Кэпсээ
Войти Регистрация

КУС ТАПТАЛА (Булчут күнүн көрсө)

Главная / Кэпсээн арааһа / КУС ТАПТАЛА (Булчут күнүн көрсө)

K
edersaas.ru Категорията суох
29.03.2024 19:00
«Таптал! Таптал таабырына!» диэн, араас омук ап-хомуһун тыллаахтара, иирэ мэнэрийбит иэйиилэрэ, икки атахтааҕы буолуохтааҕар, тэбэр сүрэхтээх, сүүрэр хааннаах, бары барамайы барытын иирдэрин, арааска тиэрдэрин, илэ көрөн итэҕэйдим. Саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык. Ыалым Максимнаахха бэрт кыра наадаҕа сылдьан, тахсан иһэн утары турар гараж аһаҕас аанынан, баччаларга саха киһитин барытын да сүрэҕин долгутар, кустар аһыы олорон ыҥырсар саҥаларын истэн, «өҥөс» гыммытым, кэнники сылларга улаханнык дэлэйэн эрэр, тыыннаах мончуук кустарын кытта, ыалым Максим дьону кытта кэпсэтэр курдук, бирээмэ дакылаат ааҕан эрэрдии чоргуйа турар. Дьиктиргээн ыйыппыппар, маннык сэһэннээх буолла: «Бу «дьонум» олохторун көрө-көрө, күн аайы сөҕөрүм элбээн иһэр, адьас индийискэй киинэ курдук. Боруобалаары, тыһылаах атыыр икки көҕөнү атыылаһан, гаражпар анал уйа оҥорон иитэн барбытым. Кустарым олус табыллыбыт пааралар түбэспиттэрэ. Бэйэ-бэйэлэрин, адьас дьоннор курдук таптаһаллара. Хардарыта түүлэрин- өҥнөрүн тупсарсан, имэрийсэн, бүөбэйдэһэн тахсаллара. Алыс иллээх этилэр. Сотору буолаат тыһым күн аайы сымыыттаан барбыта. Мунньан, баттатан хас да паараны аймахтарбар, доҕотторбор түҥэппитим. Саас-күһүн, кус көҥүлүгэр тыһы куспун мончуук гынан илдьэ бардахпына, атыыра сайыһан айманыы бөҕө, кыахтааҕа буоллар, тимир килиэккэни алдьатыах курдук буолар. Сарсыарда аҕаллахпына, ахтыспыт, тапталлаах кэргэнниилэр курдук «сыллаһыы-уураһыы» кытаанаҕа диэтэҕиҥ. Быыһыгар: «Ханна сүтэн хаала сырыттыҥ?»- диэн, сэмэлиир курдук курдургуур. Быйыл да кыһын этэҥҥэ кыстаан испиттэрэ. Тыһым күн аайы биирдии сымыыты төкүнүтэн биэрэрэ. Мунньа- мунньа кыһыны быһа, сибиэһэй кус сымыытынан аһаан абыранныбыт. Били ааспыт улахан тымныылар бүтүүлэригэр, атыыр көҕөнүм хайдах эрэ эмискэ мөлтөөн, ыалдьан өлөн хаалаахтаата. Сэрэйдэхпинэ, эмискэ түспүт күүстээх тымныыларга, доҕорун сылаас муннукка ыган олорон, бэйэтин сылааһынан, тыынынан ититэн, ол оннугар бэйэтэ тоҥон, сыыстаран ыалдьан, толук буолла быһыылаах. Тыһым соҕотоҕун хаалан баран санаарҕаан, хас да күн аһаабата, арааһа соруйан аччыктаан өлөн, таптыыр доҕорун кытта биир дьылҕаланыан санаан ылла бадахтаах. Күүспүнэн айаҕар уу кутан, устунан син аһаан киһитийэн, өҥө-түүтэ тупсан, эмиэ салгыы сымыыттаан барда. Баҕар сымыыт баттаан, оҕолорун таһааран, эмиэ этэҥҥэ олоруохпут дии санаахтыыра дуу, туох билиэ баарай? Бу аҕыйах хонуктааҕыта, аймахпыт уол, ыал хотонугар кыстаабыт, тыһылаах атыыр көҕөнүн:» Хотоҥҥо алыс буомтуйдулар, эн куһуҥ миэстэтэ кэҥээбит, онон аҕыйах хонукка кураанах сиргэ тутан көрөрүҥ буоллар?» — диэн көрдөспүтүн ылынан, тыһы көҕөнүм дьуккаахтанан үөрүө диэммин сөбүлэспитим. Кырдьык да, хотоҥҥо кыстаабыт кустар, ынах сааҕар буккуллан, туох көтөрдөр буолалларын, киһи кыайан араарбат буолбуттар этэ. Бэрт элбэхтик бүөбэйдээн, ыраастаан, син куска маарынныыр буоллулар. Маҥнай киллэрбит күммэр, син кэлии дьон быһыытынан, ис минэ соҕус этилэр. Онтон улам бодоруһан, дьиэлэрин көрөн- истэн баран, олох да бэйэлэрэ хаһаайын курдук туттан бардылар. Маҥнай кэлии тыһы көҕөн, дьиэлээх хотуну бэрт уһуннук чинчийэн көрдө. Киниэхэ холоотоххо миэнэ, киэргэнэн аҕай тахсыбыт кыыс оҕо кылааннааҕын курдук көһүннэҕэ буолуо, ордугурҕаан, күнүүлээтэ быһыылаах,
аны маннык бэйэлээх кырасаабыссаҕа эрим иириэ диэбитэ дуу, намаһына суох үрдүгэр түһэн баттахтаспытынан барда да, миэнэ олох киһилээбэтэ, оройун хаһа түһэн биэрбитигэр, атыырыгар куотан тиийэн, үҥсэргиир, эмиэ да көрөн олорон кырбаттыҥ диэн, үөхсүү да былаастаах, сор айдаан буолбутугар, атыыра өс киирбэх кэлэн куолаан, дьиэлээх хотуну үлтү сынньан бардылар. Ойоҕун тылын истэр баҕайы эбит. Көрөн турар буолан, арыычча быыһаан ыллым. Бу сэгэрим, киирбит дьуккаахтарыттан кырбанан, «стрестээн» сымыыттаабат буолан хаалла. Дьэ онон, бэл кустарга, Таптал, Күнүү, Ордук санаһыы, Куомуннаһыы, барыта баарын көрөн, сөҕө сылдьабын»- диэн ыалым Максим дьикти сэһэнин түмүктээтэ. Ону бигэргэтэн биэрэрдии, дьуккаах тыһы көҕөн, муннукка чөкөллөн олорор дьиэлээх хотун үрдүгэр түһэн баттахтаабытынан барда. Максим наһаалаары кыннахтарына, боруйан биэрэр, бэйэтэ билэр албастаах эбит да, бэрт сотору буолаат, олох салҕанарын курдук, дьиэ иһинээҕи иирсээн тохтообот эбит. Дьэ ити курдук, көрбөтөхпүн көрөн, билбэтэхпин билэн, эмиэ да сөҕө, эмиэ да сонньуйа, дьиэм диэкки хаамабын. Төбөбөр араас санаалар киирэллэр, харахпар, сааскы чуумпу нуһараҥҥа, «кус көтөр түүнүгэр», мончуукка атыыр көҕөн мээтиргээбитинэн кэлэн, ууну тыастаахтык хайытан, араҕас атахтара сарайбытынан, түһэн эрэрэ көстөр. Сааһыт доҕотторуом! Сааскы дурдаҕа Саһан олорон, Саабыт чыыбыһын Тардыахпыт иннинэ, Биир тэбэр сүрэҕи, Биир тардар тымыры, Биир итии хааны, Биллибэт тапталы, Сарбыйан эрэбит диэн Санаан аастарбыт. Вячеслав Сэмэнэп.
edersaas.ru сайтан