Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Ахтылҕан

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Ахтылҕан

K
edersaas.ru Категорията суох
15.07.2024 09:00
Надя түүнүн олус эрэйдэнэр. Хараҕын симэн көрбөккө өрө мөхсөн тахсар. Өйөнөр икки, сытар икки ардынан утуйан ылар. Саннын хаптаҕайын аннынан маһы уган кэбиспиттии аалан ыалдьар. Онто аастаҕына, аны атын муҥ буулуур. Агдакатын туох эрэ ыарахан кэлэн баттаабытыныы, сүрэҕэ-быара ыгыллар. Тыына тиийбэтиттэн ык­­саан ойон турар. Айаҕынан эҕирийбэхтээн көрөр эҥинниир. Бордууһунаны арыйан, тымныы салгыны ыймахтыыр. Оччоҕуна эрэ хам ылларбыта арыый ыытарга дылы гынар. Хараҕа сырдыыр, тириитэ тэнийэр. Арыт түүн илиитин-атаҕын кыа­йан хамсаппат гына тыына кылгыыр. Турар кыаҕа суох сарсыар­дааҥҥа диэри көһүйэн хаалар. Күнүһүн ыарыытын баалаппат буола сатаан, аргыый аҕай сылдьар. Дьиэтигэр-уотугар Славкалаах Бээчэ илии-атах буолан абыраатылар. Кыраларын көрүмэҥ. Сүрэх-бэлэс үлэһиттэр, кымырдаҕас курдуктар. Хайыппыт мастарын бэйэлэрэ саһааннабыттара. Түргэннэрэ сүрдээх. Бытыгынаһыы. Бытарыһыы. Быыһыгар бырдааттаныы. Мууһун-маһын ас гымматтар, начаас таһан кэбиһэллэр. Тэлгэһэтин күрдьэн абыраатылар. Аҕаларыныы ото бытыгырыар диэри кылбаппаталлар да, көп хаарын баҕас көҕүрэтэл­лэр. Нөҥүө-маҥаа элээрдии кытаанаҕа. Күрдьүктэрин муннугун мултугур-илтигир гына сабыта сыбыыллар. Сүөдэр кырыылаабытыттан чыҥха атын хартыына. Туох буо­­луой, кылаабынайа, чөмөхтөннөҕө дии. Күрдьэхтэрэ ханан бүппүт сирдэринэн эһиллэн хаалар. Арыт суолу туора түһэ сытар буолар, арыт киирэр аан аттыгар быраҕыллар. Кыһаллан-мүһэллэн үлэлииллэрин туох диэҕэй. Итиччэ көмөлөһөллөрүгэр улахан махталлаах. Ийэлэрэ Кисиэнньэ дьаһайсан эрдэҕэ. Дьүөгэтэ суоҕа эбитэ буоллар, Надя бу дойдуга хайдах тулуйан олоруо эбитэй. Үлэбэр барбакка ыһыктынан сытан хааларым хайдах да табыллыбат. Ол мин ыарытыйарым диэхтээн, наар баар суол буоллаҕа. Сүрэҕим билигин кэлэн тупсарын аастаҕа. Оттон Васябын хайдах соҕотохтуу хаалларыахпыный? Саамай ыарахан кэмигэр хайаатар да аттыгар баар буо­­луохтаахпын, хайаатар да көмөлөһүөхтээхпин… Итинник санаалара быһа кым­ньыы­лааннар, Надя барахсан кимнээҕэр күүстээххэ, кимнээҕэр кыах­таахха кубулуйа түһэр. Дьон саҥатыттан куттанар бэйэ­тэ билигин аһаҕастык сылдьар. Үлэлээбэт да күнүгэр атаҕа барбытын билбэккэ хаалар. Киһитин аттыгар түүннэри-күннэри кэриэтэ баар буола сатыыр. Киппэ бэйэтэ куура хатан куччаабытын, дьүһүннүүн-бодолуун уларыйбытын аһыммытын-харыһыйбытын иһин ха­­йыай? Буолбуту уларыппат буоллаҕа… Ити хаҕа эрэ сыттар даҕаны, хаадьылаһан тахсар ээ. Чугаһаата даҕаны имэрийэн-томору­йан иһэр. Хайаан даҕаны таарыйан ылар. Сороҕор биллэ-биллибэттик, сороҕор балайда күүскэ туппахтыыр. Надя ону сирбэт. Бэйэтэ эмиэ саба түһэн ууруон-сыллыан баҕарара ханна барыай? Хонноҕун анныгар муннун анньан баран сытыа эбит. Ол эрээри туттунар. Улахан эчэйиилээх киһини күүркэтэр табыллыбатын өйдүүр. Онон сэрэнэн-сэрэнэн, илиититтэн бигээн ылар. Күөмэйин хомуок бүөлүү анньан, ытаан барыахтаах кэбирэҕин бигэргэтэр. Төһө кыалларынан кытаата сатыыр. Баардаах уустук эпэрээссийэни этэҥҥэ тулуйбутугар махтал. Аҕыйах милимиэтиринэн иһирдьэ аспыттара буоллар, тута барыахтааҕа үһү. Иисэп Куостаны кытта Чугуйбут оҕонньор булбатахтара буоллар, хаана баран эбэтэр үлүйэн өлүө эбитэ буолуо. Айылҕата таайан, көмө-ньыма буолар дьоно болдьоон-хаһаан туран көһүннэхтэрэ. Тэлгэһэтиттэн соччо тэйбэт майгылаах доҕолоҥ Куоста тэйиччи сиргэ тугу ирдээн-көрдөөн дуу, биттэнэн дуу тиийбитин туох билиэй? Туһугар биир
дьикти түгэн. Буолаары буолан, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар кыра кыһалҕалаах таһырдьа быкпат кэмэ ээ. Пилорамаҕа тугу гыммытын ыйыталаспыттарын быһааран биэрэр кыах мэлиһээй эбит. «О-оттон о-онньук баббытым, биббэппин. О-онно баббытым у-уонна көббүтүм. Дьооска куттаммытым. Муосунайдык сүүббүтүм, ы-ынырык муосунайдык…» – диэнинэн бүппүт. Сүрүнүн син кэпсээтэҕэ дии. Чугуйбут Гаанньа күн аайы ойуурга тиэстибэт оҕонньор ээ. Ол күн «чөҥөчөктөрүн хаардаабыт». Урут-хойут аасыһан хаалбатах. Оруобуна түбэспит. Онон Баардаах Баһылайы дьон «өлөр өлүүнү үс төгүл мүччү түспүт, чахчы толору дьоллоох уол» дииллэрэ оруннаах. Надя атынынан дьарыктаммакка күнү быһа тапталлааҕын аттыгар олоруон олус баҕарар да, санаатын хоту табыллыбат. Ол эрээри, сылтах көһүннэр эрэ, Баардаах Баһылай балаататыгар курдары ааһар. «Маннык куруук аттыбар баара, мин кэлэрбин күүтэ сытара наһаа астык» дии са­­наан ылбахтыыр. Ити бэйэмсэх быһыытыттан бэйэтэ кэлэйэр. Били урут «кинини умнуом, оҕом биһикки бэ­­йэбит эрэ олоруохпут, көһөн баран хаалыам» диэмэхтиирэ букатын умнуллубуттар. Сарсыарда кинини санаабытынан үлэтигэр барар, киэһэ кинини санаабытынан дьиэтигэр кэлэр… Күммүт уһаабыта биллэн эрэр ээ… Кыра атахтаахтар таһырдьаттан киирбэттэр. Тымныыттан толлубат дьон диэн, дьэ, кинилэр. Хара киэһээҥҥэ диэри оонньууллар… Дьэбдьиэй, үөһэ тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, ыал оҕолорун кэ­­тиир-маныыр. – Эчи, кытыгырастарын, кинилэр курдук сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыбыт киһи-и… – иэҕэҥнээн ылбахтыыр уонна эмиэ үөһэ тыынар. – Тэт, маһынан бырахсаллар дуу, тугуй? Дьэ, буолар да эбит, сээкэйдэрин өлөрөөрү, сүгүн сылдьаллар үһү дуо? – ымсыырбыта ааһа охсон кыйыттан киирэн барда. – Саатар, болооруйа сытыйан, тугу да аанньа көрдөрбөт ээ…– мөҕүттэ-мөҕүттэ, түннүгү сууралаамах­таата. Биллигириирэ элбээтэ: – Кулмуурабыт маны сотон бысталаныа этэ дуо? Сүрэҕэ суох. Сытары эрэ сатыыр дьахтар. Сах билэр, тоҕо сытарын, туга ыалдьара эбитэй? Киэсэбит да баар, дьэ, булан аҕалаахтаабыт. Кырасаабыссата сити майгытынан хас күн иҥнэн олороохтуур?.. Сиэҕинэн сотон көрдө, муннун ыга анньан кыҥастаһан да ылла. Туох да абыраабата быһыылаах. Кыыһыран такыаланна, саҥата-иҥэтэ лаппа сэниэлэннэ. – Бука бары сүрэҕэ суохтар! Бар, мантан! – атаҕар аалыҥныы сылдьыбыт куосканы тэбэн кэбистэ. Биирдэһэ «ньаах!» диэбитинэн эһиллэн хаалла. Түөрт атаҕар тура түһээт, куотан, кутуруга хоройо турда. – Туохтарын куоскатай-тайматай… Дьиэ иһинээҕилэри барыларын хаарыйда. Ол да буоллар, уоскуйан хаалбата. – Бас сыгынньаҕын ыччакабын да. Кимнээх оҕолоро эбитэй? Дьиикэйдэри көр эрэ, ээ! Дьарыйталыам ээ, дьаһаллааҕым диэн бэйэм киэнэ этэ, – өттүгүн имэрийэн ылла, тохтуон дуу, тахсыан дуу билиминэ аан айаҕар саараан турбахтаата. Санаата батарбата. Таҥнан хачыкынайан таҕыста. Аҕыйахта хардыылаат, муоста адаарыттан иҥнэн, умса туруйалаата. Ньиччи түһүөх киһини бытаана абыраата. Хаптаһын быыстан тайанан-хайаан, өрүһүннэ эрээри, сөтөллөн хахсайан бопторо сыста. Арыычча тыынын ылан, саҥа аллайда: – Оо, абаккам да баар эбит! Мин туспар бары барыта хааччах буолан истэҕэй?! Хараҕын уута
бычалыс гыммытын ньухханан кэбистэ. Уйадыйбытын мэлдьэһэн дьиппинийэн хаалла. Јһөс хаана оонньоото. – Сордоох, соҕотохтуу хаалыам үһү, аны ытыы сылдьыам үһү?! – сиһэ «көнө» түстэ, хаамара «түргэтээтэ». Туораттан көрдөххө, тугун эрэ сүтэрбит эмээх­син сири-буору кымыс­таан, мукук-икик хамсанар. Сотору-сотору сынньанан ылар. Ити киэбинэн, турар-хаамар икки ардынан такылдьыйан, олбуору булла. – Һуу… – диэт, аан туорайыгар өйөннө. Урукку Дьэбдьиэй букатын атына. «Наар аанньа» диэбиккэ дылы, наар аанньа алдьархай буулаан иэдэйдэ. Көрүҥнүүн эдэрэ-сэнэҕэ, көстүүлүүн күндүтэ-мааныта малыйбыт. Куталдьыйар-маталдьыйар толуу бэ­­йэкэтэ, кууран-куч­чаан, киһи билбэт буол­бут. Сирэйдиин-харахтыын уларыйбыт, тыынара кытта кыл­­гаабыт. Дьиэтэ уокка былдьаныаҕыттан балыыһалары кэрийбитэ. Аны бу Ымчыыстарга олорор. Нэһилиэк баһылыга: «Быыһаабыт дьо­руой, бакаа илдьэ олорон эр, уопсайга миэс­тэ таҕыстаҕына көһөрүөхпүт», – диэн Ымчыыс Киэскэйи тылыгар киллэрэн, онуоха-маныаха диэри манна олохтоноохтообута. Ыаллар итинтэн сылтаан эйэлэрэ араҕыста. Дьахтар, дьиҥэр, дьукаах­таналларын эрдэттэн иһигэр киллэрбэтэҕэ эрээри, хайыай, дьиэлээх тойонун быһаарыытын ылыннаҕа дии. Уонна сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин киниттэн ким ыйыппыта баарай? Бастаан утаа эҕэ-дьэҕэ буоллар да, син кэпсэтэр-ипсэтэр этэ. Онтон аҕыйах хоноот, куукулаҕа кубулуйда. Чанчыгынан көрө-көрө чыпчылы­йар эрэ. Били: «Уой, не говори, Кеша», – дии-дии, илин-кэлин түһэ сылдьар бэйэккэтэ тосту уларыйда. Кынчыатанан сүр. Эрэ эйэргэһээри гыннаҕына хаҕыстык садьыаланар, эбии дьэбин уоһуйар. Эгэ, үөрэ-көтө ас астаан тоһуйуо дуо? Хостон быкпат даҕаны. Таҕыстаҕына, киһи чугаһыан куттанар гына суоһурҕана туттар, тыастаах аҕайдык хааман-­сиимэн тоспохолдьуйар. Киэскэй, оччолооҕу көрөн туран, хайаан киирэн биэрдэҕэй? Ырааҕынан чугуруҥнуур. Аат эрэ харата сыҕарыҥнаан, аһаабыта-гыммыта буолар. Саалаҕа тэлэбиисэрин иннигэр сытар. Устунан онно уту­йар. «Олохпут жооска тобук буолла», – диэн кэммэнтээрийдиир. Дьукаахтара кытары эйэҕэһэ-са­­йаҕаһа кэмчи-кэрэгэй. Кэпсэппэт. Кэккэлэспэт. Куоскалыын эрэ тапсарга дылы. Иккиэн сууласпытынан устар күнү быһа түннүгү манаан тахсаллар. Аһыыр кэм кэллэҕинэ хаһаа­йыттарга кыттыспат. Суор-тураах курдук тус-туспа аһыыллар. Онон дьиэ иһинээҕи халлааннара хараҥардар хараҥаран иһэр. Быһыы-майгы ыарахан былытынан барыларын баттаата. Өтөрүнэн сайҕанан абырыа суох. Леди Муус «Ахтылҕан» (Бичик, 2018) кинигэтиттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар
edersaas.ru сайтан