Кэпсээ
Войти Регистрация

Килбик таптал

Главная / Кэпсээн арааһа / Килбик таптал

K
edersaas.ru Категорията суох
16.12.2023 14:00
Сандаара ый курдук Ромалаахха ньээҥкэ­лээн хамнаһын аахсан барбыта. Варя кэпсэп­питин таһынан, көрбөт кэмигэр Роман эбии оччону биэрбитэ. Урукку таптала күөдьүйүөх курдугун сэрэйэн Роман «барбыта ордук буолсу» дии санаабыта. Кэнники кэмҥэ Варя дьонугар хоно бара­ра элбээбитэ. «Таарыйа подругабын көрсүөм» диэн буолара. Биирдэ түүн оҕото температуралаабыты­гар Варяҕа эрийбитэ. Төлөпүөнэ арахса сыл­дьар этэ. Дьонугар эрийбитэ. Хомойуох иһин «манна кэлбэтэҕэ ыраатта» диэн бэйэтиттэн ыйыппыттара. Сарсыныгар Варя туох да буолбатаҕын курдук тырыбынаан кэлбитэ. Ар-бур дэспит­тэрэ да, Варя син биир буруйа суох буолбута. Дьүөгэтигэр аараабыт аатырбыта. Роман сороҕор командировкаҕа барара уонна дьо­нун ахтан кэһии бөҕөлөөх кэлбитэ. Үөрэ-көтө аһаабыттара. Онтон, отчуотун оҥоро олор­доҕуна, кыра кыыһа кэпсээннээх буолбута. — Паапаа, биһиэхэ дьээдьэ хоммутаа… — Туох диигин, тоойуом, ханнык дьээдьэ? — Маннык, пытыктаах дьээдьэ, — кыысчаан сэҥийэтин суруйан көрдөрөр. Оҕолорун атын хоско киллэртээн баран Роман кэргэнин ыкта. — Мин суохпар кими аҕалан хоннордуҥ? — Кими аҕалыахпыный? — Кыыһыҥ дьээдьэ хоммута диир дии. — Убайым кэлэн барбыта тыаттан. — Ханнык убайыҥ? — Болуодьа. — Сымыйалаама. Кини бородалаах дуо, ол? — Бар. Айкаа… бэйэҥ барарыҥ-кэлэриҥ да элбэҕэ бэрт. Киһини онно-манна күтүрээмэ! — Варя суоһурҕаммыта буолбута. Айдаарсыы кэннэ, хас да күн кэпсэппэккэ сырыттылар. Тус-туспа хосторго утуйаллар. Биир күн Роман: — Мин үс күн командировкаҕа бардым, — диэт, таҥынна. — Эн командировкаҥ бараммат, — кэргэ­нин саҥата умайыктанна. — Барбаккабын, үлэбинэн барар буол- лаҕым дии, — Роман тахсан барда. Биир атаһын төлөпүөннээн эрэстэрээҥҥэ ыҥырда. Арыгыны бырааһынньыктарга эрэ иһэр бэйэтэ бүгүн, сылаа таһаарарга сорунна. Түүн орто холуочук дьиэтигэр кэлэн, аанын собо­нуоҕун тырылатта. — Кимҥиний? — иһиттэн кэргэнин саҥата иһилиннэ. — Мин, мин, ас, — Роман ааны астаран киирэн кэллэ. Варя сөхпүт, долгуйбут көрүҥнээх. — Эн… командировкаҕа бардым диэбэ­тэҕиҥ дуо? — Диэбитим. — Оччоҕо? — Миигин акаары оҥоһуннуҥ дуо? Соруйан эн көрсүүгүн тутаары эппитим. — Ханнык көрсүүнү? Итирбиккин, Рома. — Бу сырыыга мэлдьэһиэҥ суоҕа!! Бу баар дии, бачыыҥката! Ыҥыр, үчүгэйинэн. Роман түгэх хостору көрдө. Онтон аан хоско эргийэн кэлиитигэр биир киһи таҥнан хачыгырайан куотан эрэр. Роман ыстанан кэ­лэн көрүдүөргэ тиийбит киһини саҕатыттан харбаата. Эргилиннэри тардан эрэрэ да, сыҥаах тыаһа «тас!» гынна. Киһи атаҕа күөрэйэн кирилиэһинэн төкүнүйдэ. Ойон тураат, атахха биллэрдэ. Роман кыйаханан дьиэтигэр ойоҕун сиирэ-халты таҥыннараат, кэтэҕиттэн ылан таһырдьа аста. Сарсыныгар ийэ кынна кэлэн кинини саҥарда. — Тоҕо кыыспын итирэн кэлэҥҥин үүрэҕин?! — Тоҕотун ол сиэннэргиттэн ыйыт, баҕар миигин итэҕэйиэххит суоҕа, — аҕалара оҥой- соҥой көрөн турар оҕолорун диэки ыйар. — Мааманы хайаабытай, паапа? Этиҥ эрэ, сыллыыйдар? — Мааманы паапа үүрбүтэ. — Тоҕо? — Маама атын дьээдьэни аҕалбыта… — Ханнык атын дьээдьэни? — Бытыктаах дьээдьэни. Варя ийэтэ саҥарбакка олордо. — Оччоҕо хайыыр буоллугут? — кини кыыһын майгытын билэр буолан, киирэрин саҕанааҕы курдук уоҕурҕаабыта симэлийбит. — Дьэ билбэтим. Талбыт киһитин кытта сылдьан көрдүн! — Рома киҥэ-наара холлубут буолан, төлүтэ биэрэн саҥарда. — Бу оҕолоргун оччоҕо? — Оҕолорбун биэрбэппин! — Кыра кыыһы саатар илдьэ баран эрэрим дуу?.. Үлэҕэр хайдах сылдьыаххыный… уолуҥ детсадка сылдьыа этэ, — ийэ кылына куолаһа сымнаабыт. Роман саҥарбакка олоро түһэн баран: — Бакаа илдьэ баран эрэриҥ дуу, — диэтэ. Роман бүгүн үлэтин кэнниттэн, дьиэтигэр арыгы иһэн эмиэ холуочуйда. Суотабайын ылан Сандаараҕа эрийдэ. Ыҥырар матыып тыаһыы түспүтүн кэннэ, Сандаара куолаһа иһилиннэ. — Аллоо? — Дорообо, Сандаара, биллиҥ дуо? — Билэн буоллаҕа дии, Рома, — Сандаара үөһэ тыынара иһилиннэ. — Мин ким диэн эйигин суотабайбар со­храняйдаабытым буолуой, һэ-һэ… — Билбэтим, хантан билиэмий? — «Первая любовь» диэн суруйбутум. — Рома, эн бүгүн хайдах буоллуҥ? — Ээ, оттон кыратык истим. — Ханна бааргыный? — Дьиэбэр. — Кэргэниҥ, оҕолоруҥ? — Эбэлээх эһэлэригэр барбыттара. — Тугу бырааһынньыктаатыҥ? — Сандаара, эн соҕотоххун дии? — ыйыта­рыгар хоруйдаабата. — Ол аата? — Эйиэхэ ким эмит баар дуу. Быһалыы ыйыттахха киһилээххин дуо? — Суох. — Мин эмиэ соҕотохпун. Оҕолорум баал­лар, биллэн турар. — Варяҥ баар дии. — Кини суох, барбыта. Миэхэ кэлбэт хаһан даҕаны. — Рома, эн хотторбуккун. — Кэлиий миэхэ, бастакы тапталым. Соҕо­тох кэммэр аттыбар буолууй. — Суох, суох. Кэнники өйдөөххөр, амаҕар кэпсэтиэхпит. — Билигин кэлбэккин дуо, миэхэ? — Суох буолуо. — Чэ сөп. Эн миэхэ урут да наадыйбатаҕыҥ. Чэ, пока! — Роман арааран кэбистэ. Сандаара Романы төһө да итиригин иһин итэҕэйдэ. Кэргэнэ Варя атын киһилээҕин, үһү-тамах курдук эрдэ истибитэ. «Кэлиий, миэхэ бастакы тапталым», — диэбититтэн Сандаа­ра уйадыйан умса түһэн уйа-хайа суох ытаата. «Дьиҥэр бара сылдьыахха баара. Доҕорбун хомоттоҕум. Урут да сэгэрим сыыһыгар эрэй бөҕөнү көрдөрбүппүн. Тустаахха ыарахан буолуо. Оччолорго олоҕу билбэт эрдэххэ, киһи бэйэтин эрэ билинэр буоллаҕа», Сандаа­ра санаатыгар Рома баҕар өссө эрийиэ диэн күүтэ сатаата да биллибэтэ. Бэйэтэ эрийээри хаста да нүөмэри ыла сырытта да, баттаабата. Долгуйан сүрэҕэ, тиргэҕэ иҥнибит кус курдук, битиргэччи тэбэр. Санаатыгар баҕар Варя кэл­бит буоллаҕына, аны кини ылан кэбиһиэ диэн саллар. Варя туоҕу оҥорбутуттан дьэ кэнники кэм­синнэ. Үлэтэ, дьиэтэ да суох хаалла. Бары­та Роман бэлэмигэр олорон, буолуохтааҕын курдук санаан сылдьыбыт эбит. Эрдэттэн да кини эппитэ туолуохтааҕын курдук саныыра. Роман кини баҕарбытын барытын, атыылаһан биэрэрэ. Эрэ дириэктэр буолан, тэрилтэҕэ хо­тун курдук туттан сэкирэтээригэр тиийэ ула­рыттарбыта. Бэйэтэ үлэҕэ киирбитэ. Билигин саҥа билсэн олоҕун алдьаппыт киһитигэр эрийэ сатаабыта да, кини нүөмэрин хатаабыт этэ. Онон Варя ханна да барар сирэ суох буолан, тыа сиригэр дьонугар тахсарга күһэллибитэ. Ийэтэ кыыһын быһыытын билэн эмиэ иһигэр кыйаханара. Варяны хотоҥҥо үлэ­лэтэрэ. Куоракка сарыысса курдук олорбут киһиэхэ хотон үлэтэ ыарахан этэ. «Хайа, ити кыыскыт көһөн кэллэ дуо?» «Оттон эрэ ханна баарый?» — диэн дьон ийэтиттэн ыйытарын иһиттэҕинэ, тириитин таһынан киирэрэ. Варя эр киһи минньигэс албын тылыгар киирэн биэрээхтээбитэ. Ырыынакка бардаҕына, мэлдьи Джамиль диэн киһи үөрэ-көтө кэпсэ­тэрэ. «Ай да, майа кырасависса» диэн фрукта биэрэрэ, алыптаах тыллаах сибэкки бэлэхтиирэ. Бу буолуох быатын сэрэйбитэ буоллар, Варя киниэхэ киирэн биэрбэт этэ. Итинник ал­бын тыллары, хас дьахтарга эппиттэрэ буолла. Хойуу хаастаах, чох хара харахтар кинини таптыы көрөн, абылаҥнаах тыллары эттэх­тэринэ ууллан хаалар курдуга. Ол кэмҥэ төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбитин билбэккэ хаалбыта. Онтон барыта саҕаламмыта. Джа­миль барыта алҕас да буоллар, истиҥ тылла­ры суруйан ыытара. Бастакы көрүүттэн таптаабытын тиийэ этэрэ. Быстах имэҥ Варя өйүн сүүйбүтэ. Кини таптаатаҕына тулалыыр эйгэтин, барытын умнан кэбиһэр курдуга. — Мөхсүмэ, сүгүн ту-оор!! — Варя, ынах ыы олорон маннык буолбутугар, ынах буруйдааҕын курдук сарылаабыта. Эмиийин күүскэ тардыалаабыта. Ону сөбүлээбэккэ Өрүөстээх, тэбиэлээри үүттээх биэдэрэҕэ атаҕын укпута, эбиитин саахтаах кутуругунан Варяны сирэйгэ биэрбитэ. Дьахтар кыйаханан ынаҕы биэдэрэнэн охсубута. Өрүөстээх онтон тэһииркээн быатын быһа түһэн, күкүргэ ойон киирбитэ. Онно босхо сылдьар тарбыйаҕа, ону эрэ күүппүттүү, ийэтин эмэн чомурҕаппыта. Варя туохтан эрэ кыыһырбытын оҕолорунан таһаарара. Оччоҕо кыра кыысчаана, уоһун толлотон баран «оч­чоо мин паапабар байыам» диэн ытыыра. Варя сүөһү бэрилгэниттэн куотар кэриэтэ, куоракка үлэ көрдөһөбүн диэн ааттаан барбыта. Роман үлэлиир тэрилтэтин өҥөйөн көрөөрү онно таарыйбыта. Дьон дириэктэргэ наадалаах буолан кэбиниэт таһыгар уочарат­таан олороллоругар, манаан олорон күүппүтэ буолбута. Ол олорон кэбиниэт аана аһылла­рыгар көрдөҕүнэ арай сэкирэтээр оннугар Сандаара олороро. Варя итэҕэйбэккэ, хараҕын сотто-сотто, көрбүтэ. Романы кытта дьоллоох баҕайытык кэпсэтэллэр, күлсэллэр. Сандаара били киниэхэ ньээҥкэлээбит дьахтар курдук буолбатах, маанымсыйан дэлби оҥостон, кы­раһаабысса буолбут эбит. Варя бу сулбу ыста­нан киириэхтии ойон турда… Ородьумаан «Суох, эн кэпсиэ!» («Айар», 2023) кинигэтиттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар
edersaas.ru сайтан