Кэпсээ
Войти
Регистрация
КЭПСЭЭН: Үргүүк Хара Ат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ КЭПСЭЭН: Үргүүк Хара Ат
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.07.2024 08:30
Ып-ыраас маҥнайгы хаар кылбаа маҥан суорҕанынан сири-дойдуну бүрүйбүт түүнүгэр хоһум иһин имик-самык сырдатар түүҥҥү чүмэчи уотугар биир үтүө сайыҥҥы күн кэрэ бэйэлээх аттыын соһуччу көрсүбүт түгэммин санаан кэллим. Суох, эһиги уһун атахтаах, кэрэ таһаалаах, кими да чугаһаппат омук атын санаамаҥ. Кини олох даҕаны ылгын чыҥыйа эрэ саҕа уһуннаах, дэдэйбит истээх, синньигэс атахтаах, кыра төбөлөөх, ол эрээри, будьурхай көҕүллээх, чох хара түүнү санатар харахтаах, моонньугар үрүҥ дьураалардаах, атахтарыгар хаар маҥан баһырҕастаах ат этэ. Кинини атчаан эбэтэр кулунчук диэхпин тылым тахсыбат: оннук бэйэтин үрдүктүк туттар уонна кындыа. Дьэ, ол үргүүк хара аттыын илиҥҥи халандаарынан Уу Хара Ат сыла буолуон эрэ иннинэ билсибитим. Ол маннык этэ. Арай, түүн тыа быыһынан тыргыллар айан суолунан соҕотох хааман иһэбин. Туох да суох, уу чуумпу, тулабар – күөх нуоҕай мутукчалаах тииттэр, иннибэр – айан суола… Мин халтай хааман иһиэхтээҕэр суол кытыытыгар үүммүт ньээм сибэккилэри көрө иһэбин. Арай, доҕоор, окко туох эрэ хараарыҥныыр. Дьиибэргээн төҥкөйөбүн, кырдьык, туох эрэ хара хамсыыр баар, мин үөн дии саныыбын. Билиэх-көрүөх санаам батарбакка, чохчойон олорон били үөммүн үчүгэйдик сыныйан көрөөрү гыммытым, төрүт даҕаны кып-кыракый, үчүгэйкээн оонньууру санатар ат буолан хаалла. Бу дьикти көстүүттэн талбааран хайдах да буолуохпун билбэккэ олордум. Атым миигин өйдөөн көрдө. Эмискэ олус чэпчэкитик ойуоккалаан оттор быыстарыгар киирэн сүтэн хаалла. Оччолооҕу көрөн баран, биир сиргэ хам сыстыбыт курдук олоруом баара дуо?! Атым кэнниттэн эккирэттэҕим дии… Күһүөрү сайын саһаран эрэр отторун арыйа-арыйа, көмүһүн сүтэрбит иҥсэлээх киһилии көрдүүбүн, сири сирийэн көрөбүн. Көрдөөбүт көмүһү булар диэбиттии, эмискэ эрбэһин от үрдүгэр күндү сүтүгүм турарын көрдүм. Бэйэбин биллэримээри, тыаһа суох аргыый аҕай үктэнэммин чугаһаан баран чаҕылҕанныы сымсатык харбаан ыллым! Эмискэ атым сөмүйэбин быһа ыстаата! Уот халахай ыарыыны биллим… Часкыйа түһээт, тарбахпын эһэ охсон ылан айахпар угабын. Ол эрэ кэнниттэн өйдөөн көрбүтүм, тос мааспын биэрбит Үргүүк Хара Атым халлааннаан да көппүтэ, сирдээн да тимирбитэ биллибэт буолбут. Аны хайдахтаах кэрэни үргүппүппүн өйдөөн кэмсинэн бардым. Бэйэбиттэн бэйэм кэлэйбит омуммар ыарыыбын да умуннум. Иннибэр эҥэлдьийэр алааска аат эрэ харата сукуҥнаан киирэн хагдарыйан эрэр окко олорон, сибилигин буолбут дьикти түгэни ырыҥалыы олордум. Ол олорон, Сахам сирин сарыыссата сардаана сибэкки сандааран турарын көрөн сөхтүм, санаам көтөҕүлүннэ. Чугаһаан кэлэн кэрэ бэйэтин кэрэхсээтим: суураллан эрэр тэтэркэй эминньэхтэрэ күһүҥҥү көмүс дуйунан саһара кыыспыттар, үкчү уот төлөнүн курдуктар. Онтон… эмискэ сардаанам ортотугар били сүтэрбит кэрэ көстүүбүн – Үргүүк Хара Аппын көрө биэрдим. Олус үөрдүм! Бу сырыыга үргүтүмээри тэйэн биэрдим. Кини да сылайдаҕа, саатар, холкутук сынньаннын, утуйан ыллын ээ! Итинник саныы-саныы алаас киэҥ көстүүтүн одуулаатым. Хайдах эрэ бу көстүү сиигирэн, суураллан хаалыах
