Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэһэппитэ… (дьиҥ олоххо буолбут кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэһэппитэ… (дьиҥ олоххо буолбут кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.06.2024 13:09
Оччолорго мин, алта саастаах орой мэник уолчаан, акаары киһи буоллаҕым… Биирдэ уһуйаан оҕолоругар Бүлүү куоратыгар олимпиада буолар үһү диэн буолла. Мин икки кыыһы кытта онно баран кыттар буоллубут. Кыргыттарым — Алина уонна Айта. Алиналыын билигин биир кылааска үөрэнэбит, кини үөрэҕэр үчүгэй. Оттон Айта биһигиттэн биир сыл балыс. Билигин Бастакы Күүлэт орто оскуолатыгар бэһис кылааска туйгуннук үөрэнэр. Кэлиэхтээх кэммит кэлэн, күүппүт күммүт үүнэн, массыынабыт сырылатан кэллэ. Олороот, айаннаабытынан бардыбыт. Суол-иис биһиги дойдуга оччоттон-баччаҕа диэри мөлтөх, отгон айанныахтаах сирбит олус ыраах. Бастакы уонна Иккис Күүлэт икки ардыгар Тэлэбиисэр өтөҕө диэн, айан ортото, тохтуур сир баар. Онно тиийэн тохтоотубут. Баспытааталбыт Евгения Альбертовна: «Тугу да онтон ылаайаҕыт», — диэн кытаанахтык сэрэппитэ. Акаары уол, «чэпчэтинэн» баран, өтөх түннүгэр бытархай харчы бөҕө, бэлэх-туһах, санаабар, саһаан маһын курдук кыстанан, килэйэн-халайан сыталларын сүрдээҕин ымсыыра көрдүм. Мэктиэтигэр, баспытаатал эппит тыллара ханна эрэ көтөн хааллылар. Ким да көрбөтүгэр ол сытар харчыттан сиэппэр хаалаан баран, туох да буолбатаҕын курдук туттан, массыынабар киирэн олордум. Салгыы айаннаатыбыт. Мин сиэппин бигээн көрөбүн — харчым дьэ буолунай… Арай, доҕоор, массыына сахсыллыбытыгар харчым сороҕо кылыгыраабытынан сиргэ таммалаабата дуо, ону кытта баспытаатал: «Айыкка!» диэбит саҥата тэҥҥэ дуорааннанан хаалла. Хата, ким да сэрэйбэтэ. Харчыбын бэрт тиэтэлинэн хомуна охсон, сороҕун сиэппиттэн ороон, Алинаҕа киһиргии быластаан көрдөрдүм. Киһим: «Оо, Мишуля харчы бөҕө ылбыт!» — диэн массыына иһин толорон кэбистэ. Баспытааталым харчыбын барытын хомуйан суоппарга биэрдэ. Суоппар ылан түннүгүнэн таһырдьа элиттэ. Мөхтүлэр, сэмэлээтилэр… Салгыы туох да мүччүргэнэ суох этэҥҥэ айаннаан, киэһэ куорат диэни харахтаан, дьэ долгуйуу бөҕө. Ол курдук күрэхтэһиибитигэр көхтөөхтүк кыттан, бэлэх-туһах ылан, төттөрү айаннаан, киэһээ хараҥаран эрдэҕинэ дэриэбинэбитигэр төннөн кэллибит. Аан бастаан Алина дьиэтигэр тиийдибит, ийэтэ көрсө таҕыста. Онно аралдьыйан, эмискэ хайдах эрэ илиим аан диэки сыҕарыйан эрэрэ да, уот аһыйа түстэ. Массыына ааныгар илиибин олуйа тутан, тосто сыһыар диэри хайдах кыбыппыппын өйдөөбөккө да хааллым. Хаан-сиин кэллэ, айманыы бөҕө, илиибин өрбөҕүнэн баайтара охсон баран, салгыы айаннаатыбыт. Ол олорон, түннүгүнэн ойуур диэки тоҥуу хаарга биир оҕонньор турарын дуу, тугу дуу көрөн аһардым. Былыргы сэргэ баҕаната диэхпин, иккистээн төхтүрүйэн көрбүтүм — туох да суохха дылы… Онтон ыла, ханна да буоллун, сүрэҕим сөбүлээбитин, айаҕым ымсыырбытын да иһин тугу да мээнэ ылбат буолбутум. Арааһа, Тэлэбиисэр өтөҕүн иччитэ «ылыма, уорума» диэн кэһэппит буолуохтаах… Михаил Гаврильев, 2022 с.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан