Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэпсээн: Кэбэҕэс бултуйуу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэпсээн: Кэбэҕэс бултуйуу
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.11.2023 18:30
Балаҕан ыйа ортолообута. Көмүс күһүн барахсан дьэгдьитэр дьэҥкир салгынынан тыаны толорон, киһини наҕылытарга дылыта. Саһарбыт сэбирдэхтэр тэлээрэн түһэн, тыа ыллыгар тэлгэнэллэрэ. Бэйэбиттэн уонча сыл балыс Денис Гусевтыын ыллык устун суксуруһан испиппит. Денис — оскуолаҕа үөрэппит оҕом. Кылгас, сырдык баттахтаах, от күөхтүҥү харахтаах, миигиттэн тутум үрдүк уҥуохтаах, хатыҥыр, сүүрбэ биирдээх уол. Сулууспалаан кэлэн баран, Дьокуускайга педучилищеҕа киирбитэ. Бастакы куурус кэнниттэн дойдутугар сайылаабыта. Сотору коньуукула бүтэн, алтынньыттан үөрэҕэр барыахтааҕа. Онон, сынньалаҥын баттаһа, миигин кытта тыаҕа куобахтыы, мас көтөрдүү тахсыспыта. Кини оскуолаҕа үөрэнэр кэмиттэн миигин кытта куска, куобахха сылдьара. Аҕата, наар үлэттэн орпот буолан, булка улахан көҕө суоҕа. Уола миигин кытта бултуурун биһириирэ. Денистэн икки кылаас аллара үөрэнэр Сеня Щербаков эмиэ биһиги хампаанньаны кытта булка барсара. Сенялаахха кылаас салайааччыта буоларым быһыытынан, шефтэһэн, булка, балыкка батыһыннара сылдьарым. Уол оҕо бултуур, балыктыыр, айылҕалыын алтыһар буоллаҕына атын буортулаах дьаллыкка ыллара охсубат. Оскуола кэнниттэн даҕаны уолаттар күһүн тыаҕа тахсарбар барсаллара. Бу сырыыга Сеня барсыбатаҕа, Абаҕа мааны кыыһа Рита Корниловалыын табаарыстарын сыбаайбатыгар шафердыахтаахтара. Учуутал киһи быһыытынан, баскыһыанньаҕа эрэ өрөбүллээҕим, методкүн диэн ааттанар, уруокка бэлэмнэнэргэ диэн бэриллэр уруога суох күнүм сэрэдэҕэ түбэһэр буолан, бултуурга табыгаһа суоҕа. Онон күһүн биир нэдиэлэ отгул ылан тыаҕа тахсарым. Үүтээммин бөһүөлэктэн түөрт аҥаар көстөөх сиргэ, Омолуун үрэҕин уҥуор туттубутум. Онтубун «даачам» диирим. Денис Гусев аҕата Краснодартан төрүттээх, бу дойдуга күтүөт, леспромхозка «Урал» массыынанан мас тиэйэр, чулуу суоппар этэ. Ийэтэ Троицкайтан төрүттээх, оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиирэ, кэргэмминиин дьүөгэлиилэрэ. Кыһыл өҥнөөх «Юпитер-5» матасыыкылбытын аара ойуур иһигэр хаалларбыппыт. Чиҥ үрүксээктэрбитин, эрэһиинэ тыыбытын, сааларбытын сүгэн, Омолуун үрэҕин туһаайыытынан хаампыппыт. Үүтээммэр кыһын бураанынан тиийиэххэ сөп. Оттон дьыл ичигэс кэмигэр сатыы эрэ барыллар: үрэхпит, тиийэрбит даҕаны буоллар, матасыыкылы туораппат, оломо суох. Эрэһиинэ тыы үрдэринэн, үрэҕи туораан, баабысына (күнүс түөрт чаас) саҕана үүтээммитин булбуппут. Дьон таарыйбатах, саас кустуу кэлэ сылдьан хаалларбыппынан турара. Мантан чугас, икки биэрэстэлээх сиргэ, тыа ортотунааҕы киэҥ ырааһыйа толоон ортотугар хомус от тулалаах син обургу көлүкэлээх. Мин ол көлүкэ аатын нэһилиэк кырдьаҕаһыттан, Сахаарап оҕонньортон сураспыппар: «Омолуун Күөлэ» диэбитэ. Оттон Филатов кырдьаҕас: «Омолуун Элгээнэ», — диэн, мунаардан кэбиспитэ. Онон, үрдүттэн «Омолуун Эбэтэ» диэн ааттыырым. Сааһын онно дурдаланан, кураанах куска сытааччыбын. Кус син таарыйара, саас устата ирээппин ыларым. Биир эмэ сыл чыккымай сайылаан, оҕолорун көччөх гынан көтүтэрэ. Суол-иис мөлтөх сирэ буолан, дьон мээнэ таарыйбат сирэ. Кусчут үксэ өрүс арыытыгар уонна Туустаах үрэҕин бата дурдаланара. Онон үүтээммэр сытан күөлбэр соҕотоҕун кустуурум, арай, биирдэ эмэ Сенялаах Денис кэлсэн кустаһаллара. Мас тиэйэр, быраан устун хотоҕостуу сыыйыллар суолтан үүтээним балтараа эрэ көстөөх сиргэ турара. Ол суолтан бултуур дьиэбэр кэлэргэ, сир ортотугар дылы, матасыыкылынан сэрэнэн
бирдьигинэтиэххэ сөбө. Үүтээни сөргүтэн, тимир оһоҕу оттон кэбиспиппит. Начаас сылыйан, дьиэ иһэ бырылыы түспүтэ. Чэй оргутан, тушуоҥканан миин өрүнэн, уоппутун күндүлээн, алҕаан баран, наҕылыччы аһаабыппыт. Борук-сорук буолан, чүмэчи уматтыбыппыт. Сарсын көлүкэни көрө барарбытын эппитим. Баҕар, айан куһа аараан сытарыгар түбэһиэххэ сөбүн быһаарбытым. — Пули есть? — Денистэн ыйыппытым. — Два жакана только, — кыттыгаһым, хата, сүнньүөхтээх эбит. «Куска барар эрээри тугун буулдьатай?» — дии санаабыта өтө көстөрө. Мин Полев буулдьатынан биир хааны (10 устууканы) ииттэн кэлбитим. Бу эргин иллэрээ сыллаахха тыатааҕыны көрбүтүм. Тайах, кулааһай даҕаны мэлдьи охсуллан ааһаллара. Онон, сэрэххэ, сүнньүөхтээх сылдьар ордуга. Тайах лисиэнсийэтин оройуон киинигэр киирэ сылдьан ылбытым. Онтубар алтынньы эргин кэлэ сылдьар былааннааҕым. Сарсыарда уһуктан баран, үүтээним намыһах өһүөтүн көрөөт, үөрүүбүттэн ыллыахпын баҕаран кэлбитим. Манна тэтэрээт бэрэбиэркэтэ, уруокка бэлэмнэнии, бэрээдэги кэспит үөрэнээччилиин бэсиэдэ ыытыы, төрөппүт мунньаҕын оҥоруу суоҕа. Төбөм кураанах, туох да бырабылыама ыарык-баттык буолан санааны баттаабат этэ. Эчи, үчүгэйин! Туран, муннум анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, оһох аттыгар турар солууртан мүлүккэй ууну улахан, саһархай эмааллаах куруусканан сомсон, таһырдьа тахсан урукумуонньукка кутан, астына суунан чалбааттаммытым. Арай, үрэх диэки туохтар эрэ хахаарсан саҥараллара иһиллибитэ. — Куоҕастар дуу? — кыратык саарыы түһэн баран, үүтээҥҥэ саабын ыла киирбитим. Дениһи уһугуннарбытым. Сааптырагы бэлэмнии турарыгар эппитим. Үрэххэ киирэн хомоҕо илим түһэрэ охсон тахсыам диэбитим. Көтөрдөр саҥаралларын эппэтэҕим. Отут биэстээх харахтаах илими куулга уктан, эргэ батарантааспын курданан, саҥа МЦ аптамаат саабын уҥа санныбар сүгэн, үрэххэ киирбитим. Куоҕастар көстүбэттэр, арай, баараҕай улахан, биримээнэ хаас саҕа, уонча муора хоптолоро уу үрдүнэн элиэтии сылдьаллара. Сөп буола-буола үрэх ньууругар суптурута түһээт, уу таммахтарын күдээриппитинэн, балык ытырыылаах өрө көтөн тахсаллара. Салгыҥҥа көтө сылдьан, туппут балыктарын кутуруктара куймаҥныырыгар кыһаммакка, ыйыстан дьүккүҥнэтэн баран, хаттаан үрэх хомотун үрдүнэн эргийэн туналыҥнаһаллара. Кинилэр саҥаларын истибит эбиппин. Түргэн соҕустук, гидрокөстүүммүнэн түөһүм тылыгар диэри сөрүүн ууну кэһэ сылдьан, хомоҕо илим үппүтүм. Хопто ахсаана элбээн, аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт омуктарга ыйга үстүү устууканы бултаан сииллэрэ көҥүллэнэрэ. «Амсайбыт киһи, этэ хайдах эрэ буолла?» — дии санаабытым. Чугаһынан тэлээрэн иһэр биир хоптону араҕас тумсун иннин көрөөт, ытан саайбытым. Саам «халлыр» гынаат, кураанах хара пластик гильзаны буруолаппытынаҥ уҥа диэки кыыраппыта. Хопто таастыы сурулаан, ууга кэлэн «палк» гына түспүтэ. Көтөрдөр аймалҕан бөҕөтүн тардан, үрдүбүнэн элиэтээн тайбаҥнаспыттара. Булпун ууттан ылан, илимим куулугар симэ охсоот, үрэх сыырын өрө сүүрэн тахсан, хоптолортон куотардыы үүтээммэр элэстэммитим. — В кого стреляли? — Денис ыйыппыта. Сахалыы куһу, куобаҕы «туох» диир буолан, нууччалыы «кто» дэнэрин куруук атыҥырыы истээччибин. «Ким» диэн сахалыы киһини эрэ этэбит буоллаҕа дии. — Вот, чайку добыл, — бөдөҥ, бороҥнуҥу түүлээх хоптону хостоон, остуолга уурбутум. —
Какая огроменная! — кыттыгаһым сөҕөн саҥа аллайбыта, хопто кыһыллыҥы саһархай лапчаан курдук атаҕын тутан көрбүтэ. Үргээри гыммытым, сыата кытархай, томаат паастатынан биһиллибит курдук өҥнөөх этэ. Ол иһин сүлэн кэбиспитим. Хочулуокка кыра уулаан буһара оҕустубут. Кытаанах эттээх, балык амтаннаах курдук этэ эрээри, эмис буолан, сииргэ минньигэһэ ааттаах этэ. Аһаан баран, бырасыака устун күөлбүтүн көрө бара сылдьыбыппыт. Күөлбүт солооһун бырасыакаттан туораан, ыллыгынан бардахха, икки сүүсчэ миэтэрэ туора сытара. Кус көрбөтөхпүт. Тыанан кэрийэн, төннөрбүтүгэр икки бөчүгүрэстээх кэлбиппит. Биир маҥхайан эрэр куобах ыраахтан туран куоппута, ыттарбатаҕа. Эбиэт кэннэ илиммититтэн сүүрбэччэ бөдөҥ алыһары кытта үс сордоҥу ылбыппыт. Денис балыкпыт сороҕун туустаан кэбиспитэ. Балыгы туустууру, эдэр киһи диэтэххэ, сүрдээҕин сатыыра. Күнүс үрэхпит хаҥас кытылын бата куобахтыы барбыппыт. Мин алларанан, хаалан соҕус, саһарбыт сэбирдэхтэрэ тохтон сэндэҥэрэн эрэр үөт талахтарынан барбытым. Гусев инникилээн, кэриинэн испитэ. Мин тыаспыттан үргэн куоппут табысхааннар Денис аттынан сулбу ойон тахсан, тыа диэки куоталлара. Табаарыһым, хата, сыыһа туттубат уол оҕото буолан биэрбитэ: үстэ ытан икки хотоноҕу «мыччыһыннарбыта». Онтон, солбуйсан, мин инникилээбитим. Гусев кытыл сыбарын барчалаан, үргүтээччи буолбута. Кытылтан өрө сүүрэн тахсыбыт куобах тыаҕа сүүрэн киириэр дылы ыта охсорго икки-үс, бэркэлээтэҕинэ, түөрт эрэ сөкүүндэ бириэмэ наада этэ. Онон, сорох куобах ыттарбакка элэстэнэн, аҕыйахта кылбаҥнаат, ойуурга киирэн хаалара. Иһиирдэххэ да олоро биэрбэт этилэр. Ол да буоллар, ирээппин ылбытым: биэрэстэ курдук сири барарбытыгар үс куобаҕы төкүнүтэн, малыйбатаҕым. Аара улахан тайах аҕыйах хонуктааҕыта ааспыт суолун көрбүппүт. Биэс куобахтанан, «дьиэлиэххэ» диэн, үүтээммитин быстыбыт. Үүтээҥҥэ кэлэн, таһырдьа кулуһуннанан, биир бөлөдьөөгү бөчүгүрэһи кытта солуурга мииннэммиппит. Күөс буһуоҕар дылы илиммин көрөн тахсыбытым. Уонтан тахса алыһар, биир сордоҥ, икки майгы туппут этилэр. Хобордооххо алыһар ыһаарылаан сырдьыгынаппыппыт. Денис майгылары, сордоҥу тууһаабыта. Куобахтарбытын үүтээн кэннинээҕи умуһахха укпуппут. Сарсыныгар Денис күөлү эмиэ көрүөххэ диэбитэ. Сөбүлэспитим. Баҕар, айан куһа тохтообут буолуон сөбө. Чайдаат, тэринэ охсон, бу сырыыга эрэһиинэ тыы хабыддьаҕа суох, чэҥкээйилэмиэккэ, түргэн-тарҕан соҕустук барбыппыт. Кэлбиппит, кус бэҕэһээҥҥитин курдук мэлисээй. Күөл ньуура кураанаҕынан мэндээрэрэ. Кытыыга туран ытыспытын таһынан көрбүппүт. Арай, биир боҕурҕана эрэ көтөн тахсан, дулҕа быыһыгар түспүтэ. «Чөккөөкү көтөн таҕыста», — дии санаан, чуут ыта сыспытым. Уку-суку, саҥата суох, просека устун төннөн испиппит. Үүтээммитигэр диэри биэрэстэ аҥаара хаалбыта. Эмискэччи иннибитигэр мутук тостор тыаһа иһиллибитэ, ону сэргэ биһигиттэн уонча эрэ хаамыылаах сиринэн бырасыакаҕа адаар муостаах лөкөй сиэлэн тахсыбыта. «Дьээ-эрэ-кээн!» Саабын хаба тардан ылбытым, пэрэхэньиитэл флажогун иннигэр аспытым да, туора сүүрэн тахсан иһэр кыылы агдатын көрөн баран, ытыалаан субуруппутум. Үстэ ыппытым кэннэ тайах мастар быыстарыгар киирэн күлүкүчүйэн хаалбыта. «Кус иитиитинэн ытыллан, кыһаллыбата», — дии саныы-саныы, тохтуу биэрэн, саам устубуолугар, маҕаһыыныгар сүнньүөхтээх ботуруоннарбын укпутум. Денис сирэйэ-хараҕа турбут этэ, ИЖ-27
саатыгар эмиэ сүнньүөх ииттибитэ. Тугу эрэ ыйыппыта да, өйдөөн истибэтэҕим. Уҥа илиим сөмүйэтин уонна орто тарбаҕын чороччу тутан харахпын ыйбытым уонна тайах куоппут сирин диэки супту көрдөрбүтүм. Ити аата «суоллуохха!» диэбитим. Тайах барбыт сиринэн батыспыппыт. Суола бу ырылыйа сытара. Ытыллыбыт сириттэн биэс уонча хаамыылаах сиргэ… охто сытарын булбуппут. Барбах бурдургуур эрэ этэ. Кыттыгаспар этэн, кулгааҕын аннынан ыттаран салҕаттарбытым. Астыы сылдьан көрбүппүт, икки доробуунньа сүрэҕэр киирбит этэ. Оннук табыллыбатаҕа буоллар, бука, ыраах барыа эбитэ буолуо. Тайахпытын астыы сылдьан Денис быһаҕын тоһутан кэбиспитэ. Онтун аһыйан бөҕөтө. Ол быһаҕын тимирин аҕата кыладыйан оҥорбута. Санаатыгар, саха быһаҕын уһаммыта. Биир харыстан арыый уһун, балайда халыҥ, олус хатан тимирдээх быһах биитэ дьэгин (хаҥастай) киһиэхэ аналлаах гына, уҥа өттүттэн иҥнэри биилээҕэ. Ол быһаҕы көрдөһөн, миэхэ уктаппыттара. Удьурҕайынан уктаан, эбиитин мас хаа оҥорон, ону замша тириинэн бүрүйэн кыын оҥорон биэрбитим. Тимирэ хатана бэрдин иһин, «ититэн уйадытыахха, кыратык төннөрүөххэ». диэбиппин Денис буолумматаҕа. Онто ити баар. Уҥуохха кыбытан, тосту олуйан кэбиспитэ. Киниэхэ бүк тутуллар, уон иккилээх уонна уон алталаах ботуруоннары хостуур экстрактордаах бултуур быһахпын уларсыбытым, бэйэм сахам быһаҕынан салгыы астаабытым. Астаан бүтэн, уот оттон, быарыттан, бүдүргэйиттэн уокка үтэн сиэбиппит. Эһэкээммитигэр махтаммыппыт, уоппутун аһаппыппыт. Сыалаах быысаһыттан чоххо саллан, саһарчы-кэриэччи буһаран ыстаан бырдырҕаппыппыт. Денис, хата, ону бэркэ сөбүлээн сиэбитэ. Чоҥку охсон биэрбиппин соччо сэҥээрбэтэҕэ. Тайахпыт этин лаабыс оҥорон, ууран кэбиспиппит. Икки сонос тиити кэрдэн тиллиргэтэн, суулларан түһэрэн баран, сиэрдийэнэн муосталаабыппыт. Модьу соҕус мастарынан эркиннээн, хоппо курдук оҥорон, эти онно уурталаабыппыт. Сиэрдийэ саҕа суоннаах мастары быһыталаан үрүттээн кэбиспиппит. Сиртэн харыс үрдүктээх буолбута. Быыһа-арыта элбэх этэ, онон салгын көҥүл ааһыахтааҕа. Үрдүнэн дүлүҥүнэн баттаппыппыт, кыыл мээнэ ыспатын курдук. Хараҥарыар диэри холбо оҥорон, эппитин лаабыстаан баран, ыкса хойут үүтээммитин булбуппут. Салгыы куобахтыыр кэлиэ дуо, итиччэ бултуйан баран? Сарсыныгар матасыыкылбыт кэлээскэтин амортизатора ньахчаччы олоруор диэри эт, балык, куобах тиэнэн дьиэлээбиппит. Эппит ордугун кэлин матасыыкылбытынан иккитэ эрэ кырынан, этэҥҥэ булууһу булларбыппыт. Тайаҕым этин сорҕотун, уонча киилэ курдугу, эмиэ оччо ыйааһыннаах сибиинньэ этигэр чооску ииттэр ыалы кытта атастаспытым. Чугас ыалларбар булпуттан биирдии-иккилии буһарыыны бэрсибитим. Булт этэ сүрдээх хор, ол аата, түргэнник бүтүмтүө. Субу-субу кэтилиэт, бэрэски астанан, таак даҕаны, астыга олус буолар. Бу да тайаҕым этэ начаас бүппүтэ. Билигин, кэм-кэрдии ааспытын кэннэ, бэрт кэбэҕэстик бултуйбут Омолуунум үрэҕин түбэтин сылаастык ахта саныыбын. Максим Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан