Кэпсээ
Войти Регистрация

Атыыһыт, эн уонна калькулятор

Главная / Кэпсээн арааһа / Атыыһыт, эн уонна калькулятор

K
edersaas.ru Категорията суох
26.11.2023 19:00
Миллениум. Саҥа дьыллаат, тута, сарсыныгар дуу, өйүүнүгэр дуу, өрөспүүбүлүкэттэн отучча буолан Владивостогунан Сеулга көппүппүт. Бэйи, хайдах, ханна сылдьыбыппытын сэһэргээмиим: уһуна, киэҥэ бэрт буолуо. Мин хайдах сыананы түһэрсэргэ үөрэммиппин кэпсиим. Урут, сэбиэскэй кэмҥэ сыана түһэрсии диэн суох этэ. Сыана дойду үрдүнэн биир буолбутун кэннэ, тугу түһэрсиэҥий? Лааппыттан олохтоммут сыананан атыылаһар этибит. Биирдэ эмэ борохуолкаҕа сылдьан үспүкүлээнтэн тугу эмэ ылаары түһэрсэн көрүллэр буолуулара да , ол ааҕыллыбат. Ырыынак олоҕор киирбит кэннэ даҕаны, сатаан түһэрсибэт, торгуйдаспат этим. «Диэсэбэ» диэнтэн үөрэн, кэммэрсээн эппит сыанатынан ыларым. Дьэ, арай, Сеултан Пусаан куоракка бардыбыт. Оптуобуһунан. Пусаан ырыынактарын кэрийэ сылдьан, уордьаннаах учуутал, дириэктэр Клим Павловы үтүктэн, арай, сыана түһэрсэргэ холоннум. Дьэ, бу бэрт ньыма эбит, атыылаһарга. Атыыһыт түһэрсэр килийиэни «табаарбын ылар соруктаах» диэн, амаҕаччылаан, сыанатын 15-20 бырыһыаҥҥа диэри намтатыан сөп эбит. Биирдэ, хас да буоламмыт, атах таҥаһын атыылыыр маҕаһыыҥҥа киирдибит. Валентина Кривошапкина, эдьиийим кэриэтэ саныыр биир дойдулааҕым, Харбалаах бэтэрээн учуутала, соппуоска мээрэйдээн баран: «Дискаунт?» (Скидка?) — диэн ыйытта. Атыыһыт табаарын сыанатын эттэ. Валентина хаска ылар санаалааҕын эттэ. Английскайдыы ахсаан ааты туттан, арыт, кумааҕыга суруйан атыыһыт кыратык түһэрэр, Валя барбах эбэр. Соппуоска сыаната 20’/, түспүтүгэр Валентина ылбыта. Атыыһыт кыыс бэркэ үөрбүт дьүһүннээх этэ. Кэриэйэҕэ сылдьан кэлээт, ханна, хайдах сатанарынан, атыылаһыахтаах табаарым сыанатын түһэрсэр буолбутум. Биирдэ кыыспын кытта Столичкаҕа сырыттыбыт. Оҕом ол саҕана оскуолаҕа үөрэнэрэ. Киниэхэ паанда (сымнаҕас оонньуур) ылыахтаахпыт. Оонньуур атыыланар павильонугар, эргэ куорпуска, балтараа миэтэрэлээх, уп-улахан паанда баар эбит. Оҕом сөбүлээтэ. Атыыһыппыт эдэр, отуччалаах кытай уола. — Ни хао! Сколько? — сөмүйэбинэн ала паанданы ыйдым. — Тирии тыысчи, бэрии, бэрии, — эдэр киһи үөрэн.сэгэс гына түстэ, тураах кынатыныы хара, килэбэчигэс бэскитин имэриннэ. — Тысяча, — холкутук эттим. — Ньиэт, ньиэт. Дьиэ тыысчи дэбэссуот, — урбаанньыт ытыһын нэлэҥнэттэ. -Тысяча сто, — этэр сыанам кыратык өрө көптө. — Лаадына, дибиэ тыысчи босэмсуот, — кытай мөһөөгү кэбэҕэстик көҕүрэттэ. Паанданы ылан, ыксары кууста: — Токуой мээккий, холуосий, — уол сирэйигэр сырдык мичээр оонньоото, кылбаа маҥан кэчигирэс тиистэрэ көһүннэ. Мин тыһыынчалаах күпүүрэни таһаардым: — Наличка. Тысяча двести. Киһим үөрэ түстэ. Ол эрэн, мин эппит сыанабар атыылаатаҕына ночоотурарын, хайдах сатыырынан быһаара сатаата. Торгуйдаһан, торгуйдаһан, чаас аҥара эллэһэн, 1400 солкуобайга ыллыбыт. Торгуйдаһыыттанатыыһыт да, мин кыыспынаан да тото астынан тарҕаспыппыт. Бу, быйыл, сыана түһэрсэргэ бэртээхэй ньыманы буллум. Ырыынакка кэлэбин. Чэ, холобур, «Крестьянскайга». Фрукта ылаары сибиэһэй винограды талабын. Атыыһыт сэттэ мөһөөгү биир киилэ иһин көрдүүр. Бартыбыалбыттан саҥата суох калькулятор таһааран, «500» диэн бэчээттээн табырҕатан баран, муннун анныгар үҥүлүтэбин. Сыана тута алта мөһөөккө диэри аллара куугунуур. Мин калькуляторга «450» диибин. Эргиэмсик соһуйан хараҕа быччайар, сыана биэс мөһөөк буола охсор. Калькуляторга 400 диэн дьэргэтэбин. Маннык тэтиминэн үсүүмэ атыыга бүгүн барбатын сэрэйэн, атыыһыт түөрт мөһөөккө сөбүлэһэр. Үчүгэй ньыма эбит. Үгүс кэпсэтии суох. Атыыһыт, эн уонна калькулятор. Күндү ааҕааччым, кэлин, саҥа ньыма буллахпына эбэтэр биллэхпинэ, эмиэ бу хаһыакка үллэстиэм. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан