Кэпсээ
Войти Регистрация

Ахтылҕан

Главная / Кэпсээн арааһа / Ахтылҕан

K
edersaas.ru Категорията суох
29.04.2024 19:15
Надя түүнүн олус эрэйдэнэр. Хараҕын симэн көрбөккө өрө мөхсөн тахсар. Өйөнөр икки сытар икки ардынан утуйан ылар. Саннын хаптаҕайын аннынан маһы уган кэбиспиттии аалан ыалдьар. Онто аастаҕына аны атын муҥ буулуур. Агдакатын туох эрэ ыарахан кэлэн баттаабытыныы, сүрэҕэ-быара ыгыллар. Тыына тиийбэтиттэн ыксаан ойон турар. Айаҕынан эҕирийбэхтээн көрөр эҥинниир. Бордууһунаны арыйан, тымныы салгыны ыймахтыыр. Оччоҕуна эрэ хам ылларбыта арыый ыытарга дылы гынар. Хараҕа сырдыыр, тириитэ тэнийэр. Арыт түүн илиитин-атаҕын кыайан хамсаппат гына тыына кылгыыр. Турар кыаҕа суох сарсыардааҥҥа диэри көһүйэн хаалар. Күнүһүн ыарыытын баалаппат буола сатаан, аргыый аҕай сылдьар. Дьиэтигэр-уотугар Славкалаах Бээчэ илии-атах буолан абыраатылар. Кыраларын көрүмэҥ. Сүрэх-бэлэс үлэһиттэр, кымырдаҕас курдуктар. Хайыппыт мастарын бэйэлэрэ саһааннабыттара. Түргэннэрэ сүрдээх. Бытыгынаһыы. Бытарыһыы. Быыһыгар бырдааттаныы. Мууһун-маһын ас гымматтар, начаас таһан кэбиһэллэр. Тэлгэһэтин күрдьэн абыраатылар. Аҕаларыныы ото бытыгырыар диэри кылбаппаталлар да, көп хаарын баҕас көҕүрэтэллэр. Нөҥүө-маҥаа элээрдии кытаанаҕа. Күрдьүктэрин муннугун мултугур-илтигир гына сабыта сыбыыллар. Сүөдэр кырыылаабытыттан чыҥха атын хартыына. Туох буолуой, кылаабынайа, чөмөхтөннөҕө дии. Күрдьэхтэрэ ханан бүппүт сирдэринэн эһиллэн хаалар. Арыт суолу туора түһэ сытар буолар, арыт киирэр аан аттыгар быраҕыллар. Кыһаллан-мүһэллэн үлэлииллэрин туох диэҕэй. Итиччэ көмөлөһөллөрүгэр улахан махталлаах. Ийэлэрэ Кисиэнньэ дьаһайсан эрдэҕэ. Дьүөгэтэ суоҕа эбитэ буоллар, Надя бу дойдуга хайдах тулуйан олоруо эбитэй. Үлэбэр барбакка ыһыктынан сытан хааларым хайдах да табыллыбат. Ол мин ыарытыйарым диэхтээн, наар баар суол буоллаҕа. Сүрэҕим билигин кэлэн тупсарын аастаҕа. Оттон Васябын хайдах соҕотохтуу хаалларыахпыный? Саамай ыарахан кэмигэр хайаатар да аттыгар баар буолуохтаахпын, хайаатар да көмөлөһүөхтээхпин… Итинник санаалара быһа кымньыылааннар, Надя барахсан кимнээҕэр күүстээххэ, кимнээҕэр кыахтаахха кубулуйа түһэр. Дьон саҥатыттан куттанар бэйэтэ билигин аһаҕастык сылдьар. Үлэлээбэт да күнүгэр атаҕа барбытын билбэккэ хаалар. Киһитин аттыгар түүннэри-күннэри кэриэтэ баар буола сатыыр. Киппэ бэйэтэ куура хатан куччаабытын, дьүһүннүүн-бодолуун уларыйбытын аһыммытын-харыһыйбытын иһин хайыай? Буолбуту уларыппат буоллаҕа… Ити хаҕа эрэ сыттар даҕаны, хаадьылаһан тахсар ээ. Чугаһаата даҕаны имэрийэн-томоруйан иһэр. Хайаан даҕаны таарыйан ылар. Сороҕор биллэ-биллибэттик, сороҕор балайда күүскэ туппахтыыр. Надя ону сирбэт. Бэйэтэ эмиэ саба түһэн ууруон-сыллыан баҕарара ханна барыай? Хонноҕун анныгар муннун анньан баран сытыа эбит. Ол эрээри туттунар. Улахан эчэйиилээх киһини күүркэтэр табыллыбатын өйдүүр. Онон сэрэнэн-сэрэнэн, илиититтэн бигээн ылар. Күөмэйин хомуок бүөлүү анньан, ытаан барыахтаах кэбирэҕин бигэргэтэр. Төһө кыалларынан кытаата сатыыр. Баардаах уустук эпэрээссийэни этэҥҥэ тулуйбутугар махтал. Аҕыйах милимиэтиринэн иһирдьэ аспыттара буоллар, тута барыахтааҕа үһү. Иисэп Куостаны кытта Чугуйбут оҕонньор булбатахтара буоллар, хаана баран эбэтэр үлүйэн өлүө эбитэ буолуо. Айылҕата таайан, көмө-ньыма буолар дьоно болдьоон-хаһаан туран көһүннэхтэрэ. Тэлгэһэтиттэн соччо тэйбэт майгылаах доҕолоҥ Куоста тэйиччи сиргэ тугу ирдээн-көрдөөн дуу, биттэнэн дуу тиийбитин туох билиэй? Туһугар биир дьикти түгэн. Буолаары буолан, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар кыра кыһалҕалаах таһырдьа быкпат кэмэ ээ. Пилорамаҕа тугу гыммытын ыйыталаспыттарын быһааран биэрэр кыах мэлиһээй эбит. «О-оттон о-онньук баббытым, биббэппин. О-онно баббытым у-уонна көббүтүм. Дьооска куттаммытым. Муосунайдык сүүббүтүм, ы-ынырык муосунайдык…» — диэнинэн бүппүт. Сүрүнүн син кэпсээтэҕэ дии. Чугуйбут Гаанньа күн аайы ойуурга тиэстибэт оҕонньор ээ. Ол күн «чөӨөчөктөрүн хаардаабыт». Урут-хойут аасыһан хаалбатах. Оруобуна түбэспит. Онон Баардаах Баһылайы дьон «өлөр өлүүнү үс төгүл мүччү түспүт, чахчы толору дьоллоох уол» дииллэрэ оруннаах. Надя атынынан дьарыктаммакка күнү быһа тапталлааҕын аттыгар олоруон олус баҕарар да, санаатын хоту табыллыбат. Ол эрээри, сылтах көһүннэр эрэ, Баардаах Баһылай палаататыгар курдары ааһар. «Маннык куруук аттыбар баара, мин кэлэрбин күүтэ сытара наһаа астык» дии санаан ылбахтыыр. Ити бэйэмсэх быһыытыттан бэйэтэ кэлэйэр. Били урут «кинини умнуом, оҕом биһикки бэйэбит эрэ олоруохпут, көһөн баран хаалыам» диэмэхтиирэ букатын умнуллубуттар. Сарсыарда кинини санаабытынан үлэтигэр барар, киэһэ кинини санаабытынан дьиэтигэр кэлэр… * * * Күммүт уһаабыта биллэн эрэр ээ… Кыра атахтаахтар таһырдьаттан киирбэттэр. Тымныыттан толлубат дьон диэн, дьэ, кинилэр. Хара киэһээҥҥэ диэри оонньууллар… Дьэбдьиэй, үөһэ тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, ыал оҕолорун кэтиир-маныыр. — Эчи, кытыгырастарын, кинилэр курдук сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыбыт киһи-и… — иэҕэҥнээн ылбахтыыр уонна эмиэ үөһэ тыынар. — Тэт, маһынан бырахсаллар дуу, тугуй? Дьэ, буолар да эбит, сээкэйдэрин өлөрөөрү, сүгүн сылдьаллар үһү дуо? — ымсыырбыта ааһа охсон кыйыттан киирэн барда. — Саатар, болооруйа сытыйан, тугу да аанньа көрдөрбөт ээ…— мөҕүттэ-мөҕүттэ, түннүгү сууралаамахтаата. Биллигириирэ элбээтэ: — Кулмуурабыт маны сотон бысталаныа этэ дуо? Сүрэҕэ суох. Сытары эрэ сатыыр дьахтар. Сах билэр, тоҕо сытарын, туга ыалдьара эбитэй? Киэсэбит да баар, дьэ, булан аҕалаахтаабыт. Кырасаабыссата сити майгытынан хас күн иҥнэн олороохтуур?.. Сиэҕинэн сотон көрдө, муннун ыга анньан кыҥастаһан да ылла. Туох да абыраабата быһыылаах. Кыыһыран такыаланна, саҥата-иҥэтэ лаппа сэниэлэннэ. — Бука бары сүрэҕэ суохтар! Бар, мантан! — атаҕар аалыӨныы сылдьыбыт куосканы тэбэн кэбистэ. Биирдэһэ «ньаах!» диэбитинэн эһиллэн хаалла. Түөрт атаҕар тура түһээт, куотан, кутуруга хоройо турда. — Туохтарын куоскатай-тайматай… Дьиэ иһинээҕилэри барыларын хаарыйда. Ол да буоллар, уоскуйан хаалбата. — Бас сыгынньаҕын ыччакабын да. Кимнээх оҕолоро эбитэй? Дьиикэйдэри көр эрэ, ээ! Дьарыйталыам ээ, дьаһаллааҕым диэн бэйэм киэнэ этэ, — өттүгүн имэрийэн ылла, тохтуон дуу, тахсыан дуу билиминэ аан айаҕар саараан турбахтаата. Санаата батарбата. Таҥнан хачыкынайан таҕыста. Аҕыйахта хардыылаат, муоста адаарыттан иҥнэн, умса туруйалаата. Ньиччи түһүөх киһини бытаана абыраата. Хаптаһын быыстан тайанан-хайаан, өрүһүннэ эрээри, сөтөллөн хахсайан бопторо сыста. Арыычча тыынын ылан, саҥа аллайда: — Оо, абаккам да баар эбит! Мин туспар бары барыта хааччах буолан истэҕэй?! Хараҕын уута бычалыс гыммытын ньухханан кэбистэ. Уйадыйбытын мэлдьэһэн дьиппинийэн хаалла. Јһөс хаана оонньоото. — Сордоох, соҕотохтуу хаалыам үһү, аны ытыы сылдьыам үһү?! — сиһэ «көнө» түстэ, хаамара «түргэтээтэ». Туораттан көрдөххө, тугун эрэ сүтэрбит эмээхсин сири-буору кымыстаан, мукук-икик хамсанар. Сотору-сотору сынньанан ылар. Ити киэбинэн, турар-хаамар икки ардынан такылдьыйан, олбуору булла. — Һуу… — диэт, аан туорайыгар өйөннө. Урукку Дьэбдьиэй букатын атына. «Наар аанньа» диэбиккэ дылы, наар аанньа алдьархай буулаан иэдэйдэ. Көрүҥнүүн эдэрэ-сэнэҕэ, көстүүлүүн күндүтэ-мааныта малыйбыт. Куталдьыйар-маталдьыйар толуу бэйэкэтэ, кууран-куччаан, киһи билбэт буолбут. Сирэйдиин-харахтыын уларыйбыт, тыынара кытта кылгаабыт. Дьиэтэ уокка былдьаныаҕыттан балыыһалары кэрийбитэ. Аны бу Ымчыыстарга олорор. Нэһилиэк баһылыга: «Быыһаабыт дьоруой, бакаа илдьэ олорон эр, уопсайга миэстэ таҕыстаҕына көһөрүөхпүт», — диэн Ымчыыс Киэскэйи тылыгар киллэрэн, онуоха-маныаха диэри манна олохтоноохтообута. Ыаллар итинтэн сылтаан эйэлэрэ араҕыста. Дьахтар, дьиҥэр, дьукаахтаналларын эрдэттэн иһигэр киллэрбэтэҕэ эрээри, хайыай, дьиэлээх тойонун быһаарыытын ылыннаҕа дии. Уонна сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин киниттэн ким ыйыппыта баарай? Бастаан утаа эҕэ-дьэҕэ буоллар да, син кэпсэтэр-ипсэтэр этэ. Онтон аҕыйах хоноот, куукулаҕа кубулуйда. Чанчыгынан көрө-көрө чыпчылыйар эрэ. Били: «Уой, не говори, Кеша», — дии-дии, илин-кэлин түһэ сылдьар бэйэккэтэ тосту уларыйда. Кынчыатанан сүр. Эрэ эйэргэһээри гыннаҕына хаҕыстык садьыаланар, эбии дьэбин уоһуйар. Эгэ, үөрэ-көтө ас астаан тоһуйуо дуо? Хостон быкпат даҕаны. Таҕыстаҕына, киһи чугаһыан куттанар гына суоһурҕана туттар, тыастаах аҕайдык хааман-сиимэн тоспохолдьуйар. Киэскэй, оччолооҕу көрөн туран, хайаан киирэн биэрдэҕэй? Ырааҕынан чугуруҥнуур. Аат эрэ харата сыҕарыҥнаан, аһаабыта-гыммыта буолар. Саалаҕа тэлэбиисэрин иннигэр сытар. Устунан онно утуйар. «Олохпут жооска тобук буолла», — диэн кэммэнтээрийдиир. Дьукаахтара кытары эйэҕэһэ-сайаҕаһа кэмчи-кэрэгэй. Кэпсэппэт. Кэккэлэспэт. Куоскалыын эрэ тапсарга дылы. Иккиэн сууласпытынан устар күнү быһа түннүгү манаан тахсаллар. Аһыыр кэм кэллэҕинэ хаһаайыттарга кыттыспат. Суор-тураах курдук тус-туспа аһыыллар. Онон дьиэ иһинээҕи халлааннара хараҥардар хараҥаран иһэр. Быһыы-майгы ыарахан былытынан барыларын баттаата. Өтөрүнэн сайҕанан абырыа суох. Дьэбдьиэй, хараҕын симириктии-симириктии, сыыртан төкүнүһээччилэри одуулаһар. — Бытарыһан, эчи, элбэхтэрин. Мин Лээлэм бараалара бааллар ээ, — ботугуруур, сытыы-хотуу соҕустарын хайгыыр. Ордук биир оҕону чорботон, астына-дуоһуйа кыҥастаһар. Ол кыысчаан салааскатын сыыр оройугар тэликинэтэн таһааран дьоп гына олорор уонна, күлэн чаачыгырыы-чаачыгырыы, аллара диэки түһүнэн кэбиһэр. Ончу сылайбакка төттөрү-таары таскайданан сырылыыр да сырылыыр. Итиччэ элбэхтик кырынарын тухары күлэрэ тохтообот, эбиитин туох эрэ диэн хаһыытыырдаах. «Бу сэниэкэтин көр эрэ, ээ. «Һчүөй баайы-ы!» диир быһыылаах, мин оҕом курдук…» — кыҥастаһааччы үөһэ тыынар. Лээлэм эмиэ итинник бурҕачыйа сылдьыахтаах этэ. Дэлэ үөрэн куудуруҥкайданыа этэ дуо?! Ханна баарый?! «Соҕотох» диэн тылтан эдэр эрдэҕиттэн куттанара. Бу маннык «соҕотох» хаалыан түүйдэҕэ. Эчи, сорум эбитэй! Ону чиҥэтэн биэрэрдии, бэйэтин дьүөрэтин таба көрдө. Хаһааҥҥыта эрэ мааны хатыҥ мултугурун кистии сатыырдыы, булгунньах тэллэҕэр иӨнэри түһэн турар. Тоҕо да төбөтө быстыбыт муҥай? Ала бэлиэ көстөрүн иһин этиҥ түстэҕэ. Тулата барыта харыйалар дии. Кини эрэ маҥан буолуо дии… — Эдьиий, үтүө күнүнэн! Туох сону-ун? Бэркэ билэр куолаһа көбдьүөрэн, санааларыттан аралдьытан кэбистэ. Чарапчылана-чарапчылана көрө сатаата эрээри, билбэтэ. — Үтүө, тоойуом. Сонун аҕыйах буолаахтаатаҕа. Оттон эйиэхэ? — Миэхэ дуо-а? Миэхэ син сонун баар. Хаһаайыттар бааллар дуо-а? — Ээ, бааллара-бааллара. Эдэр барахсан эдэрдэргэ кэллэҕиҥ дии. Мэһэйдээбэппин, аас-аас. Киэсэ тэлэбиисэр көрө олороро дуу, хайыыра дуу… — аҕылаан кыыкыныы-кыыкыныы, суол биэрэ сатаан тэпсэҥэлээтэ. — Ыксаама, эдьиий. Мин бэйэм булан ааһыам ду-у, — диэн баран, бэйбэҥэлии турар эмээхсини начаас ойоҕолуу көттө. — Ээ, оннук дуу, — аанын туорайын туппахтыы-туппахтыы, тэпсэӨниирин кубулуппата. — Маннык тура түһэн бараммын, ол диэки хаамыам ээ. Дьүөгэлэрбиниин кэпсэтиэхтээхпин, — бэрт эрэллээхтик этинээт, иннин хоту ыйан кэбистэ. Ыалдьыт, «кырдьык даҕаны» диэбиттии, ыйытааччы буолла: — Миигинниин маҕаһыын диэки барсыаххын баҕарбаккын дуо-а? — Ээ, кэбис. Тугум маҕаһыынай тайматай. — Эдьиий, чэ, оччоҕуна мин киирди-им, — ыалдьыт соруктаах аҕайдык көөдөкөччүйэ турда. Дьэбдьиэй көхсүн эрэ көрөн хаалла. Ким кэлбитин, туох сонуннааҕын хантан билиэ баарай? Хабыр Хаанньа, балык уонна буоккачаан кэһиилээх киирэн, ытыс үрдүгэр түстэ. Хаһаайын саалаҕа «тобуктаан» сыппыта сирдээн тимирдэ. Үҥкүүлээн тэйиэхтии дьирэҥнээтэ. Үөһэнэн дайыы салалынна. Кыраһыабай артыыстыы чэмэл дэлэгэйдик мичээрдээтэ. Үөрбүтүн бэлиэтигэр ойуоккалаан ылла, киһитин кууспаҕалаата. Хаарыаннаах бэйэлээҕин ханна олордуон билиминэ: — Гаанньа-Гаанньа.. — дии-дии, тула көтө сырытта. Соннук тутуспутунан үргүлдьү куукунаҕа көстүлэр. Киэскэй ыскааптарын аанын лас-лас лаһырҕатта, иһитин-хомуоһун талыгыратта. — Ас-тап-паа-рики, ас-тап-паарики! — дии-дии, аан бастакынан үрүүмкэлэрин үрдүгэр түстэ. Ити тыллара киниэнэ кырачааннар ырыаларыныы бэһиэлэйдик иһилиннилэр. — Һу-һу… — диэн «ыраастаан» баран, чиэстээн-бочуоттаан, остуол ортотугар чуочарыччы уурталаата. Чоҥолох айахтаах быыкаайык иһиттэр байҕал буолан сандаарыйаары килэбэчистилэр. Кими баҕарар тимирдэр сүүнэлэринэн өттөйдүлэр. Дьиэлээх улаханнык астыммыт быһыынан аһын-үөлүн салгыы тэрийдэбэрийдэ. Килиэп тооромостордоох тэриэлкэ, иһит түгэҕэр эрэ араҕастыйар арыы эҥин саахардыын кыттыстылар. Баарын барытын тэлгэтэн баран, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы көрүтэлээтэ. Сирэйэ-хараҕа чаҕылыйан, үөрбүтэ-астыммыта дьикти. — Гаанньа! Короче, мин сымыыт «жарр!» гыннарыам! — сыаналаах сэдэх аһы буһарардыы, олус улаханнык дакылааттаата. — Дуо-а, хачымааһы кытта сииргэ оһуоба-ай, — ыалдьыта холкутук сыыйда. Бэлтэгэр сирэйэ эбии бэлтэйэ дьэллэйдэ. — Һэ-һэ, — диэн бэрт улаханнык саһыгыраата. Онтон өйдөнөн, сэрэммиттии көрүммэхтээтэ, кыараҕас харахтара түргэн-түргэнник кылахачыӨнастылар. — Доо-ор, Гульмираҥ уордайбат дуо-а? — бытыылкаларын хараҕынан ыйа-ыйа, хос диэки кэҕиҥнээтэ. — Бааще кыһаллыма! Мужиктар бэйэбит дьыалабыт, — Киэскэй дьалайбата. Сапсыйан кэбистэ. — Короче, жооска бырааһынньыктыахпыт! — диэн эбиискэлээтэ. Ытыстарын суураланна. Сымыытын буһара охсон, сырдьыгынаппытынан остуолу булларда. — Доо-ор, анныгар туохта эрэ уурууй. Ыскаатаргытын сиэҕэ ду-у. — Оо, бааще умнубуппун, — асчыт айманна. Тута сылдьар тирээпкэтин хобордооҕун анныгар кыбыта аста, итиэннэ лах гына сэргэстэһэ түстэ. Ыалдьытын кэһиититтэн кутуталаан кыллыгыратта. Уолаттар «ааспыт бырааһынньыктарынан» эҕэрдэлэһэн, сэмэй соҕустук саҕалаатылар. Уонна, дьэ, «кылк» гына-гына, бокуойа суох хантатыы… Сыалаах кырбастарын амтаһыйа-амтаһыйа, кимири-хамыры ыстаан ыллаҥалатыы… Бастакыларын там да гымматылар, сып-сап иккистэригэр кииристилэр. Ол тухары айахтара хам буолбат. Ырыа-тойук аргыстанан, астара-айаннара ыраатта. Мааны бас куоластаах Гаврил Слепцов билэр айымньы ларыттан дьиэлээхтэри күндүлүүр былаастаан ыллаан доллоһуталаата. Эчи, лиҥкинэтэн түһэн кэрэкэтин эриэхсит! Киһи иһиттэр истэн олоруоҕар сөптөөх. Оччолоох үчүгэйтэн Киэскэй санаата-оноото кылбаччы сайҕанна, хомо-хоргутуута мылыччы сотулунна. «Тобуктарын» ончу умунна. Субу илгийэр дьол салгыныгар саймаарыччы оҕустарда. Өйө-мэйиитэ дьэҥкэрэ түстэ. Кыркаҕа суох ыраас халлааннанна, быыла суох ыраас аартыктанна. Этэргэ дылы, ат бардаҕына, ыт хаалбат. Онон кини эмиэ ыллыан-туойуон баҕарталаата. Били, «кыратык кылк кыннахпына — кырыымпа куоластанабын» диир уобарастарын дьоһуннаахтык үтүгүннэрдэ. «Олохпут үчүгэй даҕаны-ы..» диэн санаалара ырыа буолан кыырайан таҕыстылар. Итиннэ майгынныыр мүөт тыллар өрүкүчүтэн, Киэскэй барахсаны илэй-балай көтүттүлэр. Далбаатанна-хайаата уонна саҥа төрөөбүт оҕолуу бэбээрэ ыллаата… Аан далбар салалынна, киэҥ биһирэм тэлгэннэ. Үһүс иһит күөрэс гынна. Аһаатахтарын аайы тыыннара уһаан, истэхтэрин аайы көхсүлэрэ кэҥээн истэ. Боччумуран, туттуулара-хаптыылара бытаарда. Өрүһүспүттүү кимтэрбиттэрэ сүтэн, уоскуйа-уҕарыйа быһыытыйдылар. Буоккачааннарын кэмнээн-томноон, аны тыл этэ-этэ, «алыс үчүгэйдик» истилэр. Сэһэргэһиилэрин ис хоһооно торумнанна. Бэйэ-бэйэлэригэр элбэхтик доруобуйаны баҕардылар, атыны даҕаны киһи баалаабатын, баһаамы салайдылар. Ситинник моһуонунан кэпсээннэрэ-ипсээннэрэ дэлэйэн-минньийэн истэ. — Доо-ор, хачымаас алыс үчүгэй дии? — Силэпсиэп аҕалбыт аһын ыстыы-ыстыы хайҕаан бөҕө. — Жооскай. Хаһаайын хардата бэлэм. Хоту дойду көмүс хатырыктааҕын амсайбыт эрэ барыта, силин быһа ыйыста-ыйыста, ахтар-саныыр үгэстээх. Балык барахсан сүрэҕи-быары уулларан, дьэ, маанылаах ас. Эбиитин сокууска буоллаҕына ордук сыаналанар. — Дойдум хачымааһын алльаххай сөбүлүүбүн. Индигиир балыга барахса-ан алыс үчүгэ-эй… — дии-дии, ыалдьыт сүтэрбитин булбут быһыынан, сотору-сотору ымайа сырдыыр. Наһаа минньигэстик эмэн, эттээх уостарын араастаан туллараҥнатар. — Бэйэм баран балыктаан кэлэрим буоллар дуо-а, — хараҕын быһа симмэхтиир. Ым сыырбыт санаата, арааһа, Абый диэки аттана турда. — Доо-ор! Сонуммун алльаххайын умнубуппун дуу-у, — өмүрэхтэнэн, буутун охсунан ылла. Дьээбэлээхтик ыыбыччы көрдө. Иҥнэйэн, Киэскэйин кулгааҕар сипсийэн ньуолбаарытта. — Надяҕа биир нуучча оҕонньоро кэлбит үһү, доо-ор. Билэҕин дуо-а? — Ыы-ыы, — киһитэ өйдөөн-дьүүллээн истибэтэ. Бүк түһэн олорон, иэмэ-дьаама биллибэтик ыҥыранна. — Ыы, короче, эт, короче, — дии-дии, салгыы ыыгынаата. — Надяҕа нуучча, нуучча кэлбит, доо-ор, Надяҕа! — Хабыр Хаанньа атын баҕайытык хобдьоордо. — Ханнык нуучча, ханнык Надя? Мин бааще өйдөөбөтүм, — Киэскэй төбөтүн булкуйда, сөмүйэтин чочоҥнотто. Тиэр-маар көрүтэлээтэ. — Ээ, поняял-поняял, Баардаах Баһылай бодуруугата. А потом биир мужик, а потом биир кыыс. Короче, плюс-плюс тэҥнэһэр любоп, — тарбахтарын кириэс-мараас холбооттоото. Астынна. Ымайда. — Жооска любоп. Аа, понял-поня-ял, оччоҕо эн Надялыын жооска любоптаабыккын да? — соһуйан быччаччы көрдө. — Алыс, доҕо-оор, гонишь дуу-у, — Гаанньа улаханнык кэлэйбиттии мырдыс гынна. — Сымыйалааба эрэ, доо-ор! — кыынньа сыһыахча бобуллаҥнаата. Куолаһа соноото. Сирэйэ онон-манан кытарталаан таҕыста. Биирдэһэ ону баардыылаабата. Кэтэҕин тарбанна. Муннун хаһынна. — И, бааще, биричем тут нуучча? — диэн, туспа сулумаасыга түстэ. Хата, киһи бэрдэ сүрүн тыллары хап гынан ылбыт эбит. Истибитин илдьиритэ сатаан, уран оҥоһуулаах сирэйин эҥин араастаан мунньараҥнатан буортулуу олордо. Уонна түмүгэр, бал бааччы: — Баһылай эйигин жооска кэһэтиэҕэ, сэп да. Хабыр Хаанньа да буол, да, бааще, жооска, жооска… — дэтэлээн баллыгыраата. Баһын быһа илгиһиннэ. Бырааһынньыгы адьас сатарытта. Эппитэ тугунан диэлийиэхтээҕин сэрэйбэтэ. Кыһалҕата суох тиэрэ түһүннэ, аны кулгааҕын хастан мучумааннанна. Хабыр Хаанньа, буугунуу-буугунуу, чочумча чуумпуран олордо. Киһи киһитэ, син уоскуйан, салгыы аһаан кимириттэ… Алларыйыах быатыгар, дьиэлээх тойон үрүт-үрдүгэр: — Эйигин баҕас кэһэтиэ, жооска кэһэтиэ. Эн мешоккун, эн мешоккун… — диэн кэлиилии кэбэн киирэн биэрээхтээтэ. Гаанньа, кыыһырбытын омунугар, хара сыста. Сирэйэ адьас кытарда. Хаана букатыннаахтык алдьанна. — Воо, гад, аа! Саҥарыма-а! — хаһыытаан бытарытта. — Аа? — Киэскэй өйдөөбөтөх быһыынан турулус-ирилис көрбөхтөөтө. Сутурук көтөн кэлбитин билбэтэ даҕаны. Аттан бырахтарбыттыы эһиллэн хаалла. Ыҥырана-ыҥырана төкүнүҥнээтэ, ити быыһыгар ыскаатарын соролуу тардан ылаахтаата. Ол үлүгэр күөһэлийии, ону кытта олорсубут иһит-хомуос күөрэ-лаҥкы барар тыаһа-ууһа дьиэни ылан кэбистэ. Хостон Гульмира андаатар курдук чардырҕаабытынан хоппороҥноон таҕыста. Үөс батааска биэрбэккэ Силэпсиэби туох түбэһэринэн кулаан киирэн барда. Кырбааччы дуу, кырбанааччы дуу ааны хайа быраҕан таһырдьаны былдьаста. Омоллоон олоҕо онон бүттэ. Леди Муус «Ахтылҕан» (Бичик, 2018) кинигэтиттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан