Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Үөлээннээҕиэм, бука диэн баалаама…»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Үөлээннээҕиэм, бука диэн баалаама…»
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.12.2023 15:07
Тэйсэ быһыытыйбыт атастыылар ыы муннуларынан анньыһаллар: “Хайа, доор, хайдах олордуҥ?” – биирдэрэ туоһулаһар. “Ээ, арааһынай. Олох охсурҕаланара элбэх. Уонна, наар оройго охсо сатыыр”, – анарааҥҥыта эппиэттиир. Санаан көрдөххө, кырдьык да оннук эбит. Олохпут барахсан, былыр эбээлэрбит, ийэлэрбит эрэйдээхтэр абырахтыы, үүйэ сатыыр нэк буолан тырытта сылдьар куобах суорҕаннарын курдук. Эрэй, кыһалҕа эҥээрдээх, тиийбэт тирии, таппыт тараһа олохпутугар оройго охсулларбыт, кырдьык, элбэх. Аҕыйах хонуктааҕыта 90-чатын чугаһаппыт, өссө да сэнэх, тура-хаама сылдьар, кинигэ-хаһыат тутуурдаах, кыбыныылаах биир дойдулааҕым, үөлээннээҕим Өндөрөй Миитэрэпээнэбис кырдьаҕас «кэлэ сырыттын» диэн илдьитин тутан, төһө да сиһим быстан хааллар, тайахтанан таҥхаалайданан тиийэ сырыттым. Үөлээннээҕим барахсан, киһи мыыммат киһитэ. Сэрии сылларын оҕото, оҕус сиэтэн улаатан, эрэйгэ-кыһалҕаҕа эриллэн борбуйун көтөҕөн отчут-масчыт туруу үлэһит, холкуостаах хоодуот, хайҕалга сылдьар ыстахаанабыс буолбута. Сокуоннай сааһын ситиитэ оҕуһун чурумчутун тыраахтар көлө уруулугар уларыппыта. Онтон ыла холкуоска, сопхуоска үрүлүйэ-харылыйа үлэлээн, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аата-суола иһиллэр Үлэ Кыһыл Былааҕа уордьаннаах чулуу мэхэньисээтэр буолан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кэргэнинээн, Агааппыйа барахсанныын, уоллаах кыыс оҕолонон, онтуларын иитэн, улаатыннартаан, үөрэхтээн үлэһит, ыал-күүс оҥорон, дьиэ-уот тэрийэн, Өндөрөй билигин уонча сиэннээх, хас да хос сиэннээх ытык эһээ ыстаатыстаах кырдьаҕас. Агааппыйата, сэбиэскэй кэмҥэ ынахтан сылга 3000-лаах кирбиини ылбыт, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх, хомуньуустуу үлэ удаарынньыга ыанньыксыт этэ. Барахсан, сииктээх хотоҥҥо үйэтин моҥообута охсон, доруобуйата алларыйан, бу олохтон бараахтаабыта уонтан тахса сыл буолла. Куоракка уолугар олороохтуур. Икки хостоох кыбартыыраҕа уонча буолан кыбыллан-симиллэн, кынчыаттаһан-ырдьыгынаһан олороллор. Тыаҕа кыыһын аахха сыстыан, анарааҥҥылар эмиэ ыарырҕаталлар. «Манна онто суох ыппыт-куспут, сүөһүбүт-сылгыбыт көрүүтэ-истиитэ, оҕолору-сиэннэри бодьуустаһыы, үрүҥ харахпытын өрө көрбөппүт. Уолугар толору хааччыллыылаах дьиэҕэ кыһалҕата суох олордун», – диэн кыыһа чугаһаппат. Уолун аахха эмиэ туора көрүллэр, остуолга кэллэҕинэ, кийиитэ буолуохсут илиитин таһынан иһитин-хомуоһун талырҕатар. Наар үлэтиттэн соло булбат архитектор уола ууну омурдубут курдук ньимиликээй сылдьар. Улаатан эрэр сиэннэрэ кыргыттар чугаһаатаҕына «фуу!» диэн түҥнэри хайыһартан атыны билбэттэр. Дьэ, муҥ диэтэҕиҥ. Кырдьар кырыыс диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Муҥнааҕым, бу гыннар, оҕолоругар хом санаата суох, кыһалҕалаах олохтоохторун, тиийиммэттэрин-түгэммэттэрин көрө сылдьар, аһынаахтыыр эрэ. «Дьэ, Биэтээс, оҕолорбор мэһэйдээбэккэ, кырдьаҕастар интэринээт дьиэлэригэр барарга бүтэһиктээҕин быһаарынным. Саастыылаахтарбын кытта көрүүлээх-истиилээх сиргэ холкутук, көҥүллүк тыынан үйэбин моҥуом этэ…» – Өндөрөй барахсан, көхсө холбойон, туртайбыт баһа саллайан, умса нөрүйэн чымадаанын арыйбыта, бүк тутуллан сытар бинсээгин түөһүгэр иилиллибит Үлэ Кыһыл Былааҕа уордьана килэбэчийэ көһүннэ… Мин бу муҥнаах олох кыһалҕатыгар оройго оҕустаран, дөйүөрэн олордум…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан