Кэпсээ
Войти Регистрация

Отчут-масчыт оҕо сааһым кэрэ түгэннэриттэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Отчут-масчыт оҕо сааһым кэрэ түгэннэриттэн

K
edersaas.ru Категорията суох
14.12.2023 15:41
Оччолорго, ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар, үлэтэ суох киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Бэл, биһиги, оҕолор, оскуолаҕа киириэхпититтэн сопхуос үлэтигэр миккиллэрбит. Ол курдук, бастаан утаа «оҕо былаһаакката» диэни тэрийэн, сайын буолла да лабыкта хомуйуутунан дьарыктанарбыт. Сарсыарда аайы, хонтуораҕа мустубуппут кэннэ, массыына куусабыгар эбэтэр тыраахтар тэлиэгэтигэр тиэйэн таһааран тыаҕа быраҕаллара. Онно уһун күнү быһа лабыкта хомуйбуппутун кэннэ, киэһэ тахсан төттөрү тиэйэн киллэрэллэрэ. Лабыкталыы сылдьан моҕотойу сырсыы, тииккэ таһааран баран, ураҕаһынан бултааһын муҥкук үлэбитигэр сэргэхсийиини киллэрэрэ. Онтон биир түбэлтэни ахтан аһардахха, бадаҕа, иккис кылааһы бүтэрбит сайыммыт этэ, эмиэ, үгэспитинэн, оҕолор бэйэбит эрэ тыаҕа тахсан лабыкталыы сырыттыбыт. Арай, аттынааҕы алааска туруйа хаһыыта бөҕө лыҥкынаан барда. Биһиги, оччону истэн баран, орой мэниктэр үлэлии сылдьыахпыт баара дуо, алааска сырсан киирбиппит. Туруйа бөҕөтө биһигиттэн үргэн үрүө-тараа ыһылыннылар. Сорохторо көттүлэр, кыайан көппөт өттүлэрэ дайаллар. Онтон биир-икки ороһу сордоох оҕолор быһыылаах, көппөттөр да, дайбаттар да, хонуу устун сүүрэн мөкөчөҥнөһөөхтүүллэр. Мин биир оннук туруйа оҕотун көрдүм да, кини кэнниттэн түһүнэн кэбистим. Бастаан утаа, балай да түргэн, миэхэ ситтэриэх быһыыта суох курдук этэ. Мин да хадаарбар кэнниттэн сүүрэн истим. Кэнникинэн, сылайан айаҕын үүн тиэрбэһин курдук аллаччы атан кэбистэ, хардыыта бытаарда. Мин ситэн кэлбиппэр, тохтуу түстэ да, боотурҕаан, тумсун супту уунан, аны бэйэбин эккирэттэ. Оруолбутун атастаһан, аны, мин куотааччы буоллум. Ол иһэн көрө түспүтүм, көмөҕө миигиттэн икки сыл аҕа «хамандыырбыт» Устуручукуоп Өстүөпүнньүк, хос аата Понтуой, сүүрэн марайан ахай иһэр эбит. Иккиэлэспиппитин көрөөт, туруйабыт оҕото, эргиллэн биэрээт, төттөрү ыстанна. Олох ыксаан, кыаҕын ыллардаҕына, тохтоон боотурҕуур, сытыы тумсунан түһүөхтүү өкчөҥнүүр. Оччоҕо биһиги кэннибитинэн чугуруҥнуубут. Сатахха, тулабыт барыта талах буолан, сөптөөх мас да көстүбэт. Ол курдук балайда төттөрү-таары эккирэтиһэ сырыттахпытына, биһиги кэккэбит сыыйа хаҥаан, элбээтибит. Балаһыанньа тэҥэ суоҕун өйдөөн туруйабыт оҕото төһө кыалларынан иннин диэки дьулуһа сатаахтыыр буолла. Кэмниэ кэнэҕэс Понтуойбут сөптөөх эпчиргэ маһы булан туруйабытын моонньуга быраҕан суулларан түһэрдэ. Дьэ, ол кэнниттэн ким туох тутуурдааҕынан эттээн киирэн бардылар, мин хайдах эрэ аһына санааммын, илиим-атаҕым барбакка, туора туран хаалбытым. Булпутун бастаан охторбут киһи ылбытыгар, бары даҕаны ымсыыра көрбүппүт, ол да буоллар, куорсунугар тиксэн «индеец» саҕа сананан, саха тэҥэ суох үөрбүппүт-көппүппүт. Кэлин ол куорсуннарбытын бэргэһэлэрбитигэр иилинэн баран, «илин-арҕаа» диэн арахсан, саабылалаһарбытыгар эбэтэр охсуһарбытыгар туһанарбыт.
edersaas.ru сайтан