Кэпсээ
Войти Регистрация

ДЬИКТИНИ КҮҮТҮҮ СҮППЭТИН!

Главная / Кэпсээн арааһа / ДЬИКТИНИ КҮҮТҮҮ СҮППЭТИН!

K
edersaas.ru Категорията суох
23.12.2023 12:00
Урут сэбиэскэй саҕана оччотооҕу оҕолор Саҥа дьыл бырааһынньыгын олус күүтэрбит. Ол курдук бары күргүөмүнэн кылааһы, оскуоланы симиирбит, улахаттарга лаглайбыт харыйаны киэргэтэр чиэс тиксэрэ. Кылааска бары харчы бырахсан сгущенка үүт атыылаһан баран араас өҥүнэн кырааскаламмыт лииспитин кырыйан сыапачыка оҥорорбутун билигин умнубаппыт. Ол сыапачыкалар сапка иилиллибит баата-хаардары кытары намылыһан тураллара көрүөххэ кэрэ да буолара! Истиэнэ хаһыатын таһаарааччылар дьиэлэриттэн таас оонньуурдары аҕалан алдьатан, ону силимнээн хаһыаттарын киэргэтэллэрэ, уруһуйдьуттар талааннарыттан хаһыат төһө интэриэһинэй, кыраһыабай буолан тахсара тутулуктанара. Онтон Саҥа дьыл бырааһынньыгар саала ортотугар туран эрги­йэр улахыын-улахан харыйа араас уотунан күлүмүрдээн, араас дьикти оонньуурдара эйэҥэлээн оҕолуу ыраас сүрэхпитигэр билигин да саамай сырдыгы, кыраһыабайы, кэрэни санатар. Дьол-соргу киэһэтин саамай күүтүүлээх түгэнинэн Тымныы Моруос оҕонньор сиэниниин Хаарчааналыын ыраахтан айаннаан кэлэллэрэ, кэһиилэри туттараллара үчүгэй да буолара! Ийэбит, эдьиийдэрбит түбүгүрэн тикпит ойуулаах бэлэх ылар мөһөөччүктэрбит араас дьаабылыка, сакалаат сытынан тунуйан элбэх сүрэҕи манньыттахтара. Оҕо эрдэххэ дьикти да кэм буоллаҕа, Саҥа дьыл киэһэтэ! Билигин оҕолорбут атынтан үөрэллэр, биһигиттэн атын сыаннастаахтар. Харчылаах буоллуҥ да, тугу барытын маҕаһыынтан ылар кыахтааххын. Ол эрээри урукку даҕаны, билиҥҥи да оҕолорго Саҥа дьылтан кэрэни, дьиктини, сырдыгы күүтүү үгүстэргэ баар. Ханнык баҕарар кэмҥэ Саҥа дьылга Дьиктини күүтүү хаһан да сүппэтин! «ДЬИЭТ МОРУОС, КИЭР БУОЛ!» КП салайааччыта Сөрүөс Баабылабыс Тиитэп ойоҕо, эдэр учуутал Ньуута Уйбаанабына быйыл саҥа кылаас салайааччытынан ананан оскуолаҕа сүтэрэ элбээтэ. Биир сарсыарда Ньуута Саҥа дьыл иннинэ кылааһын оҕолоругар соһуччу үөрүү бэлэхтээри оҥосторун туһунан эригэр кэпсээтэ, Сөрүөс онно кылаабынай оруолу оонньуохтааҕа билиннэ. Былаан быһыытынан айылҕа үөрэҕин учуутала Ньуута Уйбаа­набына үөрэнээччилэрин кытары быйыл күһүн чыычаахтар аһыылларыгар анаан оҥорбут уйаларын маска ыйаабыттарын көрүөхтээхтэр, килиэп тоорохойун ууруохтаахтар. Оскуолаттан син балай эмэ тэ­­йиччи баар халдьаайы үрдүгэр оҕолор уруок курдук санаан, маска ыйаммыт уйалары көрө сырыттахтарына, эмискэ лаглайбыт харыйа кэнниттэн Тымныы Моруос оҕонньор таҥаһын кэппит Сөрүөс тахсан кэлиэхтээх уонна оҕолорго бадаа­рак туттарыахтаах. Оҕолор үөрэн-көтөн чаҕылыспыт сирэйдэрин санаан ыла-ыла, Ньуута үөрбүтүгэр-көппүтүгэр Сөрүөс иһигэр төһө да дьаар­ханнар, хайыай, сөбүлэстэ. Болдьохтоох күн кулууп дириэк­тэрэ Тиихэн Сөрөөхөп биэрбит таҥаһын догдоччу кэтэн баран Сөрүөс харыйа кэннигэр бүгэн олордо. Күн ортото буоллар да, дьыбардаах буолан дьагдьайда. Халдьаайы быарыгар турар массыынатыгар киирэн олоруон санаталаата да, Ньуутата кытаанахтык көрбүт хараҕын санаан, аккаастанна. Оҕолор ыраах соҕус айманаллара иһиллээтин кытта, арай, ойоҕоһугар сүгэнэн маһы кэрдэр тыас иһилиннэ. Сөрүөс харыйа лабаатын туора анньан баран көрбүтэ, Ньээкэрэп диэн хайа эрэ тэрилтэҕэ харабылынан үлэлиир оҕонньор кэрдэргэ бобуулаах харыйаны сүгэнэн хаста да саайда. Онуоха кыра нэһилиэккэ биллэр-көстөр дуоһунастаах Сөрүөс Баабылабыс Тиитэп тулуйбата, аҕыйахта үктээн Ньээкэрэп аттыгар баар буола түстэ да, киһитин саҕатыттан харбаан ылла: — Харыйаны кэрдэр бобуу­лаах буолбатах дуо? — дии-дии, сүр күүскэ илгиэлээтэ. Икки саһаан үрдүктээх Тымныы Моруос оҕонньор саҕатыттан ылбытыгар, кутталыттан эппэт кэлэҕэй буолбут Ньээкэрэп турулус-ирилис көрдө, куотаары мөхсө сатаата, онтон сэниэтэ суохтук «накыс» гынна. «Оо, Дьиэт Мооруос борокуньуору туппут», «Дед Мороз, Дед Мороз кэлби-ит», «Кырдьыктыы баар эбит буолбаат, Тымныы оҕонньор!», «Уо-аай, наһаа үчүгэй дии, Дед Мороз!» уонна да атын саҥа-иҥэ хойдубутугар КП салайааччыта Сөрүөс Тиитэп Ньуутатын диэки көрбөккө эрэ, Ньээкэрэбин дэллэритэн массыынатыгар илтэ. Ол кэнниттэн оҕолор бадаарактарын харыйа анныттан булан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ, сорохтор дьиҥнээх Тымныы Моруос оҕонньор баарыгар итэҕэйэр кэпсээннэрэ дэриэбинэ иһин толордо. Ити быһылаантан Ньуута да оҕонньоругар улаханнык кыыһырбата, оттон Ньээкэрэп сааска диэри ыалдьар аатыран дьиэтиттэн быкпат буолла. Арай кэргэнэ Мотуруос эмээхсин кэпсээнинэн, оҕонньоро түүн ортото уһуутаабытынан олоро түһээт: «Дьиэт Моруос, киэр буол, кэбэлий!» — диэн баттатар буолбут сурахтааҕа. «ОТТОН БУ… МИН!» Араас табаардары атыылыыр Дьокуускайга баар атыы-эр­­гиэн киинин тутаах үлэһитэ Нуонна Мастыыраба бырааһынньыктары күүппэт. Хас эмэ сылы быһа доҕордоспут табаарыс уолунуун сотору­тааҕыта арахсыбыт буолан настарыанньата да суох. Киэһэ ахсын чуҥкук кыбартыыратыгар кэлимээри үлэтигэр тардыллара элбээтэ, онон хата харчынан бириэми­йэтэ син добуочча буолла. Нуонна баар-суох дьүөгэтэ Настыына сүбэтинэн, биир киэһэ ВКонтакте киирэн «табаарыс» көрдөөтө, сотору буо­лаат, булунна. Хата «виртуальнай табаарыһа» эмиэ соҕотох буолан түүннэри арааһы кэпсэтэн Нуонна сороҕор үлэтигэр хойутаан, сэмэлэннэ. Бастакы омунугар, наһаа да бэрт эбит «виртуальнай табаарыс баара» дии саныыра. Кинини кытта аһыыр-таҥнар кыһалҕатын туһунан кэпсэппэккин, кэпсэтиэххин баҕардаххына эрэ кэпсэтэҕин, кини иннигэр туох да эбээһинэс диэн суох. Быһатын эттэххэ, маннык табыгас­таах «та­­баарыстаах» олус да комфортнай эбитин Нуонна сыл иһигэр биллэ. Ол гынан баран, билсибиттэрэ биир сыла буолуута, кыыс тыын­наах дууһа буоллаҕа дии, та­­баарыһын кытары илэ кэпсэтиэн, көрсүөн баҕарара күүһүрдэ! Өр кэпсэтиһэн, бы­­һаарсан, болдьоһон баран Саҥа дьыл иннинэ көрсүөх буоллулар. (Салгыыта бэчээттэниэ). Надежда Логлоҕор «Һок? Һэптиэ! Чулуу кылгас кэпсээннэр» (Айар, 2023) кинигэттэн быһа тардан
edersaas.ru сайтан