Кэпсээ
Войти
Регистрация
Игирэлэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Игирэлэр
K
edersaas.ru
Категорията суох
24.02.2024 15:00
Славалаах Сарыал игирэлэр. Мэлдьи буоларын курдук, иккиэн биир халыыпка кутуллан оҥоһуллубуттуу майгыннаһаллар. Дьүһүннэрэ биирин иһин, майгылара атын эбиттэр. Слава киирбит-тахсыбыт сытыы эбит буоллаҕына, Сарыал сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас көнө майгылаах, аҕыйах саҥалаах. Слава уруогун аанньа үөрэппэт буолан экзаменын кини оннугар инитэ Сарыал туттарар. Слава кыргыттарын даҕаны, этэргэ дылы, «кытай бэрчээккэтин» курдук уларытар. Сарыал үксүн кинигэ ааҕар, интернеккэ да олорон тахсар. Контагынан биир кыыһы билсэн саҥардыы көрсөн эрэллэр. Онтон ыла Сарыал үөрүү аргыстаах сылдьар буолла. Киҥинэйэн иһигэр ыллыыр идэлэннэ. Биирдэ Слава инитин суотабайын экраныгар, сурунаал таһыгар баар кырасаабыссаны санатар кыыс хаартыскатын көрдө. Кыыс ойоҕоһунан туттан бэттэх хайыһан, өттүк баттанан түспүт. Эбиитин мисс лиэнтэтин туора кэппит. — Йоо моее! Быраатым им-дьим сылдьан маннык бэйэлээҕи хантан булбутай? – Слава кыыһы сөҕө-астына көрдө. Кини кыргыттары көрдө ини, көрбөтө ини, маннык ис-киирбэх кэрэ кыыһы харахтыы илик. Уолга үөннээх санаа имнэннэ. «Быраатым биһиккини бутуйаллара да бэрт, бу кыыс араарар эбит дуо, көрүллүө!» — дии санаан, Слава бу кыыстыын билсиэн баҕарда. «Быраатым» диир да, өссө хайалара эрдэ төрөөбүтүн бэйэлэрэ да билбэттэр. Төрөппүт ийэлэрэ оннооҕор умнубут. — Даа, Сарыал, бэртээхэй кыыстыын билсибиккин, – Слава үгэһинэн ноутбугар олорор инитигэр тиийэн сөхпүтүн этэр. — Билсэн, аһа. Хайдаҕый, үчүгэй дуо? — Кырасаабысса эбит дии… син үчүгэйдэттиҥ дуо? — Ол аата хайдах? — Уураһара эҥин хайдаҕый, тугу да кучу-мачы гымматыгыт дуо? — Суох, таах көннөрү хаамсыбыппыт… Слава ону-маны ыаһахтаһан кыыс ханна олорорун ыйытта. Көрбөт кэмигэр инитин суотабайыттан ол кыыс нүөмэрин ылла. Аата Галя диэн эбит. * * * Галя кыыс Сарыаллыын билсиэҕиттэн ис-иһиттэн дуоһуйар. Уолга өссө тупсан көстөөрү араастаан оҥостор. Сиэркилэ иннигэр тупсаҕай таһаатын көрүнэн, төттөрү-таары хааман кэлэн эргичийэр. Уһун суһуоҕа кулаачыктанан өттүгэр охсуллар. Уол бэҕэһээ эппит комплименын санаан бэйэтин астына көрүнэр. Бэҕэһээ Сарыал эмискэ эрийээт тута кэлбитэ. Кыыс уол саҥата элбээбитин сөхпүтэ. Арыгы испит диэҕи сыта кэлбэккэ дылы этэ. Кыыс этэ дьырылаан имэҥнээх хаана, эймэнэ уһуктуор диэри истиҥник да уураабыта. Синньигэс бииллэриттэн тутуһан, утарыта көрсөн турбуттарын кыыс санаата. Уол төгүрүк хараҕын уһун кыламаннара кырыарбыта симириҥнээтэҕин аайы сапсыҥныыр. «Уол диэтэххэ кыламана уһунуун, хараҕын алларааҥҥы кыламана миэнин саҕа быһыылаах», — кыыс абарбычча искусственнай кыламанын сыһыарынар. Бу оҥостубут кырааскатын, пудратын суунан баран Сарыалга көһүннэҕинэ уол туох дии саныай? Галя ити санаатыттан сүөм түстэ. Альбомун ылан хаартыскаларын көрдө. Кини улууһугар кырасаабыссалар күрэхтэригэр бастаабытын ылан көрдө. Ортолоругар лиэнтэ иилинэн хоруона кэтэн турар. Кыргыттартан төбө аҥаарынан өндөс эбит. «Мин син биир ордукпун…» кыыс бэйэтин уоскутуна санаата. Бүгүн Сарыал саҥата аҕыйаабыт. Үксүн истиҥник көрөн эрэ кэбиһэр. Илиитин мээнэ ыыталаан сарбаҥнаабат. Өйүүн кэлиэм диэн баран бүгүн кэллэ. Галяҕа курсовойун оҥорорго көмөлөстө. Катокка сырыттылар. Бу кэмҥэ Слава инитэ Галяҕа барбытын билэн бүгүн барбата. Слава бастаан оонньоон Галя инитин кытта төһө араарарын билээри сылдьан баран, устунан бу кыыска ылларан барда. Киэһэ Сарыал үөрбүт дьүһүннээх кэлбитигэр Слава ыйыта тоһуйда. — Хайа, доо, уол үөрэн ыртаччы таттарбыт аҕай, төһө бэркэ сылдьан кэллиҥ, Галяҕын кытта? — Үчүгэй бөҕө. — Үчүгэй диэ… мда… аны хаһан көрсөҕүт? — Сарсын Галя курсовойун оҥоруом. Өйүүҥҥэ диэри илдьиэх буоллум. — Эх, ботаник! Кыыс бэйэтэ оҥорбот дуо, ол? — Ээ, оттон, кыыска көмөлөһүөххэ наада буоллаҕа. «Курсовойбун оҥотторорбор харчым суох» диэбитин иһин ылбытым. — Төлөбүрүн оттон «натуранан» ылаҕын буоллаҕа, уол, ээ? Һэ, һэ. — Эс, ама хайаан… – Сарыал үгэһинэн кинигэлэрин ылан көрбүтүнэн барда. Сарсыныгар Слава Галяҕа тиийдэ. — Оо, привет, хайа бүгүн кэллиҥ дуо? – кыыс үөрэн тииһэ кэчигириир. — Галя, курсовойгун оҥоро сылдьабын. Эйигин ахтаммын кэллим, һэ һэ. — Ээ, даа? Һи-һиих. Бүгүн эмиэ бэһиэлэй баайыгын дии. — Оннук бөҕө, син биир халлаан курдук буоллаҕым дии. Арыт күн мичиличчи тыгарыныы күлүм аллайабын, арыт былыттаах халлаанныы ыаһыра туттабын, – Слава эппитигэр иккиэн күлүстүлэр. — Күн аайы оччоҕуна күн курдук мичилийэ сырыт, – Галя подиумҥа хааман эрэрдии наскылдьыйа тутта иһэр. — Сарсын көрөөр эрэ, былыттаах халлаан курдук ыаһыра өһөн кэлиэм. — Хайа, тоҕоо? Курсовойбун аҕаллаххына иккиэн үөрүөхпүт дии. — Оннук, оннук, оонньоон этэбин Галя, – уол кыыһы эмиэ уураары уунаҥныыр. — Тохтоо эрэ, эн табахтаабаппын диэбитиҥ этэ дии, сыта кэлэр ээ. — Кыралаан тардабын диэбэтэҕим этэ дуо? — Суох, ваще тардыбаппын диэбитиҥ. — Чэ, сөп, кыралаан тардабын. Галя, гостиницаҕа барабыт дуо? — Онно хайыы барабыт? — Улахан дьоммут батта, биир күн саатар хонуохха буоллаҕа дии. — Кэбиис, барбаппын, дьонум сииллэр буоллаҕа дии. Сарыал, эн бүгүн хайдах эрэ буолбуккун. Чэ, пока, мин дьиэбэр киирдим. Сарсын кэлээр, сөп? — Чэ, оннук буоллаҕына оннук буоллаҕа дии, пока. * * * Галя оптуобуһунан айаннаан истэҕинэ кэннигэр билэр куолаһа иһиллэр. Эргиллэн көрбүтэ, арай Сарыал биир кыыстыын күлэ-сала оптуобус кэннигэр туран кэпсэтэллэр. Уол Галяны өйдөөн көрбөтө. Кыыс тугу кэпсэтэллэрин истэ сатыы олордо. Сарыал кэпсээн айаҕа хам буолбат. Галя оптуобус иннинээҕи аана чугас этэ да, соруйан кэннинэн барда. Сарыал Галяны көрөн саҥатыттан матта. Оптуобустан түспүтүгэр эмиэ түсүһэн кыыһы күөйэ көттө. — Галя, привет, хайа диэки бардыҥ? – уол саҥатыгар кыыс кыһаммакка хааман иһэр. — Галя, туох буоллуҥ?.. Аа, сөп, ити тыаттан кэлбит балтым ээ. — Сымыйалаама, балтыгын кытта итинник кэпсэтэҕин дуо?! – уолу туора силэйэн хаама турда. Галя таптаабыт Сарыала туран хаалла. Дьиҥинэн ити инитэ Слава этэ. Слава бэйэтин элбэх билсэр кыргыттарын нөҥүөлээн инитэ биирдэ кыыстаммытын эрийэ сатаан эбиитин обломнаан кэбистэҕэ ити. «Эйигинэн кыыс бараныа буоллаҕай!» диэн улахаҥҥа уурбатахтыы, хоҥоруутугар хоннорботохтуу санаата. Сарыал Галя курсовойун түүннэри оҥорон бүтэрбитэ. Кыыс хайдах махтаныахтааҕын өйүгэр оҥорон көрөр. Үгэһинэн үөрэ-көтө уураан чоп гыннарыа, диэн ис-иһиттэн манньыйа санаата. Үнүр кыра балта: — Маамуо, көр, ол Сарыал убаай сирэйигэр помада суола баар, – диэбитигэр кыбыһынна да этэ. Ноутбугун экраныгар киэптии Галя хаартыскатын иилбитин балта көрөн: — Убаай, эйигин бу кыыс сыллаабыта даа? – кыысчаан унаарытар. — Да. — Кини хайдаҕый, үчүгэй дуо? — Үчүгэй. — Ити кыыс фотота Славик суотабайыгар эмиэ баар ээ. — Баар дуо? Чэ, сөп, бар, оонньоо, – Сарыал кыыс эппитин аахайбата, балтын сыллаан ылаат, атаарда. Бүгүн Галялыын көрсүөхтээҕин саныыр. Күүттэххэ бириэмэ барбакка турар курдук бытаан… * * * Сарыал Галяҕа эрийэ сатаата да, кыыһа ылбата. Уопсайдарыгар тиийэн кэтэһэ сатаата. Вахтершаттан толлон киирбэтэ. Галя дьүөгэтин көрсөн ыҥыттарда. Кыыс төттөрү тахсан «Курсовойун биэриэҥ үһү, Галя кыайан тахсыбат», – диэн хомотто. Сарыал сүөм түһэн төнүннэ. «Туох буолбута буолуой? Аны ыалдьыбыта эбитэ дуу» итинник санаа аргыстаах дьиэтигэр кэллэ. — Тоҕо төбөҕүн ыйаатыҥ? – Слава билбэтэх буолан ыйыта тоһуйда. — Ээ, бэйэм… — Курсовойгун туох диэтэ? — Тахсыбата, подругатынан ылларда. Слава киһи эрэ буоллар инитин аһына санаата. Маннык сүөм түһүө эрэ дии санаабатаҕа. Кыыска буруйун билинэн суруйуон баҕарда да, салынна. Славалаах Сарыал дьоно манна Дьокуускайга хоту дойдуттан көһөн кэлбиттэрэ. Кыра кылааска уолаттары оҕолор хайаларын да араарбат этилэр. Төрөппүттэрэ иккиэннэригэр биир таҥаһы ылаллара. Слава Сарыалы көмүскэһэн оҕолору кытта охсуспута да баара. Бииргэ эйэ-дэмнээхтик сылдьан бэйэ-бэйэлэрин кытта мөккүспүттэрэ диэн суоҕа. Онно төрүөт да суоҕа. Дьонноро иккиэннэрин тэҥҥэ туталлара. Арай Слава инитигэр барытын найылыырыттан, Сарыал кыйаханыа эбитэ дуу? Суох кини аахса барбат. Бүгүн Сарыал кэтэх тардыстан, өһүөнү одуулаан сытта. Слава хаста даҕаны инитигэр буруйун билинээри гынан баран тыла тахсыбата. Сарсыныгар Сарыал үөрэҕиттэн кэлэн истэ. Тохтобулга биир кыыс кэлэн: — Оо, привет, хайа диэки айаннаары гынныҥ? — Дорообо, дьиэлээн иһэбин. — Сегодня такой серьезный… — Кыысчаан, эн арааһа убайбын бутуйдуҥ быһыылаах, биһиги игирэлэрбит ээ. — Э, даа! Тыый, извини, — кыыс кыбыстан сирэйэ биллэ кытарда. — Буолааччы, дьон итинник бутуйаллар, – уол кыыһы уоскутта. — Чэ, пока, оптуобуһум кэллэ, – Сарыал олорсон барыста. Галя ыра санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт санаата биирдэ сотулунна. Эрдиитэ суох тыыга олорсон өрүс таҥнары устан эрэр киһи курдук тууйулунна. Наар биир киһини саныы сылдьыбытыҥ таҥнардаҕына ыарахан эбитин биллэ. Үнүр оптуобуска олорон ити кыыһы кытта уруккуттан сылдьыбытын кэпсэтэллэриттэн истэн билбитэ. Ол кэннэ эрийбитигэр да ылбатаҕа. Эбиитин уол хаартыскатын, суотабайын нүөмэрин сотторон кэбиспитэ. Галя курсовойугар туйгун сыананы ылбыта. Галя Сарыал туһунан саныы олордоҕуна дьүөгэтэ: — Галя-я, кэлэ оҕуус! Ол Сарыалы көрдөрөн эрэллэр… Хайа-а, өссө иккиэлэр дии! — дьүөгэтэ аймаммытыгар тиийэн тэлэбиисэри көрдө. Устудьуоннар КВН-нарыгар Сарыалы кытта үүт-үкчү кини курдук уол көстөр. Галя көрбүтүн итэҕэйбэтэ. Бастаан «видеомонтаж ини» дии санаата. Онтон ини-бии Сарыал уонна Слава Прокопьевтар диэни истэн баран соһуйда. — Хайа-а, Галя, игирэлэр эбит дии. Эппэтэҕэ дуо, Сарыал? — Суох. Ээ, арба убайым эҥин диэн кэпсиирэ да, мин аахайааччым суох. — Оччоҕуна биирэ эйиэхэ дьээбэлэммитэ буолуо. Игирэлэр обычно биирэ сытыы, иккиһэ көнө-көрсүө буолар диэччилэр, – дьүөгэтэ уоскутардыы этэр. — Ээ, даа? – Галя эмиэ да үөрдэ, эмиэ да хомойдо. Сарыалга «уонна эрийимэ!» диэбитэ уонна нүөмэрин сотторбута, билигин ону хантан булуой? «Сэгэрим сыыһа, ол иһин даҕаны наһаа скромнай буолааччы», атын күн оччоҕуна инитэ билбэтигэр сытыыта, ол аата Славата кэлэр эбит. Галя эмискэ Сарыалы көрсүөн баҕаран кэллэ. Эрэйдээх үнүр кинини күүтэн тоҥон хоочугураан да биэрбитэ. Кыыс түннүк шторатын быыһынан көрбүтэ. Өр күүппүт быһыылааҕа. Оо, төһө эрэ киниттэн кэлэйээхтээтэ. Курсовойун оҥотторон баран үүрэн ыыппыт кэриэтэ буоллаҕа. Галя абаран сыттыгы кымыстыы олордо. Кыламана сиигирбитин билэн, хараҕын симириҥнэттэ. (Салгыыта бэчээттэниэ) Ородьумаан «Суох, эн кэпсиэ» (Айар, 2023) кинигэтиттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан