Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: абааһы мунньаҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: абааһы мунньаҕа

K
edersaas.ru Категорията суох
13.07.2024 08:00
Торбос Охтубут алааһын дьон-сэргэ бэрт өрдөөҕүттэн «мээнэ сир буолбатах, иччилээх, ыарахан тыыннаах дойду» диэн кэпсиир. Ол курдук, былыргы дьон кэпсииллэринэн, бу бүтэй алааска абааһылар мустан мунньахтыыр үгэстээхтэр үһү. Былыр «ол дьон» мунньахтарын ким көрөн номоххо холбообута биллибэт, оттон аҕыйах сыллааҕыта биир киһи көрөн, бүтүн нэһилиэги атаҕар туруорбуттаах. Ону кылгастык санаан аастахха, бу курдук. Биирдэ, Тураҕастар диэн нэһилиэги систээн олорор халыҥ аймах дьон туохха да кыайтарбат буола элбээбит сүөһүлэригэр оттотоору, Дьокуускай куораттан үлэтэ суох ырааҕынан аймахтарын ыҥыран аҕалбыттар. Ол киһилэрэ туох да оҕото-уруута суох, сулумах киһи эбит этэ. Куоракка элбэхтик сылдьар-тиэстэр дьон кэпсииллэринэн, бу киһи улаханнык иһэр-аһыыр, биирдэ көрдөхтөрүнэ арыгытын эмтэтэ «Краснай Якутия» балыыһаҕа сытар, иккистээн иһиттэхтэринэ төбөтүнэн моһуогуран «Котенко»балыыһаҕа  эмтэнэр диэн буолар үһү. Ону тэҥэ, «сытары бырастыы гыммат, улахан ылыгас» диэн сурах эмиэ баар. Уопсайынан, ис киирбэҕэ суох киһи этэ. Ырыганын, уһунун иһин эбитэ буолуо, киһи эрэ барыта кинини Чоҥку диэн ааттыыра, дьиҥнээх аатын ким эмэ билэрэ эбитэ дуу, суоҕа дуу. Дьэ, бу киһини ыраах сиртэн ааттаан-суоллаан оттуу кэлбит моой отчуту, Тураҕастар ох курдук оҥорон, кустук курдук куоһаан, ыһыктаан-таймалаан Торбос Охтубукка оттото ыыппыттар. Чоҥку, сиэр быһыытынан, тиийбит күнүгэр «дойду иччитин аһатан» ыһык арыгытын испит. Ону көрөн турбут суох, ол гынан баран, сэрэйдэххэ, кытаанахтык испит буолуон сөп. Түүнү быһа итирэ-кутура хонон баран, сарсыныгар сарсыарда туран, бодуруобуна таҥнан, хотуурун сүгэн баран ходуһаҕа тахсан иһэн охтон хаалбыт. Хоммут дьиэтиттэн баара-суоҕа сүүрбэччэ хаамыы тэйиччи турар эргэ ампаар таһыгар сытан салгыы утуйбут. Ити быһылаан от ыйын 13 күнүгэр, норуокка биллэринэн абааһылар мунньахтарын күнүгэр, эбитэ үһү. Ол иннинэ халлаан Бөтүрүөп таҥаратын бэлиэтээн ардаабыт буолан, сир ибис-инчэҕэйэ үһү да, итирик киһи ол аайы кыһалла сылдьыа дуо… Чоҥку ити сыттаҕына, бэрт чугас, ампаар кэннин диэки кимнээх эрэ кэпсэтэр саҥалара иһиллибит. Отчут кимнээх кэпсэтэллэрин билээри ампаар муннугун өҥөйөн көрбүт. Арай, көрбүтэ, киһи бөҕө хонууга иилии эргийэн олорон тугу эрэ хоҥсуо куоластарынан этиһэн-мөккүһэн айдаан бөҕөтүн таһааран эрэллэр эбит. Чоҥку саһан сытан, сүүрбэттэн тахса киһини аахпыт, сорохторун эргэ хоспох бүөлээн көстүбэттэр үһү. Мунньахтааччылар туох эрэ испииһэгин ааҕа-ааҕа куоластыыллар, сороҕор, испиһэккэ суруллубут ханнык эрэ аакка тиийэн мөккүөр бөҕөтүн мөҥүрэтэллэр. «Бу киһини хаалларыахха, ол оннугар бу дьахтары сотуохха», «бу кырдьаҕастары соторго уолдьаста, былырыын эмиэ эһиги туруорсаҥҥыт хаалларбыппыт» диэн дөрүн-дөрүн саҥа-иҥэ көөнньөн кэлитэлиир. Мучумаан быыһыгар Чоҥку олус чуолкайдык «Дьаллай оҕонньору тохтоторго» диэн саҥаны истэн хаалбыт. Чоҥку балай эмэ сытан сыныйан көрдөҕүнэ, дьоннор бары туу сүрэҕин курдук үөһэ өттө уһуктаах бэргэһэлээхтэр (төбөлөрүн быһыыта оннуга эбитэ дуу?), куулунан тигиллибит курдук боһуоннаах сиэрэй таҥастаахтар, сирэйдэрэ-харахтара ыраах буолан, чуолкай көстүбэт эрээри, мурун-харах олоруута
барыта киһилиигэ дылылар. Түүнү быһа арыгылаабыт киһи улугурбут мэйиитэ олус бытааннык, «хачыгырыы-хачыгырыы» толкуйдаан баран, бигэ түмүккэ кэлбит… «Бу алдьархайы! Абааһылар!» диэн санаа Чоҥку «өлөттөрбүт» төбөтүн чаҕылҕанныы сырбаппыт. Отчут абааһыларга көстүбэтэрбин ханнык диэн, ампаарынан күлүктэнэн, тыаҕа куотан сыалбаҥнаабыт. Арыгы сытынан аҥылыҥныы сылдьар дэлби куттаммыт отчут күнүс аймахтарыгар тиийэн, тугу көрбүтүн-истибитин барытын сиһилии кэпсээбит. Ону, биллэн турар, ким да соччо итэҕэйбэтэх. Киһи барыта «куорат арыгыһыта оттоомоору албаһырар» диэн тойоннообуттар. Чоҥку оттууртан мастыы батынан кэбиһэн баран, суол көстүбүтүгэр тута куораттаан хаалбыт. Бэрт сотору Чоҥку кэпсээнэ бөһүөлэккэ барытыгар тарҕаммыта. Кинини үчүгэйдик билэр дьон: «Үөнүм даа-а буолуо дуо! Бэлэм харчыга босхо арыгылаан дэлбэрийэн баран, куоратыгар төнүннэҕэ», — дэспиттэр. Ол гынан баран, барыта этэҥҥэ буолуоҕун, ол сайын Дьаллай Дьаакып диэн сүүсчэкэ саастаах оҕонньор өлөн хаалбыта эрэ дьикти. Дьиҥинэн, өссө да олорбохтуур кыахтаах этэ. Ама, Чоҥку кырдьык абааһылары көрбүтэ буолуо дуо? Куйаас Бөтүрүөп.
edersaas.ru сайтан