курдук… Өйдөөн көрбүтүм, ол көстөр тыалар, үрдүк сыырдар ким эрэ киистэнэн соппутун санаталлар. Дьэ биллим, бу барыта ойуу эбит. Ол аата мин хартыынаҕа олорор эбиппин! Хайдах мин ойуу иһигэр киирэн хаалбыппын тобула сатаатым да, кыайан тобулбатым. Тыа саҕатыгар хамсыах айылаах ардай аһыылаах бороҥ бөрө айаҕын аллаччы атан, тылын былас таһааран субу иһэр курдук. Кэннигэр эҥинэ бэйэлээх кыыл-сүөл кэккэлэспит, бэл, тыатааҕы ыйыппыт курдук киһини одуулуур. Дьиктитэ диэн төрүт хамсаабаттар, кинигэ ойуутугар курдуктар. Ханна эрэ көрбүт курдукпун ээ. Харахпын хаста да быһа симэн ыллым. Арай, көрүөх бэтэрээ өттүгэр Үргүүк Хара Атым от-мас быыһынан ойуоккалаан ааста. Эчи, болҕойон көрөрүм да бэрт! Атым кэнниттэн саппай уопсан истим. Иннибэр оруоса сибэккигэ майгынныыр хаппыт чэчиктээх талахха кэтиллэ түһэбин. Хаһан эрэ ити талаҕы көрбүтүм эбээт. Дьиэм таһыгар баар тыаҕа дьүөгэбиниин орох тэппит ыллыкпыт суолунан хааман иһэн ити талаҕы болҕойон көрбүппүт. Тоҕо оруосалааҕын сатаан таайбатахпыт. Бука, атын планетаттан кэлбитэ буолуо диэн сабаҕалаабыппыт. Бээ, ол күн дьикти сонуммун дьоммор кэпсээбиппэр, ийэм олус сонньуйбута: – Үөт дии, тоойуом, – диэт, сылаастык мичээрдээбитэ. Ол түгэн кэнниттэн атын планета дьонун түһүүрүм. Көрдөххө, билэр дьонум, биир дойдулаахтарым буолаллара. Ол эрээри, атын планетаттан кэлбиттэр дии саныырым. Бука, түүлбэр дьиктитик быһыыланан туттан-хаптан эрдэхтэрэ. Эмискэ үөт лабаатыттан хара дьүһүннээх туох эрэ мин үрдүбэр ыстанан түстэ. Үөн эбит, хаһыыра түһэбин. Баттах кырыйааччы төһөлөөх муҥнаабыта буолуой?! Этим тарда-тарда ырбаахым иһигэр илиибин уган, эппэр сыстыбыт хомурдуоһу тутан ылабын. Тоҕо сымнаҕаһай, чиэрбэ буоллаҕа дуу? Сиргэнэ-сиргэнэ хостоон ылабын. Бачах! Үргүүк Хара Атым бэйэтэ бэйэтинэн, өргөстөөҕүнэн көрбүт. Айаас аттыы тэбиэлэнэн доҕуурга иҥнибит туллуктуу мөҕүстэ. Кыһыйбыт омуммар мүччү тутан кэбистим. Атым ойбута эрэ баар. Ыллык устун сыыры түһэн дьиэ диэки кутуруктаах сулустуу сындыыстанна. Кинини сырсан аҕылаан-мэҕилээн аҕай дьиэбэр көтөн түспүппүн өйдөөбөккө даҕаны хааллым. Кугас кырааскалаах эргэ муостаҕа күн уота түспүт. Эчи, сылааһын, истиҥин. Кыра эрдэхпиттэн өрүү көрөр көстүүм. Быыллаах ыскаап, самнайбыт дьыбаан, тэлэбиисэр анныгар баар намыһах кытархай туумба. Урут бу туумбаны төһө элбэхтик хаспытым буолуой?! Туох эрэ кистэлэҥи, дьиктини булуох курдук саныырым. Бэйэлээх бэйэм дьиэм саалатын тута билбэтэхпиттэн бэркиһээн көхсүбүн этиттим. Эмискэ хараҕым далыгар кырааскалаах муоста устун үчүгэйкээн оонньууру санатар Үргүүк Хара Атым субу туттарыахтыы көөчүктэнэн ааста. Били кытархай туумба сэгэйбит ааныгар киирэн хараҥаҕа сүтэн хаалла. Ону эрэ кэтэспиттии, илиим туумба диэки барбытын бэйэм да билбэккэ хааллым. Тута кыһыл өҥнөөх, хаппаҕар мичээрдээбит оҕо сирэйэ ойуулаах ньаалбаан бааҥканы көрө түһэбин. Бадаҕа, манна састаҕа. Бааҥкабыттан эҥин дьүһүннээх кэрэ, дьэҥкир оҕуруолар ыһылла түстүлэр. Бу кыһыл таас оҕуруону олус да сөбүлүүбүн. Оттон бу ситэ буспатах хаптаҕас өҥнөөх саһархайдыҥы кыһыл оҕуруону көрдөхпүнэ, тоҕо
эрэ ыбылы киэргэммит сэлээппэлээх, оҕуруолаах хара турааҕы саныы түһэбин. Баҕар, сурунаалга көрбүтүм эбитэ буолуо. Оттон бу чэпчэки бэйэлээх көмүс оҕуруонан харыйаны симиирбит дии. Маннык кыһыл көмүс бэлэх киэргэллэрдээх уп-уһун оҕуруо эмиэ баара. Арай бу баай-дуол ортотугар күндү сүтүгүм көстүбэтэ. Бэйи, кыстанан турар кинигэлэри көрөрүм дуу? Кактус иһигэр мэкчиргэ уйаламмыт ойуулаах, «Экология» диэн суруктаах кинигэни хостоон ыллым. Мэкчиргэ сылайбыт, олус өйдөөх көрүүтэ «хайдах тугу да өйдөөбөтүҥ?» диир курдук. Бээ, маарыын көрбүт хартыынам бу кинигэҕэ баара дии! Били бөрө сиэх-аһыах айылаах тылын былас таһаарбыт ойуута өйбөр ол курдук иҥмит эбит! Баһаар буолбут тыатыгар эһэ тулаайахсыйбыттыы туран оҕуруо харахтарынан көрбүтүн аһынан төбөбөр хатаабыппын. Ааспыты ахтан, санааларбар уйдаран ээл-дээл кинигэлэри арыйталаан көрө олордум. Ол быыһыгар аҕам мутукча күөҕэ тастаах улахан тэтэрээтин булан ыллым. Кини дуобат оонньуутун сиһилии суруйар идэлээх. Дуобат толкуйу, болҕомтону, өйгө тутууну ирдиир. Ол иһин аҕам күн аайы дьарыктанара. Улуустааҕы күрэхтэһиилэргэ өрүү миэстэлэһэриттэн киэн туттарбыт. Тэтэрээти аа-дьуо арыйаат, олус сөхтүм. Били түүлбэр көрсүбүт Үргүүк Хара Атым курдук быһыылаах-таһаалаах ат бөҕө манна баар эбит! Ол аата бэйэм оҕо сааспар уруһуйдаан бооччойбут эбиппин. Кэлин аты эрэ буолбакка, айылҕаны, кыыллары, бу баардыы туналыйбыт үрүҥ ыйы, кырыа хаардаах кыһыҥҥы тыаны, тииттэр быыстарынан тыкпыт аламай күнү ойуулаабытым. Учууталым олус хайгыыр тылларын истэн, тулалыыр эйгэбин күнү супту кумааҕыга тиһиэх курдугум. Арай билигин ити дьарыкпын умнан, ойуулуур-дьүһүннүүр дьоҕурум Үргүүк Хара Ат буолан, от-мас быыһыгар саһан хаалбыт курдук. Ити кэмҥэ күн көмүс утаҕа суорҕаммын курдаттаан сандааран киирбитэ, сарсыардааҥҥы тыастан-уустан уһукта биэрбитим. Ол кэмтэн ыла үгүс күн-дьыл ааста, элбэх түүл ыалдьыттаата. Арай ол кэрэ ат ууга тааһы бырахпыттыы сүттэ… Аны хаһан эрэ көрсүөхпүт дуо, Үргүүк Хара Атым? Оҕо сааһым кэрэ түгэннэринэн дьаарбайыахпыт дуо биирдэ эмэ? Мааны Маарыйа
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан