Кэпсээ
Войти Регистрация

Мэһэйдэтэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Мэһэйдэтэн

K
16.07.2021 14:07
   Кыраһаанныын оскуолаҕа бииргэ үөрэммиппит. Үөрэҕэр быстар мөлтөх этэ. Эбиитин аччык кэм. Түөрт-биэс биэрэстэлээх сиртэн сатыы сылдьарбыт.        Александра Филипповна диэн учууталбыт Кыраһааны туруоран ыйыттаҕына, муҥнааҕым киһи билиэх да курдугун билбэтэ сүрдээх буолара. Этэн биэриэхпин баҕарарым да, урут чанчыкпыттан ыйаммыт буолан, куттанан эппэт этим. Сыыҥын өрө сыҥан ылара бу баарга дылы.    Биирдэ учууталбыт араастаан ыйыта сатаан баран, киһи иилэн ылар хоруйун истибэккэ кыыһыран "олор!" диэн күргүйдээтэ. Онуоха тугум баҕайыта буолла, олорон эрэр табаарыспар харандаас уһугун өрө тутан биэрдим.    Дьэ эбээт, доҕоор! Часкыйбытынан ойон турда. Онно учууталбыт: "Көр эрэ, өссө айакалаах баҕастаах!” – диэн кыбдьыгыраабытынан кэлэн уолум чанчыгар түстэ. Өрө ыйаан таһаараат, дуоска иннигэр илдьэн, туруоран кэбистэ. Сол курдук бүтүн уруогу быһа турбута. Мин суобаһым оонньоон, сиргэ тимириэхпин сир кытаанах курдуга... Итинник үөрэнэн оҕо сааспытын атаарбыт дьоммут.    Кыраһаан үйэтин тухары суоппардаабыта. Дьэ, үлэтигэр баҕас кыайыыта-хотуута сүрдээх этэ.    Биир дьыл сатыы дойдулаан испитим. Арай кэннибэр киһи саҥата "сай-суй!” бөҕө буола түстэ. Соһуйан, туора ойон биэрбитим. "Туох ааттаах үөр сүөһүнү үүрэн истэхтэрэ буолла?!" – диэн сүөһүгэ киирэн биэримээри бэрт түргэнник хамсаммытым. Онтум баара, сүөһү той кэлиэ дуо, суох буоллаҕа дии: ала оҕуһу туора мииммит оҕонньор айдааран иһэр эбит этэ.    Өр-өтөр гыммакка ситэн кэлбитэ. Улахан алаас ортотугар ситэн ааһан баран, сайылык пиэрмэтин диэки түһэ турбута. Мин ол икки ардыгар сирэйин да өйдөөн хаалбатахпын. Оҕуска олорор киһи сылгынан көтүтэрэ баарай, киһи сирэйин баҕас көрүллэр буолара да... Хайдах эрэ тылым тахсан кэпсэппэккэ хаалбытым. Түргэн-тарҕан, оҕус айаныгар холоотоххо, түргэнэ сүрдээх. Ол гынан баран айыы киһитигэр төрүт маарыннаабат. Этим сааһа аһыллан, тохтоон хаалбытым. Дьиҥинэн, күрүлүүр күнүс этэ эбээт!    Туймааран баран саҥа өйбүн булуох курдук гынан эрдэхпинэ, кэннибэр массыына бирилээн кэллэ. "Бу сырыыга сиир буоллулар" диэх курдук санаа киирэн эрдэҕинэ, "пиип!” диэн сигинээллээтилэр. Көрө түспүтүм – Кыраһааным мэлтэйэн олорор. Газик массыынатынан эмээхсинин кытта айаннаан иһэллэр эбит.    Массыынаҕа киирэн иһэн, били, оҕустаах киһибин көрө сатаа – ханна да барбыта биллибэт. Айыы киһитэ эбитэ буоллар, киэҥ алааһы итиччэ түргэнник хайдах да туоруур кыаҕа суоҕа. 90-с сылларга ыал сүөһүтэ халлааннаан да көппүтэ биллибэккэ сүтэр сэрэхтээх кэмэ этэ. Кыраһаанныын уруккубутун-хойуккубутун кэпсэтэ-кэпсэтэ салгыы айаннаабыппыт.    Эбэҕэ балыктаан онтун дьоҥҥо атыылыыр этэ. Дьоммор түргэн баҕайытык тиийэн хаалбытым. Эмээхсиним: "Хата, табаарыһыҥ Кыраһаан аҕалбыт балыгыттан сиэн баран барыаҥ”, – диэн үөрбүтэ аҕай.    Ол ити курдук ааспыта. Сотору соҕус Кыраһааным эмискэ ыалдьан, өлөн хаалбыта. Аны, киһи дьиксиниэх, аара, били алаас ортотугар айаннаан иһэн моһуогурбут этэ.    Арааһа, киһини бэриэт илдьэ барар оҕустаах оҕонньор буолуохтаах. Кэритэллэрэ дуу, эбэтэр ылаары гыннахтарына, ити курдук илэ көстөллөрө дуу... Анараа дойду ааттаахтара илэ хаамыстахтарына, үчүгэйинэн эргийбэт эбит... Миигин сиэри кэлбитин табаарыһым Кыраһаан массыынанан кэлэн, суолун быһа көтөн, быһа кымньыылатан кэбистэҕэ дуу...
kyym.ru сайтан