Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таҥха сэтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таҥха сэтэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.01.2024 17:00
Күн-дьыл сирдээҕи төлкөһүтэ, таайыллыбатах таабырына сөхтөрөр эрэ… Тохсунньу ый томороон тымныы салгынын кэтит түөһүнэн тыыран, көҕөччөр ат күүстээхтик тыбыыран, айаннатан иһэр. Маннык түгэҥҥэ ат барахсан тамаһыйарыттан суол чигди хаара хаачыргыыр, куучургуур, кыычыргыыр, логлу тэбиллэр дьикти дорҕооннорун утуйа турар аар айылҕа барытын бэйэтин нөҥүө утаппыттыы (кулгаахтаах буоллаҕына) аһаран эрдэҕэ дуу? Бүгүн Миитэрэй оҕонньор хара сарсыарда холкуостаах дьахталлар таптайан бэлэмнээбит арыыларын ыскылаакка туттарда. Таарыччы, лааппы дьиэҕэ сылдьан, чэй, мохуорка табаах, куһуок саахар уонна бөтүөҥҥэ кыһыл арыгы атыыласпытын, тохтубата ини диэн, илиитинэн бигээн, бүөбэйдии иһээхтиир. Бу иһэн, дьонум сонун истээри күүттэхтэрэ диэн санааттан, Миитэрэй мүчүк гынна. Барааҥка соҥҥо сууланнар даҕаны, дьагдьайыах курдук буолла. Хата, бүгүн ыйдаҥалаах киэһэ буолан абыраата. Сороҕор, хараҥа түүҥҥэ, онтон-мантан харбаан ылыах курдук түгэннэр буолааччылар. Миитэрэй сирэйэ-хараҕа кырыаран, ону-маны оҥорон көрүөх айылаах. Ол иһин тиэтэйэн, биир кэм атын салайа истэ. Көҕөччөр ат барахсан, дьиэтэ чугаһаабытын билэн, салайтарбакка даҕаны, сындалҕаннаах айантан сылайбыта биллибэккэ, сиэллэрэн истэҕэ. Атаҕын тыаһа биир кэм тоһугураан олорор. Бүгүн — сүллүүкүн оонньуулара, таҥха таайыыта саҕаланна. Бүгүн бит-билгэ күнэ! Халлааммыт даҕаны сытайан туран тымныйда. Бөрөөх алаас, бу эргиири ааста да, көстө түһэр. Манна «Хомсомуол 20 сыла» холкуос дьонун кыстыктара баар. Былыргыта Дьохсоҕон уонна Дьүлэй ини-бии уолаттар илии тутуспут, кыраныыссаларын тыырсыбыт сирдэрэ. Бөрөөк — Наммара үрэх хонноҕо. Балай эмэ кэтит, улаҕалаах дойду. Алаас таһаатын таһааран, тыатын анныгар тэриэлкэ курдук нэлэгэр күөллээх. Соҕуруу өттүгэр көппөҥнөөбүт быллаардардаах. Сураҕа, былыр кыталык көтөр таптаспыт, күн эргиирин батыһан үҥкүүлээбит аҕай сирэ. Дьэ бу кэрэкээн үрэх бүөм дойдутун хабыллар хаба ортотугар, томтор сиргэ, саха балаҕана турар. Түүн. Дьон утуйа илигин мэктиэлээн, көмүлүөк оһох үөлэһиттэн, хараҥа халлааны сырдатан, кыым кытыастан олорор. Балаҕан иһигэр Маайа, Даайа, Аана — бары эдэр оҕолор мустубуттар. Ону кытары Кыра Маайа эдьиийинээн Дуунньалыын, сааһырбыт Миитэрэй оҕонньор эмээхсининээн уонна сэрииттэн кэлбит Захар — отчут-масчыт эр бэрдэ түмсүбүттэр. Аттыларыгар, алаас арҕаа өттүгэр, тыа саҕатыгар, нүксүччү түспүт кыра дулҕа курдук балаҕаҥҥа Сөдүөччүйэ эмээхсин оҕонньоро Сэмэнниин олороллор. Оҕо-уруу суох барахсаттара. Pixabay Кыра Маайа эдьиийинээн Дуунньалыын — биир ыал оҕолоро. Дуунньа барахсан ыарыһах көрүҥнээх. Оттон Маайа — саҥа туран эрэр кыыс оҕо — баабый үлэһит, эдьиийигэр илии-атах буолан элэстэнээччи. Бэйэтэ үрүҥ аһы астыыр сэппэрээтэргэ сыһыарыылаах. Улахан атахтаах сэппэрээтэр, бастакы хоҥнорууга эрийэргэ ыарахан да буоллар, кэлин тэтимин ыһыктыбакка бардахха, чэпчэки буолар. Балаҕан иһигэр туох элбэх мал-сал кэлиэй: уһун аһыыр остуол, иһиттэрэ-хомуостара, ороннорун таҥаһа — бүттэҕэ ол. Балаҕан дьиэҕэ сыһыары ас астыыр, үүт ытыйар үгэх баар. Таһырдьа элбэх тутуу суох. Арай ампаар баар, онно тоҥ арыыларын лаабыс ороҥҥо уураллар. Бүгүн сарсыардаттан ураты күн — сүпсүлгэн бөҕө, эдэр кыргыттар элэстэнэн олороллор. Киэһэлик хотонтон киирэн, үүттэрин сылытаат, ытыйа охсон, сорох бэҕэһээҥҥи сүөгэйи иирдэн-арыылаан, улахан таастарга таптайан, ампаарга таһааран уурдулар. Үрдүгэр чыыһылатын туруоран, кириэс-мараас тардан кэбистилэр. Дьэ уонна, сэмээр сылдьан эрэ, Миитэрэй оҕонньору күүтүү-кэтэһии. Буолумуна даҕаны, дьоннорун тустарынан, өстөөх сэриитэ ханна тиийбитин истээри, кулгаах-харах буолан сырыттахтара. Хата, Миитэрэй өр күүттэрбэтэ. Таһырдьа ыт үрэн иһэн тохтоотун кытары, атах тэбэнэр тыас күндүтүк иһилиннэ. Аһыллыбыт ааҥҥа тымныы салгыны будулутан, Миитэрэйдэрэ киирэн кэллэ. Дьиэлээхтэр эҕэ-дьэҕэ буола түстүлэр. Оһох уотун эбии күөдьүтэн, сонун истээри, остуол тула мустан олордулар. Миитэрэй сыгынньахтанан, оһох иннигэр илиитин саратан иттэ түһээт, холтуунун хостоон, хамсатыгар табах уурунан, сыпсынан кыһыл чоҕу ытыттаран ылан табаҕын уматтан, соппойо түстэ уонна көхсүн этитэн баран, аҕалбыт куулун сүөрэн, кыргыттарга эр-биир мөһөөччүктээх кэһиилэрин туттартаан кэбистэ. Оҕолор ойон тураат, оҕо-оҕо курдук быыс кэннин диэки көтө турдулар. Отур-ботур кэпсэтэллэрэ эрэ иһиллэр. Улахан өттө остуол тула ыһыырынньык уотугар сонун истэ хааллылар. Миитэрэйдэрин кэһиититтэн кыратык сып да гыннардылар. Күө-дьаа кэпсэтэн бардылар. Ол олорон Миитэрэй: «Хайа, бүгүн түүн Сэмэн оҕонньордооххо бит-билгэ буолар дуо?» — диэн ыйытта. «Буолар, буолар, мааҕын оҕонньор эппитэ», — диэн Захар төтөлө суох хардарда. «Ээ, чэ бэрт, туох дьыл-хонук иһэрин, сэрии хаһан бүтэрин билиэхпит буоллаҕа», — хайалара эрэ эбии тыл кыбытта. (Салгыыта бэчээттэниэ). Акулина Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа. «Таайыллыбат дьикти күүс» (“Айар”, 2022) кинигэттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан