Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киһи килбиэннээҕэ Дагдаанча Киргиэлэй
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киһи килбиэннээҕэ Дагдаанча Киргиэлэй
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.06.2024 10:00
Сыллар-күннэр аастахтарын аайы саас ылан-ылан алтыһан ааспыт кырдьаҕастаргын сөп-сөп түбэлтэттэн тэритиннэрэн өйдөөн-санаан ылар буолар эбиккин. Мин бу ахтыыбын аҕам үөлээннээҕэ үтүө киһи Дагдаанча Киргиэлэй оҕонньор сырдык өйдөбүлүгэр аныыбын. Мин улдьаа мэник сааспыттан көрөн-истэн улааппыт киһим буоллаҕа Киргиэлэй Дагдаанча. Кэлин улаатан баран, кырдьык даҕаны, чахчы чугастык, истиҥник санаһан, алтыһан ааспыт эбиппин. Бука, чугас сылдьыбытым буоллар, элбэҕи истиэм-билиэм хааллаҕа эрэ диибин билигин кэлэн. Ол үтүө өйдөбүллэрбин быһыта-орута да буоллар, кэпсээн көрүүм дуу!?. Дагдаанча Киргиэлэйи мин киһи буолан билсиһиим маннык саҕаламмыт эбит. Арааһа, иккис-үһүс кылаас оҕото буоллаҕым буолуо. Оччолорго Арыылаах таҥаратын дьиэтэ кулууп буолан турар этэ. Арай туох эрэ тэрээһиҥҥэ оҕолору кытта мунду бутумах буола булугунайа сылдьабын. Айанытап Өлүөкэ истиэнэҕэ турар хаартыскалары көрө турар. Мин көрсүөрэн тиийэн хаартыскалары көрсөн бардым. Тута харахпар биир хаартыска хатанна. Субу саҥаран-иҥэрэн кэлиэхтии кыҥнары соҕус туттубут мэтээллээх, туох эрэ суруктаах лиэнтэни кэппит оҕонньор хаартыската көстөр. Өлүөкэм: “Көр эрэ, бу Дагдаанча Киргиэлэй «ынырык эбит» ээ”, — диир. Алларааҥы суругун ааҕан добдуттубут. Онтукабыт сэрии бэтэрээнэ, бастыҥ бороон көрөөччү, Нерюнгри куорат аатынан бириэмийэлээх лауреат диэн буолан таҕыста., Дьэ кырдьык «ынырык киһи» эбит диэн салынным. Мин толкуйбар Нерюнгри куорат олох сир уһугар баар, онно тиийэн үлэлээн кыайбыт киһи эбит диэн ытыктыы да, сөҕө да санаатым. Чэ итинник буолла. Аны туран сааһыары хоту бороон хотонугар моторооскулары биһигини хаар түһэртэрэ ыыттылар.Үчүгэй баҕайы оҥоһуулаах хотон этэ.Киэргэтэн этэллэринэн, типовой диэн быһыылааҕа. Саамай дьиктиргээбитим, баҕар, сыыһарым да буолу,о борооскуларга саһыл этин буһаран көөнньөрбөлөрүгэр куталлар эбит этэ. Арай аһаҕас түннүк нөҥүө, били, хаартыскаҕа көрбүт Киргиэлэй Дагдаанчам көөнньөрбө буочукутун буккуйан тилигирэтэр уонна улахан баҕайытык кэпсээн-ипсээн дабыкыччыйар. Көрө дьулайдым хайдах эрэ.. Дьээбэлэтэлээн ылла хайаата эҥин…Сотору соҕус буолан баран аны харах быраастара кэлэн олохтоохтору көрдүлэр. Ньачаас көрөллөр. Хараҕыҥ халтаһатын тиэрэ охсон көрөн торохуома эҥин дииллэр бадаҕа. Уонна харах мааһа түҥэтэллэр. Оскуола оҕолорун эмиэ көрдүлэр. Киһи лыык курдук. Арай Киргиэлэй Дагдаанча оччолорго сэнэх оҕонньор мин билиҥҥим саҕа саастааҕа буолуо, саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан, кэпсээн күө-дьаа буолар. Дьон бары сэҥээрэллэр. “Хас да сааһыттаахпын ..хор, онтуларым Ньукуолуҥҥа биир “чуккуй” төбөтүн хампы ыстаппатылар ээ диир». Дьон сөҕөн: “Ама дуу? — дииллэр. — Сотору уолум Көстөкүүнүм аармыйаттан кэлиэ, дьэ, оччоҕо куска айа киһи кини баар,” — диир. Ол түгэн чопчу өйбөр хатанан хаалбыт.Оччолорго биһиги дойдуга чуккуй диэн чыккымайы ааттаабаттар этэ..Итинэн оҕонньор кэпсээнин кэрэхсэтэр гына атын түөлбэ ааттааһынынан этэр тылын байытан, тоһоҕолоон биэрбит эбит. Дьэ, онтон кэлин обургу буоллаҕым ахсын чугасыһан истэҕим буоллаҕа. Оҕонньор моой оттуур Будур, Чыаппа алааһынан эҥин. Бу санаатахха, наһаа сирийэн-хоруйан оттуур эбит. Будурга хоно сытар буолара. Арай биир сайын ардахтаах баҕайы этэ. Биһиги Тэбэйгэ сырыыбыт оҕонньору кытта сэһэргэһэн ааһаары Будурунан ааһар буолла. Биирдэ ааһан истэхпинэ оҕонньор уолунаан Сэргэйдиин оҕус сыарҕатын остуол гынан чээйдии олороллор. Уруккута үчүгэй баҕайытык турбут Кубаҕай Доропуун кыстык баҕаната умса түһэн хаалбыт. Оҕонньорбут маннык кэпсээннээх буолла. “Бэҕэһээ сарсыарда туран аһаары гынныбыт. Уолум Сэргэй: Аҕаа ,таһырдьа салгыҥҥа аһыахха”, — диэтэ. «Туох имнэммитэ буолла, саатар, кыра ардахтаах ээ.Саҥа аһаан эрдэхпитинэ тыас тыаһа лүҥ гынна. Көрбүтүм балаҕаммыт уулуу турар кунан оҕус умса түһэн хаалбыт. Иһирдьэ олорбуппут буоллар, сохсо буолуо эбит. Ыт буолуохпутун, хата, уолум барахсан толору дьоллоох, баартаах буолан абыранныбыт”, — диир. Итинэн буоллаҕына Оҕонньор барахсан киһи быһыытынан наар уолаттарыгар, дьоҥҥо даҕаны наар үтүөнү , табыллыыны эрэ ыралыыр, түстүүр эбит диир саныыбын. Бу эттэххэ Киргиэлэй оҕонньор кырдьык да тыллаах-өстөөх, үгэлээх-хоһоонноох, күлүүлээх-онньуулаах дьиҥ саха киһитэ этэ. Үгэтин-хоһоонун дьон билиҥҥэ дылы өйдүүллэр, өһүргэммэттэр. Арай туран сүүрбэччэлээх кэммэр этэ. Оҕонньор оҕус охсордоох оттоммотоҕо ырааппыт “Кыыл Баһыгар” киирбит. Мин Тэбэйтэн дьэргэстэн тиийдим. Киһим үгэлээх буоларын сэрэйдим. Били, бэйэтэ сир-уот туһунан сэһэннээбитин төһө өйдөөбүппүн уонна төһө билэрбин бэрэбиэркэлиир сиэринэн быһыылаах эттэ: “Нохоо, бу мин күтүөтүм Намыйаан Баһылай өлбүгэ күрүөтэ этэ, ону оҕустараары олоробун”, — диир. Хата, мин ону Сэмэн Айанытап оҕонньор кэпсээнинэн чопчу билэр этим. “Бээ, оҕонньор, бу Кубаҕай Доропуун иитийэх кыыһа Саммай Мааппа баара, ол Дьирики уолун уолугар Харытыанапка эргэ барарыгар энньэ сирэ буолуохтаах.Намыйаан үрэх киһитэ буоллаҕа”, — диибин..Оҕонньорум үөрдэ аҕай. Идэтинэн ытыһынан сырайын муннун соттунан ылла.,Күлэн мытырыйда.Уонна: “Нохоо, Хоо иһэҕин дуо?”-диир. Оччолор МО диэн лөкүөр арыгы баар этэ, 40 кыраадыстаах. Хата доҕор онтон киэр этиниэм дуо? Дьэргэс кына түстүм. Оҕонньор уот отто оҕуста. Уонна миигин алгыстаа диэн көрдөстө.. Оччо “хоо” иһэн эрэр киһи, дьэ, тыллаах-өстөөх , алгыстаах уот аһатыылаах буоллум. Бу санаатахпына, бука, аан бастаан саҥа таһааран уот аһатан, иччилэри алгыстааһыным, арааһа, Киргиэлэй оҕонньортон кини этиитинэн саҕаламмыт эбит .Аны туран, манна даҕатан эттэххэ, Намыйаан Баһылай сэриигэ өлөөхтөөбүт. Бадаҕа, тыллаах өстөөх киһи эбит. Хоһоонунан хоһуйсаһар эбиттэр сэрии иннинэ дьон дьээбэҕэ. Онно ол Баһылай хоһуйбутун дьон өйдүүр эбит этэ мин кырабар. Ол маннык. Үрэх уола Дагдаанча үгэргиирэ кыһыытын Алаас уола Дьөгүөссэ хоруйдуура холкутун…диэн Дагдаанча мин аҕабын кытта тылларынан тарбаһалларын. Оҕонньор чахчы айылҕаны таптыыр, сири-уоту, сүөһүнү сирийэн- хоруйан билэр, мындыр киһинэн билинэбин. Ходуһаны сөпкө кэҥэтэн хадьымал таһааран, оттуур сирдэрин чахчы хаһаайынныы тутара-хабара. Бугуллара барылара чиҥ-чаҥ бөдөҥ буолар этилэр. Арай эмиэ биирдэ ааһан истэхпинэ оҕонньор сиэннэрин кытта үлэлии сылдьаллар. Оттоох күрүө аттыгар от мээрэйдээри хонуу биригэдьиирэ Бөтүрүөп кулахачыйа сылдьар. Бу от түһэ кыратык туолбатах, бээ, киитэрэйдээри гыммыт диэтэ да матасыыкылын үрдүгэр түһэн ыстаннаран хаалла. Оҕонньор кэллэ. Бэргэн баҕайытык: “Хайа, манна биир киһи алапаччыйа сылдьар этэ дии, ханна баран хаалла ээ?” “Ээ биир от түһэ туолбатах курдук диэтэ, киитэрэйдээбит диир”, — хата, мин туох да хос санаата суох “хобулаан” биэрэр киһи буоллум. Оҕонньор күллэ. Били, абырахха хаалларбыт бугулбутун аҕалан самаан толорон биэриэхпит. Дьэ , оҕордук. Армыыйаҕа барыам иннин этэ. Саас Хара Уулаах куулатыттан чыккымай сымыыттарын буллум. Чалбахха уган бэрэбиэркэлээбитим иччилэнэ иликтэр. Кууруссаҕа баттатаары хомуйан бэргэһэбэр хаалаан үүтээҥҥэ кэллим. Киэһэлик утуйуу саҕана оҕустаах Киргиэлэй уолунаан Сэргэйдиин кэллилэр.Кус сымыытын булбуппун истэн оччо аһы сиэн кэһиэххэ диэтэ. Былыр үгэннээн оҕо оҥорор сахха бэрт туһалаах ас этэ сиикэйдии диэннээх. Үөрэ-көтө буһаран кэбистибит .Кус сымыытан сии олорон чочумча саҥата суох утары көрөн олорон эмискэ эттэ: “Аҕаҥ Дьөгүөрэбис акаары да киһи эбит ээ!?” Мин соһуйдум . Салгыы эттэ:”Бу үчүгэй олоххо уолаттара улааталларын көрбөккө кини өлө сыттаҕын, дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ»- диир. Арааһа, ити түгэҥҥэ аҕабын санаатаҕа миэхэ майгыннатан дии саныыбын. Кэлин аармыйаттан кэлэн баран кэлэ сылдьыбытым. Кэпсээн- ипсээн бөҕө буолбуппут. Оҕонньорум биир убаһа быарын иннибэр бүтүннүү ууран биэрбитэ. Уонна быһах туттаран баран:”Төрөөбүт аскын ахтыбытыҥ буолуо, төһө кыайаргынарн сиэ”, — диир. — Мин оччолорго хаһан убаһа быарын ас кыныам баарай. Бука, мааны аһы саҥа да сиэтэҕим буолуо. Уонна оҕонньорү утары дьээбээлэнэн, кииним түһүөҕүттэн аһаабыт аҕай аһым дии-дии көйө-көйө сиэн мүлүктүү олордум.Тэҥҥэ күлэрбин-саларбын оҕонньор барахсан сөбүлүүр этэ. Устудьуоннуу сылдьан сайын оҕонньордуун Дыырай Харбалааҕыттан муҥхалаан баалынайга собо оҕуһунан тиэйэн Тарахтахыга кутуспутум. Ол барыта дьон сэргэ туһугар эбит. Оҕонньор онно да дэлби күллэрэн сылдьыбыта. Нал күөлүгэр хантан эрэ аҕалан собо ыыппыт. Ону кини кэпсииринэн , нөҥүө күнүгэр Быыгын кэлэн муҥхалаан олоччу баһан ылбыта, үөскэпэтэҕэ диир. Мин күл да күл буолабын. Сэҥээрэрбин иһин оҕонньорум өссө сайдан кэпсиирэ-ипсиирэ бу баар курдук… Билигин отуттан тахса сыл буолтун кэннэ Тарамтахы күһүҥҥү муҥхата нэһилиэги аһатар сураҕын иһиттэхпинэ Киргиэлэй Дагдаанча Тарамтахы арҕаа атаҕар собо кутан баран күлэ-үөрэ кэпсии олорорун көрөр курдукпун. Кэлин Өлөөҥҥө үлэлии сылдьан хамандырыапкаҕа кэлэ сылдьан түүлээх үөдэн эҥин туттаран баран, хайаан да оҕонньорго киирэн дэлби кэпсэтэр-ипсэтэр этим. Биирдэ анаан минээн ыҥыран ылбыта. Кини өр сылларга илдьэ сылдьыбыт кистэлэҥин кэпсээбитэ Бөлөнүүскэйи өлөрүүнү. Оҕонньор тылыттан оҕо үөрэнэр тэтэрээтигэр сурунан ылбытым. Арааһа, сотору өлөрүм буолуо диэтэҕэ . Оччолорго мин эдэр, хаҥыл киһи ону өйдөөбөтөхпүн эбит. Онно эппитэ: “Нохоо, били, сымыйаччы киһи өлбүт киһи туоһулаах дииллэригэр дылы, мин өлбүппүн кэннэ маны кэпсээр эбэтэр суруйаар, бу айдааннаах соҕус буолуо, хойутун диэн.Ол кэннэ онно-манна сылдьар киһи умайар уот кыһыл кырааската булан аҕалаар эрэ, Бөлөнүүскэй өлөрүллүбүт сиригэр өйдөбүнньүк оҥоруом. Баһааҕырдыахтара кэлин тиһэҕэр. Кырдьык да, оннук буолбут эбит, бу өйдөөтөххө. Бу санаатахха, Дагдаанча Киргиэлэй оҕонньор өйдөөх-өйдөөх курдук инникини көрө сатыыр мындыр киһи эбит. Ол үлэҕин кыайан толорботоҕум.Туруорбут өйдөбүнньүгүн көрө иликпин. Чэ итинник кылгастык аҕа доҕорум, ытык кырдьаҕас, киһи килбиэннээҕин Киргиэлэй Дагдаанча туһунан быһыта-орута да буоллар, ахтыыбын түмүктүүбүн. Оҕонньор оҕолоро, сиэннэрэ олоҕун салгыыллар. Утум салҕанар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан