Кэпсээ
Войти Регистрация

Луос (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Луос (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
11.04.2024 12:25
Луос диэни лось (тайах) дии саныаҕа, баҕар, ким эмит. Оннук буолбатах. Луос диэн саа маһа, приклаада. Санныгар уонна иэдэскэр даҕайан, сыһыаран, булду кыҥыыргар улахан оруоллаах элэмиэн. Собуокка саа луоһун ортотунан 170-175 см уҥуохтаах, 55-57 размердаах төбөлөөх киһиэхэ анаан оҥороллор. Онон хотуобай доруоп дьоҥҥо үксүгэр барсар бирикилээттээх буолар. Ол эрэн, арыт, иэдэскэр даҕайбытыҥ кэннэ саа плаанката, муушката көстүбэт, эбэтэр, төттөрүтүн, букатын аллара сылдьар буолуон сөп. Оннук дэҥ эриэккэскэ баар буолар. Холобур, булка сыстан, үйэ аҥаарыттан ордук сааламмыт кэмим устата миэхэ луоһа сөп түбэспэт икки эрэ сааҕа түбэспитим. Бастакым «Стокман-397» диэн салгын саата (пневматическай бинтиэпкэ) этэ. Биир быраатым булуммута. Кыра, 4,5 мм калибрдаах. Икки нууллаах доробуунньанан иитэн ытарбыт. Устубуолун анныгар, тулаайаҕар тимир тутаах баар, онон носуос курдук салгыны хачайдаан баран ытыллар. Муҥутаан уон төгүл хачайданар. Биһиги түөртэ-биэстэ баттыалаан баран, 20-чэ хаамыыттан бытыылканы хампы ытарбыт. Күүһэ диэн сүрдээх, туоһапка кэриэтэ. Бараахха, хойобуун куска туох да ааттаах. Отут-түөрт уон хаамыыттан таптахха тыла суох бараллар. Дьэ, ол бинтиэпкэ луоһа миэхэ букатын сөп түбэспэтэҕэ, уҥа иэдэспиттэн иҥнэн, сыалы барбах көрөбүн. Сатахха, луоһа кыбыс-кытаанах пластик, онон киһи ылбычча уларыта-тэлэритэ охсуо суох быһыылааҕа. Онон ол тэрилинэн элбэхтик туттубатаҕым. Приклаадистай, лып курдук санныбар олороро, иэдэспиттэн иҥнэн мэһэйдээбэтэ буоллар, уларсан, күһүөрү кыһын тииҥниэхтээх этим. Луоһа сөп түбэспэтэх иккис саа бэйэм киэнэ. Урут, сүүрбэччэ сыллааҕыта, 16-лаах ИЖ-27, туруору уостаах, чиҥ ыйааһыннаах (ТОЗ-34 сааттан лаппа ыарахан), молуоһунай сааны атыыласпытым. Эжектора (ытыллыбыт кураанах ботуруону тэбэн кэбиһэр мэхэньиисимэ), эрэһиинэ кэтэҕэ (луоһугар олордуллар, саа тэбиитин аччатар сыһыарыы) эҥин суох, боростуой. Луоһа, тулаайаҕа сырдык араҕас лаахтаах. Манна диэн эттэххэ, маннык мадьыаллаах, ИЖ-27 саа Арассыыйа биэс бастыҥ икки уостаах доруоп саатын испииһэгэр бастакынан сылдьар. Ыларбар санныбар син олорор курдук этэ. Бэйэм даҕаны, тиэтэл муҥутаан, сирийэн көрө, тута-хаба сатаабатаҕым. Урут ылбыт ТОЗ-57 саам приклаадистайа диэн «биэс», аҕам, бырааттарым, таайдарым саалара даҕаны («Стокмантан» уратылара) бары хабы-дьүөрэ олорор луостаахтара. Онон, «саа барыта табыгастаах луостаах» дии саныырым. Саас буолла, кус сезона аһыллар күнэ кэллэ. Болдьоһон, кустуу бардыбыт. Бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта, Зоркин Петялыын, Варламов Киэсэлиин. Арай, Торуой быыһыгар, Туустаах үрэх салаатыгар тиийэн, биэрэк үөһэ, хахыйах, үөт тулалаах ырааһыйаҕа тохтоон таабырданныбыт. Балачча кэҥэс хомолор кытыыларыгар, кытыл туруору сыырын анныгар, бэйэ-бэйэбититтэн олус ырааҕа суох дурда тутуннубут. Туттарбыт-хаптарбыт түргэтээбитэ сүрдээх. Сааскы чэбдик салгыҥҥа, куска бастаан кэлбит киһи быһыытынан, санаам көнөн, муннум анныгар Владимир Заболоцкай «Сулустарын» киҥинэйэн ыллыы-ыллыы тоһоҕолорунан сэһээккэм арааматын оҥордум. Онтон кылбагыр сыыҥка боробулуоханан илдьэ кэлбит куулларбын, эргэ балаакка бириһиэнин тиирэн, муннуктарга, тоһоҕо атахтарыгар хам баайталаатым. Дурда бэлэм! Таабырга таҕыстым. Дьонум эмиэ, чээйдии, сири аһата, «уос уҥунуохтана» таҕыстылар. Огдоон туруоран, кулуһун отто охсон, чаанньыкка көмүрүө хаары симэн чай кыынньара туруордубут. Үрэхтэн баспатыбыт, ааттыын Туустаах, уута туус амтаннаах. Арай миин өрөргө баһыахха сөп. Оччоҕо мииҥҥэр туус кээспэккин, үрэх уутун тууһа бэйэтэ сөп гынар. Чэй оргуйуор дылы, вертикаалкабын ылан, сыал ытан көрөр санаа киирдэ. Тэйиччи соҕус кураанах роса бытыылката сытарын ылан, намыһах чөҥөчөк үөһэ туруордум. Кыҥаан көөртүм, арай, саам луоһа иэдэспин анньа сылдьар эбит, сатаан сыалбын көрдөрбөт. «Тууй-сиэ! Бу тэрил сүгүн ыттарыа суох!» — диэн, сүр күүскэ, соһуйбуттуу, саҥа аллайдым. Хайыах бэйэбиний? Маннык луостаах кыайан бултаабаппын. Өр толкуйдуу барбатым, кутааттан чугас, пенопласт олох маска олоро биэрдим, өттүкпэр биэтэҥнии сылдьар хара тирии кыыммыттан таайым Уус Боруонньа охсон биэрбит быһаҕын ойутан таһаардым да, луоспун кыһан бардым. Устуруус көөбүлүн курдук, чараастык эриллэн тохтор, элийбитим. Санныбар тутан көрө-көрө, иэдэспэр даҕайа-даҕайа син балай эмэ кыстым. Луоспар волейбол мээчигин кэлтэкэтин дьибиччи баттаабыт курдук оҥхойу кыһан таһаардым. Санныбар тиэрдээппин кытта сыалым көстөр гына оҥордум. Хомуллан хаалар дүрээл остуолга килиэп кырбастыы туран, Варламов көрүдьүөстүк: «Хайа, доҕоор, дьиэҕэр кыччайбакка, бултуу сылдьан уһанаҕын дуу?'» — диэтэ. Күлүстүбүт. Дьэ, сыалым көстөрө найгы буолла. Кулуһуҥҥа турар хочулуок уута хабаҕыра куобахтаата, онно сабаарка кутаары үрүөтэстибит. Саабын ньилбэкпиттэн ылан, аттынааҕы хатыҥҥа өйөннөрө уурдум. Ол кэмҥэ кынат тыаһа куһугураата. Үрэх уҥуорунан атыыр чөркөй истэрэбиитэл курдук элээрэн иһэр эбит. «Кус! Кус!» — үһүөн саҥа аллайдыбыт, омуннура түстүбүт. Тэйиччи, биэс уонча миэтэрэнэн көтөн иһэр. Вертикаалкабын хабан ыллым, куһу балачча иннинэн туһулаан баран, кэнники сомуокпун тардан кэбистим. Ити аата бөлөхтүүр, үөһээҥҥи уоспунан «үрдэрдим». Чөркөй табыллан түүтэ бурҕас гынна, сыыйа намтыы-намтыы хаҥас халыйда, онтон бэтэрээ кытылга сууллан түстэ. Кулуһун аттыгар бары остоох саппыкыбытын устан, ким тулламайынан, ким короссуопканнан, ким таапачыканан сылдьабыт. Короссуопкабын уһулута тэбиэлээт, саппыкыбын анньынным да куспар сүүрдүм. Тиийэн, хата, чопчу булан ыллым. Моонньуттан тутан тэйгэҥнэппитинэн, саха тэҥэ суох буолан, төннөн кэллим. «Васильич туттара түргэнэ бөҕө, көрүөх бэтэрээтигэр, таах, туура биэрэн түһэрдэ! Сорох: «Кус!» дии-дии өттүгүн таһына турда», — Киэсэ күлэр. «Мин эмиэ, саабар илиибин саҥа уунан истэхпинэ, «бар!» гыннарда эбээт», — Зоркин мүчүҥнүүр. Сезон арылынна! Бастакы кус баар! Саас луоһун бэркэ кыспыппын, сатаан бултууһубун! Куспун эргим-ургум тутан, ханна таппыппын көрдөөтүм. Эп-эмис, сап-саһархай сыалаах эбит. Ойоҕоһугар икки, гуускатыгар, кутуругун диэкинэн, биир доробуунньа суола баар. Итиччэттэн, 50-ча миэтэрэттэн, үс доробуунньа түспүтэ — отой үчүгэй, бэркэ бөлөхтүүр эбит. Обот түүтүн үргээн, баһын уҥа кынатын анныгар суулуу анньан баран, мас күлүгэр уурдум. Дьэ, итинник, уон алталааҕым луоһун кыһан, бэйэбэр сөп түбэһэр гына чочуйан турабын. Ити саас бэркэ табыллан бултаабыппыт. Дьиэбэр кэлэн, кыһыллан кылбайа сылдьар саам маһын саһархай акварелынан кырааскалаан, бэйэтин өҥүн кытта тэҥнээбитим. Куурбутун кэннэ лаахтаан кэбиспитим. Хотуобай, сынаайпарга анаммыт оҥоһуулаах курдук луос буола түспүтэ.
edersaas.ru сайтан