгар ыллыкка, Сүөкүччэ баттаҕа арбайан, харахтарын муҥунан көрөн, икки дьабадьытынан сыраана сүүрэ-сүүрэ, ытыыра да, ынчыктыыра да биллибэккэ ыҥыр­гыы олороругар кэтиллэ түстэ – Тыый… Сүөкүччэ… туох буоллуҥ?! – Онно… онно… титииккэ… оҕо баар… туйахтаах кыыс… – Сүөкүччэ иччитэ суох харахтарынан кини тула мустубут дьону кэриччи көрө-көрө саҥаран иһэн, сирэйэ мэрбэстэн ытаан киирэн барда. – Уу… тугу-тугу саҥараҕын… киһини куттаан… – Тугу көрдүм диирий? – Кими диэ… оҕону көрдүм диир… – Тарбыйах абааһыта буолаарай… – Эс, биһигини куттаан үөннүрэр быһыылаах… – Марыына саҥаран эрдэҕинэ Суоппуйа быһа түһэн: – Саҥарба… бу кыыс кута көппүт… тугу эрэ көрөн маннык буолар… – диэтэ. – Көр-көр, баттаҕа маҥхайа охсубут дии! – Кэтириис, уһун ньолоҕор сирэйэ ситэри уһаабыкка дылы буол­ла. – Ылыҥ, дьиэҕэ илдьиэҕиҥ! Сөдүөттэр, Хабырыыстар кыыһы икки окумалыттан өрө көтөҕөн ылан, атаҕар уйуттубат киһини соһон дьиэ­ҕэ аҕалан хоһугар киллэрэн сытыардылар… Эбээм, Суоппуйа эмээхсин, кэпсээ­нин түмүктээн баран, тугу эрэ санаа­быттыы үөһэ тыынан кэбиспитэ. Онуоха мин ситэри истэр баҕаттан: – Онтон? Сүөкүччэ хайдах буолбутай? Ханна барбытай? – диэн ыйыппытым. – Сүөкүччэ ханна барыаҕай, ити дэриэбинэ арҕаа уһугар олорор Сүөкүлэй эмээхсини билэҕит дии, ити кини, аҕыс уон икки сыллаахха уон тоҕуһун туолан ыанньыксыттыы сылдьыбыт Сүөкүччэ кыыс. – Оччоҕо билигин Сүөкүлэй эмээх­син биэс уон алта саастаах эбит, көрдөххө аҕыс уонун ааспыт курдук дии, – балтым Лариса сөхпүтүн биллэрэн чыпчырынан кэбиспитэ. – Ол түгэн кэнниттэн Сүөкүччэ биир сыл балыыһаҕа сытан тахсыбыта. Балыыһаттан тахсарыгар, ол сүүрбэтин саҥа туолбут кыыспыт, баттаҕа маҥхайан сирэйэ мыччыстан букатын киһи билбэт буолбут этэ, – эбээм кэпсии олорбута. – Эбээ, ол киэһэ Сүөкүччэ тугу көрбүтэ буолуой? – Дьэ, ким билэр оҕолоор… ити… Оҕо төннүбүт алааһыгар былыр Боотурустар диэн эдэр ыал олорбуттар үһү. Ол дьон оҕоҕо сатаммакка олорон арай сүүрбэччэ сыл буолан баран дьахтар оһоҕостоммута биллибит. Үөрүү-көтүү үксээбит, эһиилигэр кыыс оҕоломмуттар. Ол кыыс­чаан биирин ааһан иһэн, ийэтэ ынах ыыр кэмигэр титииккэ киирэн оонньуу сылдьан ынахха кэйдэрэн өлөөхтөөбүт үһү… Баҕар ол оҕо үөр буолан көстүбүтэ буолуо диэн таайбыппыт, – эбээ Суоппуйа туртайбыт баттаҕын имэриммэхтээн баран: – Онон, оҕолоор… ханна да тиийдэргит, сиэри-туому тутуһа сылдьар буолуҥ. Оннооҕор биһиги, ол аҕыс уонус сылларга, хомуньуус-хомсо­муол саҕана уора-көстө да буоллар өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубат этибит… – диэбитэ. 2019 с.
edersaas.ru сайтан